17.10.2024 | 12:00

Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?

Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Ааптар: Татьяна Захарова-Лоһуура
Бөлөххө киир

Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо? 
Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.

Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ

Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр, син эмиэ атын үлэһиттэр, урбаанньыттар, ГПХ дуогабарынан үлэлээччилэр курдук, СФР-га (урут ПФР дэнэрэ) биэнсийэ булгуччулаах төлөбүрүн салгыы төлөһөр эбээһинэстээхтэр. Арай бэйэ дьарыктаахтар (самозанятайдар) эрэ СФР булгуччулаах төлөбүрүттэн босхолоноллор.

Биэнсийэҕэ тахсан баран үлэттэн тохтообут киһи биэнсийэтэ, кыралаан да буоллар, сыл аайы индексацияланар.

Оттон салгыы үлэлии сылдьааччыларга 2016 сылтан саҕалаан страховой биэнсийэ да, биэнсийэ бигэргэммит (фиксированнай) төлөбүрэ да индексацияламмат буолбута. Үлэттэн олохтоохтук уурайдахха эрэ ааҕыллар. Хас биирдии киһи СФР-га баар сирэй счётугар төһө усунуоһу төлөөбүтэ, төһө баалламмыта (ИПК) толору суруллан иһэрин билэргит буолуо. Үлэһит биэнсийэҕэ тахсан баран салгыы СФР-га төлүүр булгуччулаах усунуоһа баал буолан эбиллэр. Сыллата баал суумата уларыйар. Холобур, бу сылга биир баал – 133 солк. 5 харчыга тэҥнэһэр. Дьэ, бу түмүгэр биэнсийэлээх киһи хас эмэ сыл үлэлээн баран уурайдаҕына, бастаан анаммыт биэнсийэтинээҕэр үгүөрүнү ылар кыахтанар.

“Госуслуга” порталын нөҥүө биэнсийэ туһунан выписканы сакаастаан, тус бэйэ киэнин көрүөххэ сөп. Онно үлэлиир биэнсийэлээххэ биэнсийэ икки араас кээмэйэ суруллар: билигин ыла сылдьар суумата уонна үлэттэн тохтоотоҕуна ананыахтаах биэнсийэтэ.

 

Эбиллии да араастаһар

Биэнсийэ эбиллиитэ киһиэхэ барытыгар тэҥ буолбат. Ол үлэ ыстааһыттан, хамнас кээмэйиттэн (чуолкайа, тэрилтэҥ Социальнай пуондаҕа төһө булгуччулаах усунуоһу төлөөбүтүттэн, биэнсийэ кээмэйэ ааҕыллар кэмигэр биир кээписийиэн (баал) төһө солк. тэҥнэһэриттэн) тутулуктаах. Ону таһынан гражданин үлэттэн уурайар сылыгар уһук хоту уонна онно тэҥнэһэр сирдэргэ, тыа сиригэр үлэлээбит (сельскэй) ыстааһа төһө буолбута, ол кэмҥэ кырдьаҕаһынан страховой биэнсийэ бигэргэммит (фиксированнай) төлөбүрэ төһө кээмэйинэн быһаарыллыбыта улахан оруоллаах.

Кырдьаҕаһынан страховой биэнсийэ бигэргэммит (фиксированнай) кээмэйэ сыллата үрдээн иһиэхтээҕэ 2018 сыллааҕы РФ Биэнсийэҕэ сокуонунан бигэргэнэн турар. Ол курдук, Арассыыйаҕа 2019 с. тохсунньу 1 күнүттэн – 5334 солк., 2020 с. – 5686 солк., 2021 с.– 6044 солк., 2022 с. – 6564 солк., 2023 с – 8134 солк., быйыл тохсунньу 1 күнүттэн 8 134 солк. 88 харчы буолбута.

 

Холобур, Уйбаныаптаах Бөтүрүөп үлэлээбит ыстаастара, хамнастара, оройуоннааҕы кээписийиэннэрэ даҕаны арай тэбис тэҥ буоллун. Атына диэн – Уйбаныап 2020 с. биэнсийэҕэ тахсыбыт. Оттон Бөтүрүөп – быйыл. Оччотугар Бөтүрүөп биэнсийэтэ үрдүк буолар. Тоҕо диэтэххэ, страховой биэнсийэ бигэргэммит кээмэйэ улаатан биэрбит: 2020 сыллаахха, Уйбаныап биэнсийэҕэ тахсар кэмигэр баара эрэ 5686 солк. эбит, оттон быйыл 8134 солк. 88 харчы. Биэнсийэ кээмэйин суоттаан таһаарарга анал формула баар. Онно ити “фиксированнай” кээмэйин таһынан биэнсийэ баала (ИПК) эҥин туруоруллар...

