25.11.2022 | 18:00

Ытаспакка, этиспэккэ, үөрэ-көтө...

Элбэх төрөппүт оҕотугар дьиэтээҕи үлэтин оҥороругар көмөлөһөрө кистэл буолбатах. Сорохтор “тэбис-тэҥҥэ үөрэнсэбит”, “киэһэ аайы ол айдаана”, “айа, стресс” диэн муҥатыйалларын үгүстүк истэбит. Чуолаан дистанционнай үөрэх кэмигэр дьиэтээҕи үлэни толоруу “сэриигэ” кубулуйа сыспыта.
Ытаспакка, этиспэккэ,  үөрэ-көтө...
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Оскуолаҕа 35 сыл үлэлээбит үрдүк категориялаах алын сүһүөх кылаас учуутала, “IQ-школа” репетиторскай киин салайааччыта Оксана Аммосовна Сосина этэринэн, дьиэтээҕи үлэ оҕо барбыт тиэмэтин хатылыырыгар уонна билиини толору ыларыгар бэриллэр.  Бэлиэтээн эттэххэ, бастакы сырыыттан 15% эрэ оҕо үөрэх матырыйаалын толору өйдүүр эбит. Аны туран, дьиэтээҕи үлэ оҕону эппиэтинэстээх, тулуурдаах, дьулуурдаах, кыһаллыгас буоларга үөрэтэр.

Уйулҕа үөрэхтээхтэрэ төрөппүттэргэ ыйытык оҥорон ыыппыттар. Ол түмүгэ маннык. Кыттааччы 25% учуутал оҕолорго олус элбэх дьиэтээҕи үлэни биэрэр диэбит. Сорохтор (75%) сорудахтарын ыарырҕатабыт, бэйэбит да өйдөөбөппүт диэн билиммиттэр. Төрөппүт 48% саатар биир предмеккэ дьиэтээҕи үлэ биэрбэттэрэ буоллар диэн баҕа санаатын үллэстибит.

Ыйытыкка кыттыбыт дьонтон 33% биирдэ эмит оҕотун оннугар дьиэҕэ үлэни оҥорбутун билиммит. Төрөппүт 50% оҕото дьиэҕэ үлэ толороругар ытаабытын, онтон 40% оҕотун кытта уруок туһуттан биирдэ эмит мөккүһэллэрин суруйбут. Ол эрээри сорохтор (кыттааччы 23%-на) учууталлар оҕолору ситэ ноҕоруускалаабаттар диэбиттэр, эбии сорудах биэриэххэ наада диэн этиилээхтэр.   

“Оҕом сороҕор уруогун үчүгэйдик оҥорор, ол эрээри ардыгар уһата-кэҥэтэ, аралдьыйа сылдьар, киэһэ буолбутун билбэккэ хаалар, онтон устунан сылайдым диэн кыҥкыйдыыр. Дьиэтээҕи үлэтин оҥороругар бириэмэ биэрэбин, онтон сынньаныаҥ диибин. Сөбүлэспит курдук буолар, онтон син биир толорбот. Төлөпүөнүн былдьыы сатаабыппыт, ханна да барбаккын диэн куттаабыппыт. Оннооҕор кур да туһалаабат. Хайдах гынабын? Баһаалыста, сүбэлээҥ”.

 

Дьиэтээҕи үлэ – стресс...

Маныаха хас да төрүөттээх буолуон сөп:

1. Тэрээһин суох.

2. Оҕо чопчу ханнык эрэ предмети ыарырҕатар.

3. Сүрэҕэлдьиир, эппиэтинэһэ, дьулуһуута (мотивация) суох.

4. Оҕо төрөппүтүттэн болҕомто эрэйэр.

5. Тугум эрэ табыллыа суоҕа диэн куттанар. Оҕо куһаҕаннык оҥордохпуна, миигин ким да таптыа суоҕа, ол кэриэтэ тугу да толорбоппун дии саныыр, устунан олох да оҥорбот буолуон сөп.

6. Сороҕор үөрэнээччи дьиэтээҕи үлэни толорортон аккаастанарыгар төрөппүт буруйдаах буолуон сөп.

