08.04.2022 | 17:00

Ыарыы дьиҥнээх «сирэйин» хас да сылынан көрдөрүөн сөп...

Ыарыы дьиҥнээх «сирэйин» хас да сылынан көрдөрүөн сөп...
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Аҕам саастаахтар эрэ сүһүөхтэрэ ыалдьар диэн сыыһа өйдөбүл. Күөгэйэр күннэригэр сылдьар эдэр дьон инбэлииккэ тахсаллара баар суол. Аны туран, хомойуох иһин, үгүс ыарыһах төрдүн-ууһун билбэтэ диагноһы туруорарга кэккэ ыарахаттары үөскэтэр. 
Бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын штаты таһынан кылаабынай ревматолога Людмила Викторовна Леонтьева ыалдьыттыыр.

– Людмила Викторовна, ревматология – медицина кэнники үөдүйбүт салаата, үөрэтиллэ, ситэ чинчийиллэ илигэ элбэх, аан дойду үрдүнэн ревматолог быраас аҕыйах дииллэрэ оруннаах дуо?

–  Кырдьык оннук, сөбүлэһэбин. Ревматология – медицина эдэр салаата. Итини сэргэ, үрдүк технологиялаах уонна элбэх ороскуоттаах медицинскэй көмөнү эрэйэр.

Урукку өттүгэр сүрэххэ, сүһүөххэ сыһыаннаах буолла да, арамачыыс дииллэрэ. Ол иһин бастаан кардиология, кардиоревматология баар буолбут. Ревматология салаата кэнники туспа барбыт. Сылтан сыл аайы ревматологическай ыарыы көрүҥэ элбии, эмтэнэр ньымата кэҥии турар. 

Уопсайынан, ревматолог аан дойду үрдүнэн аҕыйах. Чуолаан Арассыыйаҕа. Онкогематологы кытта тэҥҥэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр улахан дьону көрөр, эмтиир, судаарыстыбаннай поликлиникаларга уонна стационарга үлэлиир ревматолог быраас ахсаана баара-суоҕа 11 эрэ киһи. Оттон чааһынай клиникаларга икки эрэ исписэлиис таһаарыылаахтык үлэлии олорор. Ити эппит 11 киһибиттэн үс эрэ киһи поликлиникаҕа ревматологынан үлэлиир. Медицина Национальнай киинигэр биир киһи саҥа таҕыста. Мэҥэ Хаҥаласка биир ревматолог баар да, оҕотун көрөн олорор. Биир быраас Үөһээ Бүлүүгэ олорор. Дьиҥэр, 30 тыһыынча нэһилиэнньэҕэ биир ревматолог быраас булгуччу баар буолуохтаах.

Поликлиника, улуус аайы ревматолог баар буоларын туһугар үлэ ыытыллар. Онно кылаабынай быраастар өйөбүллэрэ хайаан да наада.

Аҕыйах сылтан бэттэх “Якутский научный центр комплексных медицинских проблем” федеральнай судаарыстыбаннай бүддьүөт научнай тэрилтэтин иһинэн ревматологическай көмөнү оҥорор иккис стационар үлэлии турар. Мин 2020 сыл бүтүүтэ СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын штаты таһынан кылаабынай ревматологынан анаммытым.

– Эһиги ыарыһахтаргыт диэн кимнээҕий?

– Сааһыттан тутулуга суох, ким баҕарар – оҕо, эдэр дьон, аҕам саастаахтар буолуохтарын сөп. Сүрүннээн сааһырбыт, кырдьаҕас дьон  эрэ ыалдьар диэн сыыһа өйдөбүл.

Ревматологияҕа аутоиммуннай, аутовоспалительнай ыарыылар киирсэллэр. Судургутук быһаардахха, холобур, киһи иммунитета бэйэтин уорганын атаакалыыр. Ол иһин ревматологическай ыарыылар үксүн эдэр саастан саҕаланаллар. Ыарыы муҥутуур кэмэ – 20-45 саас.

Ревматологическай ыарыһахтар инбэлииккэ тахсаллара түргэн. Хомойуох иһин, саамай үлэлиир, сүүрэр-көтөр саастарыгар, олохторун оҥостор, ыал буолар кэмнэригэр. Ити ыарыһахха уонна чугас дьонугар олус охсуулаах. Аны туран, инбэлииккэ таҕыстахтарына, судаарыстыба үлэлиир араҥатын сүтэрэр. Ол иһин онно тиэрдибэккэ, төһө даҕаны сыаналаах эмтэринэн да буоллар, эрдэ эмтэнэн саҕалаатахтарына содула кыра буолуон сөп. 

Саастаах дьон ыарыыта үксүн артроз, билиҥҥинэн эттэххэ, остеоартрит буолар. Аныгы үйэҕэ медицина сайдан, киһи олоҕо уһаан, артрозтаах дьон элбэх. Ол гынан баран бу ыарыы олох хаачыстыбатын лаппа мөлтөтөр. Онон аҕам саастаах дьон эрдэттэн көрдөрөн, ревматолог сүбэтинэн эмтэнэн уонна атын да ньымалары туһанан саҕалыыллара ордук. 

