Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!
Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук!
Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон кырачааныгар оронун таҥаһын бэйэтэ тикпитэ. Сыыйа-баайа сакаас ылар, үлэххэ иистэнэр буолбута. Онтон туспа мастарыскыай арыйар санаа күөдьүйбүтэ. Хата, ол кэмҥэ Уһук Илин чэпчэтиилээх ипотеката киирэн, дьоҕус устуудьуйаны атыыласпыта. Манна маастар-кылаастары ыытан, баҕалаахтары иискэ үөрэтэн саҕалаабыта. Ол курдук Паша оҕо күүтэр кэрэ аҥаардарга анаан тэрийбит куурустара киэҥ сэҥээриини ылбыттара. Чахчы, ийэ буолаары сылдьар дьахталлар төрүүр дьиэттэн тахсар кэмпилиэктэрин бэйэлэрэ тигэллэрэ санааларыгар да астык этэ.
Ол кэмҥэ Паша биир оннук ураты тыыннаах маастар-кылааһыгар Надя суруйтаран кэлбитэ. Прасковья талааннаах, түргэн-тарҕан туттунуулаах кыыһы таба көрөн, бииргэ үлэлииргэ ыҥырбыта. Кюннэйдиин оскуолаҕа бииргэ үөрэммиттэр, онон эрдэттэн билсэллэр эбит. Салгыы кэккэлэрэ өссө кэҥиир – кинилэргэ Дьааҥы кыыһа Настя эбиллэн биэрэр.
– Бэйэбит үөрэтэн таһаарбыт кыргыттарбытын салгыы үлэҕэ ыҥырабыт. Бу санаатахха, биирдэ даҕаны биллэриинэн иистэнньэҥи ыла иликпит. Баҕалаах киһи тута көстөр, – диэн кэпсээнин саҕалаата Прасковья.
Дьэ, ити курдук элбэх оҕолоох эдэр ийэлэр сүрүн үлэлэрин кэнниттэн муста түстүлэр эрэ, үөрэ-көтө, күө-дьаа иистэнэр буолбуттара. Чахчы, уһун айаҥҥа соҕотоҕун ырааппаккын, оттон үлэ көҕө диэн сүдү күүс эбээт!
– Бары сүбэлэһэн баран, күүспүтүн холбуурга, «самозанятай» буоларга, ИП тэринэргэ санаммыппыт. Бастаан саҥа төрөөбүт оҕо оронун таҥаһыттан, төрүүр дьиэттэн тахсар кэмпилиэгиттэн саҕалаабыппыт. Бу иннинэ табаарбытын маҕаһыыҥҥа туттаран, ону сэргэ Wildberries маркетплейс нөҥүө атыылыыр этибит. Билигин мастарыскыайбытын «Кэрэтик» диэн ааттаан, оҕолорго эрэ буолбакка, улахан дьоҥҥо тигиэххэ диэн санааттан улахан сакаастарга ылсан эрэбит, – диэн Прасковья кэпсэтиибитин сүрүннүүр.
«Эбээһинэскитин хайдах үллэстэҕитий? Ким туохха эппиэттиирий?» диэн ыйытыыга хоруйдара бу курдук буолла: суот-учуот, харчы ааҕыыта, матырыйаалы булуу-талыы – Паша быһаарар боппуруоһа, Надя оҥорон таһаарыыга (производство) эппиэттээх, социальнай ситимҥэ, сакаасчыттары кытта үлэни Кюннэйдээх Настя дьаһайаллар. Оттон иискэ, уопсай үлэҕэ бары тэҥҥэ саба түһэллэр.
Билигин 36 оҕолоох кылааска морской флот көстүүмнэрин тигэ сылдьаллар. Иистэнэр массыыналара биир кэм тилигирээн олорор. Кэлэктииптэн ылбыт бастакы улахан сакаастара буолан, долгуйаллара да үгүс.
Дьиэ түбүгүттэн сынньана кэлэбит
– Настяттан ураты бары үстүү оҕолоохпут. Саамай элбэх оҕолоох киһибит – кини. Билигин кырачаан игирэлэрин көрөн олорор. Настя түргэн-тарҕан туттунуулаах, элбэх саҥалаах-иҥэлээх.
