Хаһааҥҥытааҕар да элбэх социальнай эбийиэк тутуллар
Баһылык Евгений Григорьев сэтинньи 25 күнүгэр “Россия-24” ханаал быһа эпииригэр киин куоракка хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэх социальнай эбийиэк тутулларын, тиэргэн өрөмүөнэ салҕанарын бэлиэтээтэ.
– Дьокуускай тохтообокко улаата турар куорат буоларын быһыытынан, биир сүрүн кыһалҕабыт – уһуйааннар уонна оскуолалар улахан ноҕоруускалаах үлэлии олороллоро. Оскуолаларбыт уонна уһуйааннарбыт бары нуорманы икки төгүл куоһаран туран оҕолору ылаллар. Маастар-былааҥҥа олоҕуран, 12 оскуола уонна 18 уһуйаан тутуллуохтаах. 990 миэстэлээх оскуола ДСК-ҕа тутуллар, Ленин проспегар 1-кы №-дээх оскуола тутулла турар. Бу сыл бүтэһигэр диэри 29-с №-дээх оскуола эбии тутуута үлэҕэ киириэхтээх. Птицефабрикаҕа 19-с оскуола, Мархаҕа 1-кы оскуола, Саха-политехническай лицей (14-с оскуола) эбии саҥа тутууланыахтара. Маны таһынан, 4-с №-дээх коррекционнай оскуола дьиэтэ, 34-с №-дээх оскуола оннугар Адаптивнай киин тутуллаллар. Уопсайынан, билигин хаһааҥҥытааҕар да элбэх социальнай эбийиэк тутулла турар.
Маны сэргэ быйыл 19 тиэргэҥҥэ үлэ барда. “Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн” уонна “Мин тиэргэним” бырагыраамалар көмөлөрүнэн, “Тупсарыы үс сылын” күүһүнэн үс сыл устата 128 тиэргэн өрөмүөннэннэ, саамай сүрүнэ – улахан хамсааһын саҕаланна. Билиҥҥи туругунан, 147 тиэргэн саҥардылынна.
Маастар-былаан быһыытынан 2030 сылга диэри 358 тиэргэн өрөмүөннэниэхтээх. 2022 сыллаахха, холобур, хаһан да оҥоһуллубутах үлэни ыытан, 75 тиэргэни тупсарбыппыт. Бу өрөмүөн үлэтигэр тиэргэн асфальт-бетон бүрүөһүнэ барыта уларытыллар, спортивнай эбэтэр оҕо балаһааккалара туруоруллаллар. Олохтоохтор салайар хампаанньаларын кытта көҕөрдүү үлэтин ыыталлар.
Бырайыактары барытын олохтоохтору кытта көрөн ырытыһабыт, кинилэр баҕа санааларын учуоттуубут – бу “кыттыгас бырайыактааһын” диэн ааттанар. Өрөмүөн үлэтэ барыта үстүү сыл мэктиэлээх буолар, суол өрөмүөнүн мэктиэтэ 4-8 сылга тиийэр – ол иһин үлэ барыта бүппүтүн кэннэ, итэҕэс-быһаҕас көстөр түгэнигэр, бэдэрээтчиттэр барытын ситэрэн иһэллэрин ирдэһэбит, - диэтэ Евгений Григорьев.