15.09.2023 | 12:00

Йога олоҕу уларытар күүһэ

Аныгы балысхан сайдыылаах үйэҕэ туох барыта көрүөх бэтэрээ өттүгэр уларыйар-тэлэрийэр. Тас эйгэ дьайыытыгар баһыйтаран, бириэмэ сырсыытыгар сылдьан, сорох киһи бэйэтин көрүммэт, онтон сылтаан ис туруга ыһыллар, ыарыыга түргэнник бэринэр.
Йога олоҕу уларытар күүһэ
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү сэһэргэһээччибит Евдокия Жиркова-Тырылгина этэринэн, хайа да түгэҥҥэ эппит-сииммит тугу этэрин истэ, өйдүү үөрэниэхтээхпит, онтон доруобуйабыт эрэ буолбакка, ис турукпут, олохпут хайдах салаллара быһаччы тутулуктаах.

Кини йоганы 2010 сыллаахтан интэриэһиргээбитэ, ол эрээри 2018 сылтан “чахчы миэнэ эбит” диэн өйүнэн-санаатынан ылынан ордук күүскэ дьарыктанан барбыта. 2019 сыллаахха йога инструкторын кууруһугар үөрэммитэ, сыыйа-баайа үөрэнэн, элбэҕи билэн барбыта.

Дьиҥэр, бастаан дьону уһуйуом диэн кыырпах да санаа суоҕа, бу суолга олох бэйэтэ салайбыта. Ол курдук, бастаан ОДьКХ министиэристибэтин аактабай саалатыгар бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрин дьарыктаан саҕалаабыта. Онтон эбиэт кэмигэр ыҥырыынан атын тэрилтэҕэ тиийэн, баҕалаахтары үөрэтэр буолбута. Салгыы кэрэ аҥаардарга аналлаах йогата киэҥ сэҥээриини ылбыта.

Евдокия билигин сүрүн үлэтин таһынан, эти-сиини чэбдигирдэр “Практика” кииҥҥэ флоу йогаҕа дьарыктыыр, “Дьахтар доруобуйатын йогата” (хат дьахталларга, оҕоломмут ийэлэри чөллөрүгэр түһэрэр) диэн хайысхаҕа идэтийбит исписэлиис:

– Хас биирдии киһи туохха эрэ дьоҕурдаах. Сорохторго айылҕа элбэҕи биэрэр, ол – үрдүк эппиэтинэс. Холобур, мин дьоҥҥо билиини тиэрдэр дьоҕурдаахпын, ол аата бу хайысхабын сайыннарыахтаахпын дии саныыбын, – диир кини.

Эт-сиин, өй-санаа быстыспат ситимнэрэ

Дьахтар ис туруга ыһыллыбыт буоллаҕына, дьиэтин-уотун төһө да  хомуйдун – син биир сааһыланыа, дьаарыстаныа суоҕа. Холку эрэ сырыттаххына, олоҕуҥ нус-хас буолар. Йога сааһылыыр, бөҕөргөтөр күүһэ итиннэ сытар,  киһини эт-сиин, өй-санаа өттүнэн тулуурдаах оҥорор. Сайдан истэҕиҥ аайы бэйэҕин атын хараххынан көрөҕүн, кыаххын билинэн бараҕын.

Мин аҥаардас йоганан дьарыктанан 24 кг түһэрбитим. Кылгастык кэпсээтэххэ, маннык. Ол саҕана ыйааһыным 74 кг тиийэ сылдьыбыта (үрдүгүм – 158 см). Уойбуппун билэрим, ол эрээри ыйааһыҥҥа туруохпун баҕарбат этим. 37 сааска уҥуох кэтириирэ сөп диэн бэйэбин уоскутунарым.

Билигин сорох дьон көрсөн баран билбэттэр, соһуйаллар. Дьиҥэр, тас дьүһүнүм эрэ буолбакка, ис-испиттэн уларыйдаҕым. Тоҕо диэтэххэ йога – бастатан туран, өйү-санааны кытта үлэ. Бу дьарык киһи бэйэтин хайдах баарынан ылынарыгар көмөлөһөр.

