08.03.2022 | 14:30

Ыты бэйэбит элбэтэбит, онтон хайдах аҕыйатабыт?

Ыты бэйэбит элбэтэбит, онтон хайдах аҕыйатабыт?
Ааптар: Борис Николаев
Бөлөххө киир

«О величии нации и ее моральном прогрессе можно судить по тому, как она обращается с животными» диэбиттээх эбит улуу Индия норуотун биир муударай салайааччыта Махатма Ганди.

Итинник этиини, сыана быһыыны, ким да эппитин иһин, кырдьыга да оннук буоллаҕа. Кими да түһэрэн, буруйдаан эппэппин эрээри, хомойуох иһин, бэйэбит ииппит ыттарбыт бэйэбитигэр саба түһүүлэрэ биһигиттэн (Саха сириттэн) саҕаламмыта олус дьиксиннэриилээх, сааттаах уонна кыбыстыылаах даҕаны.

Хаһан да буоларын курдук, ыкка эрэ да буолбакка, олох мөкү көстүүлэригэр барытыгар даҕаны буолуох буолбутун эрэ кэннэ куолакалы «охсорбут» мэлдьэх буолбатах. Ханна баҕарар, куоракка да, тыаҕа да ыты дьоннор бэйэбит иитэрбит, элбэтэрбит биллэр. Билигин дьыала итинниккэ тиийбитин кэннэ дьэ араастаан кутукунайа сатыыбыт. Өһүргэс буолбатах, билигин ыты учуоттууруҥ уустук соҕус буолуохтаах. Уулуссаҕа сылдьааччы ыттар, дьиҥинэн, бары даҕаны бэйдиэ ыттар ахсааннарыгар киириэхтээхтэр дии саныыбын. Булчуттар булчут ыттарын, хаһаайыттар дьиэлэрин харабыллатар доҕордорун харыстыыр, мэнээк ыыппат буолуохтаахтар.

Санаан көрдөххө, дьэ, кырдьык, ынырык дии, дьиэ кыыла ааттаах бэйэбитигэр түһэрэ. Ыт үөрдээтэ да кутталы үөскэтэрэ уруккуттан биллэр, биир эмэ ыт саҕалаата даҕаны, бары күргүөмүнэн түһэллэрэ баар суол. Өссө аан дойду үрдүнэн улахан иэдээн, дьаҥ-дьаһах, сэрии иэдээнэ суоһаары гыннаҕына дьиэ кыылын майгыта-сигилитэ эмиэ уларыйар, кырыктанар диэн баара. Дэлэҕэ этиэхтэрэ дуо, ыттан тугу булан ылаары гынаҕын диэн. Кырдьык, ыттан ыйытарыҥ суох.

Ыт боппуруоһа дойду үрдүнэн сытыытык турда. Госдуума спикерин бастакы солбуйааччы В.В. Бурматов салайааччылаах, сүүрбэттэн тахса чилиэннээх хамыыһыйа аҕыс сылы быһа үөрэтэн, чочуйан, 2018 сыл ахсынньы 27 күнүгэр ылыннарбыт «Об ответственном обращении с животными» диэн  сокуона дойду үгүс эрэгийиэннэригэр сөбө суоҕун олох бэйэтэ көрдөрдө. Араас этии барыта киирэр быһыылаах.

Мин санаабар, баҕарбатаргын даҕаны ыты ахсаан өттүнэн лаппа аҕыйаттахпытына эрэ ыт таһаарар иэдээниттэн быыһаныахпытын сөп курдук. Боппуруос хайдах аҕыйатарга кэлэн иҥнэ турар быһыылаах. Урукку курдук ыттары ыллыҥ даа ытыалаан барбаккын, билигин ол туһунан боппуруос турбат да буолуохтаах. Ол этэр приюттарыгар мунньан баран, болдьохторо ааспыты «утуталаан» баран, дьэ, ханна гынаҕын? Урукку буоллар тириитин таҥастыыр киһи былдьаһыгынан барыа этэ. Оттон биһиги, аныгы сахалар, онно чугаһаабаппыт биллэр. Сэлиэнньэ ыттара үксүлэрэ даҕаны оҕолорбут ымыылара, баайдара буоллаҕа. Сарсыарда аайы оҕолору батыһан, «арыаллаан», араас өҥнөөх-түүлээх ыттар оскуолалар тастарын толороллор аҕай. Олору хайдах хомуйан ылан суох гыныаххыный.

Манна даҕатан эттэххэ, Саҥа дьыл иннинэ биһиги улууспут киинин сыбаалкатыгар сылдьан (атын да сиргэ итинник көстүү син биир баара буолуо дии саныыбын), ыт ийэтэ-аҕата онно баарын көрөн дьиксинэ санаабыттааҕым. Сыбаалкаҕа тугу сиэн-аһаан сылдьаллара биллэр буоллаҕа. Мин көрөрбөр, ыттар ыты тырыта-хайыта тыытан былдьаһа-былдьаһа сии сылдьаллара. Үүрэн көрдөххө, бэйэҕэр мордьойуох курдуктара. Мантан саас ыт өлүгүн итиннэ таһааран быраҕыы өссө элбиэ дии. Ити ыттар дьэ «күннүүллэр». Ол сылдьан мантан саас өссө үрдүгэр төрүөхтэрэ-ууһуохтара турдаҕа. «Кураанах» Сунтаарга төннө туруохтарын өйүм хоппот. Саас, сайын ити эргин сыһыыларга, Бэс Үрэҕэр эҥин сылдьар сүөһүгэ, сылгыга кутталы үөскэтиэхтэрэ суоҕа дуо? Дьэ, бэйдиэ, кыыл сылдьар ыттар диэн кинилэр буоллахтара ол дии. Киһиэхэ да боотурҕуур кыахтаахтар.

