14.03.2024 | 10:00

Владислав Беляев: «Саха оскуолаларыгар бултуур, ыһыахтыыр сир аныахтарын баҕарабын»

Владислав Беляев:  «Саха оскуолаларыгар бултуур, ыһыахтыыр сир аныахтарын баҕарабын»
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Кулун тутар 9 күнүгэр Сайсары күөлүгэр “Аҕа уолунуун” дьиэ кэргэн күрэҕэ буолан ааста. Бастакы миэстэни – Беляевтар, иккиһи – Лебедевтэр, үсүһү Хатастан Окороковтар ыллылар. Икки бастакы миэстэни ылбыттар Дьокуускай куорат чиэһин муус устарга ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ көмүскүөхтэрэ.
Биһиги хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта – «Аҕа уолунуун» куораттааҕы күрэх кыайыылааҕа Владислав Иванович Беляев. Кини Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия 9-ус кылааһыгар үөрэнэр Бувайсар диэн улахан уолун кытта бастаата.

«Дыгын оонньууларыттан» итэҕэһэ суох

– Чурапчы улууһун Сылаҥ диэн дэриэбинэтэ Түөйэ диэн дьоҕус  учаастактаах – онно төрөөбүт-үөскээбит киһибин, үөрэхпин бүтэрээт, Дьокуускайга ыал буолан олохсуйбутум. Кэргэним Ашлей Васильевна ХИФУ-га старшай преподаватель, устудьуоннары боксаҕа дьарыктыыр. Түөрт уол оҕолоохпут.

Мин бэйэм Чурапчы интэринээт-оскуолатыгар 5-тэн 9-ус кылааска диэри үөрэммитим. Онтон Олимпийскай эрэллэр училищеларыгар кэлбитим. Ону бүтэрэн баран СГУ-га физкултуурунай салааҕа киирбитим, онтон Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет буолбутугар 2010 сыллаахха бастакы выпуск буолбуппут. Тустууга маастар нуорматын толорбутум.

Үөрэхпин бүтэрэн баран футбол оскуолатыгар үлэлии киириэхпиттэн күн бүгүҥҥэ диэри оҕолору дьарыктыыбын.

“Аҕа уолунуун” күрэххэ быйыл киин куорат уон уокуругун бэрэстэбиитэллэрэ кииристибит. Биһиги Октябрьскай уокуруктан киирбиппит. Күүстээх хамаандалар бааллар, ордук Киин уокуруктан, Сайсарыттан, Хатас уонна Тулагы курдук куорат таһынааҕы нэһилиэктэр дьиҥнээх тыа сирин уолаттарын кытыннараллар – кинилэри кытта эрбии биитин курдук эрийсэр, куоталаһар сүрдээх ыарахан.

Уол оҕо 14 сааһыттан кыттара көҥүллэнэр, мин 16-тын туолаары сылдьар Бувайсар диэн уолбун кытта кытынныбыт. Быйыл үһүс сырыыбыт буолла. Бастакы сырыыбытыгар – бүтэһиктэн иккис, иккиспитигэр ортоку көрдөрүүлэммиппит. Ол саҕана 16-17 хамаанда киирсээччи. Уопуттаах хамаанда быһыытынан кыайыыга дьулуурбут улахан этэ.

Саамай ыарырҕаппыт көрүҥмүт мас эрбээһинэ буолла. Итиннэ “Дружба-2” эрбиинэн туттаҕын, сүрдээҕин эһиннибит. Уонна хайыһарбытыгар өссө дьарыктаныахпытын наада эбит, сэттис эрэ көрдөрүүлэннибит. Ол эрэн уопсай түмүккэ бастаатыбыт.

Бастакы түһүмэххэ үгэс буолбут визитка баар. Манна хайаан да дьиэ кэргэн туһунан үчүгэй презентация, видеовизитка ыытыахтааххын. Бастакы үчүгэй баалы биэрэр түһүмэх, ол аата салҕыы барарга тирэх буолар. Быйыл тэрийээччилэр визиткаҕа бастакы, иккис, үһүс миэстэни биэрэн баран, атыттарга барыларыгар төрдүс миэстэ биэрбиттэрин хайҕаатыбыт. Урут визиткабытынан бүтэһиккэ тэбиллэн хаалбыттаахпыт.

