Чараас мууска кииримэҥ!
Бу ойууга көстөрүн курдук, сатыы киһини уйар муус 7 см халыҥ буолуохтаах.
Муус аннынан балыктааһын 10 см халыҥтан көҥүллэнэр, буран – 12 см, чэпчэки уйуктаах массыына – 20-30 см, орто уйуктаах массыыналар (пикап, джип) 30-38 см халыҥнаах мууһунан сылдьыахтарын сөп буолар.
! Чараас мууһунан айанныыртан туттунуҥ, халыҥыырын кэтэһиҥ, өрүһү туоруур сирдэргэ турар информационнай бэлиэлэргэ болҕомтолоох буолуҥ. Мууска түргэнник сүүрдэн кииримэҥ, киирдэххитинэ – тохтоомоҥ, атын массыыналары ситэ сатаамаҥ, ыарахан уйуктаах таһаҕаһы тиэйимэҥ. Халлаан туругун кэтээн көрөн, тумаҥҥа, буурҕаҕа айанныыртан аккаастаныҥ. Куттал суоһаабатын курдук, суоппардар суол быраабылатын тутуһуҥ, сэрэххэ сылаас таҥаскытын, уматыккыт саппааһын илдьэ сылдьыҥ.
Массыына ууга түстэҕинэ
Быыһыыр сулууспа сүбэлииринэн, тиэхиньикэ аана арыллыбаттыы хам ылан кэбистэҕинэ, түннүгүнэн тахса сатыахтааххыт. Ойоҕоһунааҕы түннүгү алдьатан тахса сатыахха эмиэ сөп. Исписэлиистэр бэлиэтииллэринэн, салон иһигэр тааһы алдьатарга анаан дьоҕус өтүйэ илдьэ сылдьар ордук. Итиэннэ халыҥыы илик мууһунан, сэрэххэ, массыына аанын арыйан олорон айанныырга сүбэлииллэр. Өтүйэтэ суох буоллаххатына, подголовнигы устан, өстүөкүлэни ол тимир атахтарынан алдьатыахха сөп диэн этэллэр. Онуоха биир илиигитинэн уруултан кытаанахтык тутуһан олороргут ирдэнэр; уу дохсуннук киирдэҕинэ, салон түгэҕэр илгиэн сөп.
Дьиҥэр, массыына уу анныгар биирдэ баар буола түспэт, бытааннык тимирэр. Ол курдук, чэпчэки уйуктаах массыына уонча мүнүүтэ тимирэр эбит, бастаан двигателлээх, илин өттө ууга барар. Ити кэмҥэ аһаҕас аанынан тахсан быыһанарга аҕыйах мүнүүтэ саппаастаах буолаҕыт. Оттон массыына иһигэр уу кутуллан киирэр түгэнигэр, утары харбаан тахсан быыһанааччы аҕыйах.
Исписэлиистэр бэлиэтииллэринэн, тымныы ууга түспүт киһи хааныгар адреналина үрдүүр, аҕыйах сөкүүндэ устата тоҥорун да билбэт буолар. Ити сөкүүндэ иһигэр кураанаҕы былдьаһыахтаах.
Мууска эрдэ киирии ыстарааптаах
СӨ Массыына суолларын управлениета кыһыҥҥы суолунан сырыы официальнайдык көҥүллэнэ илигинэ мууска киирии бобуулааҕын иһитиннэрэр. Кыһыҥҥы суол официальнайдык аһыллыар диэри мууска көҥүлэ суох киирии иһин, СӨ Административнай быраабы кэһии туһунан кодексатын 9.10 ыст. олоҕуран, административнай эппиэтинэс уонна ыстараап көрүллэр:
* гражданнарга – 3000-5000 солк. диэри;
* дуоһунастаах сирэйдэргэ – 20000-55000 солк. диэри;
* юридическэй сирэйдэргэ – 1 00 000-1 000 000 солк. диэри.
Суһал сулууспалары ыҥырар биир кэлим төлөпүөн: «112»
СӨ Быыһыыр сулууспатын суһал дьуһуурунайын төлөпүөнэ: (4112) 45-90-19
«СӨ быыһыыр сулууспата» ГБТ аадырыһа: Дьокуускай к., Дзержинскэй уул., 12/1
Төлөпүөннэрин нүөмэрэ: (4112) 34-13-34
«Ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр уонна туристарга куттал суоһаабатын хааччыйар салаа»
Экстремальнай айаны сөбүлүүр туристар СӨ Быыһыыр сулууспатыгар маршруту чопчу ыйан туран иһитиннэриини kcc-caxa@yandex.ru электроннай почтаҕа эбэтэр ЫБММ СӨ Кылаабынай управлениетын 14.mchs.gov.ru официальнай сайтыгар «Регистрация туристских групп» пуорманы толорон ыытыахтаахтар.