11.08.2021 | 08:17

Өй-санаа киһини хамсатар, толкуйдатар күүс

Өй-санаа киһини хамсатар, толкуйдатар күүс
Ааптар: Вера Канаева, Таатта, Ытык Күөл
Бөлөххө киир

Бүгүн сэһэргэһэр киһим Елизавета Викторовна Молоткова-Самырова. Елизавета Викторовна Таатта улууһугар үйэтитии курдук улахан үлэни саҕаласпыт, ыытыспыт киһи буолар. Ол курдук саха саарынын, олоҕун саха материальнай культуратын көрдөрүүгэ, анал түмэллэри тэрийиигэ, кэнэҕэски көлүөнэҕэ хаалларыыга анаабыт Д.К.Сивцев-Суорун Омоллооннуун биир улахан түмэли  тэрийиигэ үлэлээбитэ.

- Елизавета Викторовна, түмэл тутуутун устуоруйатын кылгастык ааҕааччыларга сырдат эрэ.

- Мин Таатта түмэлигэр 1994 -1999 сс. үлэлээбитим, урукку күүрээннээх үлэнэн аатырар “пятилетка” кэмин курдук кэм  устатыгар. Кылгас кэмҥэ да буоллар, улахан үлэни ыыппыт эбиппит. Дмитрий Конович сүбэтинэн Таатта киинигэр Ытык Күөл Хадаайы алааһыгар “Таатта” литературнай-художественнай музей-заповеднигы тутуутун саҕаласпытым. Д.К.Сивцев- Суорун Омоллоон түмэл кэҥиир кыаҕын, литература уонна искусство түмэлэ буола улаатарыгар туруорсан,  1992 с.улуус исполкомун уурааҕынан Хадаайы алааска  туспа сир анаабыта.  Суорун Омоллоон салайыытынан, отец Герман көмөтүнэн,  улуус үбүлээн, таҥара дьиэтэ тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Түмэл бастакы тутуутун – таҥара дьиэтин, быыстапкалыыр дьиэ акылаатын түһэрии курдук үйэлээх үлэлэри ыыттарбытым, түмэл тирэҕин уурсубутум.

- Үйэтитии курдук норуот олорон кэлбит олоҕун көрдөрөр үлэ эйигин төһө  умсугутарый?

- Түмэллэр история кэрэһиттэринэн буолаллар. Түмэлгэ үлэлиир сылларбар элбэҕи аахпытым, билбитим. Хас биирдии түмэл экспоната тус-туспа устуоруйалаах, номохтоох буолар. Экспонаттар тыыннара киһиэхэ араастык дьайар. Санааҕар атын кэмҥэ, турукка сылдьар курдук буолаҕын. Киһини бэйэлэригэр тардар күүстээхтэр.  Ытык Күөлгэ үлэлээн баран куоракка көспүппүт, салҕыы атын эйгэҕэ үлэлээбитим. Ол эрээри түмэллэр үлэлэрин сэҥээрэ ааҕабын, быыстапкаларга куруутун сылдьабын, киэҥ өрүттээхтик үлэлииллэрин биһириибин.            

- Таатта – олоҥхо, төрүт үгэс, сахалыы толкуй үөскээбит сиринэн буолар.  Киһи буолан сайдыыгар, дьоннору кытта алтыһыыгар, Таатта сирэ-уота сабыдыаллаабыта дуо?

- Таатта – киһини умсугутар, киһи иэйиитин уһугуннарар, кутун-сүрүн күүһүрдэр дойду буолар. Ону таһынан улуу дьоннору үөскэппит, үүннэрбит дойду. Тааттаҕа сахалыы ыраастык, санаабын сахалыы табатык саҥарарга үөрэммитим. Аҥардас Суорун Омоллооннуун алтыһыым олохпор элбэҕи биэрбитэ. Инникини толкуйдуура, өтө көрөрө хайдах эрэ хос эһэбин, бөлүһүөк  Егор Михайлович Молоткову санатара. Ол иһин кинини чугастык ылыммытым. Уруккуну-хойуккуну кэпсиирин сэҥээрэ истэрим.