Онтон бэрэбинэни суоруу кэлэр. Эт илиигинэн, сүгэнэн суораҕын. Быйыл бастаатыбыт. Ол иннинэ чөмпүйүөннээбит Александр Винокуров сүгэтин көрбүтүм, быһа холоон маннык сүгэ барсар эбит диэтэҕим дии. Сүгэ биитэ саха быһаҕын курдук оҥоһуллуон наада эбит, биир эрэ өттө киирэрдээх буолуон наада.

Үһүс түһүмэххэ суоруллубут бэрэбинэбитин (лафет буолбутун) уон чуурка таһааран эрбиэхтээхпит.

Онтон кэлэр түһүмэх – мас хайытыыта. Аҕа түргэн соҕустук хайытан бүтэриэхтээх, сүүрэн тиийэн уолун таарыйдаҕына эрэ уол кэлэн дьаарыстыыр, саһаанныыр. Барыта бириэмэҕэ оҥоһуллар.

Салҕыы ойбон алларыыта кэлэр. Дьон 20-25 тыһыынча сыаналаах анньыыны ылыналлар эбит, сааны талар курдук талан. Ол иһин быйыл сыаналаах анньыы ылыммытым. Онон бу көрүҥмүтүгэр эмиэ бастаатыбыт. Сүгэбин, анньыыбын үчүгэйдик оҥостон, бу икки көрүҥҥэ бастаатым диибин. Аны эрбиибин өссө сытыылыахпын наада эбит диэн түмүк оҥоһуннум.

Остуолбаҕа ыттыы түһүмэҕэр аҕа уонна уол иккиэн бириэмэҕэ  тахсаллар. Бэйэм холкутук таҕыстым, уолбун өссө дьарыктыахпын наада. Түмүктэрбитин холбууллар, барыта эмиэ бириэмэнэн суоттанар. Икки дьиэ кэргэн эрэ оҕото остуолбаҕа сатаан ытынна – билиҥҥи оҕолор эт-хаан өттүнэн сайдыылара бу көрүҥҥэ көстөр эбит. Биһиги манна үһүс буоллубут.

Кутаа оттон чэй өрүү түһүмэҕэр аҕа маһын, тырыыҥкатын бэлэмниир. Онтон уол уотун оттор. Оҕоҥ уотун уматыар диэри көмөлөспөккүн. Уот умайбытын эрэ кэннэ чэйгин өрөҕүн. Онно иккистээтибит.

Бүтэһик түһүмэх – хайыһар. Онно сэттис кэлэн хааллыбыт да буоллар, түмүккэ бастаан таҕыстыбыт.

 

Кэнники “Аҕа уолунуун” күрэхпит “Дыгын оонньууларыттан” хаалсыбат тыҥааһыннаах, туох да итэҕэһэ суох умсугутуулаах уонна өрө көтөҕүллүүлээхтик ааһар буолла. Дьон анаан-минээн сыл устата бэлэмнэнэллэр. Олус күүстээх уолаттар бааллар, олору син биир сэмээр кэтии сылдьаҕын. Холобур, быйыл сүрүн судьуйа буолбут Винокуровтар аҕалара баар, уолаттара улаатан хааллылар, өрөспүүбүлүкэни иккитэ кыайбыттара, кырата 14-дүн туоларын кэтэһэ сылдьар үһү – дьэ, кыахтаах уолаттар (Александр Винокуровы кытта «Аҕа уолунуун» күрэх тула интервьюну «Киин куорат» б.дь. кулун тутар 7 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ– Аапт.)!

 

Дьаһалта өйүөх буолбута

– Муус устар 8-9 күннэригэр икки бастакы миэстэни ылбыт хамаандалар өрөспүүбүлүкэ күрэҕэр Мэҥэ Хаҥаласка Майаҕа күрэхтэһэбит. Онно улуустар бу көрүҥнэрбитигэр эбии тугу эмэ киллэриэхтэрин сөп диэн баар.

