10.04.2022 | 22:00

Өймөкөөн — тымныы чыпчаала

Өймөкөөн — тымныы чыпчаала
Ааптар: Маргарита СТЕПАНОВА (Акимова)
Бөлөххө киир

Өймөкөөн улууһа тымныытынан эрэ буолбакка, баай историятынан, сирин баайынан, булдунан, хоһуун, үлэһит, эйэҕэс, ыалдьытымсах дьонунан биллэр.

Кулун тутар бүтэһик күннэригэр Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтиэхпит лоп курдук биир ый иннинэ Саха АССР оскуолаларын 1985 сыллаахха бүтэрбиттэр Дьокуускай-Өймөкөөн-Дьокуускай хайысханан автодесаҥҥа сырыттыбыт.

Сүрүн сыалбыт – "Үтүө дьыала Кубога" хамсааһыммыт иитинэн ыыппыт үлэбит-хамнаспыт түмүгүн билиһиннэрии, ол сүнньүнэн күн сирин көрүөхтээх кинигэбитин Өймөкөөн тымныы чыпчаалыгар сүрэхтээһин.

Томтор оскуолатыгар Антонина Прокопьевна Егорова биһигини үөрэнээччилэри кытта көрүһүннэрдэ. Манна баар оҕо хамсааһына биир бастыҥ үлэлээх уопсастыбаннай тэрилтэ буоларын, Бүтүн Арассыыйатааҕы конкурс дипломанын үрдүк аатын ылан, 2019 сыллаахха Санкт Петербург куоракка ыҥырыллыбыттарын кэпсээтэ. Билигин оскуола лидерынан уруһуйга өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ үлэлэрдээх талааннаах кыыс Лия Винокурова үлэлиир.

Автодесант аатыттан Лилиана Ивановна Антонова үөрэххэ киириигэ наадалаах сүбэлэри биэрбитин оҕолор сэргии иһиттилэр.

Оҕо уопсастыбаннай тэрилтэтин бэрэссэдээтэлэ, Томтор орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ, СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэтин наҕараадатын хаһаайына Тимур Егоров:

– Быйыл оскуолабын бүтэрэбин уонна историк идэтигэр киирэр санаалаахпын. Үөрэхпин бүтэрдэхпинэ төрөөбүт оскуолабар кэлэн үлэлиэхпин баҕарабын.

Томтор орто оскуолатын иһинэн литературнай-кыраайы үөрэтэр музей – Арассыыйа үтүөлээх учуутала М.П. Боярова кэргэнинээн С.В. Слепцовтыын өр сыллаах сыралаах үлэлэрин түмүгэ.

Экспозицияларга ГУЛАГ тиэмэтигэр хорутуулаах үлэ түмүгэ, аатырбыт Халыма трассатын тутууну кэрэһилиир матырыйааллары, элбэх киһини кытта суруйсуу, көрдүүр үлэ туһунан көрүөххэ сөп.

Өймөкөөн – аан дойду араас муннугуттан туристар, айанньыттар, блогердар үгүстүк   тиийэр сирдэрэ.

"Өймөкөөн" ыалдьыт дьиэтин хаһаайката – улуус бочуоттаах гражданина, кыраайы үөрэтээччи, элбэх кинигэ ааптара Тамара Егоровна Васильева. Манна 2004 сылтан 79 араас тас дойдуттан, Арассыыйа араас муннугуттан кэлэн, хонон-өрөөн, сынньанан ааспыттар. Тамара Егоровна көмөтүнэн Өймөкөөн туһунан 30-тан тахса киинэ күн сирин көрбүт.

Үтүө дьыала Кубога бу дьиэҕэ эмиэ күндү ыалдьыт буолла. Бэйэтин баай историятын, өрөспүүбүлүкэ улуустарынан айанын, үтүө дьыалаларын туһунан кэпсээнин ыалдьыт дьиэтин хаһаайката сэргии, сөҕө истэн, өссө да маннык уопсастыбаннай дьыала сайдарыгар кэс тылын анаата.

Өймөкөөн-85 – бары үлэ үөһүгэр сылдьар дьон. Ыраах олорор үөлээннээхтэрбитигэр түмсүүбүт туһунан документальнай киинэбитин көрдөрдүбүт. Автодесаны Дьокуускайтан бииргэ үөрэммит доҕордоро Анна Атастырова иилээн-саҕалаан сырытыннарда.

"Саһыл" учаастакка баар бааһынай хаһаайыстыба хаһаайката Евдокия Захаровна Винокурова: "Бэйэ сибиэһэй, ыраас бородууксуйатын оҥорон таһаарарбыт – доруобуйа төрдө. Манна сайын оҕо лааҕырын тэрийиэхпин баҕарабын. Үлэҕэ үөрэнэн, сибиэһэй минньигэс үрүҥ аһынан аһаан, ыраас салгыҥҥа сылдьан абыраныа этилэр. Эмтээх от, сир аһа даҕаны дэлэй дойдута".

Томтор – Чысхаан резиденциятын дойдута. 
Манна муус чопчулара, хаар кырыата дьикти кэрэтин, чарааһын, араас буоларын сөҕө көрөҕүн. 
Сахабыт сирин биир ытык сиригэр бастакынан хомус тыаһын дьүрүһүтэн, сахалыы тойугу туойан, иһийэн турбут чуумпуга саха буоларбытынан киэн туттуу, астыныы туругар киирэн таҕыстыбыт.
2023 сылга манна, Өймөкөөҥҥө, Олоҥхо ыһыаҕа былааннанар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....