 

Үлэлиир биэнсийэлээххэ индексация сөргүтүллэр

Сүрүнэ, быйыл дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин эһиил, 2025 сыл тохсунньутуттан саҕалаан, 2024 сыл ахсынньы 31 күнүттэн олохтонор кээмэйинэн, үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ эмиэ индексация оҥоһулларын туһунан сокуоҥҥа илии баттаата. Ол эбэтэр, 2025 сылтан саҕалаан үлэлии сылдьааччылар биэнсийэлэрэ эмиэ сыллата эбиллэр буолла. Ол гынан баран манна “ноолоох”: иннинэҕи 2016 – 2024 сыллар кэмпэнсээссийэлэрэ итиннэ эбиллибэт. Ити кэмнээҕини үлэттэн олохтоохтук тохтоотоххо эрэ ааҕыллар гыммыттар.

Үлэлиир биэнсийэлээх страховой биэнсийэтэ сылга хаста уонна хаһан индексацияланыахтааҕын туһунан, инфляция кээмэйэ халбаҥныы турарынан, балай эмэ уһуннук дьүүллэстилэр. Түмүгэр эһиил иккитэ индексацияланар буолла. Бастакыта – олунньу 1 күнүгэр индексация инфляцияны учуоттаан оҥоһуллар. Оттон муус устар 1 күнүттэн – биэнсийэ баалын индексациятын учуоттаан, оҥороллор.

 

Нолуокка чэпчэтии

Биэнсийэлээхтэргэ нолуок төлөбүрдэригэр чэпчэтии көрүллэр. Чопчута, биэнсийэлээх киһи биир дьиэтин/дьиэ аҥаарын, биир кыбартыыратын/хоһун, идэтийэн дьарыктанарыгар аналлаах биир мастарыскыайын уонна тыа хаһаайыстыбатын аналыгар туттуллар сиргэ, ИЖС-ка, ЛПХ-ҕа анаммыт сиргэ баар 50 кв м диэри иэннээх тутуутун иһин, ону таһынан биир гарааһын/паркиҥҥа массыына туруорар биир миэстэ иһин нолуоктан босхолонор.

 

*Маныаха, сүбэ быһыытынан эттэххэ, эрдии-ойохтуу биэнсийэлээхтэр икки дьиэлээх, икки гараастаах түгэннэригэр, эр-биир тус-туһунан бас билиигэ суруйтардахтарына, иккиэннэригэр нолуоктан босхолонуохтарын сөп. Оттон икки дьиэлэрэ иккиэн биирдэрин бас билиитигэр суруллубут түгэнигэр, биир эрэ дьиэлэрин нолуогуттан босхолоноллор.

***

Биэнсийэлээх дьон бас билэр сирдэрин алта суотайыгар (600 кв. м) кадастровай сыананан ааҕыллар сир нолуогуттан босхолоноллор. Холобур, Саха сиригэр, сүрүннээн, 8-10 суотайдаах сир учаастага бэриллэр. Онон 6 суотайтан таһынан тахсар иэҥҥэ сир нолуога син биир төлөнөр.

***

Саха сирин биэнсийэлээҕэ тимир көлө (тырааныспар) нолуогуттан босхолонорун туһунан сокуон суох. Ол эрээри ханнык баҕарар Саха сирин олохтооҕо 1990 сылга диэри кэмҥэ оҥоһуллубут 150-ҥа диэри ат күүстээх легковой массыынатын уонна эмиэ 1990 сылга диэри кэмҥэ ССРС-ка оҥоһуллубут матасыыкылын эбэтэр мотороллерын иһин нолуоктан босхолонор бырааптааҕын санатар оруннаах.

***

Үлэтиттэн тохтообут биэнсийэлээх дьиэ атыылаһар түгэнигэр, түөрт иннинээҕи сылга үлэлии сылдьан төлөөбүт НДФЛ-тан “вычет” аахтарыан сөп. Холобур, биэнсийэлээх быйыл олорор дьиэ дуу, кыбартыыра дуу атыыласпыт. Бу сылы ситэ үлэлээбэккэ уурайбыт. Маннык түгэҥҥэ кини 2024, 2023 уонна 2022 сыллааҕы эрэ буолбакка, бэл, 2021 сылга төлөөбүт НДФЛ-тан “вычет” аахтарыан сөп.