Уопсайынан, бу күрэххэ кыттарбытын барытын бэйэбит уйунабыт, спонсор эҥин диэн суох. Уокурукпут туох кыахтааҕынан көмөлөһө сатыыр. Оттон өрөспүүбүлүкэҕэ барарбытыгар куорат дьаһалтатын аатыттан көмө баар буолуо диэн эрэннэрбиттэрэ, ыҥыралларын кэтэһэ сылдьабын.

 

Оҕолорбун сахалыы иитэбин

Үс улахан уолум бары Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназияҕа үөрэнэллэр, кырабыт “Кэнчээри” уһуйааны быйыл бүтэрэр. Бары тустуунан дьарыктаналлар.

Куорат усулуобуйатыгар, ордук кыбартыыраҕа олорор буоллахха, уол оҕону хара үлэҕэ үөрэтэр уустук. Ол иһин сайын буолла да тыа сиригэр тахсан оттуубут, булка-алка, иллэҥсийдим да, айылҕаҕа таһаарабын.

Уолаттарым 6, 11, 13, 15 саастаахтар. Оҕолорбун сахалыы иитэбин. Дьиэ кэргэн иһигэр сахалыы эрэ кэпсэтиэхтээхпит диэн быраабылалаахпыт. Ийэ тылларыттан тэйбэтиннэр диэн гимназияҕа киллэрдэхпит дии. Оҕо сахалыы саҥаланарыгар төрөппүттэн элбэх тутулуктаах дии саныыбын. Гимназияҕа да сылдьан иһиттэххэ, оҕолор үгүстэрэ нууччалыы чубугараһаллар.

 

Гаджеттары оҕолорбутугар кэмнээн биэрэбит. Ким дьиэтээҕи үлэтин оҥорбут, сорудаҕын барытын толорбут эрэ ылар. Ол аата бастаан оҕо эбээһинэстэрин толорон иһэрин ирдиибит, онтон биирдэ саататар тэриллэри биэрэбит. Ол эрэн киэһээ 21:30 бары төлөпүөннэрин миэхэ туттараллар, сарсыарда оскуолаҕа баралларыгар эрэ ылаллар – оҕо улаатан эрэр организма сынньаныахтаах, уутун хана утуйуохтаах. Оннук гымматыҥ да, түүннэри төлөпүөн харах буолан сытыахтарын сөп буоллаҕа дии. Дьиэҕэ үлэтин, туох эмэ соругу оҥорботох оҕо төлөпүөнүн ылбат.

 

Аһылыкпытыгар сахалыы астаах-үөллээх ыалбыт. Оҕолорум үрүҥ аһы да, эти-балыгы да хото сииллэр, сирэр астара диэн суох – толору иҥэмтиэлээх сахалыы-махалыы аһынан сылдьар оҕо доруобуйата бөҕө буолар.

 

Спорка оҕоттон улаханы ирдээбэккэ...

Спорт өттүгэр күүстээх дьарыкка киирэ иликтэр. Билиҥҥитэ нэдиэлэҕэ биир эрэ дьарыгынан сылдьаллар. Мин бэйэбинэн холоон көрөбүн, үс дьарыкка сылдьар этибит, 11-ис кылааһы бүтэрэрбэр көҥүл тустууга номнуо маастар нуорматын толорбутум. Оҕолорбун сотору иккилии дьарыкка киллэриэм этэ.