- Саха киһитэ ис иһиттэн бэйэтэ бөлүһүөк. Баҕар тылга, иччилэргэ сүгүрүйэр норуот буоларбыт быһыытынан буолуо. Эһэҕиҥ ааҕааччыларга сырдат эрэ.

- Эһэм Егор Михайлович Молотков  1855 с. Ньүүйэ улууһун Татакаан нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сытыы-хотуу, ылыннарыылаах тыллаах киһини нэһилиэк суруксутунан анабыттар. 1907-1913 сс. Хочо улууһугар  кулубалаабыт. Сэбиэскэй кэмҥэ нэһилиэк Сэбиэтин сэкирэтээринэн, ас-үөл кэмитиэтин эппиэттээх үлэһитинэн, судьуйанан үлэлээбит. Бу олохтон 1926 с. барбыта.  1934 сыллаахха эһэбит  187 лиистээх бөлүһүөктүү 1403  ырытыылары, өйдөбүллэри суруйан хаалларбыт илиинэн суруйуулара булуллубуттара.  1914-1917 сылларга суруйбут. Сорох суруйуулара көстүбэтэхтэрэ. Улахан дьиэтээҕи библиотекалаах эбит. Кини бөлүсүөпүйэҕэ, юриспруденцияҕа  билиитин хаҥатыынан күүскэ үлэлээбит, бэйэтэ үөрэммит киһи. Ону ааһан физика, химия, биология билимнэрин үөрэппит. Эһэбит көрүүлэрин   бөлүһүөк Дмитрий Степанович Макаров үөрэппитэ. Ол сүнньүнэн 1967 с. “Кыым” хаһыакка  “Молотков-саха бөлүһүөгэ” диэн ыстатыйа таһаарбыта. Бу ыстатыйа киэҥ сэҥээриини ылбыта. Ол эрээри оччотооҕу кэм тутулунан эһэбит матырыйааллара  утарылаһыыга түбэһэн туора ууруллубуттара. Онтон ыла кини олоҕун, үлэлэрин туһунан суруллубат,  бэчээттэммэт буолбуттара. Демократия саҕаламмытыгар, 1993 с. Дмитрий Степанович “Егор Молотков и его философия” диэн  дириҥ ис хоһоонноох, элбэҕи толкуйдатар, инникини көрүнэр кинигэ оҥорон таһаарбыта. Эһэм бу бүрүүкээн олорбут тутул эстэрин, суох буоларын  “со временем будет партийное распри” диэн суруйан турардаах.  Кинигэ научнай эрэдээктэринэн уонна рецензенинэн Б.Н.Попов буолар. Борис Николаевиһы иккитэ анаан көрсөн махталбын эппитим. Онно кини Дмитрий Макаров эрдэ суруйан, онтон туоратыллан, эрдэлээн бараахтаабыта диэн кэпсээбитэ. Чурапчы Сылаҥыттаан төрүттээҕэ. Кини киэҥ билиилээҕэ, СГУ бастыҥ преподавателэ этэ.

- Эһэҥ толкуйа туохха сытарый? Анаарыыларын сырдат эрэ.