– Тымныы дойдуга олорорбут доруобуйабытыгар дьайар дуо?

–  Саха сиригэр ревматологическай ыарыһах элбэх. Бастатан туран, ол тыйыс усулуобуйалаах сиргэ олорорбутуттан, күн уота аҕыйаҕыттан, минераллар тиийбэттэриттэн аутоиммуннай ыарыы элбиир. Иккиһинэн, анкилозирующий спондилит (Бехтерев ыарыыта), псориаз уонна сүһүөх псориаһа уо.д.а. ыарыылар удьуорунан бэриллиэхтэрин сөп. Ол иһин быраастар таһаарыылаахтык үлэлииллэригэр, диагноһы эрдэ сөпкө туруоран эмтииллэригэр практическай уонна олохтоох научнай медицина биир ситимнээх буолуохтарын наада.

– COVID-19 киһи кэбирэх сирин булар. Сорох дьон үтүөрэн да баран олохсуйбут ыарыыбыт бэргээтэ эбэтэр эрдэ саһа сыппыт ыарыыбыт күөрэйэн таҕыста дииллэрин үгүстүк истэбит. Бу туһунан санааҥ.

– Манна даҕатан эттэххэ, ревматологическай ыарыы улахан аҥаара биричиинэтэ биллибэт. Ол эрээри медицина сайдар. Үгүс чинчийии көрдөрбүтүнэн, вируснай инфекция киһи иммунитетын үлэтин уларытар диэн дакаастанна. Ол содулугар аутоиммуннай, аутовоспалительнай ыарыы күөдьүйэр. Билигин медицинаҕа “постковидный синдром” диэн тиэрмин элбэхтик туттуллар. Коронавируһунан ыалдьыбыт киһи үтүөрбүтүн да кэннэ иммунитета чөлүгэр түспэккэ, аутоиммуннай, аутовоспалительнай харданы ыҥырыан сөп. Билигин биһиги стационарбытыгар сытар ыарыһах ахсааныттан быһа холоон 25 бырыһыана “постковиднай синдромнаах”. Кинилэр сүһүөхтэрэ ыалдьан, иһэн, тириилэрэ бааһыран, ис уорганнара сүһүрэн киирэллэр. Онон аан дойду исписэлиистэрэ саҥа коронавируснай инфекция кэнниттэн ревматологическай ыарыы элбиэ диэн сабаҕалыыллар. Ол эрээри эрдэ көрдөрөн, эмтэнэн, кэтэбилгэ сырыттахха, ыарыы олохсуйан хаалыа суоҕа диэн эрэнэбит. Үгүс киһи бу этиллибит синдрому этэҥҥэ аһарынар.

– Өрөспүүбүлүкэ ревматологиятын туһунан аҕыйах тылынан сырдата түһүөҥ дуо?

– Саха сирин ревматологическай сулууспатын таһыма үрдүк. Биһиги быраастарбыт аан дойду тенденцияларыттан хаалсыбаттар, олох үөһүгэр, инники күөҥҥэ сылдьаллар. Ол курдук, сыл саҕаланыаҕыттан терапевтарга, ревматологтарга элбэх төгүрүк остуол, лекция ыытылынна. Дойду албан ааттаах профессордарын ыҥыран, элбэҕи истэн билэбит-көрөбүт, конференцияларга куруук кыттабыт.

– Ааҕааччыларга тугу сүбэлиэҥ этэй? 

–Тыйыс усулуобуйалаах сиргэ олорор дьон буоларбыт быһыытынан, ичигэстик таҥна-сапта, аспытын-үөлбүтүн, доруобуйабытын көрүнэ сылдьыахтаахпыт. Сүһүөххүт, сискит, былчыҥҥыт кыралаан ыалдьар уонна көһүйэр, тоҥон-тиритэн ылар, бэл диэтэр, тириигитигэр, айаххытыгар биллибэт ымынах тахсар буоллаҕына, ревматологка көрдөрүнэ тиийэргит оруннаах.    

Ревматологическай ыарыы сүһүөхтэн эрэ саҕаламмат. Ханнык баҕарар уоргантан саҕалыан сөп. Үксүн дьиҥнээх “сирэйин” хас да сылынан көрдөрөр.    

Билиҥҥи медицина үйэтигэр быраас уонна ыарыһах аһаҕастык кэпсэтэн, сүбэлэһэн, биир санаанан салайтардахтарына, биир сыалы-соругу туруорунан, биир хамаанда буоллахтарына, ханнык баҕарар ыарыыны намыратан, эмтээн, олох хаачыстыбатын тупсарыахха сөп.

– Людмила Викторовна, быыс-арыт булан кэпсэппиккэр махтанабын. Сыралаах үлэҥ сыаналаннын, үтүө түмүктэри аҕаллын диэн баҕа санаабын тиэрдэбин! 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...