10.12.2023 | 16:00

Ырыа киһини кынаттыыр ураты күүс

Ырыа киһини кынаттыыр ураты күүс
Ааптар: Наталья ПРОТОПОПОВА
Бөлөххө киир

Кэлиҥҥи сылларга тыа сирин култууратын, ырыаһыттары, талааннаах ааптардары, араас ансаамбыллары суруйарбын сөбүлүүбүн. Хайаан да биллэр эрэ дьон туһунан суруллуохтаах диэн буолбатах. Билигин улуус кииннэригэр, дьоҕус бөһүөлэктэргэ төһөлөөх элбэх дэгиттэр дьоҕурдаах, талба талааннаах дьон үлэлии-хамсыы сылдьара буолуой?!

Олег Петрович Марков 1955 сыл балаҕан ыйын 9 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас Бүтэйдээх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1973 сыллаахха, оскуоланы бүтэрээт, Байкалов аатынан сопхуос Табаҕатааҕы отделениетын оробуочайынан үлэлээн баран, Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. Сулууспалаан кэлээт, Табаҕа отделениетыгар салгыы оробуочайдаабыта.

1976-1981 сылларга СГУ тыа хаһаайыстыбатын факультетыгар үөрэнэн, зоотехник идэтин ылбыта.

1981 сыллаахха Дьокуускайдааҕы «Госплемхолбоһукка» старшай зоотехнигынан анаммыта.

1983 сылтан – «Госсельхознадзор» старшай механик-инженерэ, онтон Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сүөһүнү иитии уопсай боппуруостарыгар уонна үүтү оҥорууга салаатын зоотехнига.

1986-1988 сылларга Судаарыстыбаннай агропромышленнай кэмитиэт үүтү уонна эти оҥорууга салаатын начаалынньыга, сүөһү бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга салаатын кылаабынай зоотехнига.

Олег Марков өр сылларга салайар үлэҕэ сылдьыбыта. Ол курдук, Горнай улууһун «Атамай» сопхуоһугар,  «Аһыма» кэлэктиибинэй тэрилтэҕэ дириэктэрдээбитэ, Кировскай нэһилиэк дьаһалтатын баһылыгынан үлэлээбитэ.

Араас сылларга Дьокуускайдааҕы Племенной үлэ производственнай холбоһугун начаалынньыгынан, Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин оҥорон таһаарыыга уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын астааһыҥҥа солбуйааччытынан, Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын уонна сиэмэ хаачыстыбатын хонтуруоллааһыҥҥа судаарыстыбаннай инспекциятын начаалынньыгынан үлэлээбитэ. Агропромышленнай комплекс Идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта, 2015 сылтан СӨ тыа хаһаайыстыбатыгар миниистирин сүөһү иитиитигэр сүбэһитэ.

2004-2020 сылларга «Туймаада» ФАПК СУТ (2018 сылтан АУо) араас салаатыгар салайар үлэҕэ сылдьыбыта.   

2020 сыллаахтан «Саха сүөһүтэ» удьуор пуондата хааһына тэрилтэтигэр уопсастыбаннаһы кытта сибээс исписэлииһинэн үлэлээбитэ.

Алексей Дмитриевич Жирков, «Сахаагроплем» СБТ салайааччыта, ветеринарнай наука кандидата:

- Дойду үрдүнэн ыһыллыы-тоҕуллуу сабардыыр кэмигэр, оччотооҕу Сойуустан үбүлэнэн олорбут Племхолбоһукка Арассыыйа Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн үбүлээһин сарбыллан, тэрилтэ эстэн да хаалыан сөптөөх уустук кэмнэрэ тирээбиттэрэ. Сопхуостар ыһыллан, сүөһүлэрин өлөрөн, идэһэ этин улахан массыыналарга тиэйэн, «тыыннаах» хаалбыт тэрилтэлэргэ урукку иэстэрин төлүүллэрэ. Племхолбоһугу 1991 сылтан салайан олорбут Пантелеймон Саввич Колесов, кини иннинэ салайбыт Иван Иванович Афанасьев хаһааммыт массыыналарын, тыраахтырдарын, саҥа оптуобустарын атыылаан, Племхолбоһук онон харах таһаарынан үлэтин-хамнаһын ыспатаҕа.

Дьэ, бу маннык кэмҥэ, 1993 сыллаахха,  Дьокуускайдааҕы Племенной үлэ производственнай холбоһугун начаалынньыгынан Олег Петрович Марков ананан кэлбитэ. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр, Племхолбоһукка үлэлээн, сопхуоска дириэктэрдээн, нэһилиэккэ баһылыктаан, тыа хаһаайыстыбатын уонна тыа сирин кыһалҕаларын иһиттэн билбит-көрбүт, сиппит-хоппут салайааччыны эппиэтинэстээх, өрөспүүбүлүкэни таһынан дойдуга тиийэ отчуоттанар үлэлээх тэрилтэҕэ анаабыттара элбэҕи этэр.

