05.05.2022 | 11:00

Ырыанан аата тилиннэ

Ырыанан аата тилиннэ
Ааптар: Маргарита Степанова (Акимова)
Бөлөххө киир

Ааспыт үйэ 60-70 сыллара... Эдэркээн киһи бэйэтин хоһооҥҥо холонор... Тыа сирин муҥкук, сэмэй уола оччотооҕуга хантан билиэ, сэрэйиэ баарай, инники олоҕун оҥкулун...

Олох диэн дьикти. Өлбүт да кэннэ иккистээн тиллэр, олох олорор диэн баар буолар эбит. Кини орто дойду олоҕуттан арахсыбыта быданнаабытын кэннэ... ол хоһооннорун нөҥүө тилиннэ, бэйэтэ суруйан хаалларбытыныы, "соҕотоҕун сорсуйбут хоһоонун хонуутугар" аата ааттанна!

Анатолий Иванович баара буоллар, 70 саастаах киһи буолуо этэ. 1975 сыллаахха оччотооҕу "Эдэр коммунист" хаһыакка Кыайыы үбүлүөйүн көрсө Анатолий Акимов хоһооно бэчээттэммит. Ол туһунан биһиги тугу да билбэккэ олорбуппут.

2021 сыл. Тэлэбиисэринэн Кыайыы күнүгэр аналлаах кэнсиэри истэ олоробун. Арай төлөпүөн кэллэ. Эдьиийим Ульяна Ильинична куолаһа: "Александр Самсонов ыллыыр ырыата наар «А. Акимов» диэнинэн суруллар. Ити биһиги Туолабыт буолбатаҕа буолуо дуо? Ыл эрэ, Рита, тэтэрээтигэр көр эрэ, ити хоһоон, баҕар, киниэнэ буолаарай? Хоһоон бэчээттэммитин кытта тэҥнээ", — диэн эдьиий киһи сорудах биэрдэ.

Соһуйуом, үөрүөм да иһин, убаай суруйбут хоһооно эбит! Оттон ырыа матыыбын ким суруйбутуй? Алексей Калининскай диэн буолла. Хайдах, хантан булабын кинини? Итинник хардыылаан билбитим, Алексей Калининскайдыын букатын даҕаны биир нэһилиэккэ, Хатаска олорор дьон буолан хааллыбыт.

Дьэ, дьикти көрсүһүү! Ама, ол түгэни умнуом дуо?! Убайбыт бу биир хоһоонун историятын Алексей Кириллович ыраас мууска ууран биэрдэ! Бачча сыллар тухары хаан-уруу убайым хоһоонун дьылҕатын билбэтэхпиттэн кыбыста даҕаны, сонньуйа, харааста даҕаны санаатым. Эмиэ даҕаны биир хоһооно кини аатын, биһиги араспаанньабытын ааттата сылдьарыттан киэн туттуу, үөрүү уонна курус санаалар кууспахтаан ыллылар.

«Кэбээйи Мукучутугар «Сата” эр дьон вокальнай ансаамбылын тэрийэн ыллатан эрэр кэмим этэ. Улуу Кыайыы 40 сылыгар бэлэмнэнии кэмэ буолан, Галина Шахурдина мелодиятыгар, А. Акимов хоһоонугар "Сэрии ветераннара" диэн ааттаах ырыаҕа ансамблевай матыып оҥорбутум. Аатын "Өлбүттэр тыыннаахтар" диэн уларыппытым",— диэн кэпсиир СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, мелодист-композитор Алексей Калининскай-Луҥха  Өлөксөй.

Алексей Кирилловичтан сураһан, аны Галина Никитична Шахурдинаҕа таҕыстым. Галина Никитична бэйэбинээҕэр үөрдэ. "46 сыл буолан баран ырыам хоһоонун ааптарын аатын толору ааттыыр буоллум!" — диэбитэ өссө ордук долгуйууну үөскэттэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, мелодист Галина Никитична Шахурдина маннык аҕынна: "1975 сыл этэ. «Эдэр коммунист» диэн хаһыакка хараҕым «Ветераннар» диэн хоһооҥҥо хатана түстэ. Уонна түргэн баҕайытык матыып айыллан хаалла. Мин, дьиҥэр, лирик мелодиспын. Бу бастакы уонна бүтэһик да диэххэ сөп патриотическай ырыам. Дьэ, ол курдук ырыа айылынна, ылланна. Хоһооммут ааптара А. Акимов эрэ диэн. Оннук аата толору ааттаммакка, бу сыллар тухары ылланан кэллэ. Уонна 45 сыл буолан баран ырыам ааптарын аатын толору билэр кэмим кэлбититтэн үөрдүм, орто дойдуга суоҕуттан хомойдум даҕаны".

Дьэ маннык биир хоһоон араас кэрдиис кэмнэри ааһар дьылҕаланан, өссө 1986 сыллаахха Дьокуускай куоракка Гостелерадио пуондатыгар "Сата" эр дьон ансаамбылынан толорууларыгар үйэлээх архыыпка киирбит. Хоһоон ааптарын толору аата биллибэккэ, суруллубакка. Оннук олох устун айанныыр.

"Өлбүттэр тыыннаахтар" диэн аатынан 1995 сыллаахха Кыайыы 50 сылыгар А.К. Калининскай "Дьылҕам миигин эрэн" диэн байыаннай-патриотическай ырыаларын хомуурунньугар тахсар. 2000 сыллаахха эмиэ Кэбээйи ааптара Уйбаан Чагда "Ньидьили уолаттара" диэн ансаамбылын репертуарыгар киирэр. Ансаамбыл бу ырыанан куонкурустарга лауреат буолуталаан, норуодунай кэлэктиипкэ тиийэ үүммүт.

