12.02.2020 | 11:25

ЫТТАР ОҔОТООҔОР ОРОСКУОТТААХТАР ЭБИТ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Өрөбүллэргэ пааркаҕа тииҥ аһата сылдьан, ыт аһылыга буола сыстыбыт.

Тииҥчээннэрбитигэр илдьэ барбыт астаах сылдьарбытын билэн, ыт үөрэ батыһа сылдьан тиҥсириннэ, эккирэтэ сылдьан үрдэ, салаасканы күөйэ сылдьан, килиэппитин былдьаста. Биир да тыыннаах тииҥи көрбөтүбүт – куттанан саспыттар эбэтэр ыттар номнуо сиэбиттэр. Аспытын барытын ыттарга кутан биэрэн баран, түргэн үлүгэрдик тэскилээтибит. Аны мантан саас пааркалаабатах киһи...

Быйылгыттан Арассыыйаҕа кыылга-сүөлгэ эппиэтинэстээх сыһыаны өссө кытаанахтык ирдиир саҥа сокуон олоххо киирдэ. Онон Дьокуускайга урукку сыллартан баар бэйдиэ сылдьар ыттары уодьуганнааһын кыһалҕата хаһааҥҥытааҕар да сытыырхайан биэрдэ.

Бу сыл саҕаланыаҕыттан олохтоох дьаһалтаҕа  кыыллары көмүскэһээччилэри, киин куорат көхтөөх олохтоохторун уонна тыынар-тыыннааҕы көмүскээһининэн дьарыктанар коммерческайа суох тэрилтэлэри, волонтердары кытта хаста да төхтүрүйэн көрсүһүүлэр буолуталаатылар. Сырыы аайы 2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн хаһаайына суох кыыллары харайыыга ылыллыбыт федеральнай сокуон ирдэбиллэрин туһунан уонна Дьокуускай куоракка баар бэйдиэ сылдьар ыттары тутар приют инники дьылҕатын быһаарсыы буолар. 

Быйыл Дьокуускайга 800 төбөҕө аналлаах приют тутуллан тахсарыгар ортотунан 120-190 мөл. солк. наада диэн суоттааһыннар бааллар.

Бэлиэтээн эттэххэ, ыттары тутуу видеоҕа уһуллуохтаах, питомникка туттарыы, эмтээһин, чип кэтэрдии, ону тэҥэ дьоҥҥо кутталлаах, адьырҕатыйбыт  кыыллары үйэлэрин моҥуохтарыгар диэри приюкка иитиигэ быйылгы сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 7 мөлүйүөн 600 тыһ.солк. көрүллүбүт. Бу харчы син биир тиийбэт диэн туһааннаах дьон бары этэллэр.

БИИР ЫККА – КҮҤҤЭ 450 СОЛК.

Тохсунньу 30 күнүгэр мээрийэҕэ Уопсастыбаннай палаата нэһилиэнньэни кытта мунньаҕа буолла. СӨ Уопсастыбаннай палаататыттан, СӨ Ветеринария Департаменыттан, ОНФ о.д.а. туһааннаах салалталар уонна куорат олохтоохторо кытыннылар.

Көрсүһүүгэ иһиллибит сыыппаралары кэпсээтэххэ, “Жилкомсервис” МУТ 2017-2019 сылларга питомнигы хааччыйыыга 79 мөл. солк. ороскуотурбут. Маныаха көрүллүбүт субсидияҕа, ороскуот үгүс ыстатыйата ыйыллыбатах даҕаны, холобур, үлэһиттэр хамнастара хара маҥнайгыттан киирбэтэх.

Дьокуускайга, чуолаан Федеральнай сокуон олоххо киирэригэр, бэйдиэ ыттары дьаһана охсорго приют тутуллуохтаах. Онуоха 140 мөл. солк. ирдэнэр диэн ОДьКХ уонна энергетика Департаменын салайааччыта Дина Николаева иһитиннэрдэ.

Олоххо баарынан, ЕДДС-ка бэйдиэ сылдьар ыттар тустарынан иһитиннэриилэр ордук кулун тутар ыйга элбииллэр. Билиҥҥи балаһыанньа өссө ама диэн буолар, саас баар буолуо... Ыттар сыбаайбалыылларын саҕана...

