Ыччаппытын сиэрдээхтик бултуурга үөрэтиэххэ!
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр судаарыстыба бүддьүөтүттэн үбүлэнэр “Биологическай ресурсалар, айылҕа ураты харыстанар сирдэрин уонна пааркаларын дириэксийэтэ” диэн тэрилтэ үлэлиир, ол иһигэр Айылҕа тыынар тыыннааҕын харыстыыр, үөскүүрүгэр өйөбүл буолар управление баар. Бүгүн биһиэхэ бу Управление сүрүн исписэлииһэ Касьян Федорович Новгородов ыалдьыттыыр.
Учууталтан эколог буолбутум
– Нам улууһун 1-гы Хомустааҕыттан төрүттээхпин. Бастакы идэбинэн история уонна обществознание учууталабын. Иккис үөрэҕим – эколог, магистратураны бүтэрбитим. Үөрэҕим кэнниттэн Өлөөн улууһун Эйик нэһилиэгэр учууталынан үлэлээбитим. Онтон ыал буолан Өлөөҥҥө бэйэтигэр суут эйгэтигэр үлэлии сылдьыбыттаахпын.
2015 сылтан Өлөөннөөҕү айылҕа харыстабылын инспекциятыгар ООПТ инспекторынан үлэбин саҕалаабытым. Оҕо эрдэхпиттэн тыаҕа аҕабын батыһан куска, балыкка сылдьарбын олус сөбүлүүрүм. Улааттахпына ихтиолог буолар баҕа санаалаах этим да, аҕам туйаҕын хатаран учуутал идэтин талбытым. Өлөөҥҥө бу идэҕэ уһуйааччы, учууталым диэн ааттыыр ытыктыыр киһибинэн, өр сылларга айылҕа харыстабылыгар үлэлээбит, билигин да бу эйгэҕэ таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар Владислав Парфеньевич Александров буолар. Кини сүбэлээн-амалаан, ыйан-кэрдэн, куруутун күүс-көмө буолар. Билигин кини Мииринэй инспекциятыгар үлэлиир.
Дьокуускайга булчут ахсаана элбэх
– Сааскы булт болдьоҕо киин улуустарга 20 чыыһыланан бүттэ, Бүлүү бөлөх улуустарга бу 23 чыыһылаттан сабыллар. Онтон бэс ыйын 1 күнүттэн 4-кэ диэри анды болдьоҕо саҕаланар.
Билиҥҥи булт быраабылатын сүрүн кэһиилэрэ – бобуулаах тэриллэринэн, көрүҥнэринэн бултааһын буолар, ол эбэтэр электроманогу туттааччы элбэх – кус-хаас саҥатын үтүктэр анал тэриллэр бобуулаахтар.
Өссө тиэхиньикэнэн бултааһын үгүс, холобур, мотуорканан сүүрдэ сылдьан куһу ытан ылаллар. Дьиҥэ бу иһин сүрдээх кытаанах эппиэтинэскэ тардыллыахтарын сөп, бултуур бырааптарын 1,5 сылга диэри хааччахтааһыҥҥа тиийэ. Кэлиҥҥи кэмҥэ сокуон ыараан, кытаатан, дьон быраабыланы тутуһара элбээтэ, ол да буоллар кыралаан кэһии син биир тахсар.
Дьокуускай эҥээр сааскы булт кэмигэр, үлэни күүһүрдүү бирикээһинэн, сотору-сотору бэрэбиэркэлэргэ сылдьа сатыыбыт. Тоҕо диэтэххэ киин куоракка булчут ахсаана олус элбэх, куораттан ырааппакка дьиэлэрин аттыгар сылдьа сатыыллар. Онон сезон кэмигэр куорат эргин куһунааҕар булчута элбэх буолар.
Сөпкө бултуурга үөрэтиэххэ
– Саха киһитэ былыр-былыргыттан бултаан аһаан-сиэн кэллэҕэ дии. Тыаҕа сылдьан сиэри-туому тутуһуу булгуччу наада. Булка, айылҕаҕа киһи ытыктабыллаахтык, харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахтаах. Баары барытын бултаан, өлөрөн-өһөрөн буолбакка, кэнэҕэски кэлэр ыччаттарбытыгар туох эрэ хааларын курдук бултуйуохтаахпыт, оҕолорбутун оннук булка үөрэтиэхтээхпит, такайыахтаахпыт.
