23.11.2024 | 14:00

Кындыкан — инникигэ эрэл бэлиэтэ

Кындыкан — инникигэ эрэл бэлиэтэ
Ааптар: Татьяна Захарова-Лоһуура
Бөлөххө киир

Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат “Үлэ кыбаартала” уораҕайыгар “Цифровой Алмаз” 3-с төгүлүн ыытыллар федеральнай форум буолан ааста. Тэрээһин аһыллыытыгар Арассыыйа Дьоруойа, космонавт Олег Германович Артемьев кытынна. Кини Норуоттар икки ардыларынааҕы космос станциятыгар (МКС) 115 суукка сылдьыспыт Кындыкан куукуланы уонна дублёр-куукуланы экипаж чилиэннэриттэн суруктаан-бичиктээн аҕалбытын үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Историческай куукуланы Норуоттар икки ардыларынааҕы уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы элбэх спортивнай үҥкүү күрэҕин, бэстибээлин лауреата, Москубатааҕы Искусство Олимпиадатын чөмпүйүөнэ Айлина Давыдова тутар чиэстэннэ. 

Санатан эттэххэ, Кындыкан куукула бу дьыл ыам ыйын 30 күнүгэр Байконур космодромуттан «Прогресс МС-27» хараабылы кытта “өрө уһуурсан тахсан”, сарсыныгар – Оҕо көмүскэлин күнүгэр, олоҥхобут омунyн курдук, МКС-ка биирдэ баар буола түспүтэ. Кындыканы онно экипаж хамандыыра, Арассыыйа уонна Туркменистан Дьоруойа, бүтүн аан дойду космонавтарыттан космоска муҥутуур уһуннук сылдьыбыт рекордсмен Олег Кононенко, Николай Чуб уонна Александр Гребенкин көрсүбүттэрэ. Кинилэр орбитаттан норуоттар икки ардыларынааҕы VIII-с “Азия оҕолоро” сайыҥҥы оонньууга кыттааччыларыгар анаан видео устан ыыппыттара (Кюар коду туһаай – Аапт.). Тустаах экипаж уһун көтүү кэнниттэн чөлүгэр түһэринэр кэмэ буолан, кыайан кэлбэтэҕин Олег Артемьев эттэ.

Кындыканы космоска көтүтүү СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна “Роскосмос” өйөбүллэринэн ситиһиллибитэ.

Бу көннөрү куукула буолбатах. Ис-иһигэр киирдэххэ, дириҥ ис хоһоонноох, этэр этиилээх уобарас. Кындыкан – 200 сыл анараа өттүгэр уоспаттан имири эстибит эбээн аҕатын ууһуттан соҕотох тыыннаах хаалбыт кыысчаан уобараһа. Мин өйдүүрбүнэн, өлөр өлүүнү кыайбыт хорсун кыысчаан  Хоту сир уонна Арктика төрүт олохтоох омуктара хайдахтаах да уустук, моһол баар буолбутун иһин, өлбөт-сүппэт үрдүк аналлаахтарын, сатабыллаахтарын көрдөрөр уонна үйэлэр тухары илдьэ кэлбит үгэстэрин, сиэрдэрин-туомнарын, тылларын, култуураларын үйэтитэр, симэлиппэккэ илдьэ сылдьалларын ситиһэр сырдык миссиялаах.

Кындыкан кыыс космоска айана – аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар култуураларын, тылларын-өстөрүн өйүүр, үйэтитэр туһугар уонунан бырайыагы олоххо киллэрбит “Кындыкан” айар түмсүү үлэтин биир көстүүтэ.

Эрдэ бу социальнай бырайыак чэрчитинэн хоту сир аҕыйах ахсааннаах омуктарын тылларын, култуураларын, сиэрдэрин-туомнарын үйэтитэр сыалтан остуоруйа айыллыбыта, кыайыылаах тахсыбыт оҕолор айымньылара түөрт тылга тылбаастанан, кинигэ буолан тахсыбыта. Кинигэ дьоруойдара салгыы ойуулукка көстүөхтэрэ. Медиа-контент бэлэмнэммитэ, ырыа айыллыбыта. 2021 с. 250-тан тахса оҕону дьарыктыыр этно-акробатическай хореография академията баар буолбута уо.д.а. Былааннара да – баһырхай. Ол – туһунан кэпсээн. Халыйымыым.

