Вячеслав Дьяконов: «Кыайыыбын бу соторутааҕыта биһиги кэккэбититтэн туораабыт эһэбэр аныыбын»
Бэс ыйын 24-25 күннэригэр Улуу Туймаада хочотун Үрүҥ Тунах ыһыаҕар «Дыгын оонньуулара» өрүү буоларын курдук сүҥкэн болҕомтону ыллылар. Кыһыҥҥы-сааскы кэмнэргэ сүүмэрдээһини ааспыт 12 боотур күөн көрүстэ, илин кэлин түһүстэ. Былырыыҥҥы абсолютнай чөмпүйүөн Кэбээйиттэн Алексей Уваровскай эрчиллэ сылдьан эчэйиини ылбытынан, хомойуох иһин, кыттыбата. Икки күн тилэри ох курдук оҥостон, кустук курдук куоһанан кэлбит күннэригэр сылдьар, эт-сиин өттүнэн эргиччи дэгиттэр уолаттар ким үчүгэй бэлэмнээҕин, күүстээҕин быһаарыстылар. Былыргы өбүгэлэрбит аныгы үйэ ыччаттарыгар бэлэхтээн хаалларбыт көрүҥнэрэ, чахчы да, умсугутуулаах буоллахтара. Илин-арҕаа тырыбыналар ыһыах дьонунан туоланнар, сирэм күөх кырыска эргиччи тулалаан олоруу буолла. Ойор-тэбэр эрчимнээх сааскытыгар күлүҥ-үөрүҥ, оонньооҥ-көрүлээҥ диэбиттии, күн-дьыл да туран биэрдэ. Үкэр куйаас сатыылаабыт күннэригэр тыһыынчанан көрөөччүлэрдээх түрбүөннээх түһүлгэ, ыһыынан-хаһыынан оргуйан, өрө ньиргийэ олордо!
Күөн күрэс, кэрэҕин даҕаны!
Сэттэ көрүҥҥэ күрэхтэһэр уоланнар төһө кыалларынан туох баардарынан кыттаннар, миэстэлэһэ, кыайыы очколарын ыла сатаатылар. Түмүгү таһаарыыга хас биирдии очко күндү. Оннук да буолла. Тэҥ баайыылаах эрдьигэннэр көрүҥ аайы иэмэх талахтыы эристилэр. Кытаанах киирсиилэр түһүлгэни киэргэттилэр. Хас биирдиилэрэ сөбүлүүр көрүҥнэрдээхтэр. Сүнньүнэн, тустуунан, мас тардыһыытынан, атах оонньуутунан дьарыктаналлар. Бары да кэлин саха многоборьетыгар көспүт, илии-атах көрүҥнэринэн утумнаахтык ылсан эрчиллэр, эргиччи дьоҕурдаах уолаттар. Сылы тиргиччи утумнаахтык дьарыктаммыттара, бэйэлэрин лаппа кыанар буола уһаарыллыбыттара уоттаах, сэргэх сирэйдэриттэн-харахтарыттан, толору былчыҥнардаах быһыыларыттан-таһааларыттан, сылбырҕатык, имигэстик хамсаналларыттан-имсэнэллэриттэн көстөр.
«Дыгын оонньууларыгар» миэстэлэспит эр хоһууннар, иккилии-үстүү көрүҥҥэ спорт маастардара Горнайтан Дьулустаан Ноговицын, Тааттаттан Николай Матаннанов, Намтан Артем Варданян бу да сырыыга “ытан кэбиһэргэ” “буорахтара кураанах”, бэйэлэригэр эрэллээхтэр. Атах оонньуутугар өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ, Манчаары оонньууларын призера Кэбээйиттэн Яков Дмитриев, Ньурбаттан спорт маастара Николай Обоев күүрээннээх сүүмэрдээһини бэркэ ааһан, түһүлгэни киэргэтэллэрэ саарбахтаммат.