- Карл Маркс “Бөлүһүөктэр тэллэй курдук үүммэттэр, бэйэлэрин кэмнэрэ кэллэҕинэ биирдэ айылҕа сөптөөх көрбүөччүнү  биэрэр” диэн этэн турар. Эһэм кэми ыксатан эрдэлээн төрөөбүт дии саныыбын. Кини курдук толкуйдаах дьоннору дьон кыайан өйдөөбөт этилэрэ. Ол иһин олохторугар улахан охсууну ылаллара. Биһиги сиэннэрэ, аймахтара кини туһунан кэпсээбэт  кэмнэрдээх этибит. Эһэбит эппитэ барыта туолла, кэм бэйэтэ көрдөрдө. Ийэм эһэбин бөлүһүөк быһыытынан, 5 кылааска үөрэнэ сырыттахпына: “Икки үйэнэн дьоннор саҥа сиргэ көһүөхтэрэ, сирбит эргэриэ, уу, баһаар, ыарыылар туруохтара, кэлиэхтэрэ. Билигин саҥа сир үөскүү турар, күн аттынааҕы планеталарга тыынар- тыыннаах харамайдар бааллар” диэн эһэм өтө көрүүтүн кэпсээн аһарбыта. Ити кэпсээбитин олох улахаҥҥа уурбат этим. Ол хайдах бачча элбэх планета дьоно көһөллөрө буолла диэн дьиктиргиирим.  Айылҕабыт аһары уларыйан барбытыттан, эһэм эппитэ дьиҥнээх буолан иһэриттэн, оҕолорбор кэпсиир буолбутум. Өссө 1900 с.  демократияны, көҥүлү, салалтаны норуот бэйэтэ талыаҕа диэн суруйан турар. Оччолорго маннык сокуоннар баар буолуохтара диэбитэ таҕыстылар. Эһэбит анал үөрэҕэ суох ийэ толкуйунан тобулан араас эйгэни хабан ырытара, инникини өтө көрөрө.  Д.С.Макаров кинини сахаларга бастакынан  бөлүсүөпүйэ өйдөбүллэрин киллэрбит киһинэн ааҕара уонна оччотооҕу кэм олоҕун ырытааччынан, үөрэтээччинэн ылынара. Эһэм туһунан кинигэни ааҕан, ийэм кэпсиирин өйдөөн, эһэм санааларын быһа тардан сырдатабын:

“Биир кырдьык дьоҥҥо барытыгар биир. Эйгэ биир, зоология медузалары айбыта, кинилэр муора бааллырар күүгэннэриттэн үөскээбиттэрэ. Электричество, гальванизм, магнетизм айылҕа кистэлэҥнэринэн буолар. Ону үөрэттэхпитинэ эрэ быһаарыллыаҕа. Бу олоххо  барыта эргийэр, сүүрэр, тохтоло суох уларыйар, бириэмэ эрэ төннүбэт. Сир олоҕун курдук олох атын планеталарга эмиэ баар. Үүнээйилэр, кыыллар тус-туспа быһыылаах ананан үүнэллэр, төрүүллэр. Кинилэр бары сайдар, кэхтэр кэмнээхтэр. Саха сирин  айылҕата айылҕа  мөлтөөһүнүттэн  сыыс отунан бүрүллэн эрэр. Кыылларга эмиэ инник мөлтөөһүн айылҕаттан тутулуктанар. Киһи уйулҕата  көҥүл санаатыттан, төһө үтүөнү-мөкүнү оҥороруттан быһаччы тутулуктаах. Киһи билиилээх буолуохтаах. Ырай уонна ад диэн суох. Киһи өлүгэ гааска кубулуйар, ол гаас айылҕа гааһын кытта буккуһар. Таҥара суох, баара буоллар ас, таҥас биэриэ этэ, киһи үлэлээтэҕинэ эрэ олору ылар.  Саамай кэрэ киһини, кини олоҕун кытта ситимнээх. Сайдыы киһи туругуттан, толкуйуттан, айар дьоҕуруттан, дьолуттан тутулуктаах.  Литэрэтиирэ уонна кэрэ эйгэ өйтөн үөскүүр. Манна өй уонна дьоҕур биир тэҥ буолуохтаахтар. Уус-уран литэрэтиирэ олоҕу тыыннаан көрдөрүөхтээх. Суруйааччы норуоту көрдөрөр киһи. Алдьархай ааҥныырын сэрэтэн суруйуохтаах. Эр санааны, эрэли үөскэтиэхтээх. Үлэни өрө тутан суруйуохтаах. Киһи  мөкү көстүүнү суох гынарга олоруохтаах. Мөкү көстүү, алдьархай төһө улаханыттан быһаарыллыбат. Мөкүнү үчүгэйинэн самнара сылдьыахтаахпыт, оччотугар өндөйбөт. Үөрэҕи биир халыыпка киллэрдилэр. Билиини сыана туруоруунан эрэ муҥурданнылар. Эргэрбит ирдэбили, бырагыраамманы саҥардарга үлэ барыахтаах. Оҕо оскуолаттан билиини сомсон, үлэлииргэ бэлэм  бүтэриэхтээх. Саха оҕото айылҕаҕа чугас буолуохтаах. Оҕо – биһиги инникибит, кэскилбит. Биһиги өлбөт-сүппэт аналбыт. Сүөһү ахсаана аччаата, балыктарбыт, көтөрдөрбүт, түүлээхпит, булт-алт кыччаата” уо.д.а. Эһэбит баайдар батталларын утары күүскэ үлэлээбитэ. Атаҕастаммыты көмүскүүрэ, ол иһин баайдар сөбүлээбэттэрэ. Киһи уонна айылҕа туһунан уустук быһаарыны биэрэрэ. Юпитер, Сатурн, Уран планеталарга олох эмиэ баар диэн сабаҕалаабыт. Үөрэҕэ суох тыа сахатын өйүн, толкуйун сөҕөбүт эрэ.