Бөҕү-саҕы бэйэ кэнниттэн хомунан, ыраастык сылдьыллыахтаах, оччоҕо айылҕа айыы оҕотугар утары уунара да үксүүр. Ол эрэн син биир биирдиилээн түбэлтэлэр, бэйэлэрин кэннилэриттэн сирдэрин хомуйбат, ыһан-тоҕон айбардаан барар дьон баар.
Бөрө мэнээгэ
– Бөрө мэнээктээһинэ баар. Ону утары биһиги үлэбит чэрчитинэн бөрөнү бултуур анал биригээдэлэр тэриллэннэр үлэлииллэр. Бу биригээдэлэр хас улуус аайы бааллар диэххэ сөп. Бултуур көрдөрүүлэрэ үчүгэй. Өссө да бултаһыахтарын кэккэ харгыстар үөскүүллэр, холобур, урут “регулирование численности волка” диэн көҥүлү биир сылга тиийэ биэрэллэр этэ, билигин 3 эрэ күҥҥэ биэрэр буолбуттара. Ол болдьоҕун уһатарга биһиги министиэристибэбит өттүттэн туһааннаах үлэ бара турар.
Бу соторутааҕыта Тааттаҕа буолбут түбэлтэҕэ бөрөлөр ыттары эккирэтэн киһиэхэ тахсыбыттара буолуо дии саныыбын. Бачча күөххэ үктэнэн баран бөрө киһиэхэ түспэтэ буолуо. Билигин сиэннэрин кэрийэн аһыыр буолуохтаахтар. Ол аата кыһын дьаһайбыт кыылларын-сүөллэрин тобоҕун кэринэллэр. Бөрө сүрдээх мындыр, улуу кыыл, киһиэхэ мээнэ тахсыбат.
Кыыл табаны харыстыыр үлэ барар
– Кыыл табаны харыстааһыҥҥа 2018 сыллаахха Дириэксийэбит иһинэн “Запад” диэн анал этэрээт тэриллэн турар. Бу этэрээт Өлүөнэ-Өлөөн тардыытынан популяцияны харыстыыр, үөрэтэр аналлаах. Дьааҥы-Индигиир популяциятын ахсаана 125 000 тиийэ сылдьан баран, хааччаҕа суох бултанан, билигин 2000-3000 хаалла диэн ааҕыллар, Өлүөнэ-Өлөөн популяциятын оннук иэдээннээх сыыпараларга тиэрдиэ суохтаахпыт.
Мин бу этэрээт сүрүн исписэлииһэ буолабын. Сыл аайы кыыл табаны харыстыыр туһуттан, миграциялыыр кэмин баттаһан, күһүн балаҕан ыйыттан саҕалаан ыйы-ыйдаан Мииринэй, Өлөөн, Ньурба оройуоннарынан эриэйдэлэргэ сылдьабыт. Уопсайа 600-кэ тиийэр булчут бэрэбиэркэни ааста, 200 сокуону кэһии бэлиэтэннэ, 30-ча саа былдьанна, 50-ча көҥүлэ суох бултаммыт таба этэ, 5795 киилэҕэ тэҥнэһэр 6000 муос тутулунна.
Өлүөнэ-Өлөөн популяцията сыл аайы аҕыйаан иһэр. Ол төрүөтүнэн бултааһын эрэ буолбатах. Улахан промышленнай хампаанньалар техногеннай содулу оҥорор буоллулар. Холобур, кыыл таба мэччийэн кыстыыр сиригэр сир баайын хостооһуну саҕалыыллар, кыыл таба миграциялыыр сиринэн технологическай суоллары туталлар уо.д.а. Ону таһынан айылҕа бэйэтин уларыйыыларын киллэрэр буоллаҕа, бөрөлөрбүт да бааллар, бу кыстыы, сайылыы барар сирдэринэн төһөлөөх элбэх үрэх, өрүс баара буолуой, ол туорааһыныгар кыаммата, мөлтөҕө охтон хаалар.
“Запад” этэрээт көмөтүнэн кыыл таба курдук булт ресурсата сүппэтин-симэлийбэтин, үөскүү турарын, олохтоохтор сүрүн аһылыктарын хааччынар кыахтаналларын туһугар үлэ утумнаахтык ыыталлар.
Булка тахсар дьону айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга, бэйэ бодотун тардынан сылдьарга, чахчы наадыйаргытын эрэ бултаан ыларгытыгар ыҥырабын! Байанай сиэрдээх дьону үгүөрүтүк күндүлүүр.