 Олег Петрович сүөһүнү иитиигэ үлэлиир тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччуларыгар тугунан көмөлөһөрүн чопчу билэрэ. Петр Петрович Антонов, Иннокентий Константинович Чахов курдук күүстээх көмөлөһөөччүлэри таба тайанан, балачча уопутуран эрэр исписэлиистэрин, аҕа көлүөнэ бэтэрээн селекционердар – өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх зоотехниктара Мария Георгиевна Маппырова, Марфа Васильевна Федорова, Галина Дмитриевна Никифорова ыйыыларынан-кэрдиилэринэн сөптөөх суолу тутуһан, нуорма-быраап аакталарын ылынан үлэтин саҕалаабыта.

Регион таһымыгар тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыыта намтаабатын хааччыйар, олохтоох ас-үөл күрэстэһэр кыаҕын үрдэтэр дьаһаллар ылыллыбыттара. Племенной үлэ эмиэ тохтоон хаалбатаҕа. Олег Петрович быһаччы дьаһалынан, бастыҥ племенной хаһаайыстыбалары сүүмэрдиир куонкурустар тэриллэн ыытыллыбыттара бу салаа сайдарыгар төһүү күүс буолбуттара саарбаҕа суох. Кини салалтатынан Арассыыйаҕа бастакынан, регион таһымыгар «Сүөһүнү иитиигэ племенной дьыала туһунан» сокуон оҥоһуллан, СӨ Үрдүкү сэбиэтинэн бигэргэтиллибитэ. Бу сокуоҥҥа тирэҕирэн, сылгы иитэр собуот, ынах сүөһүгэ 28 племенной хаһаайыстыба, племенной хаһаайыстыба буоларга 7 хандьыдаат уонна саха сүөһүтүн 4 удьуор пуондатын хаһаайыстыбата сыл аайы өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлэнэн, чөл хаалбыттара. Маны таһынан ийэ сүөһүнү сертификациялааһыҥҥа үп көрүллүбүтэ, сүөһүнү ууһатыы пуондата тэриллибитэ, СӨ бырабыыталыстыбатын уурааҕынан өрөспүүбүлүкэҕэ племенной сүөһүнү лицензиялааһын туһунан балаһыанньа олохтоммута, саха сүөһүтүн сайыннарыы бырагыраамата бигэргэтиллибитэ.

Саха сиригэр аан маҥнай төрүт сүөһүбүтүн киин улуустарга тарҕатан иитиэхпитин сөбүн дакаастаан турар диэтэхпинэ, мэлдьэҕэ суох дии саныыбын. Ону кэрэһилиир докумуоннар «Сахаагроплем» музейыгар хараллан сыталлар. Онон күн бүгүн үлэлиир-хамсыыр, сайдар-үүнэр тэриллиилээх хаһаайыстыбалар, федеральнай статустаах репродуктордар баар буолбуттара – бу эмиэ Олег Марков олоххо киллэрбит тус дьыалата диир кыахтаахпыт.

Маны таһынан, оччотооҕу айгырааһын кэмигэр, тэрилтэ үлэһиттэрин материальнай өттүнэн интэриэстиир туһуттан, урут быраҕыллан, ситэриллибэккэ турбут биэс этээстээх таас дьиэни салгыы туттаран, үлэҕэ киллэрэн, өрөспүүбүлүкэбит тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээннэрэ, салайааччылара, ол иһигэр «Килбиэннээх үлэтин иһин» уордьан толору кавалердара, кэлин Арассыыйа Үлэтин дьоруойа, СӨ Бочуоттаах гражданина Михаил Николаевич Готовцев уонна эмиэ Уус Алдан улууһун олохтооҕо Николай Дмитриевич Бурнашев курдук үтүө дьон бүтэһик босхо кыбартыыраҕа тиксибиттэрэ. Барыта тэрилтэ 50-тан тахса ыала саҥа уонна босхоломмут араас дьиэлэргэ тиксэннэр, бу тэрилтэттэн харыс да халбарыйбакка, үлэлии-хамсыы сырыттахтара.

Олег Петрович Марков 1993-1998 сылларга өрөспүүбүкэ селекциялыыр-племенной үлэтигэр бигэ акылааты уурбут күүстээх салайааччы, үйэлэргэ умнуллубат үлэ холобурун көрдөрөн ааспытын өрүү өйдүү-саныы сылдьыахпыт.