Холобур, Дагестаҥҥа бэйэм уолаттарбын сборга илдьэ сылдьыбытым. Онно көрбүтүм, наһаа элбэхтик дьарыктыыллар эбит, атын уопсай үөрэхтээһин өттүгэр улаханнык кыһаллыбаттар даҕаны. Наар күүстээх эрэ өттүлэрин сайыннараллар. Ол иһин кинилэр билигин Арассыыйа сборнайыгар хаардыы хаама сылдьаллар. Спорка талааннаах уолаттарын туспа тутан дьарыктыыллар, ону кытта маассабастара үрдүк – саалаҕа дьарыктана киирдэххинэ, буолунай киһи буолар, маат илийэр үлүгэрэ. Биһигиннээҕэр күүскэ дьарыктыыллар эбит, уопсайынан,  элбэх көрүҥү тэҥинэн сайыннара сатаабакка, тустууга улахан болҕомтолоохтор. Холобур, сүүрүүнү эҥин, түмүк көрдөрбөттөр диэн, туоратан кэбиһэллэр эбит. Биһиэхэ спорт атын араас көрүҥэ сайдар буолан, тустуубут мөлтөөн биэрэр быһыылаах.

 Тустуу оҕо дьарыктанарыгар олус ыарахан, ноҕорууската улахан. Ол кэннэ оҕо арай игровой көрүҥҥэ, футболга эҥин холонон көрөн баран, бу үчүгэй эбит дии саныыр буоллаҕа...

 

Спорт дьиссипилиинэни иитэргэ, оҕо бэйэтин дьаһанан сылдьарыгар төһүү күүс буолар. Билиҥҥи оҕо спордун төрөппүт элбэхтик үбүлүүр, кэлэр-барар ороскуоту уйунар кыахтаах буоллаҕына эрэ түмүктэри көрөр. Сайыннарыаххын баҕарар буоллаххына, онтугун-мантыгын атыылаан, кирэдьиит да киирэн туран, оҕоҕун күрэхтэһиилэргэ ыыта сатыыгын. Биһиги оҕолорбут ДЮСШ-5 дьарыктаналлар, аҕа быһыытынан тренердэри кытта ыкса ситимнээхтик үлэлэһэбин.

Оҕону спортка биэрии бастайааннай инвестицияны эрэйэр. Наар былаанныы сылдьаҕын, чэпчэки билиэттэри көрдүүгүн. Кэргэмминиин иккиэн тэрилтэлээх буоламмыт, оҕолорбут сбордарын төлөнөр уоппускабытыгар түбэһиннэрэ сатыыбыт, бырайыастарын төлөтүөхпүтүн сөп. Быйыл кыһын Тываҕа баран сборданан кэлбиппит.

 

Оҕо үөрэҕэр спорт улаханнык мэһэйдээбэт. Улахан уолум ОГЭ-та чугаһаан, дьарыгын аҕыйатта. Эһиилгиттэн күүскэ үлэлиэхпит. Билигин оҕолорбуттан улахан түмүгү ирдээбэппин, улахан дьон буоллахтарына дьэ көрдөрүүлэр кэлиэхтээхтэр дии саныыбын. Бэйэбинэн ылан көрдөхпүнэ, урукку тренердэр оҕону юношескайга аһара дьарыктаан, күрэхтэһиилэргэ анньан, кыра эрдэҕинэ түмүккэ таһаара сатаан, сэниэтин эһэн кэбиһэллэр эбит, туох баар сүмэһиниҥ барыта ыгыллан хаалааччы.

Мин 11-ис кылааска диэри тустан баран, дьэ тустуохтаах сааспар кэлэн, эстэн хаалбытым. Бастакы кылаастан дьарыктанан оскуоланы бүтэриэхпэр диэри түмүк бөҕө, өрөспүүбүлүкэ күрэҕин барытын кыайарым. Саамай кыһыылааҕа, “Азия оҕолоругар” кэлэн хотторууну билбитим. Оччолорго биһиги ыйааһыммытыгар абытайдаах уолаттар бааллара, олору барыларын кыайан сүүмэрдээһини аастаҕым дии. Кыайыахпын сөптөөх күрэхтэһиибэр хотторбутум, 10:0 кыайан иһэн, полуфиналга монголга туше биэрэн кэбиспитим. Үһүс миэстэ иһин Тимур Пестеревтиин киирэн, очукуонан кыайан иһэн, Тимур өттүктээһинигэр туше биэрбиттэрэ. Итинник наһаа кыһыылаах буолар, уйулҕа өттүнэн ыарахан, барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах.