Ол эрээри, идэбитинэн, биир кыраайтан икки кыраайга тиийэн, ыкка дылы буолла да, аһара кырыы харахпытынан көрбөтөрбүт сөп этэ. Холобур, ордук биһиэхэ, сахаларга, былыр былыргыттан булчут ыт диэн туохха да тэҥнэммэт, бэриллибэт баай буолара. Ол биир туоһутунан Егор Картузов 2016 с. «Бичик» кинигэ кыһатын «Үүтээн үһүйээннэрэ» сиэрийэтигэр тахсыбыт «Тыын былдьаһыгар» диэн кинигэтигэр (96 сир.) кими баҕарар долгутуох, харааһыннарыах маннык түгэн баар: «…Биһиэхэ, тыаҕа сылдьар дьоҥҥо, эрэллээх доҕорбут – ыппыт наһаа күндү. Ыттарбыт барахсаттар ыксал кэмҥэ элбэхтик өрүһүйбүттэрэ.

Биирдэ, табаларбытын бостууктуу сырыттахпытына, ойуур иһигэр ытым үрдэ. Уучахпыттан түһэн ычыкка киирдим, ыт мунна баппат иһирик ойуура, туох даҕаны көстүбэт. Эһэлээх ыт охсуһан ардырҕаһар саҥалара уонна оту-маһы тоһутар тыастара иһиллэр. Арыый сэндэҥэ сиринэн эргийэ киирбиппэр, ыас хара бэйэлээх адьырҕа көһүннэ. Борбуос ойоҕоһуттан үрэрин туһанан, тыын сирэ манан буолаарай диэн, ыттым. Буулдьам тиийэн түп гына түспүтүн иһиттим, испэр үөрэ санаатым. Борбуос тыатааҕы үрдүгэр түстэ, охсуһан ойуур иһигэр сүттүлэр.

Мин саабын бэлэм тутан истим, ол кэмҥэ ытым саҥата «ньах» диэн баран сүтэн хаалла. «Туох эрэ куһаҕан буолла» диэн сүрэхпэр ытырыктаттым. Ыраас сиргэ тахсан көрбүтүм: адьырҕа ыппын туора ытыран сахсыйа сылдьар эбит. Ону көрөөт хаһыытыы-хаһыытыы кинилэргэ ыстанным. Адьырҕа миигин көрөн, ыты быраҕан куотан эрдэҕинэ, Борбуос бүтэһик күүһүн мунньунан ойоҕоһуттан хапта. Эрэллээх доҕорум балайда соһуллан иһэн, оттон-мастан тарыырданан, ытарчалыы ылбыт сыҥааҕа босхо баран, өстөөҕүн мүччү тутта. Адьырҕа ыппын дьаабылаабытын иэстэһэн, кэнниттэн сүүрдүм, сүрэхпэр өс-саас уота умайда, бэйэм-бэйэбиттэн тэптэн быыппаһынным. Кыылым тохтоон хаанын саланна, онтон чугаһаабыппар салгыы куотта. Ситиэ суохпун билэн Борбуоска төнүннүм. Эрэйдээҕим сирэй-харах буолан сытаахтыыр эбит. Ойоҕоһо тоҕута-хайыта кумаламмыт, онон-манан уҥуоҕа килбэйэн атыгыраан көстөр, моонньун, куйахатын тириитэ сараланан салыбырыы сылдьар, хаан-сиин бөҕө. Сыылла сылдьан миигиттэн көмө көрдөөн ыйылаахтыыр. Өлөр өлүү айаҕыттан элбэхтэ мүччү тардан таһаарбыт эрэллээх доҕорум маннык кэбилэммитин көрөн киэҥ көхсүм кыараата, улаханнык харааһынным, уйадыйдым. Ыппын аһынан балайда соҥуоран, кыламаным быыһынан тахсар эр киһи кэмчи хараҕын уутун ытыһым көхсүнэн сотто турдум. Онтон уоскуйан аны ыт буолбатын өйдөөтүм. Саабын туһаайбыппар ытым утары өйдөөх харахтарынан көрдө, онуоха аһынан кыра оҕолуу маккыраччы ытыы сыстым. Адьырҕа барбыт сирин диэки илиибинэн «тук-тук» диэн саҥа таһааран Борбуоһу киксэрдим. Эрэйдээҕим, төһө да бүтэн сыттар, эһэ барбыт сирин диэки хайыһан тураары үнүөхтээн эрдэҕинэ, кэтэххэ ытан, амырыын ыарыы эрэйиттэн босхолоотум…».

Оо, дьэ, итинник түгэҥҥэ «Оо, эрэйдээхтэри даа!.. дииргэ эрэ тиийэҕин.

Оттон ити билиҥҥи бэйдиэлээбит ыттары биһиги атахпыт анныгар ким да аҕалан быраҕаттаабатаҕа ээ. Бэйэбит иитэлээбит ыттарбытын сааһылыырга, бастатан туран, бэйэбит эмиэ кыттыһарбыт сөп буолуо этэ ини.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...