 “Жилкомсервис” МУТ салайааччыта Евгения Билоус бу мунньахха эмиэ 2020 сылга ыттары харайыыга харчы тиийбэтин туһунан эттэ. Саҥа сокуонунан, ыт аһылыгар күҥҥэ 450 солк. көрүллүөхтээх эбит. Тэҥнээн көрүүгэ: оскуола оҕотун аһылыгар күҥҥэ 75 солк. көрүллэр. Уһуйаан оҕотун аһылыгар төрөппүттэр күҥҥэ 175 солкуобай төлүүр этибит, олунньуттан 190 солк. төлүүр буоллубут. Ыттарбыт киһитээҕэр элбэх үбү эрэйэллэр буолбаат! Бу тэрилтэҕэ ыттары тутар анал биир эрэ массыыналаахтар, атын көлөлөрө саҥа сокуон ирдэбилигэр эппиэттэспэт.

СТЕРИЛИЗАЦИЯ ӨССӨ КЫЫЛЛЫАН СӨП

Мунньахха РНА СС Биологическай проблемалар уонна криолитозона Институтун кылаабынай научнай сотруднига, биологическай наука доктора Елена Шадрина чинчийиилэрин түмүгүн билиһиннэрдэ. Учуонайдар быһаарбыттарын кылгастык боростуой тылынан билиһиннэрдэххэ, маннык:

  • бэйдиэ сылдьар дьиикэй ыт ахсаана инникитин өссө элбиир чинчилээх;
  • стерилизация ньымата тыһы ыты өссө кырыктаах оҥорор;
  • приюттан тахсыбыт ыт син биир урукку үөрүгэр холбоһор.

1 нүөмэрдээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа Педиатрическай киинин дириэктэрин солбуйааччы Евгений Яковлев иһитиннэрбитинэн, кинилэргэ сыллата 400-чэкэ оҕо ыкка ытыртаран киирэр. Ленскэйгэ ыттарга туттарбыт оҕо кинилэр балыыһаларыгар сытар – этэ-сиинэ, төбөтө, сирэйэ ордук эмсэҕэлээбит. Санатан эттэххэ, соторутааҕыта Ленскэйгэ 8 саастаах уолчааҥҥа 12-15 ыт тэҥинэн саба түспүтэ, оҕону суорума суоллуохтарын, ааһан иһэр массыыналаах киһи быыһаан турар.

ЫТ ХАҺААЙЫНЫГАР - ЫСТАРААП

Бэйдиэ сылдьар ыттар ахсааннарын ааҕыы Дьокуускайга 12 сиргэ ыытыллар. Маннык территорияларга арааран суоттааһын Арассыыйаҕа бүтүннүүтүгэр туттулар ньыма. Моонньугар быата, туоһахтата суох ыт хаартыскаҕа түһэриллэр уонна картотекаҕа киллэриллэр. Холобур, Октябрьскай уонна Киин уокурук территорияларыгар элбэх этээстээх дьиэлэр, административнай тутуулар баар сирдэригэр ыт ахсаана ааҕыллар.  Строительнай уонна Сайсары сиригэр мас дьиэ, чааһынай тутуу элбэх.Ону тэҥэ быраҕыллыбыт дьиэлэр, гараастар – ыттар төрүүүүлэригэр-ууһуулларыгар табыгастаах усулуобуйа. Бөх кэмигэр тиэллибэтэ –  эмиэ ыкка табыгастаах усулуобуйа, бэлэм ас.

Ыт дьиэтийбит, олохсуйбут сиригэр ордук адьырҕатыйар – олорор сирин харыстааһын, көҥөнүү айылҕатыгар баар. Бөх тиэллиитэ эмиэ Федеральнай таһымнаах сокуон киириэҕиттэн биллэ мөлтөөтө, ол атаа мантан саас бөх мунньуллар сирдэригэр ыттар өссө элбэхтик үөрдэһиэхтэрин,  кырыктыйыахтарын сөп буолла.

