23.11.2024 | 12:00

Массыанньыктар угаайыларыгар киирэн биэримэҥ!

Массыанньыктар угаайыларыгар киирэн биэримэҥ!
Ааптар: ИДьМ Саха сиринээҕи салаатын матырыйаалларынан Айыына Ксенофонтова бэлэмнээтэ
Бөлөххө киир

Харчыбытын түөкүттэртэн хайдах харыстыыбыт?

Суотабай сибээс операторын өҥөтүттэн аккаастанар эбэтэр төлөпүөҥҥүт нүөмэрин уларытар түгэҥҥитигэр, онно сыһыарылла сылдьыбыт туох баар тус кэбиниэккитин, мобильнай бааҥҥытын уонна социальнай ситимҥэ аккауҥҥутун араарыҥ.

Массыанньыктар араас регионнары кэрийэ сылдьан, төлөпүөн нүөмэрдэрин анаан-минээн атыылаһаллар уонна Госуслуги порталга урукку бас билээччилэр тус кэбиниэттэригэр киирэллэр. Итиэннэ сиэртибэлэр ааттарыттан микрофинансовай тэрилтэлэртэн онлайн кирэдьииттэри ылаллар.

Биир нүөмэри илдьэ сылдьыбыт ордук. Төлөпүөҥҥүт нүөмэрэ атын киһиэхэ тиксибэтин курдук дьаһаныҥ.

Массыанньык сыала-соруга – ыксатыы, ууга-хаарга түһэрии. Кинилэр сымыйа кэпсээннэрэ араас ис хоһоонноох, эһиэхэ анаммыт курдук буолуон сөп.

Кэпсэтиини кэмигэр тохтотор ордук.

 

Төлөпүөҥҥүт нүөмэригэр кэлэр куоду, кистэлэҥ сыыппаралары (пароль) кимиэхэ да этэн биэримэҥ

Массыанньыктар ол көмөтүнэн Госуслуги порталга баар тус кэбиниэккэ киирэн, докумуоннаргытын туһанан, эһиги ааккытыттан кирэдьиит ылаллар.

 

Парольгутун төлөпүөн эбэтэр браузер «былытыгар» (хаартыскалары, докумуоннары, араас файллары хачайдаан ылан харайар сервис) укта сылдьымаҥ

Түөкүттэр аккауҥҥутун алдьаттахтарына, харчыгытын эрэ уоруохтара суоҕа, «илиилэрэ» докумуоннаргытыгар кытта тиийиэҕэ.

Массыанньыктар сатаан алдьаппаттарын курдук, аккауҥҥа барытыгар биир уустук пароль толкуйдуур быдан табыгастаах. Кистэлэҥ тылга улахан уонна кыра буукуба, ону сэргэ саатар биир сыыппара уонна бэлиэ баар буолара ордук. 

 

Бэйэҕит бааҥҥыт нүөмэрин төлөпүөҥҥүтүгэр сурунуҥ

Хара санаалаах түөкүттэр дьону албынныыр араас албастары сатыыллар: ханнык баҕарар нүөмэртэн уонна тэрилтэ аатыттан эрийэр кыахтаахтар. Эрийдэхтэринэ, баан аата тахсыан сөп, ону олус бэркэ сатыыллар.

Бэйэҕит бааҥҥыт нүөмэрин төлөпүөҥҥүт сурунаалыгар киллэрдэххитинэ, түөкүттэр буолалларын судургутук быһаарыаххыт. Онуоха баан официальнай аатын үүт-үкчү буолбакка, атыннык сурунар ордук диэн сүбэлииллэр.

Туох эрэ боппуруос үөскээтэҕинэ, мунаарар, саарбахтыыр буоллаххытына, тэрилтэ официальнай нүөмэригэр эрийиҥ.

Били нүөмэргэ утары төлөпүөннээтэххитинэ, сымыйа үлэһиккэ түбэһиэххитин сөп.

 

Дьон (оннооҕор билэр киһиҥ) ыыппыт сигэтин мээнэ баттаамаҥ.

Ханнык да мобильнай сыһыарыыны бигэргэтиллибэтэх сигэнэн киирэн хачайдаамаҥ.*

Интэриниэккэ маҕаһыын, баан эбэтэр атын тэрилтэ официальнай саайтарын көрдүүр буоллаххытына, Арассыыйа «поисковиктарынан» эрэ туһаныҥ уонна галочкалаах эрэ саайтарга киириҥ.

* Бигэргэтиллибэтэх сигэлэр аккауҥҥутун алдьатар анал вирустаах буолуохтарын, онно харалла сылдьар туох баар дааннайгытын түөкүттэргэ тиэрдиэхтэрин сөп. 

Интэриниэт массыанньыктааһын ордук тарҕаммыт ньымалара

Онлайн атыылаһыы 

«Атыыһыт» табаары ыла да иликкитинэ харчы сорҕотун ыытыҥ эбэтэр толору төлөөҥ диэн көрдөһөр уонна, ууга тааһы бырахпыттыы, сүтэн хаалар.

 

«Докумуоҥҥутун буллубут»

Сүппүт докумуоҥҥутун булбут аатыраллар уонна манньа иһин төннөрүөхпүт диэн эрэннэрэллэр.

 

Каартаны сыһыарыы

Баан каартатын ханнык эрэ төлөпүөн нүөмэригэр эбэтэр счекка сыһыарыҥ диэн көрдөһөллөр.

 

Вируһунан кимэн киирии

СМС иһитиннэриинэн вирустаах сигэни ыыталлар. Ол көмөтүнэн баан каартатыттан харчыгытын уһулан ылаллар.