***

Биэнсийэлээх ый аайы дьиэ-уот уонна хомунаалынай өҥө төлөбүрүгэр ыйдааҕы дохуотун 22 бырыһыаныттан ордуга барар түгэнигэр, кини субсидия ыларга сайабылыанньалаһар бырааптаах.

Аны, биэнсийэлээх үлэ бэтэрээнэ буоллаҕына, онтун олорор сирин Социальнай көмүскэлгэ управлениетын нөҥүө сайабылыанньалаһан, судаарыстыба өссө эбии көрүҥ өйөбүлүн ылар. Маны үлэ бэтэрээннэрэ бэркэ диэн билэр, туһанар буолуохтааххыт. Ол курдук ый аайы 1226 солк. (ЕДВ) кытта 1604 солк. (ЖКУ) кэлэр. Бу көмө айан төлөбүрүгэр, эмкэ-томко, биэнсийэлээх санаторийга сынньанарыгар уонна хомунаалынай өҥө төлөбүрүгэр туһанарга диэн бэриллэр. Оттон 2018 сылтан бэттэх, үлэ бэтэрээнэ хомунаалынай өҥө иһин төлөбүрэ билигин биэрэ сылдьар суумаларыттан (1604 солк.) үрдүк түгэнигэр, сайабылыанньа суруйан, хаттаан ааҕыыны (перерасчет) оҥотторор бырааптаах. Маныаха кини төһө дохуоттааҕа суолтата суох. Арай маны билиэхтээххит: сорохтор сыыһа өйдөөн, холобур: “ыйдааҕы төлөбүрбүт 10 тыһыынча, итинтэн 1604 солк. көҕүрэтэн баран, ол араастаһыытын олоччу “перерасчеттууллар” дии саныыллар. Оннук буолбатах. Хомунаалынай төлөбүрү дьиэ кэргэн ахсааныгар (кинилэр истэригэр үлэ бэтэрээнэ эмиэ киирсэр) түҥэтэллэр. Дьэ, ол биир киһиэхэ тиксэр өлүүскэтэ үрдүк түгэнигэр, үлэ бэтэрээнигэр эрэ хаттаан ааҕыы оҥоһуллар.

*Саха сиригэр биэнсийэ ананарыгар билиниллэр үлэ ыстааһа дьахтарга 35 сыл, эр киһи 40 сыл буолбут түгэнигэр, аҥаардас үлэ ыстааһынан эрэ үлэ бэтэрээнэ буолуохха сөп. Сайабылыанньаны, ирдэнэр докумуоннары “Госуслуга” нөҥүө ыытан эбэтэр МФЦ-га сирэй тиийэн да туттарыахха сөп.

 

Хапытаалынай өрөмүөн төлөбүрүгэр

“Хапытаалынай өрөмүөн иһин” диэн элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ олорооччулар булгуччулаах төлөбүрдэриттэн 80-с хаардарын санныгар түһэрбит кырдьаҕастар толору босхолоноллор. Оттон 70 саастарын туолбут биэнсийэлээхтэр төлөбүр 50 бырыһыанын эрэ төлүөхтээхтэр. Маныаха ити төлөбүр ылыллар дьиэтэ биэнсийэлээх бас билиитигэр баар уонна кини онно соҕотох биитэр үлэлиир кыаҕа суох дьону (биэнсийэлээх, 1-кы, 2-с группалаах инбэлиит) кытта олорор буоллаҕына эрэ дьайар.

Холобур, сорох кырдьаҕастар дьиэлэрин бэйэлэрин аатыгар буолбакка, оҕолорун, сиэннэрин бас билиитигэр суруйтарбыт буолаллар. Оннук түгэҥҥэ хапытаалынай өрөмүөн төлөбүрүттэн хайдах да босхоломмоттор.

 

Биэнсийэ олус кыра түгэнигэр

Үлэлээбэт биэнсийэлээх өрөспүүбүлүкэҕэ бигэргэммит тииһинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра биэнсийэлээх буоллаҕына, ол араастаһыытын сабарга федеральнай биитэр өрөспүүбүлүкэттэн эбии төлөбүрэ ааҕыллар. Хайата үрдүгүн талаллар. 2024 сылга Саха сирин биэнсийэлээхтэригэр тииһинэн олоруу алын кээмэйэ 19 809 солк. бигэргэммитэ.

Тииһинэн олоруу алын кээмэйигэр хапсыбат дохуоттаах үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр быраас ырысыабынан бэриллэр эмкэ 50 %-наах чэпчэтиинэн туһаныахтарын сөп.

