Куорат суолларын 80% оҥоһулунна
– Быйыл Дьокуускайга “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар” федеральнай бырагыраама салҕыы үлэлээтэ. 21 улахан эбийиэккэ сүҥкэн үлэ ыытылынна – 36 км суол (29 уулуссаҕа) оҥоһулунна. Эһиил Дьокуускай суолларын 85 бырыһыанын өрөмүөннээн, ирдэбилгэ (нормативка) эппиэттэһэр таһымҥа тиэрдэр сорук турар.
Бэлиэтээн эттэххэ, 2019 сыллаахха нормативка Дьокуускай суолун 33 бырыһыана эрэ эппиэттэһэр кыахтааҕа. Национальнай бырайыак олоххо киирбитин, СӨ Тырааныспарга министиэристибэтин, СӨ Бырабыыталыстыбатын кытта ыкса ситимнээх үлэ түмүгэр быйыл суолларбыт 80 бырыһыана оҥоһулунна.
Ол курдук, Можайскай уулуссатыгар, Тулагы-Киллэм диэки барар хайысханан элбэх үлэ барда. “Белай Озероттан” саҕалаан суол кэҥэтиллэн, түөрт балаһалаах буолбута Марха, Сатал олохтоохторун күннээҕи айаннарын тупсарбыта саарбаҕа суох.
Суол өрөмүөнэ барар буолла да, тротуардары, суол кытыытынааҕы сирдэри тупсарыы, сырдатыы барыта тэҥинэн ыытыллар. Куораттан тахсыыга соҕуруу уонна хоту өттүгэр – Табаҕа уонна Кангалаас диэки хайысхаларынан – суолларбыт түөрт балаһалаах буоллулар.
Эһиил, этэн аһарбытым курдук, Национальнай бырайыак иитинэн Дьокуускай суолларын тупсарыы көрдөрүүтэ 85 бырыһыаҥҥа тиийиэхтээх. Ол туһугар 16 км суол оҥоһуллуохтаах – 8 эбийиэккэ үлэ барыахтаах. Саамай далааһыннаах үлэ Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаҕа былааннанар – Кальвица уулуссаттан саҕалаан Бабушкин уулуссатыгар диэри суол кэҥэтиллэн, түөрт балаһаланыахтаах – үлэ барыта 2025-2026 сыллар устата ыытыллыаҕа.
Ол туһунан Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, “Россия-24” ханаал быһа эпииригэр иһитиннэрдэ.