 

Бырыһыанынан угуйуу

Кылгас кэм иһигэр харчы уурунан, улахан бырыһыаны ылыаххыт диэн ымсыырдаллар.

 

Авиабилиэти атыылаһыы

Массыанньыктар саайтарыгар сымыйа билиэттэри атыылыыллар. 

Доҕор көрдөһүүтэ

Билэр киһигит аккаунун алдьатан баран, кини аатыттан харчыта ыыт диэн көрдөһүөхтэрэ.

 

 

Түөкүттэр сиэртибэлэрэ буолбат туһуттан

ӨЙДӨӨҤ! Ханнык да төлөпүөҥҥэ эбэтэр счекка баан каартатын сыһыарымаҥ.

Интэриниэтинэн тугу эрэ атыылаһар да буоллаххытына, бэрэбиэркэни ааспыт саайтарынан туһаныҥ. Табаары ылан баран биирдэ харчыгытын төлөөҥ.

БОЛҔОМТОЛООХ УОННА СЭРЭХТЭЭХ БУОЛУҤ!

Төлөпүөнүнэн түөкүннээһин ордук тарҕаммыт албастара

 

«Каартаҕыт хатаммыт»

Баан каартата «хатанан» хаалбыт, ол кыһалҕаны быһаарарга каартаҕыт ПИН-куода ирдэнэр дииллэр.  Эбэтэр банкомакка ону гыныҥ, маны баттааҥ диэн «сүбэлииллэр».

 

«Аймаххыт иэдээҥҥэ түбэспит»

Кыһалҕаны быһаарарга бачча харчы наада дииллэр.

 

«Бириис сүүйдүгүт»

Кыайыылаах буолбуккут, бириис сүүйдүгүт диэн СМС иһитиннэрии кэлэр.

 

Вируһунан кимэн киирии

СМС иһитиннэриинэн вирустаах сигэни ыыталлар. Ол көмөтүнэн баан каартатыттан харчыгытын уһулан ылаллар.

 

«Компенсация көрүллэр»

Бу иннинэ хаачыстыбата суох БАДы эбэтэр эми атыыласпыккыт иһин компенсация көрүллэр буолла, онуоха пошлина эбэтэр бырыһыан төлүөххүтүн наада диэн эрийэллэр.

«Алҕаска харчы ыытан кэбистибит»

Харчыбытын төннөрүҥ диэн көрдөһөллөр.

 

«Биһиги өҥөбүтүнэн туһаныҥ»

Атын киһи СМС-тарын уонна кимиэхэ эрийэрин билэр өҥөнөн туһаныҥ диэн эрийэллэр.

 

ӨЙДӨӨҤ!

Өскөтүн эһиэхэ чугас киһигит иэдээҥҥэ түбэстэ диэн айманан эбэтэр бириис сүүйдүгүт, компенсация ылар кыахтааххыт диэн үөрүүлээх сонуннаах эрийдэхтэринэ, олох итэҕэйимэҥ! Бу – түөкүттэр.

Билбэт нүөмэргититтэн СМС иһитиннэриинэн ол-бу сигэ кэллэҕинэ, ону баттаамаҥ.

Баан каарта ПИН-куодун кимиэхэ да этимэҥ.

***

Түөкүттэр:

— кирэдьиит, харчы биэрэр эбэтэр төлөбүр систиэмэтин тэрилтэтин аатыттан электроннай суруктары, СМС эбэтэр социальнай ситимнэргэ иһитиннэриилэри ыытыахтарын сөп;

— баан үлэһитин аатыттан иэскитин сабыҥ диэн эрийэллэр;

— араас сылтаҕынан баан каартатын ПИН-куодун, онно баар дааннайдары этэргитигэр көрдөһөллөр;

— ити сибидиэнньэлэри көҥүлэ суох харчы ыытарга, уһулан ыларга эбэтэр табаар атыылаһарга туһаналлар.

 

Өйдөөҥ!

— кирэдьиит-харчы уонна төлөбүр систиэмэтин тэрилтэлэрэ хаһан да сурук ыыппаттар уонна дааннайгытын этиҥ диэн эрийбэттэр;

— баан үлэһитэ килийиэнтэн хонтуруолунай тылы, араспаанньатын, аатын, аҕатын аатын эрэ ыйытыан сөп;

— баан үлэһитэ хаһан да реквизиккитин этиҥ диэбэт уонна каартанан эбэтэр счетунан ханнык эрэ дьайыыны оҥоруҥ диэн көрдөспөт;

— «баантан эрийэбит» диэн каартаҕыт реквизитин уонна да атын иһитиннэриини ыйыталастахтарына, кэпсэтиини суһаллык тохтотуҥ. Итиэннэ чугастааҕы баан салаатыгар тиийиҥ эбэтэр официальнай нүөмэрдэрин булан эрийиҥ.

 

Массыанньыктар харчыгытын уһулан ыллахтарына:

— суһаллык бааҥҥа эрийэн, каартаҕытын «хататыҥ»;

— полицияҕа үҥсүҥ, сайабылыанньаҕа туохха түбэспиккитин сиһилии суруйуҥ;

— Роскомнадзорга түөкүттэр ханнык саайт (интэриниэт ресурс) нөҥүө эһигини албыннаабыттарын туһунан сайабылыанньата суруйуҥ. Оччоҕуна ол саайты сабар боппуруоһу көрүөхтэрэ.

 

Түөкүттэр сиэртибэлэрэ буоллаххытына, полицияҕа суһаллык эрийиҥ: 02 (стационарнай төлөпүөнтэн) эбэтэр 102 (мобильнай төлөпүөнтэн) эбэтэр ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар үҥсүҥ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....