11.06.2022 | 10:00

Ыччат дьон, үлэни-үөрэҕи баһылааҥ!

Ыччат дьон, үлэни-үөрэҕи баһылааҥ!
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Устудьуон сыллара өйгө-санааҕа мэлдьи хаалаллар диэн чахчы. Онон, биир да түгэни куоттарбакка, халтайга ыыппакка, туох баарга барытыгар, араас араҥаҕа күүһүҥ-уоҕуҥ кыайарынан кыттыахха наада.
Мантан аллара үөрэҕи сомсо сылдьар АГАТУ уонна ХИФУ устудьуоннара санааларын үллэһиннилэр.

Евгений Леонтьев, АГАТУ 3-с кууруһун устудьуона:

— Сессиябын үчүгэйдик түмүктээтим. Сотору дойдубар Сунтаарга агро хайысхалаах оскуолаҕа баһаатайынан үлэлии барыахтаахпын. Быйылгы үөрэх дьыла этэҥҥэ ааста, кыһыл дипломҥа баран иһэбин. Үөрэх дьылын түмүгүнэн ситиһиим үгүс, холобура, Арассыыйатааҕы хаартыскаҕа түһэрээччилэр куонкурустарыгар иккис миэстэ буолбутум. Бэйэм агро өттүгэр улахан бырайыак толкуйдаатым, ону кэлэр сылга муус устарга олоххо киллэриэм.

Ыччат, сөбүлүүр идэҕитин талан, бу олоххо сөптөөх үлэ миэстэтин булунуҥ. Эдэр саас биирдэ бэриллэр, ону үөрүү-көтүү, ситиһии эрэ аргыстаах атаарыах.

 

Павел Мамонтов, АГАТУ 2-с кууруһун устудьуона:

— Соһуйуом иһин, сессиябын олус үчүгэйдик түмүктээтим; сорох дьиссипилиинэлэргэ ыарахаттардаах курдуга. Быйыл сайын улахан былаан суох гынан баран, үчүгэйдик сынньанарга уонна үлэлиэм этэ. Үөрэх дьыла этэҥҥэ ааста диэххэ наада, сорох паараларга олус ыарахан этэ эрээри, уопсайынан, үөрэнэрбин уонна билиини сомсорбун астынным. Кууруспун кэккэ ситиһиилэрдээх түмүктээтим, элбэх саҥа доҕордоннум.

Николай Горчаков, АГАТУ 2-с кууруһун устудьуона:

— Сессияны үчүгэйдик түмүктээтим. АГАТУ-га киирэммин бэрт элбэх доҕордоннум, уһуйааччылар үөрэтэллэрин астынным. Чахчы, чиҥ билиини ылан, иккис кууруска таҕыстым.

Сандал Васильев, ХИФУ автодорожнай факультетын устудьуона:

— Сессия бэрт чэпчэкитик ааста. Үөрэхпин бүтэрэн, суол тутуутугар лаборант/маастар үлэһитинэн киириэм. Күһүн, сатаннаҕына, магистратураҕа киирсэн көрүөм.

Амалия Федорова, АГАТУ 2-с кууруһун устудьуона:

— Сессия үчүгэйдик ааста! Кылаабынайа, долгуйумуохха наада эбит. Кэлбит сайыммын даачаҕа атаарабын, дьоммор илии-атах буолабын, ээ, өссө лааҕырга барыахтаахпын. Устудьуон киһи, саамай сүрүнэ, паараны көтүтүмүөн, сорудаҕы кэмигэр толоруон наада эбит. Оччоҕо барытын кыайар, ситиһэр.

 

Дархан Ксенофонтов, АГАТУ 3-с кууруһун устудьуона:

— Сессия син үчүгэй диэххэ сөп! Биһиги үс ый үөрэммиппит эрээри, онтон биир ыйын быһа ыалдьан тахсыбытым. Инньэ гынан үөрэхтэн соччо астымматым. Бу сотору балтараа ыйдаах быраактыка саҕаланар. Үөрэх дьыла үчүгэйдик ааста, оннооҕор туйгун буоллум.