Эдэр уолаттар бааллара үөрдэр. Манчаары оонньууларын уонна өрөспүүбүлүкэ түһүлгэлэрин саха многоборьетыгар кыайыылаахтара, кытаанах сүүмэрдээһиннэри ааспыт 19-20 саастаах Артем Дьяконов Кэбээйиттэн, Алексей Соколов Сунтаартан кэлбиттэр. Үөһээ Бүлүүттэн Айсен Ботуев биэс сыллааҕыта «Дыгын оонньууларыгар» миэстэлэһэн, үгүстэри соһуппута. Билигин сааһа 23-һэ. Бу сырыыга, үс иһигэр киирдэҕинэ, бастаатаҕына да эрэбил. Нам Түбэтиттэн 21 саастаах Вячеслав Дьяконов халыҥ ааттаах-суоллаах аҕата, «Дыгын оонньууларын» алта төгүллээх абсолютнай чөмпүйүөнэ Николай Дьяконов «туйаҕын хатарарга» сорунуулааҕын былырыын-иллэрээ сыл итэҕэтиилээхтик көрдөрбүтэ, кыл мүччү төрдүс буолуталаабыта.
Төрөппүт аҕалар, ийэлэр кэлэн уолаттарыгар ыалдьаллара көрөргө үчүгэй буолла.
Көрүҥтэн көрүҥ аайы бэрт сытыы киирсиилэр түһүлгэни киэргэттилэр. Ыһыах дьоно бэйэлэрин биир дойдулаахтарыгар, сөбүлүү көрөр, биһириир уолаттарыгар астына-дуоһуйа ыарыйдылар. Тутан олорон көрөөччүлэр уйулҕалара уһугунна, сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ!
«Үс төгүл үс»
Маҥнайгы күн, бэс ыйын 24 күнүгэр, киэһэ алта чааска күрэхтэһиилэри ыытарга анаан-минээн оҥоһуллубут балаһааккаҕа “Үс төгүл үс” атах оонньуута саҕаланна. 70 киилэни үктүүр “чэпчэки” ыйааһыннаахтар инники күөҥҥэ таҕыстылар. Хойуу былчыҥнаахтар, “ыарахан” соҕус ыйааһыннаахтар кэлин диэки сырыттылар. Күүтүллүбүтүн курдук, атах оонньуутугар өрөспүүбүлүкэ абсолютнай чөмпүйүөнэ, Манчаары оонньууларын призера Кэбээйи 23 саастаах ыччата Яков Дмитриев үстэ кылыйан, үстэ ыстаҥалаан, үстэ куобахтаан, маҥнайгы холонуутугар 36 м 20 см кыыраҥнатан, эрэллээхтик бастаата. Итиччэ ыраах сиргэ утарсааччылара тиийбэттэрин билэн, салгыы ыстана соруммата, күүһүн, сэниэтин бараабата. Атыттар биирдии уллуҥах, уллуҥах аҥаардыыта холобурдаах эгил-тэгил ойуталаатылар, холонууларын аайы көрдөрүүлэрин эбэн истилэр. Үөһээ Бүлүүттэн 24 саастаах Айсен Ботуев 33 м 97 см, Ньурбаттан атах оонньуутун маастара 29 саастаах Николай Обоев 33 м 65 см түһүтэлээннэр, иккис уонна үһүс үчүгэй көрдөрүүлэннилэр.
Николай Матаннанов (32.88, Таатта) – төрдүс, Артем Дьяконов (Кэбээйи) – бэһис, Айхал Бюлтясов (32.68, Үөһээ Бүлүү) – алтыс, Алексей Соколов (32.52, Сунтаар) – сэттис, Артем Варданян (32.34, Нам) – ахсыс, Дьулустаан Ноговицын (32.14, Горнай) – тохсус, Айсен Семенов (31.96, Өлөөн) – онус, Вячеслав Дьяконов (31.78, Нам) – уон биирис, Петр Прудецкай (31.22, Дьааҥы) уон иккис миэстэлэри ылаттаатылар. Ааспыт сылларга тэҥнээтэххэ, көрдөрүүлэр үрдүктэр, уолаттар эбиллэн иһэллэр.