Дьиэ түбүгэ хаһан да бүппэт, иистэнэр да иллэҥиҥ суох курдук, киэһэ эбэтэр түүн эрэ соло булаҕын. Ол иһин манна кэлэн сынньанабыт, иэйэ-куойа иистэнэбит. Мастарыскыайбыт – дьиэттэн куотар сирбит (бары тэҥҥэ күлсэллэр).
Надежда бэтэринээр идэлээх, үс оҕолоох дьиэ кэргэн ийэтэ. Аан бастаан иннэлээх сабы биэстээҕэр ылбыт. Былаачыйатын хайа түһэн кэбиспитигэр, ийэтэ: «Бэйэҥ алдьаппытыҥ – бэйэҥ абырахтаа», – диэн баран иннэлээх сабы туттаран кэбиспит. Кыысчаан былаачыйатын кэтэн олорбут рейтузатыгар хам тигэн, ийэтин көмөҕө ыҥыран аймаммытын субу баардыы өйдүүр. Иистэнэр баҕа санаата бэйэтин кытта тэҥҥэ улаатан испит. Эбэтин эргэ иистэнэр массыынатын көрө-көрө ымсыырарын, дьоно чугаһаппаттар эбит. Хата, оскуолаҕа «Домоводство» уруогар фартук тигэн, өр иитиэхтии сылдьыбыт баҕа санаата туолан, ол күн кини саҕа дьоллоох суох буолбута. Онтон оскуоланы бүтэрэригэр дьоно иистэнэр массыынаны бэлэхтээн үөрдүбүттэрэ.
– Үһүс оҕобут кыыс буоларын билэн баран, ис-испиттэн иистэниэх санаа киирбитэ. Ютубунан көрөн төрүүр дьиэттэн тахсар кэмпилиэкпитин тикпитим, ол эрээри соччо табыллыбатаҕа, астымматаҕым. Хата, онтон социальнай ситимҥэ Паша блогар суруйтарбытым. Ол саҕана оруобуна оҕолонон олорор кэмим этэ. Биирдэ кини тэрийбит кууруһугар үөрэнэ кэлбитим уонна... устунан хаалан хаалбытым (күлэр).
Кюннэй библиотекаҕа үлэлиир. Ийэтэ иистэнньэҥ үөрэхтээх, онон оҕо эрдэҕиттэн киниэхэ көмөлөһө үөрүйэх эбит. Иистэнэр баҕа санаа бэйэтэ ыал ийэтэ буолбутун кэннэ, эмиэ кыыс оҕону кытта тэҥҥэ кэлбит. «Оҕобор уонна бэйэбэр таҥас тиктиэм» диэн санааттан сурунааллары хаһар идэлэммит. Ону таба көрөн, кэргэнэ иистэнэр массыынаны бэлэхтээбит. Талааннаах киһи эргиччи дьоҕурдаах дииллэрэ чахчы. Кюннэй олус үчүгэйдик баайар, биир кэмҥэ ол дьарыгынан эбии дохуот оҥосто сылдьыбыт.
– Билигин наһаа үчүгэй кэмҥэ олоробут. Интэриниэти көрөн даҕаны элбэххэ үөрэниэххэ сөп. Маастар-кылаас да элбэх. Ол эрээри киһи бу курдук алтыһан, бэйэ-бэйэттэн көрөн ордук түргэнник үөрэнэр, – диэн санаалаах кини.
Прасковья программист идэлээх. Ийэтэ иистэнэр, аҕата – уран тарбахтаах уус. Онон эргиччи айар куттаах эйгэҕэ улааппыт дьоллоох. Бастакы оҕотун көрөн олорон эмиэ баҕа өттүнэн иистэнэр буолбут.
– Атын киһи сатыырын тоҕо сатыа суохтаахпыный дии саныыбын уонна харса суох холонон иһэбин. Туохтан да толлон турбат майгылаахпын, таах олорорбун олох сөбүлээбэппин, куруук дьарыктаах сылдьарбын ордоробун.
Кыаххын холонон көрөргө үчүгэй кэм!
– «Аныгы дьахталлар бэлэмҥэ үөрэннилэр» диэн сорохтор күтүрүүр курдуктар эрээри, мин көрдөхпүнэ, иистэнэр, астыыр кэрэ аҥаар элбээн иһэр курдук. Итиннэ туох санаалааххытый?
