Ыты нолуоктуур наада дуо?
Дьокуускай баһылыга нэдиэлэ саҥатыгар буолар планеркаҕа бэйдиэ ыттары харайыы кыһалҕатын быһаарарга ыт иитээччилэргэ нолуок олохтуохха сөп этиитин Арассыыйа көрдөрөр-иһитиннэрэр ньымалара ыһа-тоҕо иһитиннэрдилэр.
Планеркаҕа хаһаайына суох бэйдиэ сылдьар дьиэ кыылларын тутан ылан харайыы боппуруостара ырытыллыбыттара.
“Жилкомсервис” МУТ салайааччыта Валерия Билоус этэринэн, биир кыылы тутан ыларга, стерилизациялыырга, чип олордорго, көрөргө-истэргэ ортотунан 14500 солк. ороскуоттанар.
Оҕо уһуйааныгар сылдьар оҕо аһылыгын күннээҕи төлөбүрэ 175 солкуобайтан үрдээн, быйыл 190 солк. буолла, оттон бырадьааҕы ыты тутан ылан аһата-аһата приюкка иитиигэ күҥҥэ 450 солк. барар диэн биһиги хаһыаппыт суруйан турар. Буолан ааспыт мунньахха баһылык эмиэ “Биһиги оҕолорбутугар ыттарга барыыр харчыбытынааҕар аҕыйаҕы ороскуотурабыт” диэн ис хоһоонноох этиилээх буолла.
Быйылгыттан кыылга-сүөлгэ эппиэтинэстээх сыһыаны кытаанахтык ирдиир федеральнай таһымнаах саҥа сокуон олоххо киирдэ. Бэйдиэ сылдьар ыттары көрүү-истии судаарыстыба уонна муниципалитеттар эбээһинэстэрэ буолла. Куорат бу сокуону олоххо киллэрбитинэн барда. Ол эрэн олохтоохтор мунаахсыйаллар, тоҕо диэтэххэ бырах сылдьар ыттары тутан ылан эмтээн-томтоон баран төттөрү босхо ыыталлар. Холобур, урут хаһаайына суох, дьоҥҥо кутталлаах бырах барбыт ыттары суох гынан кэбиһэллэрэ...
Аны туран саҥа сокуоҥҥа ыттаах хаһаайын эппиэтинэһэ суруллубатах. Ыттарын босхо ыытан кэбиһэр дьон бааллар, олор сокуон иннигэр хайдах быһыылаахтык эппиэттиэхтэрэ чопчу биллибэт. Билигин “Жилкомсервис” МУТ үлэһиттэрэ босхо сылдьар ханнык баҕарар ыты тутан ылыахтарын сөп. Хаһаайыттар кыылларын приюкка хонугун уонна ыстараап төлөөн босхолууллар.
Эппиэтинэстээх иитиини ирдиир буоллахпытына, бастатан туран, хаһаайыттар быраабыланы тутуһалларын ирдиэххэ баара...
Дьокуускайга ыты босхо ыытан кэбиһэр бобуулаах. Ыккытын босхо ыытан кэбиспиккит “самовыгул” дэнэр уонна сокуону кэһиигэ тэҥнэнэр, тутулуннаҕына – ыстараап.
Администартивнай буруйу оҥоруу кодексатыгар ыт кутталлаах боруодатын наморднига уонна быата суох күүлэйдэтии иһин ыстараап – 3-5 тыһ. солк.
Госдуума дьокутаата иһэр
Баһылык Сардаана Авксентьева Куорат Дууматын дьокутааттарыгар ыттаах дьонтон хомуллар нолуогу толкуйдуохха диэбитэ. Онуоха Арассыыйа Судаарыстыбаннай Дууматын экологияҕа уонна тулалыыр эйгэ харыстабылыгар кэмитиэтин салайааччыта Владимир Бурматов маны барытын “провокация” диэн ааттаата. Кини этэринэн, Арассыыйаҕа дьиэ кыылын иитиигэ ханнык да нолуок суох буолуохтаах. Нолуоктан куттанан хаһаайыттар дьиэ кыылларын быраҕыахтара, оччоҕо бэйдиэ сылдьар кыылларбыт өссө элбиэхтэрэ диир. Нолуок туһунан буолбакка, ыт иитээччилэри өйүүр туһунан толкуйдуохтаахпыт диэн санаалаах. “Бэйдиэ сылдьар кыыллары дьаһайыыга тыырыллыбыт харчыттан сыллата 2 млрд солк. курдук суума уоруллар, ыскайданар”, – диэн бу дьокутаат суруйар.