Оттон хамсыыр харамайы көмүскүүр, харыстыыр соруктаах дьон нэһилиэнньэ ортотугар өйдөтөр-үөрэтэр үлэ тэрээһиннээхтик барыан наада диэн санааны тутуһаллар. Дьиэ кыылын иитэ ылыы улахан эппиэтинэс буоларын, төрүөҕүн сатаан дьаһайбат буоллахтарына, анал эпэрээссийэни оҥотторуохтаахтарын туһунан дьоҥҥо киэҥник кэпсиэххэ наада дииллэр. Дьиҥэ, эппиэтинэстээх буолуу бэрт кыраттан саҕаланар. Холобур, ыт хаһаайына түөрт атахтаах доҕорун босхо ыытан кэбиспэт, төрүөҕүн хонтуруоллуур буолуон наада. Бырах сылдьар ыт уонна куоска ахсаанын саамай элбэхтик хаҥатааччы – икки атахтаах бэйэтэ.

БЫРАХ СЫЛДЬАР ЫТТАРЫ ТУТУУ ЫЙДАРА

Олунньу 3 күнүнээҕи нэдиэлэ аайы ыытыллар планеркаҕа баһылык Сардаана Авксентьева Дьокуускайга бырах сылдьар ыттары тутуу 2 ыйын биллэрдэ. Төһө да судаарыстыбаттан сүктэриллэр ирдэбиллэри олоххо киллэриигэ өрөспүүбүлүкэттэн үбүлээһин суоҕун иһин, сөптөөх дьаһаллар ылылыннахтарына сатанар диэн баһылык тоһоҕолоон эттэ.

Ааспыт нэдиэлэҕэ 9 киһи ыкка ытыттарбыта бэлиэтэммит, олортон биир эрэ эмсэҕэлээһин бэйдиэ сылдьар ыт ытырыыта, уоннааҕыта хаһаайыннаах, дьиэлээх-уоттаах ыттар.

Мархаҕа 15 бырах сылдьар ыт тутуллубут, үксүлэрэ ошейниктаахтар, ол аата хаһаайыттара мээнэ ыытан кэбиспиттэр. Ыттары тутан ылан быстах кэмҥэ хаайар пууҥҥа аҕалбыттар. Хаһаайыттара ыттарын тутууга уонна иитиигэ бараммыт хоромньуну төлөөтөхтөрүнэ эрэ кыылларын төттөрү ылаллар. Маны таһынан ыстырааптаныахтаахтар.

Уокуруктар управаларыгар өйдөтөр үлэ күүһүрэр. Чааһынай дьиэлээхтэргэ памяткалар тарҕаналлар, нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүлэр тэриллэллэр, социальнай ситимнэргэ өйдөтөр, быһаарар үлэ барар.

Дьокуускайга ыты босхо ыытан кэбиһэр бобуулаах. Ыккытын босхо ыытан кэбиспиккит “самовыгул” дэнэр уонна сокуону кэһиигэ тэҥнэнэр, тутулуннаҕына – ыстараап.

Администартивнай буруйу оҥоруу кодексатыгар ыт кутталлаах боруодатын наморднига уонна быата суох күүлэйдэтии иһин ыстараап – 3-5 тыһ. солк.

Босхо сылдьар ыты “Жилкомсервис” специалистара приюкка туттараллар. Хаһаайын ытын төттөрү ыларыгар хас хонук тутуллубуттан саҕалаан, тиэйии ороскуотун барытын толуйуохтаах. Ыт регистрацията суох буоллаҕына, ыстараапка ыйанаҕыт.

Сотору Дьокуускайгы ыты дьаарбатар, күүлэйдэтэр балаһааккалар испииһэктэрэ бэлэм буолуоҕа, диэн дьаһалтаҕа эрэннэрэллэр.

***

Билиҥҥитэ туох оҥоһуллуон сөбүй? Бастатан туран, бу араас таһымнаах мунньахтар буолуталаабыттарын кэннэ, 498 нүөмэрдээх Федеральнай сокуон ситэриллэригэр этиилэр киириэхтэрин наада (биһиги региоммутуттан эмиэ). Эбэтэр 2-3 сыл мораторий биллэрэн, бу сокуон олоххо киирэригэр бэлэмнэнэр бириэмэ наада буолла (Федеральнай сокуону олоххо киллэрэр сатабыл уонна кыах билиҥҥитэ суоҕун учуоттаан туран). Маны таһынан Ил Түмэн өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр уларытыылары киллэрэн, бэйдиэ сылдьар ыттары тутууга, стерилизациялааһыҥҥа уонна вакцинациялааһыҥҥа харчы тыырыллыан наада.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....