23.10.2024 | 17:37

«Жилкомсервис»: кытаанах бөҕү босхо тутабыт

«Жилкомсервис»: кытаанах бөҕү босхо тутабыт
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Жилкомсервис» МУП иһитиннэрэринэн, куорат полигона нэһилиэнньэттэн ыйга биирдэ 1,5 куб/м тиийэ иэннээх кытаанах бөҕү босхо тутар. 
Маннык бэрээдэк Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын 2024 сыл муус устар 17 күнүнээҕи 82п№-дээх «Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокурук сиригэр-уотугар санитарнай ыраастаныыга субуотунньуктары уонна тупсарыы үлэтин ыытыы туһунан» дьаһалын 7.2 пуунугар олоҕурар.
Куорат бөх сүөкүүр полигонун аадырыһа: Бүлүүлүүр суол, 9 км
Бэлиэтээн эттэххэ, маннык миэрэ, бастатан туран, куорат территориятыгар уонна ойуурга көҥүлэ суох сыбаалкалар ахсааннарын аҕыйатарга туһуланар. Куорат баһылыга Евгений Григорьев бэйэтин телеграм-ханаалыгар: «Кистэл буолбатах, сорох ардыгар тиэргэннэртэн, даачалартан эбэтэр кыбартыыра өрөмүөнүн кэнниттэн тиэйиллибит бөх сыбаалкаҕа тиийбэт, бөх контейнердарын таһыгар кыстанан сытар. Ити тупсаран оҥоруу быраабылаларын кэһии буолар, саамай куһаҕана, сорохтор бөхтөрүн быраҕыллыбыт учаастактарга уонна ойуурга тиэйэллэр», - диэн бэлиэтээбиттээх.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...