06.02.2021 | 09:54

“Ыарыылаах” тымныы, “охсуулаах” хаар

“Ыарыылаах” тымныы, “охсуулаах” хаар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сирин тыйыс усулуобуйалаах кыһына төһө тулуурдаахпытын тургутан, араастаан үтэн-анньан көрөр. Оннооҕор киин куоракка толору хааччыллыылаах дьиэҕэ күн кыһалҕата суох атаҕын өрө тэбэ сытар киһи аҕыйах. Хоруоналаах вируспутугар эбии “төбө ыарыыта” үгүс. Куорат хаһаайыстыбатыгар эмиэ оннук. Бииртэн биир суһал быһаарыыны ирдиир боппуруос, кыһалҕа күөрэйэн тахса турар.

Ааспыт нүөмэргэ Дьокуускай салалтата хаарбах туруктаах эбийиэктэри кэрийбитин, дьон санаатын истибитин кэпсээбиппит. Ирбэт тоҥ үрдүгэр турар куорат мөлтөх өттүн, уобарастаан эттэххэ, “аһаҕас бааһын” ааҕан сиппэккин. Ол эрээри ону “эмтии”, “абырахтыы” сатыыр, чөлүгэр түһэрэр үлэ үгүстүк ыытыллар. Чахчы даҕаны, хаарбах туруктаах, саахалланар кутталлаах дьиэбит элбэх. Онуоха көһөрүү бырагыраамата көдьүүстээхтик үлэлиир – куорат, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар. Санаан көрдөххө, билигин, экономика эмсэҕэлээбит кэмигэр, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр олохтоохторун барытын биирдэ бобо тутан көһөрөр кыах суох.

Аны туран, ахсынньы аам-даам, тохсунньу томороон тымныыларыгар турбаларбыт  “ириҥэ” курдук тэстэллэрин, ититии систиэмэтэ “хаппырыыстаан” ыларын, араас ыксаллаах быһыы-майгы тахсарын сонуннартан билэ-көрө олоробут.

Манна даҕатан эттэххэ, ТАСС иһитиннэрбитинэн, быйыл тохсунньуга киин куоракка салгын температуратын ыйдааҕы орто көрдөрүүтэ кэнники 30 сылга биир саамай тымныы буолара бэлиэтэннэ.

«2021 сыл тохсунньутугар ыйдааҕы орто температура -44,5 кыраадыска тэҥнэстэ. Бу иннинэ тохсунньуга ордук намыһах ыйдааҕы орто көрдөрүү 1994 сыллаахха бэлиэтэммит, ол  -45 кыраадыска тэҥнэспит», — диэн ХИФУ хотугу регионнар климаттарын уонна экосистиэмэлэрин үөрэтиигэ научнай-чинчийэр лабораториятын сэбиэдиссэйэ, географическай наукалар хандьыдаата Күннэй Кириллина кэпсээтэ.

Сөптөөх дьаһал дуо?

Оҕолорбут тохсунньу 30 күнүгэр диэри дьиэҕэ олорон үөрэннилэр, оскуолаҕа барар суолларын умна быһыытыйдылар диэтэххэ, омун буолбатах. Бу туспа кыһалҕа.

Үөрэх управлениета тымныынан сибээстээн тохсунньу 30 күнүгэр диэри оҕолору дистанционнай үөрэхтээһиҥҥэ көһөрбүтүн, бирикээс таһаарбытын истэн, Туймаада туонатын олохтоохторо араастык ылыммыттара. Кырдьык, норуот тылынан эттэххэ, “дистанционка” кими да үөрдүбэт. Ол эрээри  уулуссаҕа, оскуола иннигэр бэрт чараастык, быстар мөлтөхтүк таҥна-сапта сылдьар оҕолору аһына көрбөккүт дуо? Биир бэйэм сааскы бэргэһэлээх, үтүлүгэ, истээх ыстаана суох, рейтузалаах эрэ кырачаан кыргыттары уун-утары үгүстүк көрсөбүн. Кыаммат ыаллар оҕолоро буолалларын сэрэйиэххэ сөп.  Оттон кинилэр кэнэҕэскитин ыал ийэтэ буолуохтара эбээт?! Онон оскуолаҕа үөрэнэр оҕолоох дьон ити дьаһал биир өттүнэн сөптөөҕүн өйдүүрбүтүгэр эрэ тиийэбит.  

Күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа бэлиэтииринэн, олунньуга тохсунньуттан биэс-аҕыс кыраадыс сылаас буолара сабаҕаланар. Өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыгар салгын температуратын ыйдааҕы орто көрдөрүүтэ  33-38 кыраадыска тэҥнэһэрэ күүтүллэр.

Хаар тиэйиитэ

Тымныыбытын, уобарастаан эттэххэ, хаарбыт “туустаан-тумалаан” биэрэр, эбии күчүмэҕэйдэри үөскэтэр. Саха сирин кыһыҥҥы көстүүлэрэ, бииргэ төрөөбүттэр курдук, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, солбуйсан, толорсон биэрэллэр.

