Волонтердар күүскэ үлэлээтилэр
Бэс ыйын 25-26 күннэригэр Үс Хатыҥҥа үбүлүөйдээх Туймаада ыһыаҕа өрө күүрүүлээхтик буолан ааста. Хас биирдии улахан тэрээһин волонтера суох ыытыллыбат. Ол курдук, дьон-сэргэ бары күүппүт ыһыаҕар уопсайа сүүрбэ устудьуон волонтер быһыытынан үлэлээтэ. Кинилэр сарсыарда 8 чаастан киэһэ 20 чааска диэри 7 информационнай стойкаҕа үлэлээтилэр. Түһүлгэлэри, медицинскэй пууннары, атыы-эргиэн туочукаларын, уопсастыбаннай тырааныспар сырыытын, ыһыах о.д.а. бары ымпыгын-чымпыгын буларга өйөбүл, тирэх буоллулар.
Александра Никитина, ХИФУ Педагогическай институтун устудьуона:
— Быйыл, 2022 сылга, Туймаада Ыһыаҕар аан бастакыбын волонтердаатым. Бэйэм ХИФУ иһинэн үлэлиир «Алмазы Севера» волонтердар ыстааптарыгар баарбын. Түгэнинэн туһанан, өйүөнэн, форманан хааччыйбыт салайааччыларбытыгар махтаныам этэ. Волонтер үлэтин туһунан эттэххэ, икки күн инниттэн Үс Хатыҥҥа тиийэммит, түһүлгэлэри көрөн-истэн, билсэн кэлбиппит. Маршрутнай каарта, ыһыах тэрээһиннэрин бырагыраамата барыта бэриллибитэ. Биһиги сыалбыт диэн, анал информационнай будкаларга туран, дьоҥҥо-сэргэҕэ түһүлгэлэри ыйан биэрии, ону таһынан куораппыт «Эхо столицы” хаһыатын түҥэтии этэ. Олус үчүгэй, үрдүк таһымнаах ыһыах ааста! Устудьуон сылларбар биир кэрэ-бэлиэ түгэн буолла. Төһө даҕаны сарсыардаттан хойукка диэри үлэлээтэрбин, ыһыаҕы даҕаны көрдүм диир кыахтаахпын.
Виктория Федорова, ХИФУ устудьуона:
— Мин бастакыбын маннык улахан тэрээһиҥҥэ волонтердаатым. Олус сөбүлээтим, элбэх саҥаны биллим, саҥа доҕоттордоннум. Араас дьону кытта кэпсэтэн, уопут бөҕөтө ылынным. Саамай сөбүлээбитим диэн – дьон үөрэрэ-көтөрө, махтанара, мичээрдиирэ! Хайдах эрэ киһи ис-иһиттэн өрө көтөҕүллэр курдук! Сахабыт сиригэр ыһыахпыт саамай күүтүүлээх, сүдү суолталаах бырааһынньыкпыт да буолан, дьон-сэргэ барыта үөрүү аргыстаах сылдьара көрөргө астык. Быйылгы уопуппун эһиилги ыһыахха эмиэ туһаныам.
Сахаайа Свешникова, Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн колледжын 2 кууруһун устудьуона:
— Ыһыахха аан бастакыбын волонтер быһыытынан сырыттым. Мин сүрүн сорукпунан ыһыах бырагырааматын, каартатын сырдаппыт “Эхо столицы” хаһыат анал таһаарыытын дьоҥҥо-сэргэҕэ түҥэтии буолбута. Олус сөбүлээтим, сүдү уопут ыллым, өрөбүллэрбин, хата, туһалаахтык атаардым.
Сүрүннээн ыһыахха кэлбит ыалдьыттар аһыыр сири уонна спорт тэрээһиннэрэ ханнык түһүлгэҕэ ыытыллалларын ыйыталаһаллар эбит. Олус куйаас күннэр турбуттара эрээри, тэрийээччилэр биһигини иһэр уунан быыстала суох хааччыйаннар, биирдэ аһатаннар, улаханнык сылайбатахпыт. Дьон араас кыһалҕалаах кэлэн сураһар, ыйыталаһар буолар эбит. Волонтердарга нэһилиэнньэ саастаах эрэ араҥата наадыйар диир сатаммат. Үс Хатыҥ кэлиҥҥи сылларга олус кэҥээн, эдэр даҕаны дьон мунаахсыйара үгүс
Алексей Яковлев, ХИФУ Горнай институтун устудьуона:
— Дьоҥҥо туох ханна баарын ыйан биэрэн, ыһыах тэрээһиннэрин кытта билиһиннэрэн, бэрт туһалаах үлэнэн дьарыктанным. Бэйэм бу волонтердар хамсааһыннарыгар киирбиитим аҕыйах ый буолла. Сөбүлээтим, дьоҥҥо көмөлөһөр, өйөбүл буолар туох даҕаны куһаҕана суох.
