ЫМСЫЫ, ОРДУГУРҔААҺЫН БИҺИГИ ОЛОХПУТУГАР
“Ордугу булаары олоҕун алдьаппыт” диэн бэргэн этии баар. Бу этии туттуллар суолтата үксүгэр кэргэнниилэргэ туһаайыллар диэххэ сөп. Ол курдук иккис олохторугар табыллыбакка кэмсинии, урукку кэргэнигэр төннө сатаан олоҕун алдьаппыт дьоҥҥо сыһыаннаах. Бастакы хаһан баҕарар бастакы. Бастакы таптал, бастакы кэргэн, бастакы оҕо. Хайдахтаах курдук бу бастакы диэн тылга барыта кэрэтик, истиҥник иһиллэрий? Ол да буоллар, иккис, үһүс олохторугар табыллыбыт, дьоллоохтук олорор дьон аҕыйаҕа суох.
Оттон ымсыы диэн тугуй? Оҕо сылдьан биһиги ымсыырарбыт элбэх этэ. Оччолорго бары-барыта күндү кэмигэр биир эмэ оҕоҕо фломастер, ыстыыр ыас, мааны таҥас, саҥа мал баар буоллаҕына, онно ымсыыыраахтаан биэрэрбит. Оҕо барахсан ымсыырара баа буолбатах. Билиҥҥи да оҕолор уһуйааҥҥа, оскуолаҕа, маҕаһыыҥҥа саҥа, күндү малга, таҥаска ымсыыраллар. Ону төрөппүт эрэ барыта толуйбат. Атыылаһыах, күндү оҕоҕор булан биэриэх диэтэххэ, үп-харчы эмиэ наада буолар.
Ымсыы, нууччалыы “алчный, жадный, “зависть” икки суолталаах: “белая зависть” уонна “черная зависть” диэн. Ол эбэтэр бастакы термиҥҥэ киирдэххэ, киниэхэ үтүөнү саныыгын, киһиҥ саҥа дьиэни атыыласпыт, саҥа саҕынньах кэппит, ситиһиилэммит. Онон чугас киһигэр “ымсыырарыҥ”, кини туһугар кыһалларыҥ куһаҕан ахсааҥҥа киирбэт. Оттон хара санаалаах, ымсыы киһи диэн эмиэ баар. Оннук дьоҥҥо ситиһиигин, кыайбыккын-хоппуккун кэпсии сылдьарыҥ кутталлаах.
Биһиги өбүгэлэрбит ымсыыны, ордугурҕааһыны улахан аньыынан ааҕаллара. Дьиҥэр, киһиэхэ элбэх наадата суох. Олус иҥсэлэнии үгүс киһини иэдэттэ. Ийэ Сири сиэн кэбиһиэх курдук дьүһүлэнии буолла. Ити улахан аньыылаах быһыы буолар.
Аар Айыы итэҕэлэ этэринэн, биир да күнү көтүппэккэ үҥэн-сүгүрүйэн, үтүөнү ыҥыран уонна куһаҕаны утары охсуһан Айыы киһитэ буоларгын умнуо суохтааххын. Итинтэн тохтоотуҥ да, абааһы эйгэтигэр бараҕын диэн. Ол эйгэттэн төннөр олус уустук. Бу итэҕэл киһини: “Үчүгэйдик үлэлээ, өйгүн-санааҕын, эккин-хааҥҥын эрчий, өйдөөх, күүстээх буол, эйигинниин кэккэлэһэ атын көстүбэт хараҥа, абааһылыы эйгэ баарын хаһан да умнума уонна ити эйгэ дьайыытын утары охсус, ити эн иэһиҥ”, — диэн үөрэтэр. Ол аата олох уустук, Аан Дойду өссө уустук, эн утары охсуһар Айыы Киһитэ буол диэн бу үөрэх этэр.
Үйэтигэр ымсыырбатах, ордугурҕаабатах киһи диэн суох буолуо дии саныыбын. Ити үөһэ эппитим курдук, үрүҥ уонна хара ымсыы киһиэхэ олоҕор буолан ааспыта мэлдьэҕэ суох.
Сахаларга үчүгэй киһи хайдах буолуохтааҕа эмиэ биллэр. Үчүгэй киһи куһаҕан, хара айыыны оҥоруо суохтаах, куруук үчүгэй быһыылары оҥорор, үтүө санаалардаах, дьоҥҥо үчүгэйи баҕарар буолуохтаах. Kиһи олоҕун устата өйүн-санаатын харыстаан, тоҕус айыыны оҥоруо суохтаах диэн этэллэр:
1. Албыннаама.
2. Оттомо суох буолума, киһиргээмэ.
3. Ымсыырыма, ордук санаама.
4. Kуһаҕан кыдьыктаныма, содурдаама.
5. Уорума.
6. Өһүөннээмэ.
7. Иирсээни тардыма.
8. Өлөрүмэ.
9. Алдьатыма.
Атын киһи туох эмэ ситиһиитигэр, табыллыытыгар ымсыырыы, ордугурҕааһын, ордук санааһын диэн ааттанар. Бу санаа аһара барбатаҕына, кыайыылаах дьону батыһарга, үтүктэргэ үөрэтэр буолан, сайдыыны ситиһэргэ туһалыыр. Аһара баран барыны-бары ордугурҕааһыҥҥа тиийэн хааллаҕына, өйү-санааны хааччахтаан, намтатан, ситиһиини оҥорор кыаҕы аҕыйатан иһэр.
