22.02.2024 | 11:20

Волонтер эр дьон. Кинилэр кимнээҕий?

Биһиги волонтердар тустарынан ордук пандемия кэмигэр истибиппит. Кинилэр ыалдьыбыт, кыаммат дьоҥҥо астарын, эмтэрин босхо тиэрдэн биэриигэ, араас соруктарга сылдьыбыттара. Волонтердар ойуур баһаардарыгар эмиэ күүстэрин харыстаабакка үлэлээбиттэрэ.
Волонтер эр дьон. Кинилэр кимнээҕий?
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Волонтердар — уопсастыба эбэтэр кини сорох бэрэстэбиитэллэрин туһугар тус баҕаларынан уонна босхо көмөлөһөр дьон. Волонтер бэйэтин күүһүн уонна бириэмэтин көмөҕө наадыйар киһиэхэ аныыр, итиэннэ уопсастыбаҕа туох эрэ туһалаах дьыаланы оҥорор.

 

Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан эмиэ волонтердар тустарынан истэбит, кинилэринэн киэн туттабыт, сөҕөбүт. Сорох ардыгар билигин үлэлиир волонтердары тыыл бэтэрээннэригэр тэҥниибин. Кинилэр кыайыыны уһансыыга, түргэтэтиигэ кырата суох кылааттарын киллэрэллэр.

Мин бүгүн ааҕааччыларбар волонтер күүстээх аҥаардарбыт туһунан сырдатыахпын баҕарабын.

Валерий Георгиевич Подолин, 1952 сыллаахха тохсунньу 8 күнүгэр күн сирин көрбүт, Москва куорат олохтооҕо:

— Анал байыаннай дьайыыга бааһырыы ылан кэлэн, госпитальга сытар уолаттарга көмөлөһөбүн. Ас-таҥас, сороҕор бэйэлэрэ тугу эмит сакаастаатахтарына, туохха эрэ наадыйдахтарына, булан илдьэбин. Байыастары кытта көрсөргө хас биирдии тыл күндү, сороҕор хомотон да кэбиһиэххин сөп, онон кинилэр настарыанньаларын көтөҕөр, бойобуой санааларын бөҕөргөтөр кэпсэтиилэр наадалар.

Миигин өйдөөбөт, бу тоҕо волонтердуу сылдьаҕын диир киһини, хата, көрсө иликпин. Элбэх киһини кытта билсибит, алтыспыт киһибин. Нерюнгрига начаалынньыктыы сылдьыбытым, куораты тутуспутум, оччолорго 700-кэ үлэһиттээх этим, үксүлэрэ хомсомуоллар, эдэр ыччат, онон ханнык баҕарар киһини кытта үчүгэй сыһыаны олохтуурга олох үөрэппитэ. Буойуннарбыт санаалара, туруктара арааһынай, ол да буоллар, биллэн турар, уйулҕалара уларыйар, онон сулууспаларын кэннэ эйэлээх олоххо төннөллөрүгэр, онно көмөлөһөрбүтүгэр биһиги иннибитигэр улахан сорук турар.

Билигин сулууспалыы сылдьар уолаттарга, госпитальга сытааччыларга бастатан туран доруобуйаны, дьиэ кэргэннэригэр үөрүүнү, бары өйөбүл буолалларыгар баҕарабын. Кинилэр оҥорор дьоруойдуу быһыыларын, дойдубутун бандеровецтартан, нацизымтан көмүскүүллэрин хас биирдиилэрэ билиниэхтэрин наада.

СӨ норуодунай дьокутаата, БАРС-2 батальон хамандыыра Василий Иванович Егоров туһунан ахтан ааһыахпын баҕарабын. Биһиги 90-с сыллартан билсэбит, кини эмиэ мин курдук илиҥҥи бойобуой көрүҥүнэн дьарыктанар этэ. Оччолорго Дьокуускайга кикбоксинг федерациятын ассоциациятын тэрийбиппит, араас күрэхтэһиилэри ыытар этибит, бу спорт тула биир интэриэстээх буоламмыт элбэхтэ кэпсэтэрбит, санаа үллэстэрбит. Василий Иванович 2021 сыллаахха миигин Саха сиригэр кикбоксинг сайдыбыта 30 сылыгар уонна кикбоксиҥҥа Арассыыйа чемпионата буолбутугар ыҥырбыта.

Василий Иванович СВО-тан төннөн иһэрин уонна БАРС-2 хамандыырынан сылдьыбытын истэн баран, киниэхэ эрийбитим, Москваҕа көрсүбүппүт. Онтон ыла, Москваҕа кэллэ даҕаны, хайаан да көрсөбүт. Онон Василий Ивановичтыын биһиги табаарыстыы, доҕордуу эрэ буолбакка, оннооҕор аймахтыы да курдук убаай-быраат сыһыаннаахпыт диэххэ сөп. Кини эр санаатынан, хорсун быһыытынан киэн туттабын, убаастыыбын. Билигин Дьокуускайга Бүтүн Арассыыйатааҕы “Буойун” филиалы тэрийэр боппуруос быһаарылла турар, Тюменскай уобаласка преподавателлэри бэлэмнии сылдьаллар, ол барыта табыллыа диэн эрэнэбин.

Павел Семенович Протопопов, Бүлүү Сыдыбылыттан төрүттээх, Москваҕа олорор:

— Кэргэним Туяра Константинова “Сахаволонтер” хамсааһыны тэрийэн үлэлиэҕиттэн мин күүс-көмө буолан өрүү көмөлөһөбүн.

