12.08.2022 | 14:00

Ыччаттарга холобур буолар олох

Саха дьонугар сайын барахсан былыр-былыргыттан оту, үүтү бэлэмнээһини кытта ситимнээх. Оччолортон туруу үлэһит отчут-масчыт, ыанньыксыт дьонноох буоламмыт баччаларга кэлбиппит мэлдьэх буолбатах.
Ыччаттарга холобур буолар олох
Ааптар: Борис НИКОЛАЕВ
Бөлөххө киир

«Өлбүт өбүгэлэрин кэриэстээбэт киһи тугу кэриэстиэҕэй.

Ханнык да норуот ааспытын ытыгылыыр, өлбүттэрин

кэриэстиир буоллаҕына эрэ сайдар,барҕарар аналлаах»

 

Ааспыт барыта ахтылҕаннаах

Бу сырыыга мин тыа сирин боростуой хара үлэһитин туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Бээ, тохтооҥ, мин суруйар киһим аһара «көннөрү, кураанах» киһи буолбатах, урукку сэбиэскэй кэм саҕана үлэ бөҕөнү үлэлээн, бэйэтин кэмигэр ордук ыччакка холобур буолар үрдүк үктэллэри дабайбыт, добуочча аата-суола ааттаммыт Андрей Петрович Григорьев буолар.

Ааспыт үйэ 60-70-с сылларыгар Сунтаар оройуонугар Саха сиригэр соҕотох Ленин уордьаннаах аатырбыт-суолурбут «Элгээйи» сопхуос баара. Ол сопхуос Элгээйитээҕи отделениетын биир тутаах биригээдэтэ Толоон этэ. Толоон дьоно ханна да буоларын курдук сүнньүнэн сүөһү, сылгы иитиитинэн дьарыктаналлара.

Олох тутула Толоон олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын эмиэ тосту уларыппыта. Ол курдук,  урукку киэҥ-куоҥ, өҥ-быйаҥ сирдээх Толоон нэһилиэгэ билигин балтараа сүүсчэ эрэ нэһилиэнньэлээх, аҕыйах оҕолоох оскуолалаах чөкө бөһүөлэк буолан, Сунтаартан Дьокуускай диэки барыыга федеральнай суол 902 км хаҥас диэки икки биэрэстэ кэриҥэ тэйиччи сиргэ бүгэн, чөкөтүйэн олорор.

Мин кэпсиэхтээх киһим Андрей Петрович 1934 сыллаахха Хаҥалас нэһилиэгин (билиҥҥи Кутана) аатырар Арыҥах Арыылааҕын сыһыытын биир хонноҕор баар Саппыйа алааһыгар Григорьевтар диэн ыалга үһүс оҕонон күн сирин көрбүт. Таарыччы эттэххэ, ити Саппыйаҕа саха норуотун биир биллиилээх суруйааччыта А.А. Иванов-Күндэ эмиэ күн сирин көрбүтэ. Күндэ аҕата уонна Андрей Петрович эһэтэ.

Аҕа дойду Улуу сэриитин ыар содулун түмүгэр Андрей эмиэ оонньооботох оҕо саастанар дьылҕаламмыта. Ол да буоллар Андрей Элгээйи оскуолатыттан саҕалаан, Кутанаҕа эмиэ үөрэнэн, бэһис кылааһы бүтэрбитэ. Соҕотох ийэ салгыы үөрэттэрэр кыаҕа суох буолан, оскуолаттан тохтуурга тиийбитэ. Андрей уол борбуйун көтөҕүөҕүттэн, оччотооҕу үгүс ыал сиэринэн сайылыктарынан, кыстыктарынан көһө сылдьан сүөһү араас үлэтигэр сыстыбыт буолан, оскуолаттан уурайаат, убайын Иваны кытта уопсай сүөһү, хотон араас үлэтигэр арахсыбаттыы сыстан барбыта уонна, урутуу түһэн эттэххэ, олоҕун үтүө сылларын бүтүннүү оччотооҕу ыанньыксыт ыарахан үлэтигэр анаабыта. Дэлэҕэ, Андрейы үөлээннээхтэрэ үйэтин тухары «ыанньыксыт уол, ыанньыксыт оҕонньор» диэн сүрэхтиэхтэрэ дуо. Онно ыаллыы Кутана хомсомуол уолаттарын «Уолаттар эрчимнээх илиилэрин – сүөһү көрүүтүгэр» диэн уоттаах-төлөннөөх хорсун ыҥырыылара кынат буолбута чуолкай. Барыга көхтөөх эдэр киһи ол ыҥырыыны, этэргэ дылы, биир бастакынан икки илиитинэн өйөөбүтэ. Убайдыы-бырааттыы Иван уонна Андрей Григорьевтар олохторун дьолун сүөһү үлэтиттэн булбуттара диэтэххэ, аһара баһан этии буолбата буолуо дии саныыбын. Ол курдук,  Андрей олоҕун, аҕыс оҕотун күн-күбэй ийэлэрин, Бордоҥ Нээлбиктэ пиэрмэ ыанньыксыт кыыһын Варвара Петровнаны кытта холбоон, ыал бастыҥа, мааныта буолбуттара.

«Мин да ыабыт үүтүм үүт көлүйэ буолуо этэ»

Былыр Хороҕо олорбут Туостай диэн тоҕус сүүс сүөһүлээх баай киһи үс сайын устата үлүгэрдээх үүтү куттаран үүт көлүйэни үөскэтэ сатаабыта үһү диэн уос номоҕо баар. Андрей Петрович кэлин, ол үһүйээни истэн баран, «мин да отуттан тахса сыл ыабыт үүппүн кута турбут буоллар, добуочча соҕус үүт көлүйэ үөскүө ини», диэн баран күлэн кээһэрэ үһү.