Дьулуур Сидоров, ХИФУ геологоразведочнай факультетын 3 кууруһун устудьуона:
— Ыһыахха мин түөрт будкаҕа туран, дьоҥҥо туох ханна баарын, билигин ханнык тэрээһин ыытылла турарын, ыытыллыахтааҕын ыйан биэрдим. Киһи наһаа элбэх этэ. Мин санаабар, ыһыах үгэс курдук үрдүк таһымнаахтык ааста. Волонтер быһыытынан үбүлүөйдээх ыһыахха сэмэй кылааппын киллэрбиппиттэн астынным, инникитин даҕаны улахан тэрээһиннэргэ дьоҥҥо-сэргэҕэ көмөлөһөр соруктаах үлэлиир баҕалаахпын.
Харысхал Иванов, Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн колледжын 2 кууруһун устудьуона:
— Ыһыхха волонтердары көрдүүллэр диэн кураторбыттан истибитим. Бу иннинэ улахан тэрээһиҥҥэ – Гагарин аатынан кииҥҥэ эмиэ волонтер быһыытынан үлэлээбитим. Ыһыахха биһигини оптуобуһунан илдьибиттэрэ-аҕалбыттара, аһаттылар, уунан хааччыйдылар. Онон үлэлээбиппин сирбэтим, хата, дьон бөҕөтүн кытта билистим. Мин санаабар, волонтер диэн дьоҥҥо-сэргэҕэ көмөлөһөр, аһыныгас уонна амарах сүрэхтээх киһи.
Дайаана Попова, ХИФУ Педагогическай институтун 3 кууруһун устудьуона:
— Туймаада ыһыаҕар волонтер быһыытынан үлэлээммин олус астынным, дуоһуйдум, үөрдүм. Быйыл, дьэ, өр да күүппүт ыһыахпыт этэҥҥэ тэриллэн, өрө күүрүүлээхтик ааста. Волонтер үлэтин туһунан эттэххэ, биһиги информационный будкаларга турбуппут, дьоҥҥо-сэргэҕэ ханнык түһүлгэҕэ ханнык тэрээһиннэр буолалларын сырдатан, кэпсээн, ыйан-кэрдэн биэрбиппит. Мин санаабар, барыта үчүгэй баҕайытык ааста, бэйэм олус астынным. Икки күн устата атастаһа сылдьаммыт үлэлээтибит, онон син сынньана-сынньана диэххэ сөп. Биһиэхэ барыбытыгар биир форманы биэрбиттэрэ олус үчүгэй этэ.
Виктория Путинцева, ХИФУ Педагогическай институтун устудьуона:
— Бэс ыйын 25-26 күннэригэр Үс Хатыҥ сиригэр-уотугар кэтэһиилээх Туймаада ыһыаҕа буолан ааста. Мин сүрүн-сыалым соругум – кэлбит ыалдьыттарга, куорат олохтоохторугар көмө-тирэх буолуу. Туймаада ыһыаҕар волонтерунан үлэлээн көрбөппүн сөбүлээтим. Дьоҥҥо көмөлөспүппүттэн астынным.
Бары бэйэбит үлэбитин үчүгэйдик толордубут дии саныыбын.
Түгэнинэн туһанан, национальнай бырааһынньыгы тэрийбит олохтоох дьаһалта бары үлэһиттэригэр өйөбүлгүт, итэҕэлгит иһин улахан махталбын тиэрдэбин.Өссө даҕаны өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар улахан тэрээһиннэргэ көмө-тирэх буолуоҕум.
Санатан эттэххэ, быйылгы киин куорат ыһыаҕа Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 390, Саха АССР тэриллибитэ 100, Дьокуускайга бэрэстэбиитэллээх уорган тэриллибитэ 200, Үс Хатыҥҥа Туймаада ыһыаҕа ыһыллар буолбута 25 сылларыгар ананан ыытылынна.
Ити курдук, устудьуоннар туохтан даҕаны туора турбакка, бары биир киһи курдук икки күнү толору дьоҥҥо-сэргэҕэ көмөлөстүлэр, үлэлээтилэр. Тэрийээччилэр волонтердаабыт оҕолорго махтаннылар, инникитин даҕаны буолар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталларыгар баҕа санааларын эттилэр.