24.11.2024 | 12:00

Олоҥхо оҕону толкуйдуурга үөрэтэр?

(Сэтинньи 25 күнэ — Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо күнэ)
Олоҥхо оҕону толкуйдуурга үөрэтэр?
Ааптар: Марфа ИВАНОВА
Бөлөххө киир

«Оҕо саха тылынан уус-уран пааматынньыга ааттаммыт сүдү айымньы − Олоҥхо − алыптаах эйгэтигэр киирэн, мүччүргэннээх сырыылары ааһан, билиитин хаҥатар кыахтаах» диэн санаалаах Национальнай библиотека иһинэн үлэлиир “Оҕону сайыннарар, ааҕар киин” библиотекара Сайыына Макарова.

Чахчы даҕаны, анал үөрэхтээхтэр бэлиэтииллэринэн, кинигэни ааҕыы өй-мэйии үлэтин тупсарар, болҕомтону, өйгө хатааһыны, киэҥ хорутуулаах толкуйу күүһүрдэр. Маны таһынан кинигэни ааҕааччы атын дьон уйулҕатын туругун чугастык ылынар, дьон-сэргэ быыһыгар бэйэ миэстэтин булар үөрүйэҕэ лаппа сайдар эбит. Уонна оттон, дириҥ билии курдук олоххо хайа да түгэҥҥэ наадалаах хаачыстыба сүрүн төрдө, баһыллар баайа кинигэҕэ сыттаҕа. Билиҥҥи балысхан сайдыылаах, түргэн тэтимнээх кэмҥэ дириҥ билиилээх-көрүүлээх, үөрэхтээх, ис айылгыта баай эрэ киһи олоххо бэйэтин миэстэтин дэбигис булар кыахтанар. Кинигэни ааҕыыны оҕо эрдэхтэн иҥэрдэххэ, киһи бу үтүө үөрүйэҕин олоҕун тухары ыһыктыбат, билиилээх-көрүүлээх буолар үгэстэнэр. Бу үөрүйэҕи сөпкө, көдьүүстээхтик иҥэрии дьиэ кэргэнтэн саҕалаан оскуола, библиотека ыытар үлэлэриттэн быһаччы тутулуктаах.

Чуолаан библиотеканы ылар буоллахха, билиҥҥи кэм библиотекатын таһыма лаппа уларыйда. Бу билии уораҕайыгар аныгы көлүөнэни угуйар, интэриэһиргэтэр араас технология киирэн, үлэ хайысхатын таһыма биллэ кэҥиир.

Ол курдук, Ленин проспегын 1 №-гэр 3-с этээскэ баар Национальнай библиотека иһинэн үлэлиир “Оҕону сайыннарар, ааҕар киин” (сэбиэдиссэй Дранаева Ирина Александровна) үлэһиттэрэ олус айымньылаахтык үлэлииллэр, кэми кытта тэҥҥэ хардыылаан, аныгы технологияны туһанан, кырачаан ааҕааччылары угуйар үгүс бырайыактары толкуйдууллар.

Бүгүн биһиги бу киин култуураҕа уонна үөрэх салаатыгар исписэлииһэ Сайыына Макарованы кытта кэпсэтэбит.

− Сайыына Васильевна, кииҥҥит ыытар үлэтин-хамнаһын сырдата түһүөҥ дуо?