«Тутум эргиир»
“Тутум эргиир” – ылбычча киһи сатаабат, уһулуччу имигэс буолууну эрэйэр уустук көрүҥ. Бэриллибит икки мүнүүтэҕэ түргэн тэтимнээхтик эргийии ирдэнэр көрүҥэр помоска иккилии буолан тахсаннар, икки тутум уһуннаах маска тирэнэннэр, бэйэлэрин нөҥүө эргийэн күлүмнэтэллэр. Эмиэ чаҕылхай көрдөрүүлэр ситиһилиннилэр. Бу сырыыга Нам Түбэтин 21 саастаах үрдүк төрөлкөй уҥуохтаах, синньигэс бииллээх ыччата Вячеслав Дьяконов 73-тэ тохтоло суох эргийэн бастаата. Уоланнартан саамай кыралара, Кэбээйи Лүксүгүнүн 19 саастаах ыччата Артем Дьяконов – 70, Сунтаартан 20 саастаах Алексей Соколов 64 көрдөрүүлэрдээх иккис уонна үһүс бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр.
Итинтэн салгыы Артем Варданян (60, Нам) – төрдүс, Николай Матаннанов (59, Таатта) – бэһис, Айсен Ботуев (57, Үөһээ Бүлүү) – алтыс, Николай Обоев (55, Ньурба) – сэттис, Айсен Семенов (52, Өлөөн) – ахсыс, Айхал Бюлтясов (52, Үөһээ Бүлүү) – тохсус, Петр Прудецкай (51, Дьааҥы) – онус, Яков Дмитриев (49, Кэбээйи) – уон биирис, Дьулустаан Ноговицын (44, Горнай) уон иккис буолуталаатылар.
Икки көрүҥ түмүгүнэн Артем Дьяконов 7 очколаах – бастакы, Айсен Ботуев 8 очколаах – иккис, Николай Матаннанов 9 очколаах үһүс иһэллэр.
Мас тардыһыы
Аан дойду таһымыгар тахсыбыт өбүгэлэрбит сөбүлүүр оонньуулара албаһын, ньыматын өттүнэн күүскэ сайынна. Күрэхтэһэ сылдьар да уолаттар тиэхиньикэтин кыайа-хото туталлара көһүннэ. Тэбилик мас устун сүүрэллэр-хаамаллар, “стойканы” бары кэриэтэ тутталлар, “гаастыыллар”. Бачыгыратан бэрт тардыһыылар буоллулар. Ыарахан ыйааһыннаахтар инники күөҥҥэ сырыттылар. Бу көрүҥҥэ саамай уопуттаахтара, аан дойду чөмпүйүөнэ, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, «Дыгын оонньууларыгар» онус төгүлүн кыттан, таас көтөҕүүтүгэр рекорд олохтоон “Таас Боотурунан” сүрэхтэммит Горнай Маҕараһыттан 33 саастаах Дьулустаан Ноговицын утарсааччыларын барыларын, ол иһигэр спорт маастара Артем Варданяҥҥа уонна финалга Вячеслав Дьяконовка биир да маһы “бэрсибэккэ” хотуталаан, кыайыыны эрэллээхтик ситистэ. Нам Түбэтиттэн Артем Варданян уонна Вячеслав Дьяконов туһааннааҕынан иккис, үһүс буоллулар.
Төрдүс – Айхал Бюлтясов (Үөһээ Бүлүү), бэһис – Николай Матаннанов (Таатта), алтыс – Айсен Семенов (Өлөөн), сэттис – Николай Обоев (Ньурба), ахсыс – Яков Дмитриев (Кэбээйи), тохсус – Алексей Соколов (Сунтаар), онус – Айсен Ботуев (Үөһээ Бүлүү), уон биирис – Петр Прудецкай (Дьааҥы), уон иккис – Артем Дьяконов (Кэбээйи).