2020 сыллаахха ахсынньы ыйга Евдокия олоҕун аҥаара – кэргэнэ күн сириттэн күрэммитэ. Ол эрээри кини күүстээх санаата самныбатаҕа – күн аайы дьоҕус көбүөрүгэр турарын тохтоппотоҕо.

– Түүл-бит курдук туруктаах сылдьыбытым, ол эрээри сарсыарда аайы дьарыктана турарым. Инньэ гынан бэйэбэр көмөлөспүппүн дии саныыбын. Маннык буолуо диэн эрдэттэн билбит курдук, эппин-сииммин бэлэмнээри, йогаҕа кэлбит эбиппин диэн толкуйдуубун. Ыарахан кэмҥэ киһи дьарыктаах буолара ордук, – диир кини. 

Олоҕун бу кэрдиис кэмигэр Евдокия үлэтигэр оройунан түспүтэ, өссө саҥаттан саҥа этии киирэн барбыта.

Ураты айылгытын учуоттаан

– Дьахтар оҕолонноҕуна эттиин-сиинниин, өйдүүн-санаалыын арыллар айылгылаах. Ол иһин кини былчыҥнарын кэмигэр сааһылаабатаҕына, өттүгүн уҥуоҕа ханньары барар, атаҕа маадьайар, сиһин тоноҕоһо токуруйар, бөкчөйөр, түөһэ аллара түһэн хаалар, устунан хаамара-сиимэрэ, тутта-хапта сылдьара уларыйар. Ол иһин үгүс дьахтар депрессияҕа ылларара – олоххо баар көстүү.  Маннык түгэҥҥэ киһи мэйиитэ “Миэхэ куһаҕан” диэн этэ, биллэрэ сатыыр. Тас тутулуҥ уларыйдаҕына, баҕар-баҕарыма, ис туругуҥ эмиэ уларыйар.

Дьахтар айылҕата күһэйиини, хааччаҕы сөбүлээбэт, өсөһөн, мөккүһэн туруон сөп. Мин ону өйдөөн, учуоттаан кэрэ аҥаардары дьарыктыыбын. Өйгүнэн-санааҕынан өйдүөххүн, элбэҕи ааҕыаххын сөп, ол эрээри эккинэн-сииҥҥинэн ылыммат, баҕарбат буоллаххына, көдьүүһэ суох. Кыаххын билиниэхтээххин, этиҥ-сииниҥ сылайбытыҥ өйдөөтөххүнэ, сынньатыахтааххын.

Элбэҕи эрэйбэккэ

– Йоганан дьарыктанарга, биллэн турар, кэккэ хааччахтардаах. Ол киһи доруобуйатыттан, уратытыттан тутулуктаах. Холобур, араас ыарыылаах дьоҥҥо көҥүллэммэт асаналар бааллар. Уопуттаах тренер ону барытын учуоттаан дьарыктыахтаах. Сааһынан хааччах диэн суох. Мин бөлөхтөрбөр 18-тан 60-гар диэри саастаах кэрэ аҥаардар сылдьаллар.

Саамай сүрүнэ – баҕалаах буолуохха эрэ наада. Саҥа саҕалааччыларга сүбэм – бэйэҕититтэн олус элбэҕи эрэйимэҥ. Дьарыктанан, эккитин-сииҥҥитин истэн бардаххытына, уоннааҕыта барыта сатанан иһиэҕэ, доруобуйаҕыт тупсуоҕа, күүс-сэниэ эбиллиэҕэ.

Төһө элбэхтик дьарыктанаргытын бэйэҕит быһаарыҥ. Кыаххытын, күүскүтүн билиниҥ, күһэйимэҥ, модьуйумаҥ. Бу күрэхтэһии буолбатах диэн өйдөөҥ.    