− Биһиги Национальнай библиотека иһинэн үлэлиир “Оҕону сайыннарар, ааҕар киин” култуура уонна үөрэх салаатыгар Наталья Семеновна Шелбогаева салалтатынан үлэлиибит. Кинигэни ааҕыы, кини биэрэр билиитэ-көрүүтэ бүппэт, бүгүҥҥү күҥҥэ диэри дьону сырдатар, өйүнэн байытар симэлийбэт, сүппэт күүстээх. Үлэбит сүрүн сыала диэн оҕолор олохторугар араас идэлээх дьону кытта уун-утары көрсөн олорон кэпсэтэн, тула баар эйгэни сэргэхтик ылынан, үөрэтэн, кинигэни ааҕан билиигэ тардыһыылара үрдүүрэ буолар. Ол курдук, оҕолорго анаан биллиилээх ыалдьыттары ыҥыран көрсүһүүлэри оҥоробут, маны таһынан, хамсанар-имсэнэр дьоҕурдарын сүтэрбэттэрин курдук квестэри, күрэхтэри, оонньуулары толкуйдуубут, сыллата ыытар үгэс буолбут тэрээһиннэрдээхпит: “Истиҥ ааҕыылар”, “Библио-пес” (кинигэҕэ кэпсэнэр кыыллары кытта көрсүһүннэрэн, айылҕаны уонна айымньылары ытыктыырга үөрэтэбит), “Мама может” (маастар-кылаастар, спикердэр, билиини-көрүүнү атастаһыы, ийэ оҕотун кытта библиотекаҕа сылдьарын көҕүлээһин, “Отон.фест” (өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэ кэргэн аһаҕас бэстибээлэ), «Маленький принц» библио-продленка (оскуола оҕолорун эбии дьарыктааһын) уо.д.а.

 − Кииҥҥит күн бүгүн төһө ааҕааччылааҕый?

− “Оҕону сайыннарар, ааҕар киин” өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саамай элбэх оҕолорго анаммыт кинигэ пуондалаах. Сыл ахсын биһиги кииммитигэр 28 000-тан тахса оҕо тэрээһиннэргэ кыттар, кэлэн ааҕар, кинигэ уларсар. Бу билиҥҥи цифровой технология кэмигэр биһиги библиотекабыт ыытар үлэтэ сөптөөх суолунан баран иһэрин туоһулуур.

− Оҕону ааҕарга угуйар сыалтан ханнык саҥа, сонун ньымалары туттаҕыт? Аныгы оҕо ордук тугу сэҥээрэр дии саныыгын?

− Оҕо толкуйа улахан киһитээҕэр олох ураты. Ол иһин, бастатан туран, оҕо өйө хайдах үлэлиирин чинчийэн, ырытан көрүөхтээхпит дии саныыбын. Аны оҕо эмиэ араас буолар. Ол иһин сырыы аайы туох баар саҥа билиибитин барытын туһанан, хас биирдии тэрээһиммит сценарийын ымпыгар-чымпыгар болҕомто ууран туран үлэлииргэ кыһаллабыт. Тэрээһин хайдах ньыманан барарын сэргииллэрин таба тайаныы эмиэ туспа үлэ. Эрдэтээҥҥи оҕолор көрүүлэрин таһыма билиҥҥи оҕолордооҕор төһө да арыый кыараҕаһын иһин, барытын бэйэлэрэ тутан-хабан, баран-кэлэн, сүүрэн-ыстанан, айан-оҥорон иһэллэрэ, оттон билиҥҥи кэм оҕолоро олох тэтиминэн сайдыылаахтар эрээри, бэйэ бэйэлэрин кытта атастаһар, алтыһар кэмнэрэ аҕыйах. Бу балаһыанньаны уларытар туһугар биһиги туһуламмыт маастар-кылаастары, биллэр-көстөр ыҥырыылаах ыалдьыттары кытта аһаҕас кэпсэтиилэри элбэхтэ тэрийэбит.

− Билиҥҥи түргэн тэтимнээх интэриниэт, социальнай ситим сайдыбыт үйэтигэр ордук ыччат дьон кинигэни отой аахпат буолла дииллэрэ төһө оруннааҕый?

− Оруннаах. Бу барыта тулабытыгар баар эйгэттэн уонна өйбүт-мэйиибит онно үөрэнэн хааларыттан улахан тутулуктаах. Көрдүүр, интэриэһиргиир информациябытын билигин биир эрэ кнопканы баттааһынынан булан ылар кыахтаах буоламмыт мэйиибит үлэтэ, толкуйдуур, анаарар дьоҕура эмиэ уларыйан, мөлтөөн, аччаан иһэр. Ол иһин киһи билигин биир кэмҥэ быстах, ол гынан баран элбэх араас информацияны ылына сатыыр буолан хаалла. Өйбүт-санаабыт куруук сыыс-бөх, наадалаах, наадата суох информациянан быыстала суох кутулла турар, ол иһин дириҥ, уһун толкуйтан куотунар, кинигэ ааҕарбытын сүрэҕэлдьиир буолан иһэбит. Бу бары көлүөнэлэргэ барыларыгар сыһыаннаах. Маннык  кыһалҕа баарын билинэн туран, бэйэбит толкуйбутун сайыннарар туһугар түргэн информацияттан босхолоно сатыахтаахпыт, толкуйбутун кинигэ ааҕаммыт дьарыктыы сылдьыахтаахпыт.

