03.10.2020 | 09:55

ЫЧЧАТЫ ҮТҮӨҔЭ УҺУЙБУТ УЧУУТАЛ

ЫЧЧАТЫ ҮТҮӨҔЭ УҺУЙБУТ УЧУУТАЛ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Мин Вера Николаевна Лукинаны кытта бу саас “Аһымал” рубрика суруйарбар билсибитим. Онтон ыла дөрүн-дөрүн сибээспитин быспакка кэпсэтэбит. Кини наһаа амарах дууһалаах, элбэх кэпсээннээх, сүрдээх минньигэс астаах, бэрэскитэ, кэтилиэтэ, салаата остуолу хотойорунан буолар. Кини кэпсээн киирэн бардаҕына ис-иһиттэн өрө көтөҕүллэр, чэпчиир, үөрэр-көтөр. Ийэтин туһунан ахтан ааһарыгар оҕолуу манньыйар, ол кэмнэри наһаа үчүгэйдик, истиҥник ахтар. Вера Николаевна ийэтигэр саамай улаханнык махтанара, кини оҕотугар Андрейга, бастакы сиэнигэр, үлэһит буолан тахсарыгар улахан өҥөлөөх этэ диир. Ол курдук оскуоланы бүтэрэригэр, оҕо эрдэҕиттэн тиэхиньикэҕэ сыстаҕаһын көрөн, учуутал киһи быһыытынан сүбэлээн-амалаан идэ таларыгар олук уурбут. Онон Андрей билигин сибээс инженерэ идэлээх, “Ростелеком” тэрилтэҕэ 20-чэ сыл эҥкилэ суох үлэлээн кэллэ. Маны таһынан ийэтэ тамадалыырын ахтар. Кини олохторун түстээбит ыаллара биир да киһи арахсыбакка билигин эһээ-эбээ буолан олороллор диэн киэн тутта кэпсиир.

Вера Николаевна чахчы истиҥ дууһалаах, үтүө дьонтон силис тардыбыта өтө көстөр. Кини быйыл саас ыам ыйыгар Кыайыы күнүн көрсө 75 сааһын туолбута. Оттон ийэтэ, көмүс буукубаларынан суруллар Учуутал киһи София Матвеевна Охлопкова бу аҕыйах хонуктааҕыта, балаҕан ыйын 28 күнүгэр, төрөөбүтэ лоп курдук 100 сыла буолла.

Онон ийэтин кэриэһигэр, кини үөрэппит оҕолоро, билигин 80 саастарын уулларбыт, аһарбыт да дьон олус истиҥ ахтыыларын кылгатан бэчээттиибит.

Иван Афанасьевич Охлопков, быраата, суруйааччы:

Маппый кыыһа барахсан

София Матвеевна элбэх саҥалаах, эйэҕэс сайаҕас истиҥ дьүөгэ, үтүө сүбэһит, амарах атас буолара. Токоттон кэлэн баран I Дьөппөн нэһилиэгэр учууталлаабыта. Үлэтин таһынан актыбыыс, дьокутаат, бастыҥ уопсастыбанньык быһыытынан биллэрэ. I Дьөппөн оскуолатын туһунан бэртээхэй кинигэ суруйан хаалларбыта. Оҕолорго остуоруйа кинигэни тылбаастаабыта.

Дьүөгэлэриттэн кини соҕотоҕун учуутал буолбута. Сэрии саҕаланыан иннинэ ыраах хоту дойдуга Казачьеҕа баран учууталлаабыта.

Эйэлээх тутуу сылларыгар эргиллэн кэлэн кэргэнин дойдутугар Токоҕо олорбута, онно балтыбын Варяны илдьэ барбыта. Кини ыал буоларыгар көмөлөспүтэ. Мин армияттан кэлиибэр сельхозтехникуму бүтэрэн Чурапчы улууһугар тиийэн ситиһиилээхтик үлэлээбитэ.

Кыыһа Софья Дарамаева, Уус Алдан улууһун үөрэҕин управлениетын исписэлииһэ.

(Балаҕан ыйын 29 к. 2000 с. “Кэскил” хаһыаттан)

Остуоруйалаах учуутал

Кимиэхэ баҕарар ийэ саҕа күндү, истиҥ киһи суох. Биһиги көмүс ийэбит, эйэҕэс эбэбит София Матвеевна Охлопкова баара буоллар бу күннэргэ 80 сааһын томточчу туолуо этэ.

Сааскы күннүү сандаарар, өрүүтүн үөрдэ сылдьар, мэлдьи сүбэлиир, көмөлөһөр, сылдьыбыт ыалдьыты сылаанньытан таһаарар, хоммут хоноһону хомоппоокко  атаарар, аймаҕы-хааны араас аһынан далбардыыр, киирбит киһилиин кэбэҕэстик кэпсэтэр саха намыын эмээхситтэриттэн биирдэстэрэ кини этэ. Туому тутуһар, сиэри  ситэри билсэр, суобаһы сокуон оҥостор, талбатык дьаһанар, айыыһыт курдук амарах сырдыкка, саҥаҕа түстүүр сайаҕас санаалааҕа. Үөскээбит, үөрэммит, олорбут сирдэрин историяларын үөрэтэн, сурукка тиһэр, кинигэҕэ киллэрэр сир түннүгүнүү киэҥ билиилээҕэ. Тапталлаах сиэннэригэр анаан айбыт остуоруйаларын, кэпсээннэрин, үһүйээннэрин киэҥ эйгэҕэ таһааран, “Саамай күндү бэлэх”, “ Саҥалаах харчы”, “Былыргы өбүгэлэрбит олохторо” диэн кинигэлэри бэчээттэппитэ. Кырачаан ааҕааччыларыттан “Остуоруйаһыт Эбээ” диэн алгыстаах ааты ылбыта.

София  Матвеевна Уус Алдан улууһугар төрөөбүтэ. Орто Эбэ оскуолатын бүтэрэн, педучилищеҕа киирбитэ. Учуутал идэтин баһылаан Усуйаана Хаһааччыйатыгар үлэлээбитэ. Онно кэргэн тахсыбыта, кыайыылаах 1945 сылга кыыс оҕоломмута. Ити үөрүүлээх- көтүүлээх сыл кэргэнин дойдутугар Өлүөхүмэҕэ көһөн кэлбиттэрэ. Аҕабыт – Николай Михайлович Дарамаев – Токо оройуонун райсоветын бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьан, эмискэ ыалдьан өлбүтэ. Ийэбит эдэр сааһыгар 3 оҕотунуун хаалбыта.Эр санаатын ылынан, Дьокуускайдааҕы учительскай институкка үөрэнэ киирэр. Саха тылын уонна литературатын уччуутала буолан, I Нөөрүктээйи оскуолатыгар ананар. Мин учуутал ийэм оскуолаттан киэһэ хойут кэлэн уруогар бэлэмнэнэрин, тэтэрээт бэрэбиэркэлиирин үчүгэйдик өйдүүбүн. Биһиги дьиэҕэ баскыһыанньа күүтүүлээх күн буолара. Ас астыырбыт, ис-тас үлэни толорорбут, хайыһардыырбыт. Киэһэ ийэм остуоруйалыыра. Эдьиийим Вера араадьыйанан истибит сэһэннэрин, кэпсээннэрин эбэн-сабан, уустаан-ураннаан кэпсиирэ. Сороҕор бары мөккүһэ- мөккүһэ аахпыт кинигэлэрбитин дьүүллэһэрбит, ырытарбыт. Ону таһынан иистэнэрэ, таҥаспытын сууйара. Учуутал киһини сүгүн сынньатар кэлиэ дуо? Общественнай үлэтэ буолунай буолара. Агитмуннук, дакылаат, субуотунньук, концерт бэлэмнээһинэ. Ийэм хата, онтон үөрэрэ, дьэ, сынньаммыт, эрчимирбит курдук буолара. Суорун Омоллоон “Күкүр Ууһун” , Степан Ефимов “Куоратын кыыһын” туруоран, нэһилиэк дьоно барыта көрөн, аҥаарын кэриэтэ кыттан, сэргэхсийии бөҕө буоларын өйдүүбүн. Аны түүн хойукка диэри остуоруйаларын нууччалыы тылбаастыыра.Онтун Москваҕа олорор дьүөгэтигэр ыытара. Оройуон, республика хаһыаттарыгар сонуннаах суруктары таһаартаран, дьону үөрдэрэ, соһутара. Оттон бырааһынньыктар? Саамай сөбүлүүрэ – быыбар күнэ.Сарсыарда 6 чааска куоластыыра. Иэһин төлөөбүт киһилии үөрэн- көтөн, санаата көтөҕүллэн, ас-үөл кэһиилэнэн биһиги утуйан туруубутугар кэлэрэ.

1964 сыллаахха Орджоникидзевскайга (билиҥҥи Хаҥалас улууһа) II Дьөппөн нэһилиэгэр көһөн кэлбиппит. Аҕыс кылаастаах оскуолаҕа пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбитэ. Онтон сурук үлэтинэн дьарыктаммыта. “Октябрь 50 сыла” совхоз, II Дьөппөн, I Дьөппөн, Бэйдиҥэ, Орто-Эбэ , Токо оскуолалар историяларын суруйталаан, буклет таһааттарбыта. Революция быдан иннинэ II Дьөппөн оскуолатыгар үлэлээбит, билигин Москва куоракка олорор 100-тэн тахса саастаах Евдокия Георгиевна Зябкинаны кытта суругунан сибээстэһэн, саха оҕолоро сайдалларын туһугар үлэлээбит нуучча норуотун биир үлэһит дьахтарын аатын ааттаппыта. II Дьөппөн оскуолатын салалтата, оҕолоро күн бүгүнүгэр диэри Евдокия Георгиевнаны кытта сибээстэһэллэр.

Учууталлар өрөспүүбүлүкэтээҕи IV съезтэрин, профсоюзтар уобаластааҕы съезтэрин икки төгүллээх делегата, уобаластааҕы партийнай конференцияҕа үс төгүл кыттыбыт биһиги ийэбит, эбээбит учуутал үрдүк идэтин толору баһылаабыт София Матвеевна Охлопкова итинник Киһи этэ.

Любовь Григорьевна Готовцева (Габышева), СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах бэтэрээнэ, үөрэҕирии туйгуна, Учууталлар учууталлара, Найахы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо:

Этиллибэккэ хаалбыт сылаас тылларым

Софья Матвеевнаны уруогар саҥа матырыйаалы оҕоҕо өйдөнүмтүө гына лоп-бааччы быһаарара, кэпсиирэ. Ол иһин кини уруоктарын ордук грамматикаҕа олох ыарырҕаппат этим, кини үөрэтэрин олус сөбүлээн истэрим.

Биирдэ төрөппүттэрбит туһунан өйтөн суруйарбытыгар сорудах биэрбитэ. Мин дойдубуттан тэлэһийэн сылдьар буоламмын, харахпар сонно тута эбэм барахсан күрүөҕэ өйөнөн туран, былаатынан далбаатыы туран хаалбытын өйдүү биэрдим. Сонно тута эбэм туһунан тугу өйдүүрбүн барытын ис сүрэхпиттэн иэйэн туран суруйан сырылаппытынан бардым. Саатар, ол суруйа олордохпутуна уруучукам чэрэниилэтэ хотуолаан дьаабыланан аҕай биэрдим. Онуоха учууталым бэйэтин уруучукатын уларсан бэрт бэйэлээхтик суруйан бүтэрдим.

Ол өйтөн суруйуубун учууталым хайҕаабыта, кылааска ааҕан биэрбитэ. Итинтэн кынаттанан, мин Софья Матвеевна курдук учуутал буолуохпун баҕарбытым.

Софья Матвеевна сүрдээх сэргэх, олус актыыбынай, барытыгар көрдөөх учуутал этэ. Кэнсиэр буоллун, субуотунньук буоллун –  барытыгар өрүү инники күөҥҥэ сылдьар курдук өйдүүбүн. Саҥа дьыл аайы араас маскараат буолара, хаһан быыс-арыт булан оҥосто охсоро буолла, мин олус сөҕөр этим. Сайын аайы окко икки кыыһын батыһыннара сылдьан олус көхтөөхтүк үөрэ-көтө үлэлиирэ. Дьону да көҕүлүүрэ, түмэрэ.

Дьэ, ити ыра оҥостубут баҕабын толорбутум. Оскуоланы бүтэрээт, СГУ саха салаатын үөрэнэн бүтэрбитим. Уус Алдан улууһун Найахы орто оскуолатыгар ананан кэлбитим. Бу оскуолаҕа 45 сыл саха тылын уонна литературатын учууталынан эҥкилэ суох үлэлээн, билигин биэнсийэҕэ олоробун.

Онон Софья Матвеевна курдук үтүө учууталга үөрэммит дьоллоох буоламмын, олоҕум инники оҥкула сөрү-сөпкө соргуланан, билигин үөрэппит оҕолорум махталларыгар уйдаран, үлэлээбит эрэйим таах хаалбата.

Учууталым барахсаҥҥа биирдэ да сылаас тылбынан махтамматах эбиппин диэн бэйэбин буруйдана саныыр эбиппин.

Васильева-Модина Светлана Павловна, Софья Матвеевна 1949-51 сс. үөрэппит үөрэнээччитэ, идэтинэн история учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Өлүөхүмэ улууһун Бочуоттаах олохтооҕо:

Учууталым туһунан

Мин Софья Матвеевнаҕа түбэһэн үөрэммитим – оҕо сааһым биир кэрэ, дьоллоох кэмэ. Кини холку майгылаах, күлэ-үөрэ сылдьар, үтүө дууһалаах учуутал этэ. Оҕону хаһан да улаханнык мөхпөт, кыыһырбат буолара. Сэрии кэнниттэн оҕо оскуолаҕа билиҥҥи курдук бэлэмэ суох киирэрэ: детсад диэн суох, аҕалар – сэриигэ, ийэлэр үлэттэн ордубаттара. Онон сатаан аахпат, мөлтөхтүк саҥарар оҕолор киирэллэрэ. Софья Матвеевна оҕолору үчүгэйдик аахтара үөрэтэрэ, элбэх остуоруйаны сахалыы, нууччалыы тылынан саҥарар инсценировкалары туруоран, геройдар оруолларынан толортороро. Оруолун тылларын нойосуус хайаан да билиэхтээххин, ол иһин аах да аах буоларбыт. Ол туһалаабыта саарбаҕа суох. Кэлин үчүгэйдик, элбэхтик ааҕар буолбуппут.

Киэҥ билиилээх учуутал сүбэтэ-амата дьиҥнээх олоҕу кытта сибээстээх, дириҥ ис хоһоонноох буолара.

Мин кэлин СГУ-ну бүтэрэн история учуутала идэлэнэн, кинини кытта кэллиэгэ буолбуппут.

Үлэбинэн оройуон хаһыатыгар суруйарбын Софья Матвеевна хайҕаабыта уонна кэҥэтэн нэһилиэк, оскуола историятын суруйаар диэбитэ.

Онон кини сүбэтин ылынан, биэнсийэҕэ тахсан баран 7 ахтыы кинигэтин суруйдум.  Онон учуутал үөрэҕэ, кини сырата таах хаалбата, үтүө киһи аата үйэлэр тухары ааттана туруо дииллэрэ олохтоох эбит.

Ф.Д. Адамова, Хаҥалас улууһун историяҕа учуутала, РФ, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ:

Софья Матвеевна  саха тылын учууталынан Усуйаана, Өлүөхүмэ, Орджоникидзевскай оройуоннарыгар үлэлээбитэ. 2-с Дьөппөн аҕыс кылаастаах оскуолатыгар 1964-1970 үөрэх сылларыгар бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри үлэлээбитэ. Нэһилиэнньэ ортотугар табаарыстыы суут бэрэссэдээтэлэ, “Знание” уопсастыба салайааччыта, нэһилиэк сэбиэтин дьокутаата курдук уопсастыбаннай үлэлэри толорор этэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи профсоюзнай конференцияҕа делегатынан сылдьыбыта.

1972 сыллаахха улаханнык ыалдьан эпэрээссийэҕэ сыттаҕына дьиэлэрэ умайбыта. Кини бэйэтэ этэринэн: “2-с Дьөппөн үтүө санаалаах дьоно, партком сэкирэтээрэ Иванов Николай Дмитриевич салататынан, Сэбиэт бэрэссэдэтээлэ Сидорова Акулина Михайловна, библиотекарь Александрова Александра Ивановна буолан онкодиспансерга сыттахпына 400 солкуобайы киллэрэн туттарбыттара. Оо! Ол үөрүүтүн! Быстан-ойдон сыттахпына аҕыйах сыл үлэлээбит дойдум Дьөппөн дьоно дууһаларынан чугастара. Көмөлөспүттэрэ миигин улаханнык долгуппута. Мин кинилэргэ сиртэн халлааҥа диэри махталбын тиэрдэбин”.

Софья Матвеевна бэйэтин үлэтин туһунан 1989 с. суруйан хаалларбыт, элбэх да үлэни ыыппыт эбит. С.М. Охлопкова суруйбут холкуос, сопхуос, оскуола, нэһилиэк уонна Качикатскай-Николаевскай таҥара дьиэтэ тэриллиилэрин историятын бүгүн элбэх киһи, учууталлар үлэлэригэр киэҥник туһаналлар. Хайдах курдук урукку салайааччылар ырааҕы көрөн, инники көлүөнэ туһаныа, чинчийиэ диэн бу сүҥкэннээхэй үлэни суруйтарбыттарай!

Софья Матвеевна аата-суола умнуллубат, кини олоҕо оҕолоругар, сиэннэригэр, үөрэппит оҕолоругар салҕанан барар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...