Итинтэн барытыттан куһаҕан санаа диэн үөскүүр. Куһаҕан санаа туох да үчүгэйгэ тиэрдибэтэ биллэр суол. Онтон ыраастанан, дьоҥҥо үтүөнү эрэ баҕара сылдьыы, хас биирдии олохтон үөрүү бу биһиги олохпут биир суруллубатах сокуона буолуохтаах.
Ордугу булаары олоҕун алдьаппыт
Биир билэр киһим туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Кини аармыйаттан кэлээт да таптыыр кыыһын Марусяны кэргэн ылбыта. Дьоно-сэргэтэ оччолорго икки сүүсчэкэ киһилээх уруу тэрийбиттэрэ. Кинилэр олохторо туох да хара бээтинэтэ суох уу-нураллык саҕаламмыта. Уол, Баанньа диэххэ, массыынаҕа суоппардыыра, кыыс олохтоох оскуолаҕа учууталлыыра. Нөҥүө сылыгар игирэ уоллаах кыыс оҕоломмуттара. Дьоллоро өссө үрдээбитэ, бу күн сиригэр кинилэртэн ордук таптаһар сүрэхтэр суохтарын тэҥэ этэ.
Баанньаны кэргэнэ кэпсэтэн оскуолаҕа суоппарынан ылбыттара. Оччолорго да, билигин да оскуолаҕа саҥа учуутал кэлиитэ нэһилиэк олохтоохторун, ордук уол аймаҕы ордук сэргэхситээччи. Ийэлэр саҥа кэлбит учуутал кыргыттары кийиит оҥостоору кыраҕы харахтарынан көрөллөр-истэллэр, уолларыгар кистии-саба хайа кыыс ордугун сибигинэйэллэр.
Ол курдук омук тылын учууталынна анаммыт Светлана Михайловна атыттартан көстөр дьүһүннүүн, туттардыын-хаптардыын, таҥастыын-саптыын уһулуччу этэ. Ол сахха университекка ФИЯ-ҕа саамай модницалар, кырасаабыссалар үөрэнэллэр диэн кэпсээн баара. Света кыыс чахчы да кылбайан, күөгэйэн, олохтоох кустар быыстарыгар күөлгэ кэлэн түспүт кубаны санатара. Аны туран, кинини дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччынан, завуһунан, анаабыттара. Онон сүрүн предметин таһынан кэлэрэ-барара, массыынаны көҥүллэтэрэ, улуус киинигэр киирэрэ-тахсара элбээбитэ. Ол аайы Баанньа уоллуун айанныыллара. Баанньа да олус сытыы-хотуу, кэпсээннээх, спортсмен бэрдэ, киэһэ аайы саалаҕа эрчиллэрэ, дьиэтигэр да тохтуура аҕыйаабыта.
Дьэ, ити курдук, бары да сэрэйбиккит буолуо, бу дьоммут таптал кутаа уотугар умайбыттара. Ону уһата-кэҥэтэ, киэргэтэ барбакка, быһаччы эттэххэ, кэнникинэн дьонтон кыбыстыбакка, бэйэ-бэйэлэригэр болҕомто ууралларын кистээбэт буолбуттара.
Дэриэбинэ иһэ оргуйан олороро, төһө да кистээтэллэр, ойоҕор бүтэр уһукка син биир иһиллибитэ, “үтүөнү баҕарааччылар” тиэрдибиттэрэ.
Маруся биир үтүө күн эрин көрдүү барбыта. Түүн үөһэ массыыната учууталлар уопсайдарын таһыгар турарын үнтү тоҥуйсан киирбитэ, Баанньата хостон тахсан кэлбитэ. Светлана Михайловна кыбыстыбыт көрүҥэ суоҕа, хата, Баанньаҕыттан үчүгэйинэн араҕыс, кини миэнэ, оҕо күүтэбин эҥин диэн саҥарталаабыта. Маруся дьон кэпсээнэ дьиҥ буоларын илэ хараҕынан көрөн дьэ итэҕэйбитэ. Онтон ытаан-соҥоон, суланан, устунан кыраан киирэн барбыта. Баанньата нэһиилэ тохтотон, уоскутан, уоскуйар кэлиэ дуо, соһон сыһа массыынатыгар таһааран дьиэтигэр илдьибитэ.
Ыал олоҕо итинник алдьаммыта. Баанньа Светалыын атын нэһилиэккэ көһөн барбыттара. Дьэ онно саҕаламмыта кинилэр айдааннаах, ыарахан олохторо. Дьахтар ыарыһах оҕону төрөппүтэ. Онтун ылбакка төрүүр дьиэҕэ хаалларан баран устунан ыалдьан, суорҕан-тэллэх киһитэ буолбута, Баанньа ол аһыытын намырытаары, бытыылкаҕа умса түспүтэ. Күн-түүн айдаарсаллара, охсуһаллара, үүрсэллэрэ элбээн барбыта. Били, куба бэйэлээх Светабыт арбайан-сарбайан, киһи көрүөн дьулаан дьүһүннэммитэ, аһыы утахтан да аккаастаммат буолбута.
Кэлин тиһэҕэр өйдөрүн-төйдөрүн булуммут кэмнэригэр наар кэмсинэн, кэмиринэн тахсаллара. Биирдэрэ Марусятыгар төннүөн баҕарара, иккиһэ аньыытын-харатын ааҕара. Онон ордугу булаары олоҕун алдьаппыт эр киһи туох да дьолу көрсүбэтэҕэ, кэлин иккиэн атырдьах маһыныы арахсан, кыыс дойдутугар көспүт, уол төннөн кэлэн ийэтигэр олорор сурахтара иһиллэр.