 

 

Аны, Кындыкан сылдьыһан кэлбит сырыыта, анаабыт курдук, хас эмэ историческай суолталааҕа – туһугар дьикти.

* Экипаж хамандыыра О. Кононенко бу сырыы түмүгүнэн, космос куйаарыгар 1110 күн 14 ч. 57 мүн. сылдьан, бүтүн аан дойду үрдүнэн рекорд олохтообут!

* Арассыыйа космонавтара МКС историятыгар муҥутуур уһуннук космоска сылдьыбыттар – бүтүн 374 суукка! О.э. сылтан уһун кэмҥэ!

 

Олег Артемьев кыттыбыт “Ближе к звездам: космические технологии” сессиятыгар космонавтар орбитаҕа үлэлэрин, араас суол чинчийиилэри ыыталларын, сыыппара технологиятын туһаныыны сырдатта. Наука эйгэтин кытта ыкса үлэлэһэллэрин эттэ. Холобур, айылҕа катаклизмнарын, сир хамсааһына, вулкан эстиитэ буолуон сөбүн туох кэрэһилиирин эрдэттэн сылыктаан билэн, ол охсуутун сымнатар, кыччатар сыаллаах хайысхаҕа, айылҕа харыстабылыгар үлэлэһэллэр. Халаан, тыа умайыытын чааһыгар дойду ЫБММ кытта эмиэ сибээстэһэллэр. Быһата, космонавтар үөһэттэн көрө, маныы олорон, сиргэ туох ураты хамсааһын, уларыйыы буоларын тиэрдэ, иһитиннэрэ олороллор. Координаттары ыыталлар. Космонавтар чинчийиилэрэ, үлэлэрэ наука араас хайысхаларыгар туһалыыр. Учуонайдар оннуларыгар эксперименнээн да көрөллөр эбит. Спутниктар кыайан түһэрбэт хаартыскаларын оҥороллор. Быһата, космонавтар таһыччы сайдыылаах, киэҥ билиилээх дьон. Холобур, Олег Артемьев экономика наукатын хандьыдаата.

Сыыппара сайдыытыгар сыһыаннаан: “Биһиги билигин космоска киэҥ нэлэмэн Саха сирин, куораттарын үрдүнэн кыайан көппөппүт. Оттон 2027 сылга сыыппара технологиятынан толору сэбилэммит саҥа станциябыт көттөҕүнэ, биһиги хас күн аайы хаста да эһиги үрдүгүтүнэн көтөр буолуохпут. Оччотугар туох эрэ арыйыыга, билим чинчийэр үлэтигэр сайаапка түһэрдэххитинэ, космонавтары кытта бииргэ үлэлэһэр кыах да үөскүө этэ. Онон бу эһиги сыыппара сайдыытыгар форум ыытаргыт олус сөптөөх, тоҕостоох”, – диэтэ.

Түмүккэ “Роскосмос” тэрилтэ научнай-техническэй айымньылаах үлэни киэҥник сырдатыыны, оскуола үөрэнээччилэрин, устудьуоннары үрдүк технология эйгэтигэр, ракета-космос хайысхатыгар сэҥээрдиини өйүүрүн эттэ.

 

Кындыкан эргиллиитин түгэниттэн

Космоска көтүһүү – үтүө сибики

Саха сирэ, космос уонна сыыппара технологията...

Омос көрүүгэ улахан сыһыана суох, букатын чиэски, ыраах өйдөбүллэр. Ол курдук, билиҥҥитэ саха, эбээн, эбэҥки буолуохтааҕар, алҕаһатан, Саха сиригэр төрөөбүт-үөскээбит биир дойдулаахпыт космос куйаарын баһылаабыта иһиллибэт. Сыыппара технологията саҥардыы баччыр оҕо курдук бастакы хардыыларын оҥорор. Саҕалааһын баар да, бары эйгэни хапта диэн айхаллыы арбанар кыахпыт, билиҥҥитэ, суох. Ол эрээри...