Маҥнайгы күн түмүгүнэн “Үс төгүл үскэ” – ахсыс, “Тутум эргииргэ” – төрдүс, мас тардыһыыга иккис миэстэлээх, 14 кыайыы очколаах саамай уопуттаах боотур, 31 саастаах Артем Варданян (Нам) күрэхтэһиини баһылыыр-көһүлүүр. Атах оонньуутугар түөрт, “Тутум эргииргэ” уонна «маска» биэстии, барыта 14 очколаах Николай Матаннанов (Таатта) – иккис, “Үс төгүл үскэ» уон биирис, “Тутум эргииргэ” бастакы, мас тардыһыытыгар үһүс миэстэлэрдээх 15 очколаах Вячеслав Дьяконов үһүс үчүгэй көрдөрүүлэнэллэр.
Николай Обоев (17, Ньурба) – төрдүс, Айсен Ботуев (18, Үөһээ Бүлүү) – бэһис, 19-туу очколаах Артем Дьяконов (Кэбээйи), Алексей Соколов (Сунтаар), Айхал Бюлтясов (Үөһээ Бүлүү) туһааннааҕынан алтыс, сэттис, ахсыс, Яков Дмитриев (20 очколаах, Кэбээйи) – тохсус, Дьулустаан Ноговицын (21 очколаах, Горнай) – онус, Айсен Семенов (24 очколаах, Өлөөн) – уон биирис, Петр Прудецкай (33 очколаах) уон иккис миэстэҕэ утаа-сабаа иһэллэр. Уоланнар тэҥнэрэ бэрт. Ким хайдах бэлэмнээҕэ чуолкайданыах курдук. Сарсын – быһаарыылаах күн. Дьэ, хайдах буолар. Үгүстэр Вячеслав Дьяконов кыайарын сылыктыыллар.
Оҕунан ытыы
Күрэхтэһиилэр ыһыах иккис күнүгэр Киин түһүлгэҕэ күнүс 12 чаастан саҕаланаллар. Өҥүрүк куйаас ханна да барбакка, биир итир былыта суох күн-дьыл куйааран аҕай турар. Быһаарыылаах иккис күнү охчуттар саҕалаатылар. 40 м тэйиччиттэн “куобаҕы” таптахха – түөрт, “куһу” таптахха – сэттэ, “тииҥи” таптахха уон очко бэриллэр. Иккилиитэ ыталлар. Оноҕос кыҥаабыт сиргэр түспэт дьиктилээх. Элбэх дьарык быһаарар диэн этэллэр. Тэйиччиттэн кыччаан нэһиилэ көстөр “кус-куобах” дэбигис табыллыбаттар. Ону ол диэбэккэ, боотурдар бэркэ ытыалаатылар. Вячеслав Дьяконов ыттаҕын аайы табыталаан, 35 очколаах – бастакы, Яков Дмитриев 31 очконы ылан – иккис, Айсен Ботуев 28 очколаах үһүс үчүгэй көрдөрүүлэнэн, балаһыанньаларын тупсараллар.
Дьулустаан Ноговицын – төрдүс (27 очко), Алексей Соколов – бэһис (22), Айсен Семенов – (22) алтыс, Николай Матаннанов – (21) сэттис, Николай Обоев (14) – ахсыс, Артем Варданян (11) – тохсус, Артем Дьяконов (7) – онус, Айхал Бюлтясов (4) – уон биирис, Петр Прудецкай (4) уон иккис миэстэлэннилэр.
Түөрт көрүҥ түмүгүнэн Вячеслав Дьяконов 16 очколаах – бастакы, Айсен Ботуев 21 очколаах – иккис, Николай Матаннанов 21 очколаах үһүс иһэллэр.