 

Тустууга тренердэр быыстарыгар уларыйыы киириэн наада курдук көрөбүн. Көлүөнэ солбуһуута баар буолуохтаах. Арассыыйаҕа, холобур, Виктор Рассадины наһаа хойут ыыттылар. Тимур Пестереви 30-тун ааспытын кэннэ Таджикистантан таһаара сатаабыттара хойут эбит. Ким Арассыыйаттан тахсар кыахтааҕын эрдэ көрүөхтээхтэр этэ.

Биһиги көлүөнэттэн Виктор Лебедев эрэ тахсыбыта. Тустууга киһи элбэх, күөрэйэн тахсааччыта ахсааннаах буолар. Сахалар менталитеппытынан, тренердэр истэригэр оннук сыһыан баар. Холобур, “мин уолум эрэ тахсыахтаах” диэн баран атыттарга кырааннарын барытын сабан кэбиһэллэр...

Тустуу ис куухуната уустук. Ол иһин оҕолорбор билигин тактикалаахпын. Билиҥҥи саастарыгар наһаа кымньыылаабаппын. Ыйааһын эҥин түһэртэрбэппин. Оҕо улаатыахтаах, аһыы сылдьыахтаах. Тренердэр, кыра түмүк көрөөрү, оҕолор ыйааһыннарын тута сатыыллара, түһэртэрэллэрэ эҥин кэлин охсуулаах буолуон сөп. Оҕолортон улахан дьоҥҥо көһүүгэ ахсааннаах киһи тиийэр.

 

Футбол биһиэхэ сайынна

– Футбол – игровой спорт көрүҥэ, кэнники сылларга биһиэхэ күүскэ сайынна. Хабар оҕотун ахсаанынан тустууну куоһарда. Тренердэр биир бөлөххө 18-тыы оҕону илдьэ сылдьыахтаахтарын, аччаабыта 30-тууну дьарыктыыр буоллулар.

Мин Өрөспүүбүлүкэтээҕи футбол оскуолатыгар үлэлиибин, 2009 сыллаахха тэриллибитэ, базабыт – “Туймаада” стадион. Дириэктэрбит – Николай Гаврильевич Цыпандин. Уһук Илин федеральнай уокурук Юношескай футбольнай лигатыгар 2008 сыллааҕы төрүөх оҕолорбут үһүс миэстэ буолбуттара – сахаҕа хаһан да куоһарыллыбатах ситиһии.

Лигалары Арассыыйа Футбольнай сойууһа үбүлээн ыытар, манна дьиэбитигэр ыалдьыттары көрсөбүт уонна хардары ол региоҥҥа баран оонньуубут. Матчтарбыт барыта расписаниенан бараллар. 15-16 саастаах уолаттар оонньууллар.

Биһиэхэ профессиональнай футбол кулууба суох. Чааһынай кулууптар бааллара үчүгэй – күрэстэһии баар буолла. Футболга күүстээх улуустарынан Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Хаҥалас, Мииринэй, Нерюнгри буолаллар.

 

Футбол өссө сайдарыгар каадыр тиийбэт. Холобура, хас биирдии улууска биир тренери туруортуур киһи... Сүрдээх талааннаах оҕолор баар буолаллар. Мархаттан биир тренерим Василий Ивочкин ииппит оҕото Артем Соколов дойду сборнайыгар киирэн оонньообута. Билигин улаатан “Крылья Советов” оонньуур. Хас да оҕото Арассыыйа кыра кулууптарыгар бааллар.

Футболистарбытын тренердэр Арассыыйа кулууптарыгар “просмотрга” илдьэн көрдөрөллөр. Холобур, “ЦСКА” дуу,  “Спартак” дуу кулууба аһаҕас аан күннэрин биллэрэллэр, талааннары көрүүгэ тиийэн оҕону босхо көрдөрүөххэ сөп. 1-2 оонньуу кэннэ хайа эмэ тренер оҕоҕун бэлиэтии көрөн бэйэтигэр ылар.

