25.11.2024 | 19:29

Икки автовокзал баар буолуоҕа

Икки автовокзал баар буолуоҕа
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев сэтинньи 25 күнүгэр “Россия-24” ханаал быһа эпииригэр киин куоракка билигин ыытылла турар үлэ-хамнас туһунан кэпсээтэ уонна көрөөччүлэр ыйытыыларыгар хоруйдаата. 

– Саамай сүрүн уларыйыы куораппыт олус улааппытыгар тирэҕирэр. Урукку 18 устуука куорат маршрута сүүрбэччэ сыл устата уларыйбакка үлэлээтэ. Ол сүүрбэччэ сыл устата куораппыт икки төгүл улаатта – 2000 сыллардаахха 200 тыһыынча киһи олорор эбит буоллаҕына, билигин 400 тыһыынча киһи олорор. Саҥа дьоҕус оройуоннар, саҥа дьон тардыһар социальнай эбийиэктэрэ үөскээтилэр. 
Маршрут ситимин уларытарга сыл устата, дьыл бары кэмнэрин учуоттаан туран, улахан научнай-чинчийэр үлэ барбыта –оптуобустарынан айанныыр, остонуопкаҕа тоҕуоруһар дьону төбөнөн ааҕыыттаан саҕалаан, суотабай оператордары биллинг көмөтүнэн кытта дьон хамсааһынын үөрэттибит. 
Үгэс быһыытынан куорат иһинээҕи маршруттарга урут барыта чааһынайдар айанныыллар этэ. ЯПАК кыаҕын күүһүрдэбит, саҥа оптуобустары ыллыбыт. Куорат кытыытынааҕы нэһилиэктэр муниципальнай маршруттарын таһынан, 1, 100, 11 №№-дээх маршруттар – ЯПАК киэннэрэ. 
Атын маршруттарга оптуобус ахсаанын элбэтэр туһугар кыра тэрилтэлэри бөдөҥсүтүү барда – 5 чааһынай тэрилтэ баар буолла, хас биирдиилэрэ 3-түү маршруттаахтар, тырааныспардарын ханна кыһалҕа баарынан салайан  биэрэр кыахтаахтар. Инньэ гынан линияҕа тахсар оптуобус ахсаана тутуһуллар буолла. Айанныыр дьоҥҥо оптуобус кэмигэр кэлэрэ, графигын тутуһара наада – билигин ону 95 % ситистибит. 
Ааспыт нэдиэлэҕэ киин куорат олохтоохторуттан элбэх этии киирдэ. Барытын болҕомтоҕо ылабыт – сорох маршруттар тиһэх тохтобуллара уларыйда, сорох маршруттарга оптуобустары эптибит. 
Оптуобус сырыытын тупсарыы иккис түһүмэҕэр автовокзал дьиэтин куорат кииниттэн таһаарар соруктаахпыт. Билигин куорат кытыытынааҕы нэһилиэктэр олохтоохторун тиэйэр оптуобустар куорат киинигэр киирэн, элбэх бириэмэлэрин барыыллар – уматык өттүгэр ороскуоттаах, уулуссаларга массыыналар хаайтарыылара үксүүр, тиэхиньикэ эргэрэр. Онон пробкаҕа турбакка, чаастатык сылдьалларын ситиһэр, куорат кытыытынааҕы оптуобустар сырыыларын түргэтэтэр былааннаахпыт. Билиҥҥи ааҕыынан, ол түмүгэр куорат киининэн уонна куорат кытыытыттан сылдьар дьоҥҥо тэҥ сыана олохтонуохтаах. 
Ол курдук, икки автовокзал баар буолар. Бастакы – киин куорат соҕуруу өттүгэр Медкиин оройуонугар, онно билигин 11 маршрут ааһар буолла. Иккис автовокзал – Аэропорт оройуонугар “Белай Озеро” ырыынак таһынан, – диэтэ Евгений Григорьев.

Быһа эпиир кэмигэр куорат олохтооҕо эрийэн, 1-кы №-дээх маршрукка саҥа тупсаҕай оптуобустар тахсыбыттарыгар махтанна. Ол эрэн киэһээҥҥи өттүгэр оптуобустар сырыыларын арыта тоҕо уһаан хааларый диэн ыйытта. Эрийэн кэлээччи оптуобустар 30-45 мүнүүтэ күүттэрэллэрин бэлиэтиир. Бу ыйытыыга баһылык: «ЯПАК (муниципальнай) оптуобуһа дуу, “Союз-авто” (чааһынай) оптуобуһа дуу буолалларыттан тутулуга суох каадыр тиийбэт кыһалҕата олус сытыытык турар. Бэлиэтээн эттэххэ, уопсастыбаннай тырааныспарга суоппар тиийбэт буолуутун кыһалҕата Арассыыйа атын куораттарыгар эмиэ сытыы. Уһук Илин уонна Сибиир куораттарын ассоциацияларын аатыттан РФ Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын министиэристибэтигэр туһаайан официальнай туруорсуу барарыгар тыл көтөхпүтүм – уопсастыбаннай тырааныспарга үлэлиир дьон идэлэрин Уһук Илин ипотекатын бырагырааматыгар киллэриэххэ диэн – идэ суолтатын үрдэтэр сыаллаах. Туох да быһаарылла илик. 
Суоппар ахсаана аҕыйаҕыттан киэһээҥҥи оптуобустар ыккардылара 45 мүнүүтэҕэ тиийэр. Сарсыарда, күнүс арыттара – 15 мүнүүтэ. Онон сүрүн сыалбыт – уопсастыбаннай тырааныспарга үлэлии кэлэр суоппар ахсаанын элбэтии. Ол туһугар дьиэ кэргэттэрдээх суоппардарга уопсай дьиэҕэ олорор сир, олорор усулуобуйаны тупсарыы бырагыраамаларыгар кыттар кыаҕы биэрии, оптуобустары саҥардыы ыытыллар. 
Оптуобустар сырыыларын тупсарыы бастакы түһүмэҕин түмүктээн эрэбит – 10 маршрут уларыйда, 2 саҥа маршрут эбилиннэ. Салҕыы куорат кытыытынааҕы нэһилиэктэр оптуобустарын киин уулуссалартан ылыахпыт – аэропорт уонна Медкиин  оройуоннарыгар тырааныспартан тырааныспарга олорсор систиэмэни оҥоруохпут – оччоҕо куорат кытыытынааҕы нэһилиэктэр бырайыастара чэпчиирин уонна оптуобус ахсаана эбиллэрин ситиһиэхпит», – диэн сиһилии быһааран биэрдэ, таарыйа уопсастыбаннай тырааныспар иннигэр турар сытыы кыһалҕалары быһаарар суолу-ииһи көрдөөһүн туһунан иһитиннэрдэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....