400 м сүүрүү
Бэстилиэт тыаһа өрө хабылла түһэрин кытта старт бэриллэн, уолаттар тэбис-тэҥҥэ түһүнэллэр. Иннилэригэр сырдык халадаай ырбаахылаах кыыс ситтэримээри сүүрэн туллуктанар. Маҥнайгы эргииргэ диэри Петр Прудецкай, Николай Матаннанов, Айсен Ботуев эрчимнээхтик сүүрэн элэҥнэтэллэр. Тырыбына анныгар кэлиилэригэр Петр Прудецкай атылын эбэр. Ортоку быыппаһыннаран иһэр өрөспүүбүлүкэ 400 м чөмпүйүөнэ Айхал Бюлтясов уолаттары сыыйа сититэлиир. Онтон Айсен Ботуев, Николай Обоев элэҥнэтэллэр. Били стартаабыт сирдэрин ааһыыларыгар Айхал Бюлтясов тэтимин ыһыктыбакка бастаан иһэр Петр Прудецкайга ыга анньан кэлэр. Эргииргэ кытаанах хатыһыы, тырыбына аннынааҕы бүтэһик көнөҕө Үөһээ Бүлүү быһыйа Айхал Бюлтясов инники ойон тахсар уонна илиилэрин өрө уунан сүүрүүнү маҥнайгынан түмүктүүр! Иккис – Петр Прудецкай (Дьааҥы), үһүс – Яков Дмитриев (Кэбээйи).
Кыайыылаахтар кэннилэриттэн утуу-субуу Николай Обоев (Ньурба) төрдүһүнэн, Айсен Ботуев (Үөһээ Бүлүү) бэсиһинэн, Артем Варданян (Нам) алтыһынан, Вячеслав Дьяконов (Нам) сэттиһинэн, Николай Матаннанов (Таатта) ахсыһынан, Алексей Соколов (Сунтаар) тохсуһунан, Дьулустаан Ноговицын (Горнай) онуһунан, Артем Дьяконов (Кэбээйи) уон биириһинэн, Айсен Семенов (Өлөөн) уон иккиһинэн түмүктүүллэр. Боотурдар эдэр кыыһы төһө да сиппэтэллэр, сүүрүү «Дыгын оонньууларын» биир саамай умсугутуулаах, сиэдэрэй көстүүлээх, өй-мэй тулуйбат ыһыылаах-хаһыылаах биир эриэккэс көрүҥэ!
Биэс көрүҥ түмүгүнэн Вячеслав Дьяконов 23 очколаах – бастакы, Яков Дмитриев 25 очколаах – иккис, Айсен Ботуев 28 очколаах үһүс иһэллэр.
Хапсаҕай
Былырыыҥҥы «Дыгын оонньууларын» абсолютнай кыайыылааҕа, Кэбээйи ыччата Алексей Уваровскай кыттыбыта буоллар, хартыына арыый атыннык салаллыа этэ диэн дьон этэрэ оруннаах. Лидери суохтааһын баар. Былырыыҥҥы оонньуулар харизмата да үчүгэйэ бэрт этэ. Дьон сүрдээҕин ылыммыта. Ол да иһин Уваровскай күрэхтэһиилэр үгэннэригэр тырыбына иннигэр сүүрэн кэлбитигэр, дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр.
Уол оҕо уйана-хатана быһаарыллар, саха омук киэн туттуутун хапсаҕайы көрбүт эрэ барыта сөбүлүүр, биһириир. Кытаанах тутуһуулартан былчыҥ лаһыгырыыр, иҥиир лачыгырыыр, бэрт бэрди охторор, күүстээх күүстээҕи үтүрүйэр сүдү көстүүтэ «Дыгын оонньууларыгар» биир күүтүүлээхтэрэ, кэтэһиилээхтэрэ! Бөҕөс улахана-кырата быһаарбат, халбас харата сылбырҕа хамсаныы, аһаран биэрэн умса туруйалатыы, тэбэн түһэрии бу да түһүлгэни тумнубатылар. Бииртэн биир эр бэрдэ боотурдар утарсааччыларын бүдүрүттүлэр, кыайыыттан кыайыыны ситистилэр. Дьэ, кырдьык, кыраһыабай бырахсыылар буоллулар. Хотторуу хомолтотун билбиттэр эрдэ туораан истилэр. Күүстээхтэр бүтэһик эргиирдэргэ күөн көрүстүлэр. Төрдүө эрэ хаалбыттарыгар биир да хотторуута суох өлөөннөр киэн туттуулара, өрөспүүбүлүкэ түһүлгэлэрин кыайталыыр хапсаҕай уонна мас тардыһыы маастара Айсен Семенов намнар эрэллэрэ Вячеслав Дьяконовы охторон, кыахтаахтык бастаата. Маҥнайгы эргииргэ Айсен Семеновка эрэ баһыйтарбыт мас тардыһыы маастара 31 саастаах Артем Варданян быраатыныын Вячеслав Дьяконовтыын иккис миэстэни былдьаһар сытыы хапсыһыылара уопуттаах бөҕөс кыайыытынан түмүктэннэ.