 

Биэнсийэ улаатар төрүөттэрэ

Кырдьаҕас 80 сааһын туолла да, кырдьаҕаһынан страховой биэнсийэтин бигэргэммит чааһа икки бүк үрдүү түһэр. Холобур, үөһэ суруйбутум курдук, ити кээмэй быйыл 8 тыһ. 134 солк. 88 харчыга тэҥнэһэр. Ол аата быйыл 80-нарын туолар биэнсийэлээхтэргэ 16 тыһ. 269 солк. 76 харчы эбиллэр.

***

Биэнсийэлээх көрүүтүгэр-истиитигэр сылдьар иитимньилээх (дьыссаат оҕото, оскуола үөрэнээччитэ, 23 сааһыгар диэри күнүскү үөрэх устудьуона эбэтэр дееспособнайа суох киһи) түгэнигэр эмиэ биэнсийэтэ эбиллэрин билэҕит. Манна эмиэ, били, страховой “фиксированнай” кээмэйбит быһаарар оруоллаах. Ол курдук, биир иитимньигэ ити кээмэй 1/3 чааһа төлөнөр. Биэнсийэ 7,5 бырыһыан индексацияламмытын ааҕан, быйыл ити суума 2711 солк. 63 харчыга тэҥнэһэр. Хас да иитимньилээх түгэҥҥэ муҥутуур үрдүк эбии ааҕыы “фиксированнай” чаас 100 бырыһыаныгар тэҥнэһэр.

***

Тыа сиригэр отуттан кырата суох кэмҥэ үлэлээбит дьоҥҥо “тыа сирин ыстааһа” диэн эбии ааҕыы оҥоһуллар. Ол “фиксированнай” кээмэй 25 бырыһыаныгар тэҥнэһэр.

 

Үлэлиир биэнсийэлээх бырааба

Биэнсийэлээх үлэттэн уурайарын туһунан сайабылыанньа суруйбут күнүн сарсыныгар, баҕарда да, тохтуур бырааптаах. Онуоха кини “биэнсийэҕэ барарбынан” диэн бэлиэтээн суруйуон наада. Ол эрээри маннык быраап киһиэхэ үйэтигэр биирдэ эрэ бэриллэрин билиэх тустааххыт.

Биэнсийэлээх үлэһит 14 күҥҥэ диэри уһуннаах төлөммөт уоппусканы ылар бырааптаах. Оттон биэнсийэлээх эбиитин инбэлиит буоллаҕына, 60 да күнү көрдүөн сөп. Үсүһүнэн, диспансеризация барарыгар анаан, биэнсийэлээх үлэһит 2 үлэ күнүн көҥүллэтэр бырааптаах. Онуоха хамнаһа ааҕыллар.

 

Социальнай хантараак

Үлэлээбэт биэнсийэлээхтэри өйүүр туһуттан “социальнай хантараак” диэн баар буолла. 70-нарыгар диэри саастаах, тииһинэн олоруу алын кээмэйин балтараа гыммыт саҕа кээмэйиттэн кыра биэнсийэлээхтэр бу бырагыраамаҕа киирсэн, судаарыстыбаттан өйөбүл ылар кыахтаахтар. Биир кэмнээх өйөбүл үп муҥутаан элбээбитэ 500 тыһ. солк. буолуон сөп.

Бу үбүн биэнсийэлээх бэйэ дьыалатын эбэтэр кэтэх хаһаайыстыба тэринэргэ туһаныан сөп. Социальнай хантараагы дьиэттэн тахсыбакка “Госуслуги” нөҥүө эбэтэр олорор сиргит социальнай көмүскэл уорганыгар тиийэн ыйыталаһыаххытын, түһэрсиэххитин сөп.

Хаартыска: freepik.com

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...
Кинини саха быһаҕа быыһаабыта
Дьон | 11.10.2024 | 10:00
Кинини саха быһаҕа быыһаабыта
Кинилэр – биһиги дьоруойдарбыт, кинилэр – өлөллөрүн кэрэйбэккэ эйэлээх олох туһугар охсуһаллар, бааһырбыт доҕотторун өстөөх уотун аннынан быыһыыллар, бука бары быраат, убай диэн ыҥырсаллар.   Бу анал байыаннай дьайыы бүттэҕинэ, элбэх кэпсэниэ, элбэх кистэлэҥ арыллыа, ким эрэ ол саҕана кимиэхэ да эппэтэх санаатын дьэ этиэ турдаҕа. Сорох ардыгар киһи дьиибэргиир, итэҕэйиэ...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...