19.04.2024 | 16:00

Йэн Сур: «Бу олоххо кэрэни кэрэхсээри, тарҕатаары кэлэбит»

Йэн Сур:  «Бу олоххо кэрэни кэрэхсээри, тарҕатаары кэлэбит»
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Биһиги күн ахсын маҕаһыынтан мал-сал, таҥас-сап атыылаһабыт, бу манна барытыгар биһиэхэ чиэк кумааҕытын биэрэллэр. Бу кумааҕыны ыллыбыт да, үгүстэр тута быраҕар аакка тиийэбит. Оттон сорохтор... туһаҕа таһаараллар. 
Бүгүн кэпсиир ыалдьытым – худуоһунньук, дьиэ кэргэн тапталлаах ийэтэ, айылҕа айгырааһыныгар хорсун этиилэрдээх Күннэй Иванова-Йэн Сур.

— Дорообо! Саха сиэринэн ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэрэ түс.  

— «Киин куорат» хаһыат ааҕааччылара, дорооболоруҥ! Мин Мэҥэ Хаҥалас улууһугар күн сирин көрбүтүм. Билигин Дьоллоох Дьокуускай куоракка олоробун. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай култуура уонна искусство институгар үөрэнэн, дизайнер идэтин баһылаабытым. Оҕо эрдэхпиттэн айар эйгэлээх киһи буолуом диирим, ол курдук тоҕус сааспыттан күн аайы Марыына Попова аатынан Майатааҕы айар үөрэх кыһатыгар дьарыктаммытым. Онно аҕыс сыл тухары, уон биирис кылааһы бүтэриэхпэр диэри, Анастасия Михайловна Константинова салайааччылаах уруһуй кылааһыгар үөрэммитим. Онон оскуола саастарым кэрэ эйгэ эҥэрдээх ааспыттара. Биир умнуллубат, идэбин таларбар сабыдыаллаабыт түгэни ахтан ааһыахпын баҕарабын. Ол курдук, уруһуйум кылааһыгар ХХ-с үйэ саҕаланыытын худуоһунньуктарыгар кэллибит, аатырбыт Пабло Пикассо, Василий Кандинскай, Жорж Брак, Марсель Дюшан айар үлэлэрин ырытыы буолла. Бу күн сүрэхпэр-быарбар хаһан даҕаны суураллыбаттыы сөҥөн хаалбыта, өйүм-санаам уларыйарыгар төһүү буолбута.

— Йэн Сур диэн бэрт ураты айар ааты талбыккын, туох суолталааҕый?

— Оннук, элбэх киһи ыйытар. «Йэн» Күннэй диэн ааппын кытта ханыылаһар, онтон «Сур» диэн суруйар диэн тылы кытта ситимнээх. Тоҕо диэтэххэ худуоһунньук уруһуйдаабат, кини хартыынаны суруйар. Ол эбэтэр аатым «Күннэй суруйар» диэн суолталаах.

— Айар киһи ис эйгэтэ уратылаах диэн этэллэр, чахчы оннук дуо?

— Мин сабаҕалыырбынан, манна чопчу хоруй суох, билиҥҥи бу турукпунан эттэхпинэ, холобур, мин уратылаахпын көрбөппүн. Ол эрэн хас биирдии киһи айар дьоҕурдаах дии саныыбын. Ис туругун кытта үлэлэһэн, сааһыланан, элбэҕи ырыҥалаан уонна кыһаллан туран сайыннардаҕына, айар эйгэ, дьэ, үлэлээн барара буолуо. 

— Оттон “саха барыта талааннаах”, «саха сатаабатаҕа суох” диэн этиилэри кытта сөпсөһөҕүн дуо?

— Эппитим курдук, бу орто дойдуга кэлбит киһи барыта айар дьоҕурдааҕа буолуо. Онон сахам дьоно айар эйгэлээҕэ, тарбаҕар талааннааҕа саарбаҕа суох. Баҕар, этэллэрин курдук, саха норуота, айылҕаны кытта ситимин сүтэрэ илик буолан, дьоҕурдаах уонна сатабыллаах дьонун ахсаана элбэҕэ буолуо. Бу мин тус бэйэм кэтээн көрүүбүнэн этэбин, баҕар, сорох ааҕааччы сөбүлэһиэ суоҕа.

— Хартыына суруйартан атын туох дьарыктааххыный?

— Атын дьоҕур баарын билбэт курдукпун (күлэр). Уруһуйдуурбун, илиибинэн тутан-хабан оҥорорбун олус сөбүлүүбүн.

— Эн санааҕар, худуоһунньук анала туохханый?

— Бу идэ кэрэни кэрэхсииргэ угуйара буолуо, холобура, суруйааччылар суруйар буоллахтарына, худуоһунньук санаатын өҥүнэн-дьүһүнүнэн,  араас эттик нөҥүө тиэрдэр.

— Дьон үлэҕинэн үлэлиигин дуо, сакааһынан үлэлиир худуоһунньуктар талааннара сүтэр диэн этэллэрэ оруннаах дуо?

— Сакааһынан үлэлиир бириэмэм суох курдук. Иккис ыйытыкка мин санаам маннык – дьоҕур кыратык утуйан сынньана түһэрэ буолуо. Худуоһунньук ис туруга, дьоҕура, сатабыла хаһан даҕаны сүтэн, симэлэйэн хаалбат. Ханнык эмэ кэмҥэ эмискэ төлө биэрдэҕинэ, иһигэр тууйуулла эбэтэр буһарылла-хатырылла сылдьар санаата хартыына буолан дьэндэйиэҕэ.

— Мин билэрбинэн, эн өссө биир ураты талааннааххын, маҕаһыын чиэктэринэн оҥоһуктары айан-тутан таһаараҕын.

 — Кистэл буолбатах, олох сайдан, саҥа таһымҥа тахсан истэҕин ахсын айылҕабыт барахсан күн-түүн айгырыы турар. Онтон сиэттэрэн айар үлэбин айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаҥҥа туһаайабын. Холобура, маҕаһыын чиэктэринэн араас эттиктэри оҥоробун.

Бу идеям 2019 сыллаахха олоххо киирбитэ. Оччолорго бөҕү-сыыһы наардааһыҥҥа саҥа үөрэнэ сылдьар кэммит этэ. Арай маҕаһыыннарга сылдьан чиэктэрин мунньан туралларын бэлиэтии көрөр буолбутум. Ити кумааҕылар переработкаламматтарын билэр буолан, айар үлэбэр туһанар санааҕа кэлбитим. Маҥнай чиэк кумааҕытын ууга сытыара түһэн баран мэһийтэрэн, онтон сетка нөҥүө аһардан кумааҕы оҥорор этим. Ол кумааҕыбар графика уруһуйдуур буолбутум. Онтон атын ньымаларга үөрэнэн, мастарыскыайбар элбэхтик чинчийэн, үөрэтэн, араас эттиктэри оҥорон саҕалаабытым. Эттик диэн баараҕай арт-эбийиэктэри ааттыыбын, билигин бу тиэхиньикэбин сайыннарабын.

— Дьэ, интэриэһинэй! Бу дьарыккынан быыстапкаҕа эҥин кытта сылдьыбытыҥ дуо?

— 2020 сыллаахха Москва куоракка ситиһиилээхтик кыттан турабын. 2022 сыллаахха эмиэ Москваҕа ММОМА түмэлигэр Саха сирин худуоһунньуктарын “Копи смех к зиме” быыстапкатыгар «Генерация» диэн ааттаах улахан үлэм кыттыыны ылбыта. Бу күннэргэ “Земля Олонхо” диэн көһө сылдьар эмиэ биир улахан быыстапкаҕа айаннаата, дойдубут түөрт улахан куораттарынан кыттыыны ылыахтаах. Соторутааҕыта бүтэрбит “Алаас” диэн үлэм Москваҕа ГЭС-2 Култуура киинигэр барбыта, муус устар 25 күнүгэр быыстапка арылларын долгуйа күүтэбин.

— Айар үлэнэн дьарыктанар киһи син биир сылайарыҥ буолуо, сылайдаххына, хайдах аһарынаҕын?

— Киһи хаһан баҕарар чэгиэн туруктаах сылдьыахтаах, онон мин элбэх бириэмэни оҕолорбор аныырбын, кинилэри кытта кэпсэтэрбин, киһи буолан тахсалларыгар болҕомто уурарбын ордоробун. Эбэтэр маннык эмиэ буолуон сөп – айар үлэ абылаҥар куустарыы, түһүнүү. Сылайдахха, утуйан уугун ханан турар ордук буоллаҕа, эт-сиин, өй-санаа сааһыланарыттан киһи барахсан саҥа төрөөбүт оҕолуу тиллэ түһэр. Ол иһин, хомойбут, сылайбыт буоллахпына, утуйан сынньана түһэбин, биллэн турар, түгэн тосхойдоҕуна. Маны сэргэ дьиэ кэргэммин кытта айылҕалыын алтыһарбытын, санааны-оноону сааһылыырбытын туохтааҕар да ордоробут.

— Эн санааҕар, киһи бу олоххо туох сыаллаах кэлэрий?

— Киһи аймах бу олоххо кэрэни кэрэхсээри, тарҕатаары кэлэр буоллаҕа. Ону таһынан тулалыыр эйгэтин, айылҕатын харыстаары, кэлэр кэнчээри ыччакка ыраас сири-уоту хааллараары кэлэр дии саныыбын. Онон, бар дьонум, эйэлээх буолуоххайыҥ, куруутун дьолу, кэрэни, тапталы түстүүргэ кыһаллыаҕыҥ!

— Түмүкпэр маннык ыйытыы – олоххо ханнык санаанан салайтараҕын?

— Биирдэ бэриллибит олохпор ырааһы, сырдыгы, кэрэни тарҕатыы биир сүрүн соругум буолар. Киһи сиэринэн олорор, кэм-кэрдии хардыытынан хардыылыыр – эмиэ биир сүрүн санаам. Инникитин элбэх айар үлэ тахсыаҕын баҕарабын, бу баҕа санаам туоларыгар бары күүспүн, санаабын уурабын.

— Йэн Сур, кэпсэтииҥ иһин махтанабын! Инникитин айар үлэҕэр ситиһиилэри, ураты арт-эбийиэктэр, дьон өйүн-санаатын толкуйдатар үлэлэр айыллан тахсалларыгар баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...