Киин бэчээккэ айдаан тахсыбытын кэннэ биһиги баһылыкпыт саҥата суох хаалбата. Бурматовы Дьокуускайга кэлэн дьиҥнээх балаһыанньаны көрөн, билэн бардын диэн бэйэтин инстаграмыгар суруйда. Ситэ толкуйдаммакка ылыллыбыт сокуон регионнарга үлэлиир кыаҕа суоҕун илэ көрүөн наада диэтэ. Сураҕа, Владимир Бурматов Дьокуускайга аттанан эрэр үһү.
Сыыппаралар сымыйалаабаттар
Саҥа сокуону олоххо киллэрэр туһугар аҥаардас Дьокуускайга 142 мөл. солк. көрүллэрэ ирдэнэр. Оттон өрөспүүбүлүкэ салалтатыттан Саха сирин үрдүнэн бу сокуону үлэлэтэргэ 87 мөл. солк. эрэ көрүллүбүтэ.
Быйыл Дьокуускайга 800 төбөҕө аналлаах приют тутуллан тахсарыгар ортотунан 120-190 мөл. солк. наада диэн суоттааһыннар бааллар.
Бэлиэтээн эттэххэ, ыттары тутуу видеоҕа уһуллуохтаах, питомникка туттарыы, эмтээһин, чип кэтэрдии, ону тэҥэ дьоҥҥо кутталлаах, адьырҕатыйбыт кыыллары үйэлэрин моҥуохтарыгар диэри приюкка иитиигэ быйылгы сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн Дьокуускайга 7 мөлүйүөн 600 тыһ.солк. көрүллүбүт.
“Жилкомсервис” МУТ 2017-2019 сылларга питомнигы хааччыйыыга 79 мөл. солк. ороскуотурбут. Маныаха көрүллүбүт субсидияҕа, ороскуот үгүс ыстатыйата ыйыллыбатах даҕаны, холобур, үлэһиттэр хамнастара хара маҥнайгыттан киирбэтэх.
Дьокуускайга, чуолаан Федеральнай сокуон олоххо киирэригэр, бэйдиэ ыттары дьаһана охсорго приют тутуллуохтаах. Приют тутуутугар 140 мөл. солк. ирдэнэр.
Бэйдиэ сылдьар ыттар ахсааннарын ааҕыы Дьокуускайга 12 сиргэ ыытыллар. Маннык территорияларга арааран суоттааһын Арассыыйаҕа бүтүннүүтүгэр туттуллар ньыма. Моонньугар быата, туоһахтата суох ыт хаартыскаҕа түһэриллэр уонна картотекаҕа киллэриллэр. Холобур, Октябрьскай уонна Киин уокурук территорияларыгар элбэх этээстээх дьиэлэр, административнай тутуулар баар сирдэригэр ыт ахсаана ааҕыллар. Строительнай уонна Сайсары сиригэр мас дьиэ, чааһынай тутуу элбэх. Ону тэҥэ быраҕыллыбыт дьиэлэр, гараастар – ыттар төрүүллэригэр-ууһуулларыгар табыгастаах усулуобуйа. Бөх кэмигэр тиэллибэтэ – эмиэ ыкка табыгастаах усулуобуйа, бэлэм ас.
Саамай гуманнай сокуон
Тохсунньу 1 күнүттэн киирбит “Об ответственном обращении с животными” сокуону “саамай гуманнай сокуон” диэн сүрэхтээтилэр. Бэйдиэ барбыт ыты, куосканы өлөрүү бобулунна. Урут бэйдиэ сылдьар ыттары эвтаназиялаан иһэр буоллахтарына, билигин олох улахан эмтэммэт ыарыылаах эрэ ыт дьылҕатын быһаарыахтара. Онтон атыттары барыларын эмтииллэр, босхо ыыталлар.
Эвтаназия, ол аата эминэн өлөрүү, ханнык түгэннэргэ ыытыллыахтааҕын регионнар таһымнарыгар бэйэлэрэ быһаарар кыахтаахтар. Маныаха элбэх мөккүөр үөскүүр. Сир-сир аайы ханнык ыарыылаах ыттары “утуталлара” атылыы буолан тахсыбыт.
Маассабай стерилизациялааһын – өссө биир гуманнай ньыма. Дьокуускайга хаһан маассабайдак ыытыллыбатаҕа. Холобур, Нижний Новгородка 2013 сылтан стерилизациялааһын күүскэ барбыт. 2014 сыллааха кинилэргэ “Зоозащита НН” аһымал пуонда тэриллибит. Бэйдиэ сылдьар ыттары тутан ылан ииригирииттэн уонна араас вирустан вакцинациялаан, стерилизациялаан ыытар буолбуттар. 2016 сылга 4,5 тыһ. бэйдиэ сылдьар ыттаммыттар. Быйыл 2,5 тыһ. ыт буолбут. 2020 сылга мөлүйүөнтэн тахса нэһилиэнньэлээх куоракка 800 хаһаайына суох ыт хаалыахтаах.