23.10.2024 | 10:05

«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ

«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста.

Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн саҕаланна. Иитээччилэр, «Кулунчук» улахан бөлөх оҕолоро кырыымпа, хомус тыаһын доҕуһуолугар олоҥхо аахтылар. Бэлэмнэнии бөлөх иитиллээччилэрэ Амелия Максимова, Надина Андреева, Таня Михайлова уонна Таня Павлова түмэли, Хатас историятын, сахалыы иһиттэри, олоҥхо куукулаларын кэпсээтилэр, иитээччилэр үлэлэрин көрдөрдүлэр. Манна эти-хааны эрчийиигэ сахалыы хамсаныылар, сахалыы дорҕоону туруорарга логопед сүбэтэ, Айыы оҕотун тоҕус сиэрин уйулҕаһыттар билиһиннэриилэрэ, сахалыы остуол оонньуулара, алгыһы оҕо күннүгэр туттуу, саха ыалын ытык маллара курдук сонун үлэлэр көһүннүлэр.


Оҕону сахалыы иитиигэ дэгиттэр таһаарыыларынан мэлдьи күүс-көмө буолар С.А. Новгородов аатынан «Айар» үөрэх уонна оҕо кинигэтин киинин методист эрэдээктэрэ, «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ эрэдээктэрэ Саргылана Константинова, «Чуораанчык» сурунаал эрэдээктэр-консультана Николай Андреев санааларын үллэһиннилэр. Оҕону сахалыы иитиигэ олоҥхо суолтатын бастакынан эппит, СЭДИП - саха олох олорор үөрэҕин технология оҥорбут, «Арылы Кустук» ситим научнай салайааччыта, педагогика наукатын хандьыдаата Екатерина Чехордуна, СӨ национальнай оскуолаларын чинчийиигэ наука өттүттэн үгүс үлэни ыыппыт Диана Ефимова саҥа кинигэҕэ үрдүк сыанабылы биэрдилэр.


Олоҥхо - өй-санаа сайдыытын, саха тылын кылаан кэрэтин тутар айымньы. Ол да иһин бу тэрээһиҥҥэ кыттыбыт оҕолор саҥалара-иҥэлэрэ чуолкай, тугу кэпсииллэрин ис хоһоонун истэриттэн ылынан туран толороллор: олоҥхолууллар, кэпсииллэр, оонньууллар, көрдөрөллөр. Харахтарыгар үөрүү кыымнаах, уостарыгар мичээрдээх бэрт сэргэх дьон.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...