- Саҥа кэм бөлүһүөктэрин санаалара хайдаҕый?

- Бөлөһүөктэр Егор Михайлович Молоткову “Человек-самородок и мы гордимся этим” диэн суруйдулар. Кыра кыыһым Израильга  Тель Авивка олорор. Кини икки билэр учуонайын төрөөбүт дойдутугар ыҥыран сырытыннарбыта. Эһэбит туһунан кинигэни бэлэхтээн ыыппытым.  Английскайдыы таһааттарыахпыт, маннык дьону аан дойду ааҕыахтаах, билиэхтээх диэн барбыттара.

- Эһэҥ  хайдах киһи эбитий?

- Эһэбит олус улахан уҥуохтаах киһи эбит. Бэйэтин быраабын үчүгэйдик билэр, атаҕастаммыты көмүскүүр үтүө санаалааҕа элбэхтэ холобурданан суруллубут. Киһини бэйэтигэр тардар кэпсээннээх-ипсээннээх эбит. Бииргэ төрөөбүт сурдьа Иван Михайлович Молотков инитин Дьөгүөр өтө көрүүлэригэр итэҕэйэрэ. Олох сокуонунан анараа дойдуга бараннар, кини эппитин, санаабыт санаатын, аймахтара билбэккэ барбыттара. Бааллар кини инники көрүүлэрин кэмэ кэлбитин көрөн итэҕэйдибит. Бөлүһүөктүү көрүүлэри кэм бэйэтэ кэлиитинэн көрдөрдө.  Оччотооҕу дьон эһэбитин күлүү гыналлара, халлаан үөрэхтээҕиттэн атынынан ааттаабатахтар. Биһиги кинини сахалыы толкуйдаах көрбүөччү быһыытынан ылынабыт, билинэбит. Бэйэтин өйүн күүһүгэр итэҕэйэр күүстээх санаалааҕа биһигини сөхтөрөр. Ханнык баҕар уустук балаһыанньаттан, самнарыыттан тахсара. Кэм кинини бэйэтинэн харыстаабыта. Сунтаарга олорор кэмигэр суруйааччы, бөлүһүөк Өксөкүлээх Өлөксөй ааһан иһэн көрсөн ааспыт. Оччолорго Өксөкүлээх Өлөксөй Бүлүү педучилищетыгар үлэлиирэ. Икки айылҕалаахтар түүнү быһа олох туһунан кэпсэппиттэр.  1922 с. Тойбохойго кыһыл аармыйа хамандыыра  Иван Стродтуун көрсүбүттэр.  Ити кэмҥэ эһэбит судьуйалаабыт. Хорсун хамандыыр ыраах сир түгэҕэр олорор киһи өйүттэн, олох инникитин түстүүрүттэн сөхпүт. “В тайге” кинигэҕэ маннык суруйбут: “Это был высокого роста, сухой, жилистый и крепкий, как дуб, старик с энергичным и умным лицом, которому можно было было дать 50 лет, а на самом деле уже шел седьмой десяток”. Далее Строд писал, что Молотков “крайне заинтересовал нас своей речью”. Последний рассказал, что является  мировым судьей Хочинского улуса и им “дело разбирается по совести...”На вопрос Молоткова, оставаться ли ему судьей, Строд ответил “оставайтесь пока вы, но только будете вы называться не мировым, а народным судьей и руководствуйтесь теперь теми законами, которые изданы Советской властью”. А когда будет восстановлен исполком, тогда все дела сдадите ему...” Бу көрсүһүүгэ Строд Молоткову кытта Павловка көҥүл өттүнэн бэринэрин, сааны-саадаҕы туттарарын туһунан сурук суруйбуттар. Ол суругу Егор Михайлович тарҕатан, өйдөтөн, биир да хаан тохтуута суох, быһаарыллыбыт.