Хайа да түгэҥҥэ кыһалҕаны быһаарар үүтү-хайаҕаһы булуохха, үтүө түмүгү ситиһиэххэ сөп.  Мантан салгыы уопуттаах учуутал дьиэтээҕи үлэни ытаһыыта-соҥоһуута, айдаана суох толорорго соргулаах сүбэлэрин сэргээҥ.

Тугу гынабыт?

(туһалаах сүбэлэр, судургу лайфхактар)

Бу сырыыга тэрээһин туһунан сиһилии кэпсэтиэххэ. Бастатан туран, дьиэтээҕи үлэни толоруу үтүө үөрүйэххэ кубулуйуохтаах. Онуоха күннээҕи эрэсиим хайаан да баар буолуохтаах. Бу киһини сааһылыыр, бэрээдэктиир. Онно оҕо үөрэнэр, куруһуокка сылдьар, дьиэтээҕи үлэтин толорор кэмэ, ону таһынан сынньалаҥ хайаан да учуоттаныахтаах. 

Оҕо дьиэтээҕи үлэтин мэлдьи биир кэмҥэ оҥорорун ситиһиҥ. Маны таһынан бэйэҕит икки ардыгытыгар туох эрэ сиэри-туому олохтооҥ. Холобур, уруок ааҕыах иннинэ остуолга турар анал лаампаны холбооҥ. Бу оҕо хомулларыгар көмөлөһөр.

Уруок оҥорорго туспа остуол баар буолуохтаах. Ол ханна баҕарар туруон сөп. Биһиги чааһынай дьиэҕэ көһөрбүтүгэр бастаан утаа анал остуолбут суоҕа. Онон оҕолор уруоктарын аһыыр остуолга олорон оҥороллоро. Аттыгар иһит-хомуос турара, ким эрэ чэй иһэ киирэрэ мэһэйдиирэ, аралдьытара чуолкай.

Остуол үрдүгэр туох да ордук хос сытыа суохтаах. Оҕону аралдьыппат курдук. Ноутбук эбэтэр планшет турарыгар, үөрэнэр кинигэни, тэтэрээти уонна да атын тээбирини уурарга миэстэ баар буолуохтаах.

Үөрэнээччи расписаниета көстөр сиргэ турара ордук. Холобур, мин уолум остуолун иннигэр расписаниета, күннээҕи эрэсиимэ, төгүл табылыыссата ыйанан тураллар. Кинигэлэрэ, тэтэрээттэрэ ыскаапка сааһыланан сыталлар.

Дьиэтээҕи үлэни толорор график баар буолара үчүгэй. Ону оҕону кытта оҥоруҥ. Холобур, бастаан математикаттан саҕалыыр, онтон сурукка, ааҕыыга киирэр. Ити курдук кумааҕыга былаан оҥорторуҥ. Оҕо бэйэтэ суруйара ордук. Оччоҕуна “бастаан мантан саҕалыам”, “сарсын бу сорудаҕы туттарыахтаахпын”, “нойосууспун үөрэтиэхтээхпин”, “төгүл табылыыссатын хатылыам” диэн эрдэттэн бэлэмнэнэр, сатаан былааннанар. Үөрэнээччи тугу оҥоруохтааҕын көрө сылдьара ордук. Манна даҕатан эттэххэ, уйулҕа үөрэхтээхтэрэ сурук сааһыланарга, сыалы-соругу толорорго көмөлөһөрүн үгүстүк бэлиэтииллэр. Былааннаныы ыгылыйыыттан, күүрүүттэн көмүскүүр, харыстыыр диэтэхпинэ, сөбүлэһиэххит.

Оҕону кытта бастаан туохтан саҕалыыргытын сүбэлэһиҥ. Саамай чэпчэкиттэн эбэтэр ыарахантан дуу? Ити оҕо майгытыттан, характерыттан тутулуктаах. Ыарахантан саҕалаатахха, оҕо үөрэр, атынын чэпчэкитик толорор. 

Элбэх сорудах бэриллибит буоллаҕына, түһүмэхтэргэ араарыаххытын сөп. “Оннооҕор слону сиэххэ сөп” диэн этиини истибит буолуохтааххыт. Холобур, оҕо уһун хоһоону үөрэтиэхтээх. Учуутал нойосууһу үксүн кэлэр уруокка билэн кэлиҥ диир. Ону күн аайы биирдии күпүлүөтүнэн үөрэттэҕинэ, ыарырҕатыа суоҕа. Мин оҕолорго хоһоону иккилии строканан үөрэтиҥ диэн сүбэлиибин.