Николай Обоев (Ньурба) – төрдүс, Петр Прудецкай (Дьааҥы) – бэһис, Артем Дьяконов (Кэбээйи) – алтыс, Дьулустаан Ноговицын (Горнай) – сэттис, Айхал Бюлтясов (Үөһээ Бүлүү) – ахсыс, Айсен Ботуев (Үөһээ Бүлүү) – тохсус, Яков Дмитриев (Кэбээйи) – онус, Николай Матаннанов (Таатта) – уон биирис, Алексей Соколов (Сунтаар) уон иккис буоллулар.
Алта көрүҥ түмүгүнэн Вячеслав Дьяконов 26 очколаах – бастакы, Артем Варданян 31 очколаах – иккис, Яков Дмитриев 35 очколаах үһүс иһэллэр. Атыттар тэйиччилэр.
Таас көтөҕүү
Абсолютнай кыайыылааҕы быһаарар бүтэһик көрүҥ саҕаланар. Бары очколарын ааҕа сылдьаллар. Ааҕыы-суоттааһын кытаанах. Ордук лидердэргэ, күрэхтэһиини баһылаан-көһүлээн иһээччилэргэ эппиэтинэс улахан. Ким хайдах иһэрин күрэхтэһээччилэр чугас дьоно, улуустарын бэрэстэбиитэллэрэ билэр буоланнар, бэйэлэрин уолаттарыгар ыйыы-кэрдии, сүбэ-ама бөҕө. Сымара тааһы хайа өттүттэн ханан, хайдах тутары этэллэр, тааһы турар миэстэтин көннөрөн биэрэллэр, магнезиянан сотоллор.
Дьон бары Вячеслав Дьяконовы кэтииллэр. Биэс иһигэр киирдэҕинэ, бастыахтаах. Бүтэһигинэн барыахтаах, онон, эккирэтэр буолан, Вячеславка табыгастаах. Ким төһөнү барара уонна бэйэтэ төһөҕө диэри илдьиэхтээҕэ биллэр. Тааһын эрэ мүччү тутумуон наада.
Хапсаҕайга бүтэһик көрдөрүүлээхтэр бастакынан саҕалыыллар. Уолаттар эр-биир үчүгэй көрдөрүүлэри ситиһэллэр. Илии, сис, атах күүскэ үлэлииллэрин таһынан, тулуур, дьулуур, өһөс санаа эбиллэллэр. Яков Дмитриев 102.35 м ыраахха илдьэр. Петр Прудецкай – 102.90 м, Айхал Бюлтясов – 103.48 м, Артем Варданян – 122.65 м, Айсен Ботуев – 150.73 м, тааһы көтөҕүү рекордсмена Дьулустаан Ноговицын көрдөрүүтэ – 200 м 20 см!
Дьэ, ити үлүгэрдээх көрдөрүүлэртэн улаханнык хаалбат туһугар, биэс иһигэр киирэр иһин эдэр уолан Вячеслав Дьяконов сымара тааһын лоп-бааччы түөһүгэр ыксары туппутунан иннин диэки тэтимнээхтик хаампытынан барда. Тырыбына биир-кэм өрө оргуйа олорор. 50 м, 80 м, 100 м, 110 м, ити тухары аллара баттыыр тааһын 120 м 40 см илдьэн ыһыктан кэбиһэр – төрдүс миэстэ уонна Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын 100 сылыгар анаммыт «Дыгын оонньууларын» абсолютнай чөмпүйүөнэ буолары ситистэ!