- Эн төрүккэр таһыччы өйдөөх, санаалаах киһи төрөөн ааспытын үөрэтэн, чинчийэн көрдүҥ дуо?

- Чинчийэбин. Уон сыл силиспин-мутукпун үөрэттим. Биһиги аймах төрүччүтүгэр еврей, икки төгүл нуучча киирэ сылдьыбыт эбиттэр. Бэйэм Еврейдэр пророктара элбэх. Кинилэртэн өтө көрүү эмиэ киириэҕин сөп. Биир  төрүппүт нуучча киһитэ былааһы утаран сыылкаҕа кэлэ сылдьыбыт. Кини  хорсун санаата эһэбитигэр баар буолуон  эмиэ сөп. Онтон сахаҕа төннүү буолбут. Ол эрээри саха буоларбытынан, айылҕаҕа сүгүрүйэрбитинэн,  төрөөбүт тыл нөҥүө айылҕа күүһүн иҥэрэрбитинэн, илдьэ сылдьарбытынан, инник ийэ өй, толкуй, өтө көрүү эһэбэр иҥмит дии саныыбын. Эһэбит олорбут, айбыт-туппут олоҕо биһиэхэ холобур буолар.

- Уһулуччулаах киһи туһунан киһи хантан билиэн, ааҕыан сөбүй?

- Бөлүһүөк Д.С. Макаров “Егор Молотков и его философия” диэн дьоҕус кинигэтэ СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин, улуус бибилэтиэкэлэрин, үөрэх министиэристибэтин пуондаларыгар баар. Ону таһынан судаарыстыбаннай архыыпка  көрүөххэ сөп. Онтон эһэбит Е.М.Молотков олоҕун, кини көрүүлэрин үөрэппит,  норуокка сырдаппыт бөлүһүөк Д.С.Макаров туһунан “Философ Дмитрий Степанович Макаров – исследователь народной мудрости” кинигэни  ааҕааргытыгар сүбэлиибин.

- Елизавета Викторовнаҕа дьикти олохтоох эһэҥ туһунан кэпсээниҥ иһин махтанабын. Олохпут бөлөсүөпүйэ өйдөбүллэриттэн турарын, айылҕалаах дьон баарын, эн кэпсээниҥ нөҥүө өссө төгүл итэҕэйэбит.

Куокуну нэһилиэгэр  Молотков ааҕыылара НПК ыытыллар. Уһун Күөл бөһүөлэгин киин уулуссата Егор Молотков аатын сүгэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...