19.05.2022 | 11:00

Ырыаҕа сирдээбит аартыгым — «Артек»

Ырыаҕа сирдээбит аартыгым — «Артек»
Ааптар: Маргарита Степанова (Акимова)
Бөлөххө киир

Музыка хас биирдии дорҕооно аан дойду үрдүкү эйгэтиттэн кэлбит туспа күүс. Ол күүс ибир долгуннары үөскэтэр, тулалыыр эйгэҕэ ураты дьайыыны оҥорор. Эбиитин куту-сүрү, уйулҕаны эмтиир кэрэ тыас быһыытынан биллэр.

Биһиги Сахабыт сиригэр ырыа айааччы аҕыйаҕа суох. Олортон биирдэстэрэ – Чурапчы улууһугар олорор, үлэлиир,  айар-тутар куттаах, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ырыа айааччыларын сойууһун чилиэнэ Марианна Макарова-Барахсаана.

"Ырыа – олоҕум кэрэ кэпсэлэ, умнуллубат түгэнэ, хатыламмат ис хоһооно уонна мин харысхалым", - диэн этиинэн Марианна Тимофеевналыын сэһэргэһиибитин саҕалыыбыт.

Арассыыйа тарбахха баттанар бард ырыаһыта, ааптарыскай ырыа жанрын биир чаҕылхай толорооччута Александр Дольскай Марианнаҕа өссө оскуолаҕа үөрэнэр эрдэҕинэ музыка эйгэтигэр суолу тэлбитэ.

Марианна кыра эрдэҕиттэн тэлэбиисэринэн кэлэр музыкальнай остуоруйалары сөбүлээн истэр эбит. Геройдар ырыаларын тутатына өйүгэр хатаан, ону ыллыы сылдьар үгэстэммит. Хороччу улаатан эрэр кыысчаан арай биир күн пластинкаҕа олох ураты дорҕооннору истэр. Бу – Александр Дольскай айымньыта этэ. Дьэ онтон ыла, туох эрэ имнэммитинии, музыка эйгэтин иһигэр букатыннаахтык киирэр. Пластинкаттан кутуллар ырыа ис хоһоонугар уонна кэрэ матыыбыгар умсугуйан, гитараҕа үөрэниэх санаата кэлэр. Дьиэтигэр баар гитараны ылан, Александр Дольскай "Алёнушка" диэн ырыатын үөрэтэн, оскуолатын иннигэр толорбутун үөлээннээхтэрэ сөҕө истибиттэрин хаһан даҕаны умнубат. Билигин даҕаны, көрүстэхтэринэ, ол ырыаны ыллаан, оҕо сааска төннөн ылар түгэннээхтэр. Дьэ мантан ыла күн бүгүҥҥэ диэри Марианна Макарова-Барахсаана гитаратын арахсыспат доҕор оҥосто сылдьар.

Маҥнайгы аккордарга Чурапчыга биллэр талааннаах гитарист Илья Васильевич Теплоуховтан үөрэммит. Оттон хоһооҥҥо бастакы матыыбын оҥорон ырыа гынан көтүтүүтэ устудьуоннуур сылларыгар саҕаламмыт. Дьокуускайдааҕы педагогическай училищеҕа үөрэнэ сылдьан Иван Никитин "Утро" диэн хоһоонугар уруһуй ырыа методикатын учуутала Алевтина Петровна Грибова ыытар уруһуй, поэзия, музыка дифференцированнай уруогун сорудаҕа эбит. Итинтэн кынаттанан Эдуард Асадов "Ночные огни" диэн хомуурунньугуттан ис дууһатыттан матыыптар тахсыбыттарын долгуйа ахтар. Бу – "О том, что смертен каждый человек", "Живём мы недолго..."  диэн дириҥ философскай ис хоһоонноох айымньыларга монолог ырыалар этилэр. Маны, бука, олоххо саҥа үктэнэн эрэр эдэркээн кыыс бэйэтин «Киһи диэн кимий? Тоҕо кэлэрий? Туох аналлааҕый?” диэн ыйытыыларыгар хоруйу тобулуу курдук ылыныахха сөбө. Бу ырыалар кинини олох хас биирдии түгэнин таҥара бэлэҕин курдук ылынарга, суолталыырга, киһи киһиэхэ сиэрдээхтик,  харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахтааҕар үөрэппиттэрэ, оттон айар дьоҕуру сайыннарыы, бэйэни тургутан көрүү оскуола куруһуоктарын нөҥүө бэриллибиттэрэ диэн ахтар:

– «Дьиэрэҥкэй» диэн оҕо ансаамбыла элбэх оҕону түмэ тарпыта. Манна мин ырыа өртүгэр дьоҕурум арыллыбыта, Чурапчы маҥнайгы мелодист дьахталларыттан биирдэстэрэ, ырыа куттаах Мотрена Егоровна Васильева, айылҕаттан талааннаах музыкант, баянист Роман Романович Саввин үөрэппиттэрэ. Бу ансаамбылга үөрэппит ырыаларбытынан Нерюнгри куоракка толорбут, салҕыы Саха араадьыйатын пуондатыгар уһуллубут кэмнэрбин оҕо сааһым умнуллубат түгэннэринэн ааттыахпын сөп.

Бүгүн, ыам ыйын 19 күнүгэр, Бүтүн Сойуустааҕы пионерскай тэрилтэ төрүттэммитэ 100 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйэ. Пионерскай оҕо саас биир чаҕылхай өйдөбүлүнэн Марианна Тимофеевнаҕа  "Артек" лааҕыр буолар:

– Олоҕум ырыаҕа сирдээбит биир ураты аартыга – «Артек» лааҕыр. Манна үөрэппит, кулуһун тула ыллаабыт ырыаларбытын дууһалыын ылынан, куппар-сүрбэр иҥэринэн, олохпор бигэ тирэх оҥостубутум мэлдьэх буолбатах. “Артегым” ырыаларыгар олоҕуран, билигин «Үөрүү» оҕо дьоҕурун сайыннарыы киинигэр «Поющее сердце» гитаранан ырыа куруһуогун салайабын, ону тэҥэ  бэйэм кэммэр «Сыл бастыҥ баһаатайа-2005» күрэх кыайыылааҕа буолбутум.

Бүгүн Марианна Макарова ырыаларын бассаап куйаарыгар, араадьыйа долгуннарыгар истиэххэ сөп. Ол иһигэр бэйэтин хоһоонноругар айбыт ырыата аҕыйаҕа суох.

Биир бастакы айымньыта Сана Дьылга анаммыта:

Сахам сирин Саҥа Дьыла кэллэ!

Саҥа ырыа ыраахха дуорайда!

Санаам ыраас, сырдык ымыылара

Сана Дьылы уруйдуу ыҥырда!

Таптал тиэмэтигэр:

Эн – Таптал!

Тоҕо соҕотохтуу хаалларан бардыҥ?

Эн – Көтүү!

Тоҕо кынаттанан төлө тэйдиҥ?

Олох төгүрүк устун эргийэрдии,

Таптал син биир эн миэхэ төннөн кэлиэҥ.

Чап-чараас нарын, ыраас кынаттаргынан

Киэҥ халлааҥҥа эн көтүтүөҥ!

Кэлин, ыччакка туһаайыллыбыттартан:

Бүгүҥҥү күн ыччаттара

Олохпут устунан

Үүнэр-сайдар суолунан

Салаллан иһиэхтэрэ,

Оччоҕуна сырдык сулус

Халлааҥҥа сандаарыа,

Үлэ-үөрэх ыраас суолун

Уотунан сырдатыа!            

Киһи олоҕор туох да мээнэ буолбатын курдук, хас биирдии ырыа – ааптар өйүн-санаатын, ис кутун туруга музыка буолан тахсыыта. Эдуард Асадов, Анна Ахматова, Айыл, Алампа, Наталья Харлампьева, Наталья Михалева-Сайа, Ксенофонт Уткин-Нүһүлгэн, Николай Сибиряков, Александра Григорьева-Сандаарыйа, Аркадий Филиппов, Софрон Осипов хоһоонноругар ырыалара эмиэ мелодист тус иэйиилэрин туоһулара.