Эҕэрдэлиибит!
Түмүк
Аныгы кэм күрэхтэһиилэрин таһыма бириистэринэн быһаарыллар. Быйылгы «Дыгын оонньууларыгар» ол сиэр-туом бигэтик тутуһулунна. Биирдиилээн көрүҥнэргэ бастаабыттарга 50 000 солк. суумалаах сертификаттар туттарылыннылар. Бары күрэхтэһиигэ кыттыбыттар телевизорынан биһирэннилэр. Абсолютнай чөмпүйүөн Вячеслав Дьяконовка “Прогресс” тутуу ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Алексей Семенович Пинигин 1 000 000 солк. кээмэйдээх сүрүн бирииһин туттарда. Иккис миэстэлэммит Артем Варданян – квадроциклынан, үһүс миэстэҕэ тиксибит Айсен Ботуев “Ямаха” мотуордаах тыынан наҕараадаланнылар. “Дыгын оонньууларыгар” онус төгүлүн ситиһиилээхтик кыттыбыт Артем Варданян көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылан, 100 000 солк. сертификаты тутта.
Наҕараадалааһын кэнниттэн Вячеслав Дьяконовтан интервьюну бэрт нэһиилэ ылыы буолла. Хаартыскаҕа түһүөн баҕалаах элбэҕэ бэрт. Харса суохпун киллэрэммин, хаартыскаҕа түсүһэ турар дьон “Уруйун-айхалын” ортотугар түгэн булан, бэрт былдьаһыгынан нэһиилэ кыбыллан киирэн кэпсэттим. Хата, Вячеслав улаханнык симиттибэтэ: “Кыайыы ыараханнык кэллэ. Дьарыгым, бэлэмим бары көрүҥнэргэ үчүгэй этэ эрээри, ыстаныым кыратык табыллыбата. Дьарыкпар 34 миэтэрэни түһээччибин. Саха многоборьетыгар маастарбын. Бары көрүҥнэргэ барыларыгар үчүгэйдик дьарыктаныахха наада. Биир эмэ көрүҥү хааллардаххына, хаалан хаалар. Ол иһин барыларын тэҥник тутабын. Мас тардыһыытынан күүскэ дьарыктаныахпын баҕарабын. Дьиэ кэргэним, аҕам улахан көмөнү, өйөбүлү оҥороллор. Таптыыр кыыспын кытта куоракка олоробут. Бирииспин ийэлээх аҕабар биэриэҕим. Дьокуускайга Физкултуура уонна спорт институтугар бастакы кууруһу бүтэрдим. Кыайыыбын бу соторутааҕыта биһиги кэккэбититтэн туораабыт эһээбэр аныыбын”.
Боруонса мэтээли ылары ситиһэн ылбыт “Ямаха” японскай фирма мотуордаах тыытын көрө-истэ турар Айсен Ботуев эмиэ санаатын үллэһиннэ: “Күрэхтэһии эчэйиитэ суох этэҥҥэ ааста. Уолаттар бэлэмнэрэ үчүгэй. Дьиҥинэн, бастыырдыы эрэ диэн кэлбитим. Атах оонньуутугар “куобахха” уонна саха многоборьетыгар маастарбын. Үһүс буолбуппуттан үөрбэтим даҕаны, хомойботум даҕаны. Элбэҕи кэтэспитим. Сэттэ көрүҥтэн ордук “үс төгүл үһү” сөбүлүүбүн, аҥаардас дьарыга да үчүгэй буолааччы. Бастаан мас тардыһааччы этим, онтон многоборьеҕа кэлэн бараммын атын көрүҥнэри сэҥээрбэппин диэххэ сөп. Кэргэннэнэ иликпин. Бу мотуордаах тыыбын бултуурун сөбүлүүр физкултуура учуутала, билигин МЧС-ка үлэлиир аҕабар бэлэхтиэҕим. Бастатан туран, миэхэ көмөлөспүт төрөппүттэрбэр, миигин өйөөбүт дьоммор, тренерим Сергей Семеновка, доҕотторбор рекордсмен Михаил Руфовка, Күндүл Карбакановка, күрэхтэһэрбэр харчынан көмөлөспүт Тимофей Анатольевичка, Үөһээ Бүлүү Спорка управлениетын начаалынньыга Егор Алексеевичка, тренерим Сергей Семеновка уонна урукку тренербэр бу ситиһиибин аныыбын”.