Дьэ, ити курдук Толоон туруу уола Андрей Григорьев отуттан тахса сыл илиитин араарбакка ыанньыксытынан үлэлээн, Саха АССР чулуу ыанньыксытын аатын ылбыта. Кини муҥутуур үрдүк көрдөрүүтүнэн хас биирдии ынахтан 2500 лиитирэ, сылга ортотунан 40-50 туонна үүтү ыыра эбит. Оттон убайа Иван Петрович Григорьев бороон көрүүтүгэр эмиэ сыралаах үлэтин түмүгүнэн Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитин үрдүк аатын сүкпүтэ. Оччолорго хас биирдии ыанньыксыт 23-24 ынаҕы ыыра, көрөрө-харайара. Барыта илии үлэтэ буолара. Андрей Петрович олорон, үлэлээн кэлбит сылларбынан астынабын, киэн туттабын диэн кэпсиирэ эбит. Дьэ, ити буолбатах дуо, үлэттэн дьоллонуу диэн! Оччотооҕу ыарахан усулуобуйаҕа кинилэр үрдүк ситиһиилэрин төрүөтүнэн үлэлэригэр чахчы ис дууһаларыттан баҕаран туран бэриниилээхтик сыһыаннаһаллара сүрүн төрүөт буолбута саарбахтаммат. Ону кытта ыраахха-сырдыкка ыҥырар биир халбаҥнаабат идиэйэлээх этилэр. Ол – биһиги Эйэ, Дьол, Көҥүл түһүлгэтинэн буолбут Сэбиэт сирин дьонноро үрдүктэн үрдүккэ көтүөхпүт диэн сырдык ыра санаанан салайтараллара.

 

Поэзия кини доҕоро этэ

Андрей Григорьев кэлин сынньалаҥҥа тахсан баран, ыччаттарга, оҕолорбор үтүөнү санаан диэн, иэйиитэ киирдэҕинэ, хоһоон суруйара. Оттон аан дойдуга биир саамай сайдыылааҕынан биллэр гректэр киһи култууратын таһымын поэзияны төһө өйдүүрүнэн быһаараллара эбит. Оттон биһиги Андрейбыт өссө хоһоону бэйэтэ айар этэ эбээт… Ити дьарыга Андрей Петрович киһи быһыытынан хаачыстыбатыгар элбэҕи этэр дии саныыбын.

Бэлиэтээһиммэр Андрей Григорьев хоһоонноруттан саатар биири эмит холбообот кэрэгэй, тутах буолуо.

 

Ходуһабар хонобун

Араас өтөх үүнүүлээх

Алаас сирбэр киирэбин.

Отуос быһан охсоммун,

От отуубар тохтуубун.

Ходуһабар хонобун,

Хотуулаахтык оттуубун.

Халыҥ отуу күлүгэр

Хамсаабакка олорон

Уруккубун саныыбын,

Утуйан-нуктаан ылабын.

Ходуһабар хонобун,

Хотуулаахтык оттуубун.

Уоппун алҕаан аһатаат,

Уоскуйаммын аһыыбын,

Онтон оргууй тураммын

Оттуур сирбэр киирэбин.

Ходуһабар хонобун,

Хотуулаахтык оттуубун.

Хойуу оттоох сирбин

Хоруйан дайбаан ылабын.

Хотуурдарбын сытыылаан

Хоннохтоохтук охсобун.

Урукку отчуттары санатар, дьэ, боростуой гынан баран бэртээхэй хоһуйуу буолбат дуо?!

Итинник уйан да дууһалаах буолан, Андрей Петрович төрөөбүт айылҕатыныын алтыһарын олус сөбүлүүрэ. Үксүн үлэтин быыһыгар кыра булка – куска, куобахха сылдьан сөп буоларынан Байанайыттан бэриһиннэрэрэ.

 

Олох салҕанар

Андрей Петрович тапталлаах кэргэнэ Варвара Петровналыын алта оҕоломмуттарыттан биэһэ өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар тиийэн үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьаллар. Варвара Петровна билигин 82 саастаах, Дьокуускай куоракка кыра кыыһыгар Светаҕа олорор. Оттон бу кэпсээбит Андрей Петровиһым олохтон былырыын 87 сааһыгар туораан, тапталлаах Толоонун биир үрдүк томторугар харалла сытаахтыыр.

 

Түмүк кэриэтэ

Дьэ ити курдук үлэ, тыыл бэтэрээнэ, Саха АССР чулуу ыанньыксыта Андрей Петрович Григорьев олоҕо урукку да, билиҥҥи да көлүөнэ ыччакка үлэҕэ таптал, бэриниилээх буолуу үтүө холобурун көрдөрөр. Оччолорго, кырдьык, сыһыы-сыһыы муҥунан сыспай сиэллээх сырыыргыыра, хонуу-хонуу муҥунан хороҕор муостаах хотолдьуйа устара. Ходуһаларга чохоон арыы курдук кэбиһиилээх оттор кэчигирииллэрэ. Оттон үүт-сүөгэй, чахчы да, үрүйэлии сүүрэрэ. Ол барыта ити убайдыы-быраттыы Иван, Андрей Григорьевтар курдук тыа сирин боростуой, хорсун, хоһуун дьонун үлэлэрин түмүгэ этэ. Дьэ ол бэйэтэ билигин букатын атын хартыына…

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....