19.02.2023 | 14:00

Ыччат ортотугар үлэлииртэн ордук дьол суох!

Ыччат ортотугар үлэлииртэн ордук дьол суох!
Ааптар: Маргарита Степанова (Акимова)
Бөлөххө киир

Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ киирдэххэ, бу үлүгэрдээх уораҕай сырдык, ыраас, сылаас буолара сүрэхтэрин ууран, чэрдээх ытыстарын сыһыаран сууйар-сотор, сүүрэр-көтөр, тиритэр-хорутар дьонунан ситиһиллэрин бары бэккэ диэн билэбит. Ол эбэтэр үөрэх-билии, айан-сырыы, өҥө-көмө о.д.а. үлэ усулуобуйатын, бастатан туран, икки хары күүһүнэн ыпсарар үлэлээх дьон хааччыйар.

«Бу истиэнэҕэ орто оскуоланы бүтэрбитим, бу тэрилтэҕэ отучча сыл муоста сууйааччынан үлэлээн кэллим», - диэн бүгүҥҥү «Үлэ дьоно» рубрикабыт дьоруойа Альбина Егоровна Кривошапкина 1994 сыллаахха Д.П. Коркин аатынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо спортивнай-интэринээт оскуолатыгар тэхиньиичэскэй үлэһитинэн киириэҕиттэн күн бүгүнүгэр диэри төрөөбүт түөлбэтин, үөрэммит оскуолатын сайдыытыгар, туруктаах буолуутугар сэмэй кылаатын киллэрсэрин үөрэ үллэстэр.

– Альбина Егоровна, өрөспүүбүлүкэни ааһан, аан дойдуга биллэр улуу педагог аатын сүгэр үөрэх кыһатыгар үлэлиигин. Дмитрий Петровиһы оҕо сылдьан көрдөҕүҥ дии?

– Кыра оҕо эрдэхпинэ кини дьиэтин таһыгар элбэхтик оонньообут киһибин. Дэриэбинэ оҕолоро бары даҕаны кини тэлгэһэтигэр ким маакка күөлэһийэ, ким канаакка хатааста оонньуурбут. Дмитрий Петрович онно биирдэ даҕаны "бу тоҕо тэпсэҕит?" дуу, "мэниктээмэҥ" дуу диэн сэмэлиирин, мөҕөрүн истибэтэҕим. "Хойутаабакка дьиэҕитигэр тарҕаһаарыҥ",- эрэ диирэ.

– Спорт оскуолатыгар үөрэннэҕиҥ. Бука, көннөрү оскуолаттан атын эрэсиимнээх буолуо.

– Эрэсиими эҥкилэ суох, чааһыттан мүнүүтэтигэр тиийэ тутуһарбыт. Ол курдук, сарсыарда 6:45 ч. сэрээккэҕэ тахсаҕын, 7:45 ч. аһыы бараҕын, 8:30 ч. үөрэх саҕаланар. Күҥҥэ иккитэ спортка бэйэбит көрүҥмүтүнэн дьарык. Ол эрэсиим тутуһуута киһи олоҕор оруола улахан эбит дии саныыбын. Баспытааталларбыт алта чааска «подьемҥа» кэлэн баран, киэһэ утуйууга диэри күнү быһа арыаллаан сылдьар буолаллара. Ол курдук Варвара Романовна Сидорова, Алексей Михайлович Кривошапкин, Дмитрий Константинович Осипов, Александра Захаровна Прибылых биһиэхэ ийэлэрбитин, аҕаларбытын солбуйдахтара.

Урукку оҕо күннээҕи эрэсиимэ итинник иллэҥ буолбат гына аттарыллар этэ.

– Эн спорт ханнык көрүҥүнэн дьарыктанар этигиний?

– Оҕунан ытыыга иккис разряды толорбутум. Павел Михайлович Стасов, Тамара Спиридоновна Стасова дьарыктаабыттара. Оччотооҕу оскуолаҕа кыргыттар аҕыйах буоламмыт, бары ыытыллар спорт күрэхтэһиилэригэр кыттарбыт. НВП (начаалынай байыаннай бэлэмнэнии) уруога диэн баара. Онно аптамааты бириэмэҕэ ыһарга, таҥарга рекорд олохтоон турардаахпын. Ол бириэмэҕэ ким да тиийэ илик диэччилэр.

