09.05.2024 | 18:00

Ытык сирдэнэр буоллубут!

Ытык сирдэнэр буоллубут!
Ааптар: Лия АЛЕКСЕЕВА
Бөлөххө киир

Кулун тутар 15 – муус устар 30 күннэригэр ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы рейтиннээх куоластааһыҥҥа Саха сириттэн хаһааҥҥытааҕар да элбэх – 125 156 киһи кыттыыны ылбытын туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Ол иһигэр Дьокуускай куораттан былырыыҥҥытааҕар икки төгүл элбэх – 52 271 киһи куоластаабыт (былырыын – 29 679 киһи). 

«Куорат сиригэр нэһилиэнньэҕэ табыгастаах эйгэни тэрийии» бырайыагынан кэлэр 2025 сылга федеральнай киинтэн үбүлэнэн тупсарарга былааннанар уопсастыбаннай туоналары талар күрэххэ Саха сирэ 67, ол иһигэр Дьокуускай куорат 5 бырайыагынан, кытынна: Гагарин аатынан сквер, Щорс күөлүн кытыла, Сэргэлээх күөлүн кытыла (ДСК оройуона), Теплай күөл кытыла, «Ытык сир» паарка (Новопортовской оройуон). 

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн куоластааһыҥҥа Томмот, Алдан, Аллараа Кураанах, Сангаар, Айхал, Чернышевскай, Беркакит, Чульман, Хаандыга, Мохсоҕоллоох, Уус Майа бөһүөлэктэрин, Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү, Хоро, Үөдэй, Нам, Мукучу, Кэбээйи, Ленскэй, Бороҕон, Таатта, Чурапчы нэһилиэктэрин, Нерюнгри, Ленскэй, Мииринэй, Удачнай, Ньурба, Өлүөхүмэ, Покровскай, Бүлүү куораттар бырайыактара кыттыбыттара. Түмүккэ Дьокуускай куорат (52271), Нерюнги (9502), Ньурба (7776), Мииринэй (7245) уонна Ленскэй (4 688) олохтоохторо ордук көхтөөх кыттыыны ылбыттарын ыйаллар. Маны таһынан волонтердар үлэлэрин бэлиэтиир тоҕоостоох. Ол курдук, быйыл аҥаардас волонтердар көмөлөрүнэн 79097 куолас киирбитэ биллэр.

 

Муус устар 30 күнүгэр биллибитинэн, Дьокуускай куоракка кыайыылааҕынан 22 711 куолаһы хомуйбут "Ытык сир" паарка таҕыста. Санатар буоллахха, былырыын кыайбыт Федор Попов аатынан сквер дизайн-бырайыага 9148 куолаһы хомуйбута. 

 

«Куорат сиригэр табыгастаах эйгэни тэрийии» федеральнай бырайыагынан ыытыллар рейтиннээх куоластааһын түмүгүнэн Дьокуускай куоракка араас сылларга Таалай күөл, «Ворота Якутска» сквер, Учуутал бульвара, Сири оҥорооччулар, Дьаамсыктар, Тыыл үлэһиттэрин сквердэрэ тутуллубуттара. Былырыын Сайсары күөл кытылын уонна Ийэ скверин тупсарыы саҕаламмыта, быйыл Федор Попов аатынан сквери тутуу саҕаланыаҕа.

 

Норуот өйөөбүт бырайыага хайдах буолуоҕай?

«Ытык сир» паарка иһин элбэх куолас норуот бүттүүн түмсүүтүн көрдөрдө. Чахчы сахалар итэҕэллэрин кэпсиир, өйдөбүлү биэрэр ытык сир уопсастыбаннай паарка быһыытынан аныгылыы моһуонунан олоххо киирэрин норуот сэргээтэ. Маны таһынан волонтердар күүскэ үлэлээн бастаан куоластааһынтан хаалан испит бырайыак биэтэккэ тиийэр саҕана барыларын ситэ баттаата.

  

“Ытык сир” паарка бырайыагын өйүүр бөлөх көхтөөх чилиэнэ Аскалон Егоров бэл хоһоон суруйан тарҕатта:

 

Кыайыыга кыттыһыҥ!

Сахабыт сирин үрдүнэн,

Аныгы олох сиэринэн,

Үөгүлүүр үбү былдьаһар

Араас бырайыак аһыллар.

Хайаан да куоластаан кыайбыкка

Үп-харчы ботуччу тиксиэҕэ.

Ол иһин норуот уһуктан,

«Ытык сир» паарканы өйөөтө,

Сахабыт сиригэр туһатын өйдөөтө!

Чэй эрэ, бүгүн — тиһэх күн.

Куоластыы бүтүннүү тахсыаҕыҥ!

Сомоҕо күүспүтүн көрдөрөн

Барыбыт бүттүүн түмсүөҕүҥ!

Куоластыы иликтэр турунуҥ!

Кыайыыга мөрүөннээн кыттыһыҥ!

Сахабыт сирин бар дьоно

Баҕарар ырата туолуохтун!

«Ытык сир» паарка киин куорат Гагарин уокуругун Новопортовской дьоҕус оройуонугар тутуллара былааннанар. Эбийиэк тутуллуохтаах сирэ билигин отунан, хомуһунан үүнэн турар. Ыллыктар, аллеялар, балаһааккалар, тимир көлө тохтуур сирдэрэ, ханнык да тупсарыыта суох киэҥ нэлэмэн ырааһыйа.

Пааркаҕа “Күнү көрсүү” култуурунай тэрээһиннэри ыытар, сиэри-туому толорор комплекс баар буолуоҕа.

Бырайыак концепциятыгар күнү көрсүү сиэрэ-туома – Ыһыах сүрүн туомун быһыытынан киириэҕэ. Үрдэтиллибит сир илин диэки туһаайыылаах Аал Луук Маска майгынныахтаах. Комплекс ортотугар түһүлгэ, онно алгысчыт фигурата битииһиттэрин кытта (9 уол, 8 кыыс) баар буолаллар. Алгыс саха омугар үрдүк суолтатын, олоҕу салайар сиэр-туом буоларын көрдөрүөхтээх.

Бу комплекс алгыһы түһэрэргэ аналлаах сир буолара былааннанар. Араас харысхал бэлиэлэрин суолталарын куар-кодтар көмөлөрүнэн истиэххэ сөп буолуо. Маны тэҥэ, сахалыы тылынан ким баҕалаах алгыһы иҥэринэн ааһар кыахтаныаҕа.

 

Пааматыньыктар ансаамыбылларыгар маҥан, бороҥ уонна күөх өҥ туттуллуоҕа – биһиги этническэй өҥнөрбүт.

 

Паарка хотугу өттүгэр Дьоруойдар Аллеяларыгар 25 тимир билиитэ ууруллуоҕа. Киирии аартыкка икки паарканы – Кыайыы пааркатын уонна Ытык сири ситимнир күргэ тутуллуоҕа. Кытылга култуурунай тэрээһииннэри ыытар сыана туруоҕа.

Спортивнай балаһаакка икки гына арахсар: көхтөөх сынньанааччыларга уонна бытаан хамсаныыларга ананыахтара, теннистиир корт, тренажердардаах зона, воркаут-балаһаакка, теннис остуола, футболлуур хонуу баар буолуоҕа. Маны таһынан тупсаҕай көстүүлээх оҕо балаһаакката, сынньанар сирдэр бырайыакка киирэн сылдьаллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...