Арыгыны утары дьаһаллары нэһилиэнньэ өйүүр
Сэтинньи 25 күнүгэр “Россия-24” ханаал быһа эпииригэр куорат баһылыга Евгений Григорьев куорат «арыгы сокуонугар» киллэрбит уларытыыларын Ил Түмэн дьокутааттара сотору дьүүллэһиэхтээхтэрин бэлиэтээтэ.
– Мин санаам биир: арыгы – икки атахтаах кыр өстөөҕө. Буруйу оҥоруу үксэ аһыы утаҕы иһии түмүгэр тахсарын, үгүс киһи олоҕо арыгыттан огдолуйарын статистика да көрдөрөр. Дьокуускайга дьон олоҕор куттал суоһаабатын туһугар арыгыны утары үлэ барыахтаах. Үлэбит хаамыытынан, 2021 сыллаахха, бастатан туран, арыгы атыыта социальнай эбийиэктэртэн тэйиччи буолар нормативын уларыппыппыт. Урукку нормативтан 100 м улаатыннарбыппыт уонна радиуһунан кэмнэнэрин ситиспиппит – бу дьаһаллар көмөлөрүнэн куорат киинигэр саҥа алкомаркеттар арыллыыларын бопсубуппут. Урут баар арыгы атыылыыр маҕаһыыннар лицензиялара бүттэ да, сабыллар буолуохтара, саҥалар арыллыа суохтара.
Иккиһинэн, Ил Түмэн дьокутааттарын кытта бииргэ үлэлэһэн, арыгы атыылыыр кафелар саалаларын кэҥэттибит – ол аата кыра иэннээх “наливайкалары” боптубут, билигин элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ баар 75 кв.м. киэҥ иэннээх “наливайкалары” уодьуганныырбыт хаалла. Ол туһугар Ил Түмэҥҥэ этиилэрбитин киллэрдибит, дьокутааттар сессияларыгар сотору көрүөхтэрэ – элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ баар “наливайкалары” маҕаһыыннар курдук арыгы атыытын бириэмэтин тутуһалларыгар күһэйиэхпит, оттон рестораннар түүн атыылыыллара бобуллуоҕа. Бу дьаһаллары куорат олохтоохторо улаханнык өйүүллэр, - диэтэ Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев.
Санатан эттэххэ, олохтоох дьаһалта сүрүн салааларын үлэһиттэрэ тэлэбиидэнньэнэн быһа эпииргэ тахсан ыйытыктарга хоруйдууллара үгэс быһыытынан салҕанан бара турар.