– Оннук! Билигин илии үлэтэ сыаналанар буолла. Маастар-кылаас да үгүс. «Саха сатаабата суох» дииллэринии, саха дьахтара үксэ айылҕаттан иискэ сыстаҕас. Аны элбэх оҕолоох ийэ элбээтэ, ити эмиэ олохпут үтүө көстүүтэ.
Кэнники кэмҥэ эдэр ийэлэр декреккэ олорон бэйэ дьыалатын арыйалларын биһирии көрөбүт. Бэйэ кыаҕын холонон, тургутан көрөргө кыах бэриллэрин туһанан иһэллэрэ туох куһаҕаннаах буолуой. Судаарыстыба өттүттэн өйөбүл көрүҥэ да элбээтэ. Ону таба туһаналлара олус үчүгэй. Ол эрээри сорох түгэҥҥэ дьиэ кэргэн дохуотун көрөллөрө, кэккэ хааччахтар бааллара соччото суох. Дьиҥэр, чахчы үлэлиэн баҕалаах дьону өйүүллэрэ буоллар.
Судаарыстыбаннай өйөбүл туһунан этэр буоллахха, саҥа арыллыбыт ИП быһыытынан босхо полиграфия өҥөтүнэн туһанан, буклеттарбытын таһаартарбыппыт.
– Урут «Мин биисинэһим» киин нөҥүө бизнес-инкубаторга чэпчэтиилээх усулуобуйанан туһанан, офис куортамнаан олорбутум. Бэйэҥ курдук үүнэргэ-сайдарга баҕалаах дьон ортотугар үлэлииргэ наһаа үчүгэй сир этэ. Аттынааҕы хоско тохтоло суох өтүйэ тыаһыыра, ол аайы мин иистэнэр массыынам биир кэм оргуйан олороро. Онно үөрэппит кыыһым билигин туспа тэрилтэлээх. Бизнес-инкубатор идиэйэтэ, дьиҥэр, наһаа үчүгэй. Ол эрээри турар сирэ куорат кииниттэн тэйиччи дии санаабытым, – диэн Прасковья санаатын үллэстэр.
– Санкция иистэнньэҥнэргэ төһө охсуулаах буолла?
– Бастаан иистэнэр массыына иннэтэ да суох буола сылдьыбыта ээ. Массыына бэйэтин сыаната икки сыл иһигэр быһа холоон икки бүк үрдээбитэ. Холобур, Паша 20 тыһ. солк. ылбыт буоллаҕына, Надя 40 тыһ. солк. атыыласпыта. Кэҥээтэхпитинэ, ырыынагы өссө кичэйэн үөрэтиэхпит, элбэхтик кэлиэхпит-барыахпыт.
– Инникитин туох былааннааххытый, ханнык сонун хайысханы тутуһар санаалааххытый?
– Эр дьоҥҥо улахан кээмэйдээх таҥас кэмчитин бэлиэтии көрбүппүт. Холобур, кэрэ аҥаардарга «plus size» табаар син элбэх. Былырыын 52-тэн үөһэ кээмэйдээх эр киһи сахалыы ырбаахыларын тикпиппит, атыыга былдьаһыгынан барбыта.
Үлэҕэ, үөрэххэ күн аайы кэтэргэ сахалыы истииллээх таҥас элбиэн наада диэн санаалаахпыт. Билигин сахалыы таҥас муода буолла, онто суох кыбыстыылаах да курдук. Хас биирдии дьахтар, ийэ дьиэ кэргэнин сахалыы таҥыннарыан баҕарабыт, онно анал маастар-кылаастары, куурустары тэрийэр санаалаахпыт. Онон ити хайысхабытын өссө кэҥэтиэхпит.
Бу дьоҕус устуудьуйабыт түөрт киһиэхэ кыараҕас, онон кэҥиир, улаатар, салгыы сайдар баҕа санаалаахпыт, былааммыт үгүс.
– Сэргэх кэпсээҥҥит иһин махтанабын. Санаабыккыт сатаннын, туппуккут тубустун! «Кэрэтик» аата Саха сирин олохтоохторугар кэрэтик эрэ иһилиннин!
Хаартыскалар: дьоруойдар тус архыыптарыттан