Биһиги сэһэргэһээччибит айар үлэтин өйдүүр уонна өйүүр дьоннооҕор дьылҕатыгар  куруук махтанар. Лирик поэт, мелодист, Арассыыйа суруйааччыларын  сойууһун чилиэнэ, Варя Аманатова норуокка биллибит  «Алаас Кыыһа» ырыатын тылларын ааптара Василий Егорович Петров-Айыл туһунан Марианна маннык этэр: "Кини тыыннааҕын баттаспыппыттан дьоллоох курдук сананабын! Сахалыы ийэ тылым кини хоһооннорунан куппар-сүрбэр тыллыбыта, үрүйэлии устубута! Ити мээнэҕэ эппэтим, оскуолаҕа уонна устудьуоннуур сылларбар наар нууччалыы үөрэммит буолан, нуучча поэттарыгар ырыа айан кэлбитим. Онон бу уу сахалыы нарын-намчы поэзияны тугу эрэ эрдэ сүтэрбиппин булбут курдук дьоллонон ылыммытым! Ол түмүгэр 2006 с. «Кэлиэ эйиэхэ, Поэзия!» диэн маҥнайгы сахалыы тылынан романс хабааннаах ырыам айыллыбыта. Бу ырыабынан өрөспүүбүлүкэ ырыа айааччыларын күрэҕэр кыайыылаах үрдүк аатын ыла сылдьыбытым". Ырыа кэрэ эйгэтин кытта  быстыбат ситими бэлэхтээбит Дириҥнээҕи норуодунай хор иһинэн «Алаас кыргыттара» вокальнай ансаамбыл салайааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Фекла Ивановна Попова Марианна куонкурустарга солонан кыттарга көҕүлээбит дьонтон биирдэстэрэ. Ол курдук, Анастасия Варламова сырдык аатыгар ыытыллыбыт «Биһик ырыата» куонкуруска «Үрүҥ былыт» диэн Наталья Харлампьева тылларыгар ырыатынан дипломант буолан үөрэн-көтөн кэлиэҕиттэн, ситиһиилэр сиэттиһэн испиттэрэ.

Элбэх иэйиитин тиспит ааптардартан биирдэстэрэ – Александр Федотов. «Чурапчыбыт чараҥа», «Үрүҥ түүн», «Оҕо саас», «Сааскы санаа» , «Хатыҥ», «Армейские песни» диэн патриотическай ырыаларын куруук тоҕоостоох кэмҥэ толорор. Манна даҕатан эттэххэ, бу үс ааптара, ыччаттарга холобур буолар айымньылардаах хоһоонньуттара, хомойуох иһин, биһиги ортобутугар суохтар – Василий Петров-Айылы, Николай Сибиряков  уонна Александр Федотов.

Марианна Тимофеевна Дьокуускайдааҕы педколледжка үлэлиир сылларыгар устудьуоннарга эмиэ гитаранан ырыа кулуубун таһаарыылаахтык үлэлэппитэ. Онно бу үс ааптарын ааттарынан номинацияларга лауреат аатын сүкпүт Аля Бандерова, Лазарь Сивцев уонна Юлиан Семенов билигин култуура уонна искусство эйгэтигэр ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

Элбэх ааптары кытта хоһооннорун нөҥүө алтыһар. Айар киһи айанын аартыга киэҥин быһыытынан, Томмот куоракка ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Берег Дружбы» ааптарыскай ырыа уонна поэзия бэстибээлэ Марианнаҕа икки ааптары бэлэх ууммут – Эдуард Корнилов уонна Ирэн Дрозд. Бу ааптардарга ырыаларын аранжировкатын оҥорбут талааннаах музыкант Иннокентий Готовцевка таба тайаммыта – бэйэтэ туһунан дуоһуйуу. Кэлин суруналыыс, суруйааччы, кинигэ таһаарааччы Борис Павлов хоһоонноругар хас да ырыата дьон-сэргэ биһирэбилин ылла. Ол хайдах саҕаланна этэй? «Чурапчыга биэс мэндиэмэннээх дьиэ кафетыгар биирдэ эмэ бассаапка эрэ көрөн сэргии ааҕар киһибин Борис Павловы соһуччу илэ көрсө түспүтүм. Сонно тута буруолуу сылдьар «Саха сүрэҕэ» диэн хомуурунньугун автографтатан бэлэх туппутум. Бу мээнэ күн буолбатаҕын 20.02.2020 сыыппара туоһулуур. Кинигэни арыйаат, бииртэн-биир матыып куйаартан кутуллан барбыта – «Барахсан», «Үөрдээри», «Сүрэххэ», «Олох сылайбыт саллаата», «Оҕо саас»... Кэлин «Дьолуо!», «Байҕал алгыһа» , «Күһүҥҥү турук», «Айанньыт», «Харыс бэлиэ» , «Кэмҥин түһэн биэримэ», «Атах балай» эбиллибиттэрэ. Онон бу соһуччу көрсүһүү үтүө түмүктэрдээх буолбуттаах», - диир Марианна Макарова.