4-5 кылааска балачча уһун айымньылар бааллар. Бытааннык ааҕар оҕо биир күн бүтэрэригэр ыарахан сорудах. Маныаха судургу ньыманан туһаныаххытын сөп: килиэккэ тэтэрээккэ планер курдук оҥорторуҥ, оҕо онно күн аайы хас сирэйи аахпытын бэлиэтэнэн, тугу өйдөөбүтүн сурунан истин. Оччоҕуна аныгыскы уруокка диэри холкутук ааҕан тиийиэҕэ. Айар үлэлэри эмиэ итинник түһүмэхтэргэ араарыахха сөп.  Итинник гынан элбэх сорудах уһуннук оҥоһуллар, ыарахан диэн санааны кыйдыаххыт.

Сынньалаҥы былаанныырга үөрэтиҥ. Оҕо күннээҕи эрэсиимин төһө тутуһарын, бириэмэтин төһө сатаан аттарарын сыныйан көрүҥ. Тугунан сөбүлээн дьарыктанарый? Доҕотторун кытта бодоруһар бириэмэлээх дуо?

30-40 мүнүүтэнэн кылгас тохтобулу оҥоруҥ. Ол кэмҥэ тугу гынаргытын сүбэлэһиҥ. Төлөпүөнү туттаран кэбиһимэҥ. “Сынньан, саҥаны билэргэр мэһэйдиэҕэ”, – диэн холкутук быһаарыҥ. Холобур, тахсан ыккын күүлэйдэт эбэтэр эриэхэтэ сиэ, чэйдэ ис, тугу эрэ үссэнэ түс диэххитин сөп.

Дьиэтээҕи үлэни толоруу стресскэ кубулуйбатын туһугар (чуолаан маҥнайгы кылаас үөрэнээччитэ) бу судургу сүбэлэри туһаныҥ:

Оҕо аттыгар баар буолуҥ эбэтэр бэрэбиэркэлээҥ.

Наада буоллаҕына, көмөлөһүҥ, ол эрээри оҥорон биэримэҥ.

Сыыйа-баайа бэйэтэ толорорун ситиһиҥ. “Бүгүн эйигин кытта олорустум, сарсын бэйэҥ оҥороор” диэн этиҥ. Оҥорбутун бэрэбиэркэлиэххэ, сыыһатын көннөртөрүөххэ сөп. Эбэтэр аттыгар олорон бэйэҕит дьыалаҕытынан дьарыктаныҥ, ыйыттаҕына быһааран биэриҥ. Итинник устунан бэйэтэ дьаһанарга үөрэниэҕэ.

Сынньалаҥы, дьарыгы дьүөрэлээҥ

Кэтээн көрдөххө, кэнники кэмҥэ оҕолор тугу үөрэппиттэрин түргэнник умналлар. Ол иһин каникулга син биир кыра-кыралаан хатылыы сылдьаллара ордук диэн сүбэлиибин.

Оҕо каникулун эрдэттэн былааннааҥ. Ханнык күннэргэ толору сынньанарын, күүлэйдии барарын бэлиэтээҥ. Сорох күҥҥэ 1-2 чаас дьарыктанабыт диэн суруйуҥ. Онно ханнык предмеккэ ханнык тиэмэни хатылыыргытын ыйыҥ. Холобур, бэнидиэнньиккэ кыратык ааҕаар, оптуорунньукка толору сынньаныаҥ, сэрэдэҕэ математикаҕын хатылыы түһээр диэн эрдэттэн дуогабардаһыҥ.

Сорох төрөппүттэр оҕолорун каникул кэмигэр күнү-күннээн репетиторга сырытыннараллар. Итинник гынар сыыһа. Каникулга оҕо сынньаныахтаах. Биллэн турар, үөрэҕэр улаханнык ыарырҕатар, бырагырааматтан хаалар түгэнигэр, репетитор көмөтүнэн туһаныаххытын, биир-балтараа чаас дьарыкка сырытыннарыаххытын сөп.  

 

Түмүктээн эттэххэ, “Үтүө бачыым” диэн гражданскай көҕүлээһиннэри өйүүр пуонда өйөбүлүнэн төрөппүттэргэ маннык олус туһалаах үөрэхтэр ыытыллаллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...