Никита Аянитов, ХИФУ юридическай факультетын устудьуона:

— Сессиябын  туйгуннук түмүктээн, үөрэхпин этэҥҥэ бүтэрэн эрэбин. Сотору атын үөрэххэ докумуоннарбын туттарыам. Сайын төрөөбүт төрүт дойдубар, кырылас кумахтаах Үөһээ Бүлүүгэ буолаары турар үбүлүөйдээх үрүҥ тунах Олоҥхо ыһыаҕын түһүлгэтигэр сылдьыам. Тыа киһитэ буоларым быһыытынан, от үлэтигэр күргүөмнээхтик, өрө күүрүүлээхтик үлэлээн-хамсаан, самаан сайыммын атаарыам.

Бу үлүгэрдээх хамсык кэмэ түмүктэнэн, ыччакка аналлаах тэрээһиннэр элбээннэр, олохпут-дьаһахпыт чөлүгэр түһэн, сэргэхсийэн, өрө тыынан эрэбит.

Ситиһии туһунан этэр буоллахха, тохсунньуга университеппыт Арассыыйа килбэйэр киинигэр Москуба куоракка ыччат туһугар сүүрэ-көтө, үлэлии-хамсыы сылдьар дьону анаан-минээн "Школа организаторов коммуникации" үөрэххэ үөрэттэрэн аҕалла. Онно элбэҕи билэн-көрөн, быйылгы сыллааҕы сүрүн ситиһиибинэн ааҕынабын.

Сайана Тобохова, АГАТУ 2-с кууруһун устудьуона:

— Хата, сессиям улахан кыһалҕата суох сабыллан хаалла, наһаа үөрдүм. Сайын куорат дьалхааныттан сынньанар уонна кэлэр үөрэх дьылыгар күүс мунньунар баҕа санаалаахпын. Үөрэх дьыла наһаа түргэнник ааста, элбэх билиини иҥэринним. Бастакы кууруһу олус эппиэтинэстээхтик, дьаныһан туран түмүктээтим.

 

Александра Софронова, АГАТУ 1 кууруһун устудьуона:

— Үөрэх дьыла наһаа куһаҕана суохтук ааста, сорох кэмнэргэ ыарахаттар бааллара. Быйыл сайын үлэлиэм уонна саҥа үөрэх дьылыгар бэлэмнэниэм. Сессиябын эрдэ түмүктээн, кылгас кэмҥэ сынньанар былааннаахпын, онтон үлэ көрдөнүөм.

Алексей Андреев, АГАТУ 3-с кууруһун устудьуона:

— Эксээмэннэрбин барытын туттардым, ол иһин бэрт үчүгэй настарыанньалаах сылдьабын. Сайыммыт номнуо кэлбит эбит дии. Куйаас күннэр үүннүлэр. Кыратык сынньана түһэн баран, АГАТУ колледжыгар үлэлиэм.

Леонид Аммосов, ХИФУ хайалары үөрэтэр институт устудьуона:

— Сыл ахсын үөрэх түмүгэр ыарырҕатыы баар буолар, оннук кыһалҕа элбэх устудьуоҥҥа тириир. Ол да буоллар үөрэхпин бүтэрэн, дипломмун этэҥҥэ туттардым. Салгыы үөрэнэр былааннаахпын.

Туйаара Лазарева, ХИФУ саха тылын салаатын устудьуона:

— Сессиябын барытын “туйгун” сыананан саптым. Салгыы магистратураҕа туттарсыам. Ону таһынан үлэлиэм-хамсыам.

