18.03.2022 | 14:00

Ытыс сотуннубут дуу, саҥа саҕахтары арыйабыт дуу?

Ытыс сотуннубут дуу, саҥа саҕахтары арыйабыт дуу?
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Сыана күн-түүн уора-көстө үрдүүр. Куһаҕантан ас таһаарааччылар “дьоллоох чаастарын” мүччү туппат санаалаахтар. Бу нэһилиэнньэ кыаммат араҥатыгар, дьоҕус уонна орто бизнескэ ордук охсуулаах буолла.  
Өрөспүүбүлүкэ, куорат салалтата экономика түөрэҥниириттэн, бизнес эмсэҕэлиириттэн дьон-сэргэ олоҕо айгырыа суохтаах диэн санаанан салайтарар.

Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан

Саха сирин салалтата төһө да аһынан-үөлүнэн, олоххо-дьаһахха наадалаах сүрүн табаардарынан хааччыллыыбыт үчүгэй диэбитин үрдүнэн, нэһилиэнньэ маассабай аймалҕаҥҥа ылларда. Кууһунан атыылыыр баазалар долбуурдарыттан сорох аһы-үөлү “сотон”, ыраастаан ылбыттарын туһунан сонун бассаапка күн аайы тарҕанар. Бэйэтэ да инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан олорор дьон долгуйарын хайдах хам баттыаҥый? Бастаан маҕаһыыннарга ыҥырыа уйатын тоҕо тардыбыт курдуга. Билигин да хартыына улаханнык уларыйа илик.

Гречкабыт оччо буолбут, мас арыытын сыаната көмүскэ тэҥнэспит. Саахар сыаната бас баттах барбыт. Ол быыһыгар Айфон айдаана. Атыылаһан ылан эргинээччилэр туттан-хаптан хааллылар быһыылаах.

Айсен Николаев, СӨ Ил Дархана:
“Кууһунан атыылыыр тэрилтэлэр балайда хаһаастаахтар. Кинилэр нэһилиэнньэни наадалаах табаарынан хааччыйарга бэлэмнэр”. 

Сыана тула түрүлүөн

Санкция саба халыйан киириэҕиттэн бэйэ оҥорон таһаарааччылары өйүүр сорук турда. Ол эрээри “ноолоох” буолан таҕыста.

Соторутааҕыта куорат олохтоохторо “Строительнай” ырыынакка Чурапчы ынаҕын арыыта көрдөрөн туран 750 солкуобайтан 900 солк. тиийэ үрдээбит диэн кэпсээбиттэрэ. Социальнай  суолталаах табаарга сыана халлаантан ылан үрдүө суохтааҕын туһунан ааспыт нүөмэрбитигэр суруйбуппут. Оттон ынах арыыта оннук испииһэккэ киирэр.

Аны туран, аҕыйах хонуктааҕыта олохтоох оҥорон таһаарааччыбыт “Саюри” ХЭТ оҕурсута 400 солк. тахсыбыт диэн үҥсүүлэр киирбиттэрэ. Онуоха агрокомплекс тута харда иһитиннэриини таһаарбыта:    

“Ороскуоппут 30 % эбилиннэ. Ол иһин сыанабыт 10% үрдээтэ. Агрокомплекс онон ночоотун сабыммат.

Сыана үрдээһинэ хаһан да 4-6%-тан тахсыбатаҕа, түһэр кэмнэрэ кытта бааллара.

“Саюри” ХЭТ бородууксуйатын кууһунан атыы сыанатынан тарҕатар. Бүтэһиктээх сыананы бытархай атыынан дьарыктанар туочукалар бэйэлэрэ быһаллар.     

Агрокомплекс Дьокуускайга сибиэһэй оҕуруот аһын ырыынагын 25% курдук ылан олорор. Онон “Саюри” сыана өрүтэ ыстаҥалыырын утарар, кууһунан атыылыыр сүрүн хааччыйааччы буоларын быһыытынан, сыананы тутар”.

Итини таһынан, “Саюри” ХЭТ тас дойдуттан агроматырыйаалы, уоҕурдууну, сиэмэни эрэ ыларын иһитиннэрдэ. Кэнники икки нэдиэлэ иһигэр Киин бааҥҥа валюта 8,5%-тан 20%-ҥа тиийэ үрдээбитин санатта, онон ороскуота элбээбитин быһаарда. 

Сыырдаахха агрокомплекс бэйэтин маҕаһыыныгар 1-кы суортаах оҕурсу киилэтэ 255 солк., 1-кы суортаах помидор – 270 солк. Кууһунан сыана (10 кг тахса) өссө чэпчэки.

Дьокуускайга сыана бу курдук:

1 кг оҕурсу – 230-289 солк.

1 кг помидор – 250-320 солк.

Болҕойуҥ!
Маҕаһыыҥҥа сыана сиэри таһынан үрдээбитин көрдөххүтүнэ, СӨ Сыанаҕа политикатын судаарыстыбаннай кэмитиэтин сайтыгар эбэтэр +7(984)118-01-05 бассаап нүөмэргэ үҥсүөххэ сөп. Табаар сыанатын, чектэрин хаартыскаҕа түһэрэҕит, маҕаһыын ханна баарын этэҕит. Быһа линия төл.: +7(984)118-01-05; 8 (4112) 508-026. Ону таһынан, 122 диэн биир кэлим колл-кииҥҥэ эрийиэххэ сөп буолла.  