Алексей Калининскай 2009 сыллаахха бу ырыатын Кыайыы 65 сылыгар Саха АССР норуодунай артыыһа, Арассыыйа үтүөлээх артыыһа Александр Самсоновка сольнай вариаҥҥа толорууга уларытар. Аата эмиэ уларыйар, "Күн бүгүн тыыннааххыт" диэн буолар.

2020 сыл үүнэр. Кыайыы 75 сыллаах үбүлүөйэ. Алексей Калининскай бу ырыатын аны Хатас орто оскуолатын учууталларын хоругар үөрэтэн, киэҥ эйгэҕэ саҥалыы тыыннаан таһаарар. Хор өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэҕэр Гран-при бириэмийэ хаһаайына буолары ситиһэр.

Дьэ бу курдук толору аата биллибэт ааптардаах хоһоон 46 сыл устата норуот уоһуттан түспэккэ ылланан, 2021 сылга тиийэн кэлэр. Хоһоон ааптарын аата дьэ чуолкайданар.

Аҕыйах хонугунан Сахабыт сиригэр Ырыа күнэ буолаары турарын биллим. "Бу күнү көрсө хомуурунньугун таһаараргыт буоллар",- диэн Алексей Кириллович этиитин ылынан, төрүт аҕыйах хонугунан, биир нэдиэлэ иһинэн, убайбыт хоһооннорун хомуурунньугун күн сирин көрдөрөн, 2021 сыл ыам ыйыгар "Оо, Поэзия!" диэн аатынан сүрэхтээбиппит.

Оттон Ырыа күнэ быйыл онус сылын ырыа куттаах сахабыт дьонун мунньуоҕа. Бырайыак аҕалаатар аҕата – Сахабыт сирин биллиилээх мелодист-композитора, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, "Дьүһүй" сахалыы ырыа кулуубун салайааччыта Алексей Калининскай-Луҥха Өлөксөй кэргэнэ Варвара Иннокентьевналыын тус бириэмэлэрин аахсыбакка ыытар саха ырыата сайдыытыгар араас таһымнаах үлэлэрэ – кэнэҕэски ыччат дьоҥҥо хаалар сүҥкэннээх улахан духуобунай нэһилиэстибэ буоллаҕа.

Алексей Кириллович 150 ырыа ааптара эбит. Патриотическай хабааннаах элбэх айымньытын ортотугар 20-тэн тахса гимн буолбут ырыата эдэр көлүөнэ дьоҥҥо дойдуга бэриниини, тапталы иҥэрэллэр.

Кини хас биирдии ырыатын оҕолуу бүөбэйдээн киэҥ эйгэҕэ көтүтэрин биир бэйэм бу 46 сыл анараа өттүгэр күн сирин көрбүт ырыа холобуругар көрөбүн.

Аҕыйах хонугунан буолаары турар Ырыабыт күнэ өссө кэҥээн, норуот бүттүүн бырааһынньыга буоларыгар эрэнэбин.

Түгэнинэн туһанан, убайым Анатолий Акимов 1975 сыллаахха суруйан хаалларбыт хоһоонун ырыа гынан көтүппүт СӨ норуодунай артыыһа Галина Никитична Шахурдинаҕа, "Сата" эр дьон вокальнай ансаамбылыгар, Хатас орто оскуолатын кэлэктиибин хоругар, үгүс ахсааннаах патриотическай ырыаны толорооччу Кыайыы ырыаһыта Александр Самсоновка, ыллатан, норуот билиитигэр, билиниитигэр тириэрпит ытыктабыллаах Алексей Кириллович Калининскайга барҕа махталбын тириэрдэрбин көҥүллээҥ.

 

Мин бииргэ төрөөбүт улахан убайым Анатолий Иванович Акимов 1951 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонугар Боотулууга төрөөбүтэ. Убайым наар суруксуттаан тахсарын өйдүүбүн. Оччолорго мин букатын кырабын эрээри, бэйэтэ суруйан хаалларбытыныы, "Поэзия көмүс күөлүгэр Күн тахсыытын көрсүбүт" үгүс элбэх хоһооннордоох хоҥор өҥнөөх тэтэрээттэрин ааҕыахпын баҕарарым. Хомойуох иһин, ол баҕа санаам кини орто дойдуттан барбытын эрэ кэннэ туолбута. Хас биирдии айымньытыгар хайдах курдук олоҕу, тапталы, кыыс оҕо мичээрин, туттарын-хаптарын ураннык дьүһүйбүтэ, төрөөбүт дойдутугар, дьонугар уҕараабат тапталын, ытыктабылын туойбута бүгүн даҕаны сөхтөрөр.
Убайым биир тэтэрээтин кэтэх өттүгэр маннык суруйан хаалларбыт: "Бу сиргэ киһи барахсан олорон ааһарыгар үтүө аатын хаалларар, сордоҥ балык тииһин уҥуоҕун, оттон хамсыыр харамай – дьардьаматын". Суруйбутун курдук, убайым орто дойдуга олорон ааспытын хоһуйбут хоһоонноро саната сырыттахтара. Ол курдук, кини "Үөһээ Бүлүүм кыысчаана", "Боотулуум" уонна 46 сыл тухары Кыайыы үбүлүөйдээх сылларын ахсын саҥа тыыннаммыт "Ветераннар" диэн хоһоонноро ырыа буолан ыллана сырыттахтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....