Татьяна Андреевна Протопопова, «Сахаагроплем» СБТ исписэлииһэ, СӨ үтүөлээх зоотехнига, бииргэ үөрэммит уонна үлэлээбит үөлээннээҕэ:

- «Өйбүн-санаабын, туох баар билиибин-көрүүбүн, салайар сатабылбын, тэрийэр дьоҕурбун барытын эһиги кыһалҕаҕытын кыһалҕа оҥосторго аныам», – диэн этэн турардаах эдэр сааспыт эрэллээх доҕоро, исписэлиис быһыытынан ситэр-силигилиир кэммит сатабыллаах салайааччыта, олорон кэлбит олохпут дьоһун-мааны, тирэх буолар тумус туттар киһибит Олег Петрович Марков.

Олег биһиги кэккэбититтэн наһаа эрдэ барда диэн хомойобут. Санаан көрдөхпүнэ, кини олорон ааспыт кэрдиис кэмэ, үлэтэ-хамнаһа, киһиэхэ сыһыана барыта үөһэ ахтан ааспыт тылларынан салайтарбытын кэрэһэлииллэр. Кини үлэтэ бэйэ-бэйэтин кытта ситимнээҕин бэлиэтиэхпин баҕарабын. Ол курдук, Племхолбоһугу салайар кэмигэр саҕалаабыт үлэтин «Туймаада» хампаанньаҕа кэлэн баран салҕаабыта. Бэйэтэ тэрийбит племенной хаһаайыстыбаларын уонна племеннойга хандьыдаат буолбут тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга хотоннору тутууга туруулаһан туран үлэлэспитэ.

Маны таһынан, ханнык хаһаайыстыбаҕа бэриниилээх үлэһиттэр баалларын билэн-көрөн, ханнык үрдүк наҕараадаҕа тиксиэхтээхтэрин сөбүн аттаран, сөптөөх суолу сүбэлээн-амалаан, ыйан-кэрдэн биэрэрэ. Сүөһү көрөөччүлэртэн саҕалаан исписэлиистэргэ тиийэ көмө-тирэх буолбутун бары көрөн-билэн сылдьабыт. Ордук чуолаан, Саха сирин чөмпүйүөн, рекордсмен ыанньыксыта,  «Төхтүр» ТХПК салайааччыта Павел Петрович Шарин, өссө хаһаайыстыбаҕа үлэлии-хамсыы сырыттаҕына, биһиэхэ кини таас дьиэттэн кыбартыыра ыларыгар сорудах биэрэн, хас эмэ сылы быһа сүүрбүппүтүн өйдүүбүн.

Аны бииргэ үөрэммит оҕолорун кытта ситимин хаһан даҕаны быспатаҕа. Ити курдук, көмөлөспүт хаһаайыстыбаларын салайааччылара уонна исписэлиистэрэ барыта бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрбит – Т.В. Десяткина, С.Ф. Слепцова, А.С. Осипова. Бииргэ үөрэммит уолаттарыгар эмиэ көмөлөһөрүн кэпсээбэт этэ да, бэйэбит сэрэйэрбит. Арай биирдэ миэхэ эрийэн: «Саатар биир ыалдьыты – биир кууруска үөрэммит киһибитин хоннор эрэ», – диэбитэ. Киниэхэ эмиэ хоно сыталлар эбит, өссө массыынанан аҕалан биэрбитэ. Онтон билбитим – кини хоннорор эрэ буолбатах эбит, аһынан, таҥаһынан, харчынан көмөлөһөрүн, олорор, үлэлиир сирдэрин булан биэрэрин. Онтун дьоҥҥо кэпсээмэҥ диэн бопсооччу. Киһи кыһалҕалаах кэмигэр хайаан даҕаны көмөлөһөр идэлээҕэ. Барытын кини иилээн-саҕалаан дьаһайбытын кэлин билээччибит. Балыыһаҕа киирии, эмтэнии туһунан этэ да барыллыбат, Олег Петрович тус бэйэтинэн кыһаллан-мүһэллэн көмөлөһөрө.

Олегпыт сырдык мөссүөнэ, сылаас сыһыана хас биирдиибитигэр умнуллубат өйдөбүл буолан иҥнэҕэ. Биһиэхэ, бииргэ алтыспыт үөлээннээхтэригэр, ыччакка, оҕолоругар, сиэннэригэр үйэлэргэ умнуллубат кэрэ кэпсээн, истиҥ сэһэн, үтүө холобур буола туруоҕар эрэнэбин

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...