Судаарыстыбаннай эксээмэн туттарыыта, диплом көмүскээһинэ буолан, быйылгы үөрэх дьыла ыарахан соҕустук ааста. Биллэн турар, дьаныһан туран кыһыл диплом ылбытым улахан ситиһии буолар. Ону таһынан наука конференцияларыгар кыттыбыппын, устудьуоннарга анаан араас таһымнаах тэрээһиннэри ыыппыппытын, күүс-көмө буолбуппун ааттыахпын сөп.

Устудьуоннар, хаарыан сылларгытын умнуллубаттык атаара сатааҥ, элбэҕи билиҥ-көрүҥ, үөрэниҥ. Уопсайга таах сыппакка, үөрэҕи таһынан уопсастыбаннай олоххо кыттыһыҥ, бэйэҕитин сайыннара сатааҥ.

 

Дмитрий Барашков, ХИФУ инфраструктурнай технология колледжын устудьуона:

— Быйылгы үөрэх сыла – университеты бүтэрэр бүтэһик сылым. Эксээмэннэрбин туттаран, сочуоттарбын ылан, диплом көмүскээн, үөрэ-көтө сылдьабын. Билигин салгыы үөрэхпин үрдэтинэр сыал-сорук туруорунан, ох курдук оҥостон сылдьабын. 2021-2022 үөрэх дьыла үтүмэн элбэх үтүө түгэннэринэн, хатыламмат күннэринэн баай буолла, бааһынайдаан эттэххэ, эмоция бары көрүҥэ эдэркээн сүрэхпинэн курдары курбууланан, тилийэ көтөн ааста.

Былырыын сайын университет хамаандатын хомунан, ойуур баһаарын утары охсуһууга сэмэй кылааппытын киллэрэн, түөскэ анньыллар бэлиэ ылбытым тус бэйэбэр олус күндү уонна сүдү суолталаах.

Саҥа устудьуон буолаары сылдьааччыларга туһаайан этэр буоллахха, сайдыы суолуттан туораамаҥ! Устудьуон уопсастыбаннай олоҕор төбөҕүт оройунан умсан кэбиһиҥ уонна ол дохсун сүүрүгүн устун эрчимнээхтик харбаан иһиҥ!

Валерия Макарова, саха тылын салаатын устудьуона:

— Сессиябын этэҥҥэ «4” да, “5” сыананан түмүктээн, үрдүк үөрүү өрөгөйүн билэ сылдьабын. Самаан сайын сандаархай күннэрин төрөөбүт төрүт дойдубар атаарыахпын баҕарабын. Сынньанан, күүс-күдэх мунньунан, налыччы үлэ-хамнас көрдөнүөм. Күһүн магистратураҕа туттарсыам.

Диплом сурулунна! Хаһааҥҥытааҕар да сырабын-сылбабын ылбыт үөрэх дьыла түмүктэнэрэ кэллэ. Аҕыйах күнүнэн үрдүк үөрэхтээх исписэлиис буолаары сылдьабын. Соргу-дугуй!

Устудьуоннаабыт сылларым сүрүн сыала диэн үрдүк таһымнаах исписэлиис буолуу этэ буоллаҕа. 4 сылы быһа тохтообокко эккирэппит ыра санаам туолан эрэрэ – бу мин үрдүктэн үрдүк ситиһиим.

Аркадий Уваровскай, ХИФУ естественнай наукаларын үөрэтэр салаа устудьуона:

— Сессиям түмүгэ үөрдэр. Биир даҕаны иэһэ суох, зачеткабар кырылас “4” да “5” сыаналары туруортардым. Сайын университет тутуу этэрээтигэр үлэлиир-хамсыыр санаалаах сылдьабын. Ону тэҥэ магистратураҕа туттарсар сыал-сорук туруоруннум

Быйылгы ситиһиибинэн университет иһинэн Устудьуон Сүрүннүүр Сэбиэтин чэрчитинэн тэриллибит “Алмазы Севера” диэн устудьуон волонтердар кииннэрин салайааччытынан талыллыбыппын уонна дипломмун көмүскээбиппин ааттыахха сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....