Уопсастыба, бизнес уонна салалта – бары бииргэ

Билиҥҥи уустук кэм дьоҕус уонна орто бизнеһи үтэн-анньан көрөр.  Ытыс соттон хаалар түргэн. Саҥаны саҕалыыр, сонуну тобулар уустук. Тутан хаалбыты өрүһүйэр, ыһыллаары гыммыты ыпсарар ыарахан. Ол эрээри кыаллар кыахтаах. Маннык кэмҥэ тутуспутунан сайдыы суолун тэллэхпитинэ эрэ табыллар.

Соторутааҕыта Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ хампаанньаларын кытта көрсөн кэпсэттэ. Бырабыыталыстыба маҕаһыыннары олохтоох бородууксуйанан хааччыйар тэрилтэлэри өйүүр суоллары тобулуохтаах диэтэ. Итиэннэ Саха сирин дьоҕус бизнеһин өйүүр сыаллаах этиилэри киллэрдэ. Ковид хааччахтарынан бэрэбиэркэлэр тохтотулуннулар.  

“Предпринимателлэри кытта тиһигин быспакка көрсүһэр буолуохпут. Уопсастыба, бизнес уонна салалта бииргэ үлэлээтэхпитинэ эрэ бу уустук кэмҥэ тугу эрэ ситиһэр кыахтаахпыт”, – диэтэ Айсен Николаев. 

Ил Дархан суһал ыстаабы кытта көрсүһүүтүгэр сүрүн соруктары туруорда:

- национальнай бырайыактары олоххо киллэриини оннунан хаалларыы, тэтими түргэтэтии;

-үлэ миэстэтэ аҕыйыа, үлэтэ суох хаалбыт элбиэ суохтаах. Онон предпринимателлэри өйүөхтээхпит;

-социальнай суолталаах табаардарга сыана эмискэ үрдүө суохтаах.

- тыа сирин олохтоохторун дохуотун үрдэтиэхтээхпит.

Нэһилиэнньэ эмсэҕэлиэ суохтаах

Бу күннэргэ киин куорат баһылыга Евгений Григорьев предпринимателлэри кытта үгүстүк кэпсэттэ, сүбэлэстэ.

– Билигин бизнес саҥа тургутуулары көрүстэ. Биир өттүнэн, федеральнай хааччыйааччылар саҥа быраабылалары киллэрдилэр, иккис өттүнэн, атыылаһааччылар айманаллар, маҕаһыын долбуурдарын кураанахтыыллар, инньэ гынан ырыынагы түөрэҥнэтэллэр, суобаһа суох предпринимателлэргэ, үспүкүлээннэргэ суол аһан биэрэллэр. Икки сыллааҕыта, аан дойдуга пандемия саҕаламмытыгар, маннык быһыы-майгы буолбута. Кэмигэр сөптөөх миэрэлэри ылынан, ону этэҥҥэ аһарбыппыт. Билигин сирэй көрсөн олорон, атыы-эргиэн эйгэтигэр куттал суоһаабатын туһугар сөптөөх миэрэлэри ылар кэммит үүннэ.

Сыана үрдүүрэ нэһилиэнньэ кыаммат араҥатыгар ордук охсуулаах, оннук буолуо суохтаах диэн санааны тутуһабын.

Ону сэргэ, куорат баһылыга бизнескэ көмөлөһөр хас да суолу көрүөххэ наада диэтэ. Ол курдук, предпринимательствоны өйүүр 5%-наах чэпчэтиилээх кирэдьиит туһунан боппуруоһу туруорда. Евгений Николаевич ханнык эрэ табаар кырыымчык эбэтэр төттөрүтүн олус элбэх буолбатын курдук, ырыынагы, нэһилиэнньэ туохха наадыйарын кэтээн көрөн үөрэтиэххэ диэн этиини киллэрдэ. Сотору кэминэн кыһыҥҥы суол сабылларынан сибээстээн, предпринимателлэр көрдөһүүлэринэн тырааныспар хампаанньаларын кытта үлэни ыытар сорук турар.   

 

Түмүккэ

Экспертэр суруйалларынан, билиҥҥи “уустук” диэн ааттыыр кэммит, сөпкө дьаһаннахпытына, саҥа аартыктары арыйарга тоҕоостоох. Олохтоох бородууксуйа дэлэйиэхтээх, бэйэбит бизнеспит өрө күөрэйэн тахсыахтаах. Улахан уларыйыыларга оҕустарбакка, тургутуулары этэҥҥэ туораатахха, өйөбүллэри таба туһаннахха... Сайдыы суолун тутуһабыт дуу, төттөрү түһэбит дуу? Кэм-кэрдии көрдөрөн иһиэҕэ.

 

“СӨ Бырабыыталыстыбатын кытта өйөбүл араас миэрэлэрин көрөбүт. Ол эрээри биир ыйытыылаахпын: бизнес кэпсэтэргэ бэлэм дуо? Холобур, кууһунан атыылыыр бөдөҥ тэрилтэлэри көрсүһүүгэ ыҥырбыппыт, үс гыммыттан биирдэрэ кэлбэтилэр. Тус барыстарын эрэ саныыр дьону буолбакка, билиҥҥи кэмҥэ үтүө суобастарын сүтэрбэт дьону өйүөхтээхпит диэн бигэ санаалаахпын”. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...