Сыл бастыҥнарын чиэстээһин
Сахабыт сиригэр физкултуурунай-спортивнай хамсааһын уһулуччулаах салайааччыта, тэрийээччитэ Н.Н. Тарскай үбүлүөйдээх 100 сылыгар анаммыт быйылгы Чөмпүйүөннэр бааллара “Триумф” спорт уораҕайыгар үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна.
Спорка ситиһиилэрбит улахан экраҥҥа сиһилии көрдөрүлүннүлэр. Ырыаһыттар, үҥкүүһүттэр киэргэтэн-тупсаран биэрдилэр. Үөрүүлээх тэрээһин биир уратытынан аҕам саастаах спорт бэтэрээннэрэ киин подиумҥа биирдии-биирдии ыҥырылланнар, ааттара-суоллара дуораһыйан, бар дьон ортотугар спорка ситиһиилэрдээх эдэр спортсменнары кытта түһүлгэҕэ сэргэстэһэ хаамсан киирбиттэрэ дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланна.
Чөмпүйүөннэр баалларын кыттыылаахтарын, ыҥырыылаах ыалдьыттары СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, Ил Түмэн сис кэмитиэтин салайааччыта Георгий Балакшин, спорт миниистирэ Леонид Спиридонов, “Сахаада-спорт” Ассоциация бэрэсидьиэнэ Александр Ким-Кимэн, Адаптивнай спорт федерациятын бэрэсидьиэнэ Николай Дегтярев эҕэрдэлээтилэр.
Спорт көрүҥнэринэн 2024 сыл бастыҥнарыгар наҕараадалары туттарыы хото ыытылынна. Ил Дархан ыйааҕынан «Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тренерэ» ааты дзюдо тренерэ Дамдин Гомбодорж (дзюдо), «Гражданскай килбиэн» бэлиэнэн спорка сүүмэрдиир хамаанданы бэлэмниир Киин инструктора Руслан Попов, «Оҕо спордун сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин» бэлиэнэн өрөспүүбүлүкэ спорка музейын дириэктэрэ Михаил Друзьянов наҕараадаланнылар.
«Бастыҥ тренеринэн» Татьяна Жиркова (чэпчэки атлетика), «Бастыҥ меценатынан» Нөмүгү килиэби оҥорор собуот салайааччыта Вячеслав Нестеров, «Бастыҥ олохтоох тэриллиинэн» Дьокуускай куорат дьаһалтата (баһылык Евгений Григорьев) ааттаннылар. «Бастыҥ уопсастыбаннай спорт тэрилтэтинэн» баскетбол федерацията (бэрэсидьиэн Сергей Петров), «Бастыҥ уопсастыбаннай тэрийээччинэн» Норуоттар икки ардыларынааҕы VIII “Азия оҕолоро” Спортивнай оонньуулар гендириэктэрэ Михаил Сивцев, «ГТО ФСК бастыҥ тэрийээччитинэн» Захар Кузьмин, «Спорду бастыҥ сырдатааччынан» “Айрон” бөлөх эрэдээктэрэ Серафим Терентьев, «Спорка сулууспалааһын иһин» комментатор Илья Скрябин, «Бастыҥ судьуйа» Альберт Трофимов, «Анал байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин спордугар киллэрбит кылаатын иһин» Алексей Антипин, «Спорт национальнай көрүҥнэрин бастыҥынан» «Дыгын оонньууларын» кыайыылааҕа Дьулустаан Ноговицын, «Адаптивнай спорт бастыҥынан» пауэрлифтиҥҥэ аан дойду рекордсмена, Азия, Арассыыйа чөмпүйүөнэ Владимир Балынец ааттаннылар.
Номинацияларынан уончалыы спортсменнар, тренердэр, спорду тэрийээччилэр биһирэннилэр.
Бастакы нүөмэрдээх спортсменынан көҥүл тустууга ыччаттарга Арассыыйа, Европа чөмпүйүөнэ, аан дойду үрүҥ көмүс призера, улахан дьоҥҥо Арассыыйа үрүҥ көмүс призера Лев Павлов (Сунтаар), дуобакка аан дойду чөмпүйүөҥкэтэ Тунаара Федорова (Горнай) иккис нүөмэрдээх лауреатынан, Парижтааҕы Олимпийскай оонньууларга 42 км марафоҥҥа 14-с миэстэлээх, Арассыыйа биэс төгүллээх чөмпүйүөҥкэтэ Сардаана Трофимова (Үөһээ Бүлүү) үһүс нүөмэрдээх лауреатынан ааттаннылар.
Чэгиэн-чэбдик олоҕу тутуһан, күннэтэ хамсанан-имсэнэн, спордунан утумнаахтык дьарыктанан спорт үрдэллэрин дабайааччыларга тэҥнэһиҥ, үлэҕэ-олоххо ситиһиилэниҥ!