Дьону түмэ тардар, сомоҕолуур матыып Барахсаана айар үлэтигэр аҕыйаҕа суох. Ол курдук, Василий Петров-Айыл тылларыгар «Дириҥим», Вячеслав Хон тылларыгар «Колледж ырыата» (Чурапчытааҕы техничэскэй колледж), Виктор Литвинцев тылларыгар «Үтүө санаа Кубога» (Саха АССР оскуолаларын 1985 сыллаахха бүтэрбиттэр), Анастасия Егорова тылларыгар Дириҥнээҕи И.Е. Федосеев-Доосо аатынан агрооскуола «Алые паруса» оҕо тэрилтэтин, Степан Барашков тылларыгар «Кылбаар саарык» илин эҥэр бильярдистарын өрөгөй ырыалара бааллар.

2011 сыллаахха Тааттаҕа Алампа 125 сылыгар аналлаах «Айар кут умсулҕана» өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэҕэр «Оһуор тойук» фольклор бөлөҕүн кытта «Кэҕэ» диэн ырыатынан Гран-При аатын сүгэн, убаһа бириискэ тиксибитин соһуччу үөрүү быһыытынан ылынар. Хаһан да сыанаҕа тахса илик кыргыттары кытта сабыс-саҥа суруллубут ырыанан сүрэхтэнэ таарыйа тиийэн улахан бириискэ тиксии, чахчы да, соһуччу үөрүү  этэ! Онтон ыла Алампа “Кэҕэтэ” Кабардино-Балкария «Алтын Майдан» норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлигэр тиийэ ситиһиилээхтик кыттыбыт репертуарын биир бастыҥ ырыата.

Николай Сибиряков 60 сааһыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэҕин Гран-При бириэмийэтин ылыы эмиэ соһуччу өрөгөй этэ. Ол түмүгэр өр сылларга иитиэхтии сылдьыбыт ыра санаата гитаратын ылыммыт. Николай Максимович үөһээттэн көрө сылдьар эбит диэн махтаммыт кэмнээҕэ. Чахчыта да, Дириҥҥэ аан бастаан үрдүк сыанаҕа Николай Сибиряков Афанасий Илларионов тылларыгар суруйбут «Чараҥ вальсынан» тахсыбыта эбээт. Онтон кэлин Николай Сибиряков хоһоонноругар элбэх ырыа күн сирин көрбүтэ – «Сулус ыллыыр», «Күһүҥҥү күн тыаҕа», «Маҥнайгы хаар» эмиэ элбэх күрэх кыайыылаахтара.

Марианна Тимофеевна нэһилиэгэр араас хайысхаҕа билиитин-көрүүтүн, сатабылын ууран туран үөрэҕирии, муниципальнай сулууспа, култуура эйгэлэригэр үлэлэһэр. 2019 сылтан «Поющее сердце» гитаранан ырыа куруһуогар ырыа оруолун үрдэтиигэ уонна ырыанан иитиигэ туһуланар ааптарыскай бырагыраамалаах.

Биһиги ыалдьыппыт үс оҕо күн-күбэй ийэтэ. "Көмүс чыычаахтарбар  куруук истиҥи, сылааһы уонна сырдыгы үтэйэбин. Федор уонна Минтимир – техническэй үөрэхтээхтэр, механиктар. Майя Дириҥ орто оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ. "Берег Дружбы" ааптарыскай ырыа бэстибээлин хас да төгүл кыттыылааҕа. Оҕолорум – ырыаларым маҥнайгы сүгүрүйээччилэрэ, маҥнайгы махталлаах истээччилэрим", - диэн ийэлии иһирэхтик мичиҥниир.