Бастакы учуутал хайдах буоларыттан оҕо инникитэ тутулуктаах дии саныыбын. Мин бастакы учууталым Александра Семеновна Коркина үлэтигэр ис сүрэҕиттэн кыһаллан, үөрэнээччилэригэр истиҥник сыһыаннаһан ииппитигэр  махталым муҥура суох.

– Оскуолаҕа оҕону үлэнэн иитии диэн урукку үгэскэ  тохтоон ааһыахха.

– Биһиги саҕана үөрэнээччилэр субуотунньукка элбэхтик сылдьарбыт. Күһүҥҥү хортуоппуй хомуурун, саас саһаан бэлэмнээһинин бары даҕаны аастахпыт. Чиэппэр аайы кылаас генеральнай уборкатын, интэринээт оҕолоругар олорор хоһу дьуһуурустубанан сууйуу-сотуу үлэтин оччотооҕу оҕо үөрэ-көтө, оонньуу-күлэ толороро.

Билиҥҥи кэмҥэ үлэ арыый атыннаах. Билиҥҥи үөрэнээччи олоххо көрүүтэ, сыһыана уларыйан иһэр. Ол да буоллар биһиги оскуолабытыгар билигин даҕаны оҕону үлэнэн иитии, үлэ үөрүйэхтэригэр сыһыарыы тиһиктээхтик ыытыллар, холобура, күһүн күргүөмүнэн муҥхаҕа сылдьаллар, иһэр муус ылаллар о.д.а. Ол эрэн оҕону дьиэҕэ уонна интэринээт услуобуйатыгар иитии уратыта баһаам буоллаҕа. Быйылгы Үлэ сылыгар оскуолабыт үбүлүөйдээх сыла буолар.

– Альбина Егоровна, отут сыл устата син элбэх салайааччыны кытта алтыстаҕыҥ буолуо.

– Чахчыта да оннук. Элбэх салайааччы кэлэн аастаҕа. Маҥнай үлэлии кэлэрбэр бастакы дириэктэрим Михаил Дмитриевич Гуляев этэ. Завуһунан Любовь Тимофеевна Егорова үлэлиирэ. 2006 сылтан кэлэктииби Николай Николаевич Гуляев салайан кэллэ. Биһиги, техүлэһиттэр, быһаччы салайааччыбыт Александр Дмитриевич Рожины үтүө тылынан ахтабыт.

Бу оскуола салалтатыгар үлэлээбиттэр хас биирдиилэрэ дьоҥҥо ураты сыһыаннарынан, сүмэлээх сүбэлэринэн, тус холобурдарынан уонна ылыннарыылаах тылларынан ханнык баҕарар үлэһит холобур оҥостор дьоһун дьоно.

“Үчүгэй майгыҥ – көтөр кынатыҥ», «Уохтаах буору сиэмэ сөбүлүүр, үтүө киһини дьон сөбүлүүр», «Үтүө киһи үтүөтэ үс үйэ тухары умнуллубат» диэн саха мындыр өс хоһоонноро мин олохпор, үлэбэр алтыһан ааспыт бу дьоммор быһаччы сыһыаннаахтар.

Ол курдук, бу оскуолаҕа өр сылларга дириэктэрдээбит Николай Николаевич Гуляевтыын араа-бараа үлэлии кэлбиппит. Кини бастаан тренер быһыытынан саҕалаан баран дириэктэргэ тиийэ үүммүтэ. Тус бэйэм биир кэмҥэ бу үлэттэн тохтуур санаалардаах сырыттахпына дириэктэрим кэмигэр сүбэлээн-амалаан, онно киһиэхэ, кырдьык да, кыра да наадатын өйдөөн, күн бүгүнүгэр диэри үлэлии сырыттаҕым. Үлэһиттэригэр болҕомтолоох, кыраҕы хараҕынан кэмигэр  сүбэлээн-амалаан, хайҕаан, кэмигэр кытаанах, ылыннарыылаах тыллаах салайааччылар билиҥҥи кэмҥэ олус наадалар.