Кэнники сылларга киин куоракка кыһын аайы элбэх хаар түһэрин күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр бэлиэтииллэр. Билиҥҥи уустук кэмҥэ бу эмиэ кэккэ мэһэйдэри үөскэтэригэр саарбах суох. Сыыппаралары сыымайдаатахха маннык. Алтынньыттан тохсунньуга диэри түөрт ый устата «Якутдорстрой» тэрилтэ 194 тыһыынча куб. миэтэрэ хаары тиэйбит. Аны туран, таһырдьа сиэри таһынан тымныы буолан, ахсынньыга уонна тохсунньуга хаары ыраастааһын үлэтэ аҕыйах күн ыытыллыбыт. Хата, сылыйан, тохсунньу бүтүүтэ үлэ күөстүү оргуйда.  Ол курдук, аҥаардас ааспыт ыйга 32 тыһыынча куб. миэтэрэ хаар тиэйилиннэ. 

Итинник сыл аайы сөҥүү түһүүтэ нуорманы ортотунан икки төгүл куоһарара бэлиэтэнэр. Былырыын кыһын кэнники уон сылга хаһааҥҥытааҕар да элбэх хаар тиэйиллибитэ дииллэр. Быйылгы кыһын ону куоһарара буолуо. Ол утары ыраастанан испэтэҕинэ иэдээн, куорат саас ууга барар кутталлаах.

Хаар ыраастааһына куорат бүддьүөтүгэр охсуулаах. Мантан саас эбии үбүлээһини эрэйэр.

Үөрүйэх суолтан туоруохха

Оптуорунньукка куорат баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Евгений Григорьев хаары ыраастааһын, тиэйии үлэтэ хайдах барарын бэрэбиэркэлээтэ.

Өктөөп 50 сыла автострадаҕа сылдьан, үлэ хаамыытын көрөн-истэн баран, тротуардары ыраастааһын тоҕоостоох дуу, суох дуу диэн саарбахтыырын эттэ. Бастатан туран, манна сатыы киһи аҕыйах. Иккиһинэн, Евгений Николаевич үгүс сырыылаах, кэлиилээх-барыылаах суоллар уонна тротуардар кэмигэр ыраастамматтарын бэлиэтээтэ. Ол иһин дьон-сэргэ, чуолаан тимир көлөлөөх суоппардар  үҥсэллэрэ үгүс диэн санаатын эттэ.  

«Уулуссалары уонна тротуардары ыраастааһын схемата көрүллүбэтэҕэ хас да сыл буолла. Үөрүйэх суолбутунан баран иһэбит. Кэнники икки сылга 50 км кэриҥэ саҥа суол тутулунна уонна өрөмүөннэннэ, үлэбит үксээтэ, ыраастааһыҥҥа харчы көрүллэр», – диэтэ баһылык эбээһинэһин толорооччу.

«Якутдорстрой» тэрилтэ салалтатыгар ыраастааһын схематын хос көрөрүгэр уонна үлэ ыытыллар хайысхаларыгар көннөрүү киллэрэригэр соруйда. Итиэннэ уулуссалар төһө сырыылаахтарын болҕомтоҕо уурарга сүбэлээтэ.

Аны туран, куорат олохтоохторо тротуардар билиитэлэрэ олус халтараан диэн үҥсэллэр. Онон үлэни былаанныырга маны учуоттааҥ диэтэ.   

Үлэ күөстүү оргуйар

Куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, бэҕэһээ, ол эбэтэр олунньу 3 күнүгэр, 18 суол үлэһитэ уонна анал тиэхиньикэ ыраастааһыҥҥа таҕыста.

Ол курдук, үс «Беларусь» тыраахтар, икки «Бобкэт» таһаҕаһы тиэйэр дьоҕус массыына Курашов, Ярославскай уулуссаларын, Ленин проспегын тротуардарын ыраастаатылар. Маны таһынан, элбэх сир хабылынна: музыкальнай училище скверэ, Барахов скверэ, Бекетов пааматынньыга, о.д.а.  

Хаары таһаҕаһы тиэйэр массыыналарынан утары хомуйдулар. Онуоха үгүс тиэхиньикэ, 15 суол үлэһитэ сыһыарылынна. 

Ууруналары ыраастааһыҥҥа 2 КаМАЗ, 4 үлэһит көрүлүннэ. Оттон оптуобус тохтобулларыгар 1 КаМАЗ, 2 оробуочай үлэлээтэ.

Можайскай уонна Котенко уулуссаларыгар суол кытыытын грейдеринэн астылар. Халтараан буолбатын диэн өрүс кумаҕын КО-806 ПМ массыынанан ыстардылар.

Манан саас кэлэрэ биллибэт. Ол эрээри арыый да сылаас күннэри баттаһа, үгүс үлэ ыытыллара сабаҕаланар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...