Ырыа, айар дьоҕур өбүгэлэртэн буоллаҕа, диэн ыйытыыга: "Арааһа, ийэм өртүттэн бэриллибит буолуон сөп диэн сабаҕалыыбын. Ийэм, 9 оҕоҕо күн сирин үтүөтүн бэлэхтээбит аанньалбыт Мария Николаевна Винокурова Өймөкөөн Төрүтүттэн силис тардар. Бэйэтэ улахан ырыаһыт да буолбатар, иистэнэ дуу, тирии имитэ дуу олорон куруук биир тембрынан тугу эрэ бэйэтэ эрэ билэрин киҥинэйэн ыллыыра. Баай тыллаах-өстөөх буолан, дьон болҕомтотун тардар кэпсээннээх-ипсээннээх сахалыы сэмэй, эйэҕэс-сайаҕас, төрөөбүт Индигирин курдук хоһуун, туруу үлэһит дьахтара этэ. Айылҕата эмиэ хардатын тапталынан  угуттуура. Төрүтүгэр күүстээх, номоххо киирбит Мария Атласова-Кучара Маайа диэн эбэлээҕэ. Бииргэ төрөөбүт убайын Ылдьаа уола Юрий Винокуров айылҕаттан музыкаҕа дьоҕурдаах буолан, 1964 сыллаахха Дьокуускайдааҕы музыка училищетын баян кылааһын Кыһыл дипломунан бүтэрбит. Хомойуох иһин, эдэркээн сааһыгар ууга былдьанан, күн сириттэн күрэммит. Кини «Көтүҥ, көтүҥ, көмүс дорҕооннор» диэн ырыата 1965 сыллаахха «Хотугу сулус» сурунаалга бэчээттэммитэ биллэр. Онтон аҕам Тимофей Гаврильевич Тоскин –Түмээ Туоскун Чурапчы Одьулуунуттан  төрүттээх. Биирдэ эмэ киһи мыыммат гына Былатыан Ойуунускай «Былааһы Сэбиэккэ» диэн ырыатын ыллаан доргутааччы. Эдьиийим, убайдарым бэйэлэрин сылаас иэйиилэрин хоһооҥҥо-ырыаҕа тиһэн, оҕолоругар, сиэннэригэр аныыллар",- диир Марианна Тимофеевна.

«Бу аҕыйах хонугунан, ыам ыйын 21 күнүгэр, Сахабыт сиригэр Ырыа күнэ бэлиэтэниэҕэ. Ырыа күнэ диэн биһиги өрөспүүбүлүкэбит бастыҥ ситиһиитэ буоларыгар саарбахтаабаппын. Ыллыыр норуот – чахчы, кэскиллээх норуот! Бу бэлиэ күн дириҥ суолтатын өйдөөбүт, Ырыа туһа диэн үтүмэн үлэни ыыта сылдьар Алексей Кириллович Калининскай-Луҥха Өлөксөйүгэр махтаныах эрэ тустаахпыт! Кини 2012 сыллаахха Чурапчыга тиийэ сылдьан: «Убаастабыллаах Ырыа куттаах Марианнаҕа Сахабыт ырыатын туһугар бииргэ буолуохха!» диэн автографтаан туран «Саха ырыата – кэм кэрдии тэтиминэн» диэн олус үчүгэй ис хоһоонноох кинигэтин бэлэх ууммута», - диир Марианна.

Манна даҕатан эттэххэ, Марианнаны «Барахсаана» диэн аатынан аан бастаан Алексей Калининскай Чычымах кулуубугар Алампа күрэҕин кыайыылаахтарын гала-кэнсиэригэр биллэрэн таһаарбыт эбит. Барахсаана диэн Айыы аатынан ол күнтэн ыла ааттанар буолбут.

«Саха барыта оҕуһун мииннэ да ырыаһыт» диэн бэргэн этиини  олус сөбүлүү истэбин! Ыллаатаххына сырдыыгын, дууһалыын кэҥиигин, аан дойдуга аһаҕас, дьэллэм буола түһэҕин, сэргэхсийэҕин! Бука барыгытын Ырыабыт күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин уонна ылбаҕай ырыа аргыстаах дьоллоох ыллыктары баҕарабын! Тугу эмит айан дьону үөрпүттээх буоллахпына, бу ситиһиилэрбин күнү көрдөрбүт күндү киһибэр ийэбэр аныыбын! Ийэм быйыл баара буоллар 100 сааһын бэлиэтиэ этибит», - диэн түмүктүүр сэһэргэһиибитин мелодист, педагог Марианна Макарова-Барахсаана.  

Оттон биһиги түмүккэ бүгүҥҥү ыалдьыппытынан сирэйдээн пионер буолан түөстэригэр кыһыл хаалтыс бааммыт көлүөнэ дьону Пионерия 100 сыллаах үбүлүөйүнэн уонна ырыа куттаах ааҕааччыларбытын Сахабыт сиригэр Ырыа күнэ буолаары турарынан эҕэрдэлиибит, айар үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...