Госпитальнай набордары хомуйууга ханна чэпчэтиилээҕин көрдөөн, сакаастаан, Поспредствоҕа аҕалтарабын. Питерга эмиэ госпитальнай набор наада буолбутугар, онно баар волонтер аадырыһыгар сүрүннээн интэриниэт маҕаһыыннартан араас малы-салы тус-туһунан сакаастаан ыыппытым.

Госпитальга барыы, элбэх сиргэ кэрийэр буоллахпытына, суоппар да быһыытынан сылдьабын. Ыраах, Солнечногорскай, Химки, Балашиха, Воронцовское диэн бөһүөлэккэ (уруккута ковиднай госпиталь) эмиэ биһиги уолаттарбыт сыталлар. Онно хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри сылдьан эргийэн кэлэҕин, күҥҥэ аҕыстыы чаас да барар, саамай элбээбитэ 260 км сүүрдэн кэлбиппит, Кыайыы күнүн иннинэ этэ. Субуотаҕа, өрөбүлгэ бэйэм эмиэ байыастарга сылдьааччыбын.

Эр киһи тиийдэҕинэ уолаттар быдан элбэҕи кэпсииллэр диэххэ сөп, бойобуой олохторун, ханна, хайдах сэриилэспиттэрин, туох буолбутун, өстөөх хайдах ытыалыырын, миинэ кэлэн түһэрин, анарааҥылар хайдах сэриилэһэллэрин эҥин туһунан. Хайдах бааһырбытын, хайдах онтон тахсыбытын барытын кэпсиэн сөп. Дьахтар киһиэхэ оннук улаханнык аһыллыбаттар быһыылаах. Бэйэм холку киһибин, этэргэ дылы, кыраттан ымыттыбаппын. Уолаттары көрөр, биллэн турар, ыарахан, иккилии да атахтара ампутациялаах, Илизаров аппараатын кэтэ сытар, дэлби ыран хаалбыт буолаллар. Бассаабын хаартыскатын көрдөххө, толору эттээх-сииннээх буолар, тиийдэххинэ, дэлби хатан, ыран хаалбыт уолаттар олороллор. Уопсайынан уолаттар тиийдэххинэ наһаа үөрэллэр, кэтэһэллэр. Холобур, дьахтар киһи госпитальга тиийэн баран илиитэ, атаҕа суох уолу көрөн уолуйар, долгуйар, хараҕын да уута бычалыйан тахсан кэлэр. Биһиги эр киһи быһыытынан тэҥнээх курдук кэпсэтэбит. Хайдаҕын, хантан сылдьарын эҥин билсэн бараҕын. Ааспыкка Бүлүү уола сытара, уопсай билэр дьонноох этибит, онон, бааһырбытыгар наһаа болҕомтону уурбакка, үчүгэй түгэннэри санатар курдук кэпсэппиппит.

Сүрүн көмөм диэн миэнэ табаар атыылаһыыта, биирдэ эмит кэлэбин, барабын, волонтердар пууннарыгар тиийэн ону-маны бэрээдэктиибин. Бэйэм финансист үөрэхтээх буолан, этэргэ дылы, отчуотунан эҥин дьарыктанабын, барыта орун-оннугар сытарын сөбүлүүбүн. Бу үнүрүүн хос саҕа морозильнай ыскаабы баран барытын наардаан, суруктаан, дьааһыктаан, дьаарыстаан уурталаабыппыт.

Ханна да буоллун чэпчэки сыаналааҕы була сатыыгын, хайдах түргэнник кэлэринэн сакаастыыгын. Аммалар көрдөһөн, дизельнай генераторы арыый чэпчэкитик булан Поспредствоҕа тиэрдэн, уолаттар кэлэн илдьэ барбыттара. Биир улахан атыылаһыыбыт тохсунньу бүтэһигэр этэ, Питертан УАЗ Патриот массыынаны 400 тыһыынчаҕа атыылаһан, Москваҕа автовоһунан тиэйтэрэн аҕалбыппыт. Үөһээ Бүлүү Туобуйатыттан төрүттээх идэтийбит байыаннай разведчик уол көрдөһүүтүнэн ылбыппыт. Массыынатын уонча хонуктааҕыта бэйэтэ кэлэн илдьэ барбыта.

Уолаттарга бөҕө санааны, санааларын түһэрбэттэригэр, улахан эчэйиилээх да буоллахтарына, олоххо тардыһыыны баҕарабын. Олох бүгүҥҥүнэн бүппэт, оннооҕор буолуоҕу тулуйан кэлбит дьон туох эрэ дьарык булан, инники олохторугар олук ууран, дьонноро-сэргэлэрэ аттыларыгар баар буоллахтарына, бары да дьоллонуохтара. Кыра бааһырыылаахтар бэйэлэрин чаастарыгар тиийэн кыайыыны чугаһатар курдук сылдьыахтара диэн баҕа санаабын этэбин. Бэйэм балтым уола эмиэ итиннэ баар, балтараа сыл буолан эрэр, этэҥҥэ сылдьар. Сахалар туохха барытыгар сыстаҕастар, үөрэнэллэрэ, ылыналлара түргэн, онон уолаттарбытын сыаналыыллар, убаастыыллар, ол иһин этэҥҥэ сылдьыахтара, чиэстээхтик сулууспалыахтара диэн биһиги бары кинилэргэ эрэлбит улахан.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...