«Дыгын оонньууларын» тэрээһинэ табылынна. Сүрүн тэрийээччи, салайааччы, Дьокуускай куорат Физическэй култуураҕа уонна спорка управлениетын начаалынньыга Эдуард Васильевич Ефимов санаатын бу курдук тиэртэ: “Дьоҥҥо-сэргэҕэ чугаһата сатааммыт тэрийдибит, салгыы да үлэлэһиэхпит, стадион туттарар кэм кэлбитэ көстөр, үлэлэһиэхпит. Элбэх киһи көрөр, сэҥээрэр. “Саха” НКИХ телевидениетинэн быһа холбонууга эмиэ көрөллөр. Уолаттар тиһэҕэр тиийэ ким бастыырыгар быһаарсан кииристилэр. Уоллаах аҕа Николай уонна Вячеслав Дьяконовтар сэргэхситиини үөскэттилэр. Алексей Уваровскай бэлэмэ үчүгэй, эбиллибит, ыйааһынын үрдэппит, күүһүрбүт этэ. Эчэйиитэ мэһэйдээн кыттыбата, эһиил күрэхтэһиэм диир. Киһи чыпчаал туругар киирдэҕинэ, итинник былчыҥ тулуйар-тулуйбат икки ардыгар сылдьааччы. Күүстээх дьарыгы ааспыта биллэр. Ол иһин субу күрэхтэһии буолаары турдаҕына былчыҥа быһа бардаҕа. Эһиил кэтэһэбит. Уолаттар профессиональнай бэлэмнэрэ үрдээн иһэр, онон, холобура, таас ыйааһынын эбэн биэриэхпит. Тэрээһиҥҥэ итинник араас толкуйдар бааллар.
Спонсордарга, чуолаан, абсолютнай чөмпүйүөҥҥэ 1 000 000 солк. туттарбыт Алексей Семенович Пинигин генеральнай дириэктэрдээх “Прогресс” тутуу хампаанньатыгар, иккис миэстэ иһин квадроциклы туруорбут Дьокуускай куорат Физическэй култуураҕа уонна спорка управлениетыгар, үһүс миэстэҕэ мотуордаах тыыны туруорбут Михаил Николаевич Соловьев генеральнай дириэктэрдээх “Эгопласт”, Руслан Петрович Колодезников салайааччылаах “Технопласт” тэрилтэлэргэ, Дьокуускайдааҕы Ольга Витальевна Шерстянникова дириэктэрдээх “ТКД” ХЭТ, көрүҥнэр кыайыылаахтарыгар 50 000 солк. биэрбит Алексей Владимирович Беркутов салайааччылаах “Сладкая слобода” кондитерскай фабрикаҕа, “Якутия” ФАПК-ҕа, “Таҥас” фирмаҕа улахан махталбын тиэрдэбин!”.
«Дыгын оонньуулара», хаһан да буоларын курдук үрдүк тэрээһиннээхтик, сэргэх көрөөччүлэрдээх, эрчимнээх ыалдьааччылардаах өрө көтөҕүллүүлээхтик ааста. Сахабыт сирин Аҕа баһылыга Айсен Николаев, спорт миниистирэ Леонид Спиридонов, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын баһылыга Евгений Григорьев тус бэйэлэринэн кэлэн көрдүлэр-иһиттилэр, күрэхтэһии кыттыылаахтарыгар эҕэрдэлэрин анаатылар.