Иитиллибит ийэ тылбыт, уус-уран литэрэтиирэбит уонна өйбүт ууһун оҥорон көрүүтүн муҥутуур чыпчаала буолбут улуу Олоҥхобутун ылан көрүөҕүҥ. Уран тыллаах өбүгэлэрбит урукку дьыллар уорҕаларын, былыргы дьыллар мындааларын быдан анараа өттүгэр космос куйаарыгар тиийэ сылдьыбыттыы, итийэн-кутуйан туран ойуулууллара баар. Силигин ситэрэн, сир-дойду аан маҥнай айыллар, түөн саҕаттан төрүттэнэр түгэниттэн саҕалаан хоһуйуу кытта көстөр. Омуна суох эттэххэ, ийэ сири космос куйаарыттан субу көрөн олорбуттуу үүт-маас ойуулаабыттара сөхтөрөр. Сэрэйдэххэ, кимиэхэ эрэ туһаайан ыытыллыбыт этиттэрии буолуон сөп. Ону уус-уран хомоҕой тыл хоһоонньуттара оруобуна түһэрэн ылан, уустаан-ураннаан, эбэн-сабан, этэр тыл эгэлгэтэ оҥостон, илэ-бааччы харахха көстөр гына, этэн-тыынан кэбиспиттэрэ үтүмэн үйэлэри уҥуордаан кэллэҕэ? Ол мээнэҕэ буолбатах. “Бастаан утаа тыл үөскээбитэ” диэн буолар. Оччотугар мантан салгыы, кэнэҕэһин кэнэҕэс, сахалар, аҕыйах ахсааннаах омуктар, айылҕаҕа, ийэ айылҕа сокуонун утарбат ураты ньыманы тобулан, улуу куйаары уһаты-туора айанныыр ураты сайдыылаах буоларбыт тоҕо да сатаммат буолуой?

Онуоха Илаана Кындыкан “төрөтөн-үөскэтэн”, айан-тутан таһаарбыт күүстээх уобараһа – уоспа ыарыыттан имири эстибит аҕа ууһуттан чороҥ соҕотох ордубут Кындыкан кыысчааммыт – хайыы үйэ “космос куйаарын баһылаан”, өрөспүүбүлүкэни ааттатан кэлбитэ – үтүөкэн бэлиэ, сибики буолуон сөп.

Олег Артемьев дэлэҕэ этиэ дуо: “Арктика уонна Хоту сир оҕолорун символа эһиги туруоруммут сыалгытын толороргутугар төһүү буолуоҕа. Кэнники 20 сылга көрдөхпүнэ, Саха сиригэр төрөөбүт биир да киһи космоска хайдах да кыайан тиийбэккэ сылдьар. Оттон билигин, бэл, куукула көппүт буоллаҕына, кэлин, холобур, Х-с форумҥа тиийэн, орбитаҕа Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ баар буолуо диэн эрэниэхпин баҕарабын”.

Манна даҕатан эттэххэ, Олег Артемьев Үөһээ Дьааҥы оройуонун Боруулаах нэһилиэгин олохтоохторо уонна Алексеевскай оройуонун (билиҥҥи Таатта) холкуостаахтара Юрий Гагарины бастакы көтүүтүнэн эҕэрдэлээбит телеграммаларын тиксэрбит. Уурунар да буолаллар эбит. Ону Ил Дархан үтүө өйдөбүл гынан түмэлгэ ууруохтарын телеграм ханаалыгар суруйбут.

Бу телеграммалар эмиэ космоска көтүһэн, куйаар күүһүн ылыммыттар. Космонавт Олег Кононенко космос куйаарыгар хомуспутун илдьэ сылдьыбытын, Өксөкүлээх Өлөксөй «Хомус» хоһоонун аахпытын эмиэ билэбит. Оччотугар урааҥхай удьуора, аныгы кэм үрдүк технологиятын туһанан, үрдүк мэҥэ халлааны, киҥкинэс киэҥ куйаары (космоһы) уһаты-туора айанныыра олоҥхо омуна буолбакка, дьиҥ баар олох көстүүтэ буолара, кырдьыга да, чугаһаабыта буолаарай? Эрэл – ыччакка!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....