Кэбирэх сирбитин арыйар

— Биһиги атын дьонтон (бастатан туран, бэйэбититтэн) кистээбиппит, саһыарбыппыт барыта эппитигэр-сииммитигэр олорор. Холобур, сороҕор тылбытыттан матан, бөтө бэрдэрэн,  кыыһырбыппытын таспытыгар таһаарбакка, саҥарбакка, испитигэр тутабыт – ол күөмэйбитигэр туран хаалар. Ыйыстан кэбиһэбит, оннук уҕарытыллыбыт, хам баттаммыт күүстээх эниэргийэ кум-хам тутуллан, хом санааҕа кубулуйан, хонон хаалар. Бу кэбирэх сирбитин таарыйаллара олус ыарыылаах, атыттар туһанан, онон баайыахтарын сөп. Биһиги туохха хом санаалаахпытын өйдүүбүт, сүрэхпит ханан баастааҕын билэбит, ол иһин онно төһө кыалларынан кими да чугаһаппат буола сатыыбыт.  Хом санаабыт – кэбирэх өрүппүт.

Эниэргийэ хайаан да эргийиэхтээх. Ол аайы биһиги уларыйабыт, салгыы иннибит диэки барабыт. Испитигэр тугу эрэ уларытабыт – таспыт эмиэ оннук буолар. Эбэтэр төттөрүтүн. Мин этим-сииним нөҥүө таспыттан саҕалаан, ис туругум уларыйар. Сыыйа-баайа онно баран иһэбин.

Бу эйгэҕэ үлэлиэхпиттэн киһи этэ-сиинэ (чуолаан дьахтар киэнэ) хайдах курдук сүдү күүһү илдьэ сылдьарыттан, төһөлөөх элбэҕи тулуйарыттан сөҕөбүн. Эһиги эмиэ сөбүлэһиэххит диэн эрэнэбин.  Билигин санаатахпына, этим-сииним бэйэтэ уларыйыан баҕарбыт эбит. Өссө күүстээх буолаары, миигин уйаары. 

Этим-сииним миигин таптыыр, хайдах баарбынан ылынар, мин үөрэ-көтө сылдьарым туһугар ханнык баҕарар дууһам ыарыытын кистииргэ бэлэм. 

Оттон мин чахчы бэйэм эппин-сииммин таптыыр уонна ылынар буоллахпына, киниэхэ оннук сыһыаннаһыахтаахпын: бэйэбэр күрүө оҥостуохтаахпын, “суох”, “баһыыба, баҕарбаппын” диири сатыахтаахпын, тугу эрэ сөбүлээбэтэхпин биллэриэхтээхпин, наада буоллаҕына, кыыһырыахтаахпын. Ол эрээри бэйэбин харыстыырбын умнуо суохтаахпын.

Йоганы эти-сиини кытта үлэлиир үнүстүрүмүөн курдук талбыт эбит буоллаххына, бэлэмнэн: эн искэр бүүс-бүтүннүү киирэн, туоххун барытын таарыйыаҕа. Эккин-сииҥҥин кытта төһөнөн элбэхтик алтыһаҕын да, соччонон бэйэҕэр элбэх тууйууну, саба баттааһыны булуоҥ. Ол эйигиттэн тахсан, ханна да көппөт. Ол да буоллар охтуоҥ суоҕа – йога көмөлөһүөҕэ, тэҥнээн биэриэҕэ.

Онтон куттанымаҥ. Сороҕор киһи өйө бэйэтэ да билбэтинэн эти-сиини кытта үлэттэн куотуна сатыыр. Тоҕо диэтэххэ тугу кистиэхтээҕин бэркэ билэр. Ол эрээри биһиэхэ хас биирдиибитигэр итинник чараас, кэбирэх сирдээхпит, ону өйбүт бэрт кичэллээхтик “абырахтаан” иһэр. Ол эрээри маны атыннык ылынан ааҕыахха сөп: хас биирдии киһиэхэ кистэлэҥ баайдаах, онно сүрүн күүспүт саһа сытар. Ону арыйыаххын баҕараҕын дуо? Оччоҕуна йоганан дьарыктан! 