Техүлэһиттэри быһаччы салайбыт дириэктэри солбуйааччы Александр Дмитриевич Рожин эмиэ үлэтин учууталтан саҕалаабыта. Үтүө сүбэһит-амаһыт, эрэллээх доҕор, чиҥ тирэх киһи олорон, үлэлээн ааспыта. Александр Дмитриевич төһө да биһиги кэккэбитигэр суоҕун иһин, Чурапчы дьоно-сэргэтэ, бииргэ алтыспыт доҕотторо үтүөнэн эрэ ахтабыт. Любовь Тимофеевна Егорова, Валентина Еремеевна Протасова ааттара эмиэ миэхэ олус чугастар, истиҥнэр.

Киһи киһинэн олорор, киһи киһинэн тыыннанар диэн мээнэҕэ эппэттэр эбит. Чахчы да бу ааттаабыт дьонум мин олохпор, икки атахпар чиҥник турарбар, киһи быһыытынан сайдыыбар, киһи киһиэхэ сыһыаныгар сүҥкэн кылааттаахтар.

– Бэйэҥ оҕолоргуттан, сиэннэргиттэн спордунан дьарыктанааччылар бааллар дуо?

– Оҕолорум эмиэ төрдүөн оскуола сылларыгар спордунан дьарыктанан ааспыттара. Билигин кыра кыыһым бу оскуолаҕа үлэлиир, сиэннэрим үөрэнэллэр. Волейбол, дуобат дьарыгар сылдьаллар. Уол  сиэн И.М. Павлов аатынан оскуолаҕа гиирэнэн дьарыктанар.

Спорка сыстыбыт киһи олоххо дьулуур, тулуур диэни этинэн-хаанынан билэр, өйүнэн-санаатынан бэлэм буолар. Идэ да гымматаллар, спорт туһата киһи сайдыытыгар олус улахан.

Оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэммит оҕо олоҕор "кыайабын" диэн күүстээх санаанан салайтарар, спортка сыстан улааппыт оҕо, үөрэх да ылбатаҕына, күүстээх санаата самныбат буолан тахсар.

– Эн бэйэҥ үлэҥ туһунан тугу этиэҥ этэй?

– Оскуолабыт өрөспүүбүлүкэ таһымнаах буолан, Саха сирин араас муннуктарыттан, ону таһынан атын регионнартан бу сыллар тухары элбэх оҕо кэлэн, олорон, үөрэнэн, бары биир дьиэ кэргэн курдук иитиллэн аастылар. Онон ыччат тоҕуоруһар сиригэр төрөөбүппүттэн, олорорбуттан, үлэлии-хамсыы сылдьарбыттан, үчүгэй дьону кытта алтыһарбыттан бэйэбин дьоллоох киһинэн ааҕабын. Үлэтэ суох биир да күн тэһийбэтим буолуо дии саныыбын. Киһи чөл туруктаах, доруобай сылдьарыгар хамсаныы улахан суолталаах. Аны күн аайы дьон, ыччат ортотугар сылдьар, оҕолорбут спортка ситиһиилэриттэн үөрэр саҕа дьол, оҕолорбут дорооболоһон, махтанан ааһалларын саҕа үрдүк наҕараада суох.

– Үөрэммит оскуолаҕар күн бүгүнүгэр диэри сылдьар киһи, чахчы да, "төрөөбүт оскуолам " диир толору бырааптаах эбиккин ээ.

– Оннук. Билигин үс көлүөнэ – эбэ, ийэ, сиэн – буоламмыт оскуолам аанын күннэтэ  аһабыт: кыыһым үлэлиир, сиэним үөрэнэр. Оттон оскуолабыт аата киэҥ сиргэ ааттанара баспытааталтан саҕалаан, тренеригэр, учууталыгар тиийэ бука бары күннэтэ кыһамньылаах үлэлэрин түмүгэ буоллаҕа дии.

Түгэнинэн туһанан төрөөбүт оскуолам кэлэктиибин үбүлүөйдээх сылынан эҕэрдэлиибин уонна өрөгөй да күннэргэ, хомолто да түгэннэргэ учуутал, тренер, баспытаатал, техүлэһит диэн арахсыбакка бары тустаах үлэбитинэн  дуоһуйан, хас да көлүөнэ ыччаты спортка уһуйбут кырдьаҕас оскуолабыт үлэһит дьонугар ситиһиилэри, кыайыылары баҕарабын!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...