Ыччат баһаары утары
Ойуур баһаардарыгар уустук балаһыанньа Кэбээйи, Таатта, Уус-Алдан, Үөһээ Бүлүү, Нам, Томпо улуустарыгар бэлиэтэнэр.
Атырдьах ыйын 10 күнүнээҕи туругунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 156 ойуур баһаара умайар, онтон 72 умулуннараллар. Суукка иһигэр 8 баһаары төгүрүппүттэр, үһү умулларбыттар. Түөрт саҥа баһаар күөдьүйбүт.
Баһаарга уопсайа 4097 киһи, 584 тиэхиникэ, авиация үлэлииллэр. ЫБМ, Оборона министиэристибэлэрин, гражданскай авиация бөртөлүөттэрэ күүскэ үлэлииллэр.
Уустук учаастактар Кэбээйи улууһун Сангаар, Кальвица, Сииттэ нэһилиэктэригэр, Таатта Ытык Күөлүгэр, Уус Алдан Кылаайытыгар, Үөһээ Бүлүү Кырыкыйыгар, Хомустааҕар, Дүллүкүтүгэр, Далырыгар, Нам Фрунзетыгар, Көбөкөнүгэр, Харыйалааҕар, Томпо Ударнигар бааллар.
Дьокуускайга баһаары умулларыыга көмөлөһөр бөлөх үлэлиир. Манна 18-65 саастаах дьону ыҥыраллар. Ыстааб улуустарга ыытарга күн аайы дьону хомуйар. Ыстааб аһынан, анал таҥаһынан хааччыйар. Дьон Дьокуускайтан айанныыр. СӨ «Якутлесресурс” ГАТ кытта дуогабар түһэрсиинэн страховка уонна хамнас көрүллэр.
Ханнык докумуон ирдэниллэрий?
- паспорт
- ИНН
- СНИЛС
- баан реквизиттэрэ
Маны таһынан баҕалаахтартан (тэрилэртэн уонна дьонтон) баһаары утары охсуһууга харчы хомуйаллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ эмп-томп, киирзэ саппыкы, анал таҥас, ранец, сүгэ, лаппаахы тиийбэт. Бэс Күөл сэлиэнньэтигэр ыарахан туругунан сибээстээн гуманитарнай көмө туталлар.
Билсэр нүөмэргит: 89148247506, 508-892.
Аадырыстара: Орджоникидзе уул., 28, «Кыайыы 50 сыла» СК
Ол курдук баһаары утары охсуһар ыччаты кытта билиһиннэриэхпитин баҕарабыт.
Ыстааб волонтёра Анатолий Лукин, ХИФУ 4 куурсун устудьуона, ыскылаакка үлэлиир.
Биллэриини көрөн көмөлөһөр быһаарыыны ылбыт.
Анатолий: «Маннык уустук ыарахаттары Сахабыт сирин бүтүн норуоту кытта быһаарар наадалаах. Биллэн турар баһаар хас биирдиибитин таарыйда. Билигин биир сомоҕо буоларбыт ирдэнэр. Ханнык баҕар көмө биир түмүккэ тиэрдэр. Биһиги Республикабытыгар олус элбэх көмөлөһүөн баҕалаах, актыыбынай киһи баар диэн билэбин. Маннык дьон баар буолан дойдубут инникитэ кэскиллээх. Баһаар түргэнник бүтэригэр баҕарабын».
Нарыйа Шарина, волонтёр, социальнай ситим иһинэн информацияны тарҕатар. Үлэтигэр олус эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар.
Нарыйа: «Барыта бэйэбит илиибитигэр, ол иһин санаабытын түһэриэ суохтаахпыт».
Горохов Иннокентий, Өймөкөөҥҥө история уонна обществознание учуутала, штабка учуокка уонна материальнай-техническэй инвентаризацияҕа эппиэттиир.
Ыстаабка баҕатынан үлэлии кэлбиттэртэн маҥнайгылартан биирдэстэрэ буолар. Ыстааб киниэхэ махтала улахан, күн аайы ыарахан үлэтиттэн толлубат, бэриниилээх.
Иннокентий: «Олоххо саамай сүрүн баай – доҕордоһуу.
Куприянов Дмитрий, штаб сопредседателэ.
Транспорт көрдүүр, Намҥа барар биригээдэни наадалааҕынан хааччыйар, былаас органнарын кытта үлэлэһэр.
Идэтинэн аналитик-эксперт, менеджер, баҕа өттүнэн көмөлөһөөччүлэр Саха сиринээҕи Сойуустарын координатора.
Кини салайыытынан, энергиятынан үлэлэрэ тахсыылаах буолар.
Дмитрий: «Сөптөөх сыалы туруорунан, барытын былааннаан уонна бииргэ үлэлэһэн ханнык баҕар ыарахаттары кыайыахпыт».