− Сэтинньи 25 күнэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо күнэ. Бу күн чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиннэргитин сырдата түһүөҥ дуо?

− Олоҥхо – олус киэҥ эйгэлээх айымньы: сахабыт итэҕэлэ, култуурата, сиэрэ-туома барыта манна сытар. Биһиги киин бу күнү, буоларын курдук, оҕолорго Олонхо тиэмэтин сырдатарга анаабыппыт. Сэтинньи 25 уонна 29 күннэригэр ИТ-пааркаҕа «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоҕо баар түгэннэринэн бииртэн биир араас сорудахтары оҥорон, оҕолорго толорторон, олоҥхо ис хоһоонун кытта билиһиннэриэхпит. Оҕолор манна кэлэн саха тылынан уус-уран пааматынньыга ааттаммыт сүдү айымньы − Олоҥхо − алыптаах эйгэтигэр киирэр, мүччүргэннээх сырыылары ааһан, билиилэрин хаҥатар кыахтаныахтара. Инникитин бу квеспитин салгыы сайыннара, үгэс быһыытынан ыыта турар баҕа санаалаахпыт.

 − Оҕо уонна төрүт үгэс диэҥҥэ туох санаалааххын?

− Мин бэйэм элбэх дойдуну кэрийэн, көрөн-билэн кэлбит киһи буоламмын, хас биирдии киһи өбүгэлэрин, төрүт тылын, итэҕэлин уонна култууратын билиэхтээх диэн бигэ санаалаахпын. Оччоҕо биирдэ норуоттар, дойдулар икки ардыларыгар истиҥ өйдөһүү, доҕордоһуу, бэйэ-бэйэҕэ дьиҥ ытыктабыл үөскүүр уонна миэстэтин булар дьоҕура лаппа сайдар дии саныыбын. Билиилээх-көрүүлээх, атын сайдыылаах омуктары кытта биир баайыылаах таһымҥа тахсан, тэҥҥэ аахсар буолан кыахпытын кэҥэтэн иһиэхтээхпит. Бэйэтин култууратын билбэт киһи кэскилэ татым.

 − Ааҕааччыларга баҕа санааҥ...

Баҕа санаам диэн сахалыы саҥалаах, сахалыы толкуйдаах, киэҥ санаалаах, ураты көрүүлээх, хатыламмат талааннаах, дьоҕурдаах, сүдү кыахтаах дьон элбээн истиннэр диэн.

− Сайыына Васильевна, сэргэх сэһэргэһиигэр махтал буоллун!

 

Оҕо дьиэтиттэн тахсыбакка да олорон билиитин хаҥатарыгар, алтыһарыгар, ааҕыыга сыстарыгар аналлаах сайт, электроннай кинигэ, онлайн куруһуок куйаар ситимигэр билигин олус элбэх. Ол эрээри кинигэни тутан олорон ааҕыы, дьону кытта утары көрсөн олорон алтыһыы, санаа атастаһыы, араас тиэмэлээх тэрээһиннэргэ илэ кыттыы, оҕо эргиччи сайдарыгар, биллэн турар, көдьүүстэрэ быдан улахан. Бу маннык оҕо интэриэһин өрө тутар кыһамньылаах үлэһиттэрдээх, үтүөнү эрэр иҥэрэр соруктаах оҥоһуллар тэрээһиннэрдээх кииннэр бааллара олус үөрдэр. “Оҕо арыллар, ааҕар киинигэр” сылдьыҥ, тэрээһиннэригэр кыттыҥ, оҕолоргутун кинигэни таптыырга, толкуйдаан тобуларга  кыра саастарыттан уһуйуҥ.

 

Хаартыскалар: “Оҕо арыллар, ааҕаркиинин” архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....