Олоҕу баарынан, бэйэҕэ тапталынан

– Биһиги бу Орто дойдуга мээнэҕэ инчэҕэй эттээх айыллан кэлбэтэхпит. Эппитин-сииммитин көрүнэн, тугу этэрин истэн, харыстаан сылдьыахтаах эбиппит. Киһи этин-сиинин күрүөҕэ-хаһааҕа тэҥниэххэ сөп. Ол төһөнөн бөҕө туруктаах да, оччонон эн олоххор куттал суоһаабат. Эбэтэр үүнээйигэ холуохха сөп. Холобур, кэхтэн эрэр сибэккини сөпкө көрөн-истэн, бүөбэйдээн, таптаан, кэпсэтэн чөлүгэр түһэриэххэ сөп. Эккин-сииҥҥин кытта оннук сыһыаннаһыахтааххын. Ол иһин тиһигин быспакка үлэлиэххэ наада. Биир-икки дьарыкка сылдьыы аахсыллыбат. Киһи организма дьиссипилиинэни олус сөбүлүүр, туохха барытыгар түргэнник үөрэнэр.

Йоганан дьарыктаныаҥ – искэр туох барыта уларыйан барыаҕа – толкуйдууруҥ, олоҕу көрүүҥ. Олоҕу хайдах баарынан ылынаҕын, онуоха бэйэҕэр ТИРЭХ буолаҕын, бэйэҕэр ТАПТАЛЫНАН сыһыаннаһаҕын. Толору эттээх-сииннээх эбэтэр хатыҥыр буол, үөрүүнү эбэтэр хомолтону бил, мичээр аргыстан эбэтэр хараҕыҥ уутун сотун – эн МАННА уонна БИЛИГИН эрэ бааргын.

Кырдьык, бу Орто дойдуга хайдах да үөрүү, дьол эрэ аргыстаммаккын, олоххо үрүҥ уонна хара сэргэстэһэ сылдьаллар.  Ону өйдөөн туран, ааҕааччыларга эккитин-сииҥҥитин истэргэ үөрэниҥ, хас биирдии саҥа күнтэн төһө кыалларынан элбэҕи ыларга дьулуһуҥ диэн баҕа санаам бастыҥын тиэрдэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Турист:  «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Дьон | 03.05.2024 | 17:30
Турист: «Эдэрдэр олохтон барыыларын көрөр ыарахан»
Кинини кытта кэпсэтэн баран хайдах эрэ маннык байыастар, буойуннар биһигини көмүскүү сылдьалларыттан дойдубар, сарсыҥҥыбар, хас бииирдии күммэр эрэллээх эбиппин диэн санаатым. Кини ыйытыыларбар байыаннайдыы чопчу хоруйдары биэрэр, уһун-киэҥ толкуйдаах, чиэһинэй, дойдутугар чахчы бэриниилээх, күһэйиинэн буолбакка, харса суох баҕаран туран сылдьар хорсун буойун.   — Дорообо, эйигин буойун буолан ананан төрөөбүт киһи...
Лидия Бурнашева:  «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Дьон | 03.05.2024 | 10:00
Лидия Бурнашева: «Кыайыы ыһыаҕар сылдьыбыппын умнубаппын»
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо аймах сылынан,  кэлэн иһэр Кыайыы күнүнэн бүгүн 12 оҕону төрөтөн киһи-хара оҥортообут Лөгөй нэһилиэгин олохтооҕо Лидия Николаевна Бурнашевалыын кэпсэттим.   Биһиги оҕо эрдэхпитинэ төрөппүттэрбит ыалларбытын кытта наһаа эйэлээх этилэрэ. Оччотооҕу ыаллар элбэх оҕолоохтор, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэллэр, ылсаллар-бэрсэллэр. Ол үгэс биһиги сайын дойдубутугар таҕыстахпытына сиэннэрбитигэр, оҕолорбутугар...
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Сонуннар | 01.05.2024 | 08:29
Элбэх оҕолоохторго эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйаах баттанна
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн олоххо киирэр элбэх оҕолонууну өйүүр эбии социальнай өйөбүллэр туһунан ыйааҕы баттаата.  Саҥа сокуонунан, Саха сиригэр олохтоох элбэх оҕолоох ыаллар олорор дьиэҕэ уонна хомунаалынай өҥө иһин олохтоммут төлөбүр 30%-тан итэҕэһэ суох чэпчэтиини ылар бырааптаахтар. Оҕолор саастарыттан уонна дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуга...