Күөх Моҕой уратылара: 2025 сыл биһиэхэ тугу бэлэмниирий
Кытай култуууратыгар 12 бэлиэ бары бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнээхтэр. Ону таһынан хас биирдии бэлиэ бэйэтигэр чугас, ханыылыы бэлиэни тардар. Дьэ, онон, Илиҥҥи гороскобунан күөх Моҕой эн төрөөбүт сылгар хайдах сабыдыаллыырын билиэхпит.
Моҕой илиҥҥи үгэһинэн муударай, мындыр өйдөөх, кистэлэҥ күүстээх быһыытынан биллэр. Ол гынан баран моҕой – барытын ааҕан-суоттаан сылдьар сиэмэх кыыл, онон кинини кытта сэрэхтээх уонна болҕомтолоох буолуохтааххытын умнумаҥ.
Кэлэр сылга улахан күүскүтүн, сыраҕытын духуобунай сайдыыга, ис кыаххытын сайыннарыыга уонна айылҕаны кытта сибээһи бөҕөргөтүүгэ ууруохтааххыт.
Крыса (1936, 1948, 1960, 1972, 1984, 1996, 2008, 2020)
Крыса сылыгар төрөөбүттэри 2025 сылга актыыбынай социальнай үлэ күүтэр. Кини дьону кытта сибээскэ, кэпсэтиигэ биир тылы булар улахан дьоҕурдаах, онон тулалыыр дьонун, эйгэтин кытары бэккэ табыллан сылдьыа. Айымньылаах үлэтигэр, идэтигэр саҥа интэриэһинэй бырайыактар күүтэллэр, чуолаан имигэс, булугас өйү уонна ырытар талааны эрэйэр буоллахтарына. Тус олоҕор элбэх уларыйыы күүтэр, саҥа долгутуулаах билсиһиилэр, ол быыһыгар баар сыһыаҥҥа кыралаан өйдөспөт түгэннэр тахсыахтарын сөп. Онуоха партнергытын кытары чиэһинэй уонна аһаҕас буоларгыт ирдэнэр. Үп-харчы дьыалатыгар барыта эриэ-дэхси, инникилээх, ол эрэн инвестицияҕа харчы угарга сэрэхтээх буолуҥ.
Оҕус (1937, 1949, 1961, 1973, 1985, 1997, 2009)
Оҕустар Моҕой сылын хайдах эрэ буккуурдаахтык көрсөллөр. 2025 сыл элбэх уларыйыыны аҕалыа, бу кинилэр майгыларыгар хайдах эрэ сөп түбэһиспэт курдук. Үлэлэригэр төһө кыалларынан тулуурдаах буолуу эрэйиллэр, тоҕо диэтэххэ күүтүллүбэтэх өттүттэн соруктар уонна ыарахаттар көстүөхтэрин сөп. Ол эрэн, Оҕус сөптөөх суолу тутустаҕына, үүтү-хайаҕаһы буллаҕына, сайдыы саҥа кэрдииһигэр тахсыаҕа, үлэтигэр даҕаны, атын да эйгэҕэ. Тус олохторугар икки өттүттэн ыарахаттары тэҥҥэ туораатахтарына, сибээстэрэ, сыһыаннара өссө бөҕөргүө. Доруобуйаларын көрүнэ сылдьаллара наада: иммунитеттарын бөҕөргөтөн уонна чөл олоҕу тутуһан, аткыыбынай олоҕунан олорон.
Баабыр (1938, 1950, 1962, 1974, 1986, 1998, 2010)
Баабырдар хайдах эрэ бэйэлэрэ ураты майгылаахтар, атыннык сананаллар, ол эрээри 2025 сылга имигэстик толкуйдаан уонна дьоҥҥо утары бараллара наада, Моҕой эниэргийэтин толору туһанар гына. Карьера кирилиэһинэн өрө дабайарга бу сыл ситиһиилээх буолуо, дуоһунаскыт үрдүөн эбэтэр атын интэриэһинэй уонна үрдүк хамнастаах үлэҕэ көһүөххүтүн сөп. Баабырдар олус актыыбынай буоларгыт ирдэнэр, уонна сайдарга төһө кыах баарынан ону мүччү туппаккыт наада. Тус олоххут олус тыҥааһыннанан да туруо, киириилээх-тахсыылаах да буолуо. Ол да буоллар күнүүттэн тэйиччи сылдьыҥ, тапталлааххытын хонтуруоллаамаҥ, бу истиҥ сыһыаҥҥытын алдьатыан сөп. Үп-харчы өттүгэр баабырдар куруук үрдүкү сылдьыахтара, ол да буоллар харчыгытын чэпчэкитик барыыртан, ыскайдыыртан туттунуҥ.
Куруолук (1939, 1951, 1963, 1975, 1987, 1999, 2011)
Куруолуктарга Күөх Моҕой сыла биир кэм холкутук ааһыа. Кинилэр олус көрсүөлэр, саҥа сылга тулалыыр дьоннорун кытта сибээстэрин өссө бөҕөргөтөр кыах үөскүө, тус сыһыаннара өссө тупсуо. Идэлээх эйгэлэригэр ураты бырайыактарын сайыннарар кыах көстүө уонна урукку идиэйэлэрин олоххо киллэрэр түгэн баар буолуо. 2025 сылга саҥа саҕахтартан куота сылдьымаҥ, уларыйыыларга аһаҕас буоларгыт ирдэнэр. Тус олоххутугар дьиэҕитин-уоккутун тупсарыынан дьарыктаныҥ, бу үүт-тураан, нуурал олоҕу мэктиэлиэ. Үп-харчы халбаҥнаабат, инникилээх, ол да буоллар наадата суохха харчыгытын бараамаҥ, инникигэ туттарга уурунуҥ.
Дракон (1928, 1940, 1952, 1964, 1976, 1988, 2000, 2012)
Драконнар 2025 сылы саҥа тыынынан көрсөллөр. Саҥа сыл үгүс элбэх кыахтары, саҕахтары аҕалыа, лиидэр хаачыстыбаҕытын уонна ханнык баҕарар усулуобуйаҕа сөптөөх түмүгү ситиһэргитин көрдөрүөххүт. Үлэ драконнартан элбэх быһаарыыны күүтэр, бу балачча биллэр кыайыылары, түмүктэри көрдөрүө. Тус олоххутугар чугас дьоҥҥутугар улахан болҕомтолоох буолуҥ, чуолаан кэнники кэмҥэ сыһыаҥҥыт кэбирээбит буоллаҕына. Ханнык да кыыһырсыыттан, өйдөспөт буолууттан туора сылдьыҥ. Үп-харчы өттүгэр ситиһии күүтэр, кылаабынайа – инникилээх бырайыактарга куттаммакка харчы, үп уурдаххытына.
Моҕой (1929, 1941, 1953, 1965, 1977, 1989, 2001, 2013)
Моҕойдорго 2025 сыл уларыйыы кэмэ уонна олохторун сыалын хаттаан көрүү буолуо. Моҕойдор, барытын үөрэтэ, анаалыстыы сылдьар буоланнар, бу хаачыстыбаларын карьераҕа да, тус олохторугар даҕаны туһананнар, үрдүк ситиһиилэри, дабайыылары ылыахтара. Саҥа бырайыактары саҕалыырга, дуоһунастарын үрдэтэргэ бэртээхэй сыл. Тус олоххутугар тулалыыр дьоҥҥутун кытары сыһыаны дириҥник анаалыстыыргыт наада. Дуохуобунай баайгыт, билиигит-көрүүгүт кэҥиэ, сибээстэргит бөҕөргүөхтэрэ, бу истиҥ убаастабылга уонна бэйэ-бэйэни өйдөһүүгэ олоҕуруо. Үп-харчы үрүйэлии устуо, өскөтүн моҕойдор ис санааларын иһиллээтэхтэринэ уонна кылгас күлүм түгэҥҥэ бэриммэтэхтэринэ.
Дьөһөгөй (1930, 1942, 1954, 1966, 1978, 1990, 2002, 2014)
2025 сыл Дьөһөгөй бэлиэлээхтэргэ олус интэриэһинэй буолара сабаҕаланар, кинилэр эниэргийэлэрин бэйэлэрэ сөптөөх хайысхаҕа туһаайыахтара. Актыыбынай буоллахтарына, идэлэригэр, айар түһүлгэлэригэр өрө тахсыы, ситиһии күүтэр. Үлэлэригэр ноҕоруускалара эбиллиэ, бу карьера кирилиэһинэн өрө дабайар кыаҕы биэриэ. Бу сыл саҥа бырайыактарга, үлэҕитин уларытарга, өскөтүн идэҕитин сөбүлээбэт буоллаххытына, табыгастаах. Тус олохторугар дьөһөгөйдөр тус баҕа санааларын уонна чугас дьоннорун этиилэрин истиэхтэрин наада. Сэһэргэһии уонна чиэһинэй буолуу сыһыаны бөҕөргөтөргө уонна кыра мэһэйдэри туоруурга төһүү буолуохтара.
Коза (1931, 1943, 1955, 1967, 1979, 1991, 2003, 2015)
Коза бэлиэлээхтэргэ 2025 сыл айар үлэнэн дьарыктанар уонна бэйэни өрө таһаарар кэминэн буолар. Моҕой Козаны кэрэ эйгэҕэ тахсарын өйүүр, артыыс талаанын көрдөрөрүн сэргиир. Бу – туох баар санаабыккытын, баҕарбыккытын, идиэйэҕитин дьоҥҥо таһаарарга, саҕалыырга уонна бэйэҕитин саҥа таһымҥа көрдөрөртөн куттаммат буоларга таһаарыылаах сыл. Козалар үлэлэригэр уларыйыылартан чаҕыйбаттарын туһугар, булугас-талыгас өйдөрө, сатабыллааах саҕалаахтара туһалыа. Үпкүт-харчыгыт биир кэм, өскөтүн козалар кыахтарын сөпкө туһаннахтарына, былаана суох бараабатахтарына. Тус олоххутугар сыһыаҥҥыт бигэ туруктаах, аһаҕас уонна истиҥ буоллаххытына. Бу сыл урукку сибээстэргитин бөҕөргөтөргө, саҥа билсиһиилэргэ табыгастаах.
Эбисийээнэ (1932, 1944, 1956, 1968, 1980, 1992, 2004, 2016)
Эбисийээнэлэргэ 2025 сыл тус уонна өй-санаа өттүнэн сайдалларыгар олус ситиһиилээх буолара күүтүллэр. Бу бэлиэлээхтэр суолталаах боппуруостары быһаарарга олус болҕомтолоох буолаллара ирдэнэр, ыксалы уонна чэпчэки толкуйдары киэр элитэргит ордук. 2025 сыл – үөрэнэргэ, чинчийиилэри ылсан саҕалыырга бастыҥ сыл. Эбисийээнэлэр үлэлэригэр өссө улахан эппиэтинэһи уонна лиидэр миэстэтин ылыахтарын сөп. Тус олоххутугар бытархай иирсээнтэн, өйдөспөт буолууттан дьалты сылдьыҥ, чугас дьоҥҥутугар тулуурдаахтык сыһыаннаһыҥ, өйдөөҥ, өйөөҥ. Истиҥ сыһыан холку олоҕу, дуоһуйууну аҕалыа. Оттон үп-харчы боппуруоһугар тэҥнээххитин булуоххут суоҕа, саҥа бырайыактарга, саҕалааһыннарга актыыбынайдык кыттан истэххитинэ, дохуоккут да эбиллэ туруо.
Бөтүүк (1933, 1945, 1957, 1969, 1981, 1993, 2005, 2017)
2025 сыл Бөтүүк бэлиэлээхтэргэ ыҥырыы уонна кыаҕы көрдөрүү сыла буолуо. Күүстээх, кытаанах санаалаах бөтүүктэр араас моһолу көрсүөхтэрэ, ол эрэн маннык кэмҥэ кинилэр өрө тахсыылара, сайдыылара саҕаланыа. Моҕой сыла карьераҕа саҥа саҕалааһыннары киллэрэргэ эрэннэрэр, маныаха уларыйыыларга бэлэм буолуоххутун наада. Үлэҕэ уонна биисинэскэ болҕомтолоох буолуҥ, онно-манна киирэн биэрбэт гына. Барытыгар инники сылдьа сатыыргыт сыалгытын ситиһэргэ уонна атыттартан чорбойон тахсарга төһүү буолуо. Маны таһынан 2025 сыл бэйэни сайыннарыыга уонна үөрэнэргэ бастыҥ кыахтары утары уунар. Тус олоххутугар үгүс бириэмэҕитин дьиэ кэргэҥҥитигэр уонна чугас дьоҥҥутугар аныыргыт туһалаах. Үп-харчы өттүнэн сылгыт үчүгэй ааҕыныыны, сөптөөх былааннары ирдиир.
Ыт (1934, 1946, 1958, 1970, 1982, 1994, 2006, 2018)
Ыттарга 2025 сыл сибээстэри бөҕөргөтөргө биир кэм туругу уонна кыахтары биэриэ. Ыттар эрэллээх уонна кырдьыксыт буолууну сыаналыыллар, бу тулалыыр дьонтон билиниини уонна өйөбүлү ыларга туһалыа. Моҕой сыла урукку идиэйэлэрин олоххо киллэрэргэ төһүү буолуо, чуолаан дьону-сэргэни кытта сыһыаннаах эйгэҕэ. Идэҕитигэр, үлэҕитигэр үрдүгү дабайарга кыах үөскүө, манна эһиги саамай бастыҥ хаачыстыбаларгытын көрдөрүөххүтүн наада – чиэһинэй, үлэһит уонна эппиэтинэстээх буолууну. Ыт бэлиэлээхтэр 2025 сылы саҥа бырайыактары ылсарга туһаныахтарын наада, бу барыгытыгар, тулалыыр, чугас дьоҥҥутугар үтүөнү эрэ аҕалыа. Тус олоххут барыта кэминэн, кылаабынайа сыһыаҥҥа аһаҕас буоларгыт ирдэнэр. Үп-харчы туруга бигэ, дьиэ-уот атыылаһарга эбэтэр ыал буоларга бөдөҥ ороскуоту көрсүөххүтүн сөп.
Сибиинньэ (1935, 1947, 1959, 1971, 1983, 1995, 2007, 2019)
2025 сыл Сибиинньэ бэлиэлээхтэргэ олохтон астынарга, үбү-харчыны элбэтэргэ, дохуоту үксэтэргэ элбэх кыаҕы биэриэ. Сибиинньэлэр олоҕу олус таптыылларынан, кэрэҕэ дьулуһалларынан биллэллэр, кинилэр үөрүүгэ-көтүүгэ, дуоһуйууга бу сылтан элбэҕи туһаныахтара, булуохтара. Идэлэригэр, үлэлэригэр өрө дабайыы баар буолуо, өскөтүн наабыктарын, сатабылларын барытын уурдахтарына. Тус олохторугар истиҥ, иһирэх сибээскэ санаалара сыттаҕына, барыта этэҥҥэ буолуо. Үп, дохуот өттүнэн кэлэр сыл харчыны мунньарга, инвестицияҕа угарга табыгастаах, ол да буоллар туора-маары туттартан сэрэтэллэр.