Футбол тренердэрин оскуолабыт салалтата Москваҕа, Хабаровскайга үөрэттэрэр. С, В диэн категориялары ылыахтаахпыт, лицензия биэрэллэр.

Бар дьоҥҥо судургутук быһаардахха, футбол хоккей эҥин курдук улахан үбү эрэйбэт, боростуой дьон кыанар спорда. Арай оҕоҥ сайдыан баҕарар буоллаҕына, элбэх күрэхтэһиигэ кыттыан наада. Ыраах сытарбыт наһаа охсор. Оҕолорбун пуойаһынан чэпчэки билиэттэринэн да илдьээри гыннахпына, абытайдаах суума буолан тахсар. Аны чэпчэки билиэттэри булан аһара эрдэ тиийдэххэ, олорор дьиэҕэ, аска-үөлгэ өссө улаханнык ночоотуруоххун сөп. Тренер быһыытынан оҕолорбун барыларын оонньото сатыыр буоллаҕым.

 

Саха оскуолаларыгар ураты сыһыан наада

– Уоллаттарбын кытта Чурапчынан, Тааттанан бултуубут. Баҕалаах киһи Дьокуускай кытыытыгар да оҕолорун айылҕаҕа сыһыарыан сөп. Төрүт үгэстэрбититтэн тэйиэ суохпутун наада. Сатаан куһу ыппат, уоту оттубат, биир балыгы үрэхтэн хостообот көлүөнэ улааттаҕына, иэдээн дии!

Билиҥҥи оҕоҕо эт-сиин өттүнэн хамсаныы тиийбэт. Өй-санаа, эт-сиин да өттүнэн оҕолор наһаа эрдэ улаатар буоллулар. Уолаттарбытын үгүстэр хантайан көрөбүт дии – төрөппүт мээнэ ылла да мөхпөт оҕолоро. Уол оҕону уонугар диэри аҕа таһыйыан да сөп, биһиги таһыллан-таһыллан киһи буолбуппут. Онтон улааттылар да, кэпсэтиинэн киирэбин.

Гимназиябытыгар Аҕа түмсүүтүгэр баарбын. Күһүн аайы муҥхалыыбыт. Урут Кэҥкэмэҕэ анал күөллээх, базалаах этилэр – билигин суох. Быйыл төрөппүттэр кэпсэтэн Маҕараска биир күөлү тардыбыппыт.

Дьокуускайга саха оскуолаларыгар күөллээх, сайылыктаах бултуур сир ананарын ситиһэллэрэ буоллар. Юридическэй өттө кыаллыбат быһыылаах. Саха оскуолалара ыһыахтыыр да сирдэрэ суох, сыл аайы ханна миэстэ көстөрүнэн ыһыахтыыбыт.

 

Булт – оҕону иитии биир көрүҥэ

– Булт диэн ороскуоттаах буолан баран, хас биирдии хамсаныыта, тэриниитэ барыта оҕону иитиигэ олус суолталаах. Дьахталлар эрдэрэ бултуу барарыгар баһаамы ороскуотурбутун ааҕаллар даҕаны, ис дьиҥэр киирдэххэ, биһиги хайаан да элбэх булду аҕалаары буолбакка, булка турунуу, тэринии уонна дьаһанан сылдьыы хас биирдии хардыытын, процеһын астынар буоллахпыт дии.

Биирдэ Алдан диэки бултаабытым. Арай көрдөхпүнэ, кып-кыра уҥуохтаах дьон сылдьаллар, дьээбэҕэ тустан тутуһан көрөбүт эҥин. Онтон хас да табаны сууллардыбыт, бу дьонум тыбыс-тымныыга сып-сап туттан бултарын түргэн үлүгэрдик астаан кэбиһэллэр эбит, биһиэхэ биир табаны биэрбиттэрин астаары дэлби тоҥон хааллыбыт. Үүтээҥҥэ кэлэн онтон сөхпүппүн билиммитим. Онон булт диэн умнуллубакка ситэриллэн, хатыланан, дьарык быһыытынан олохпутугар наар баар буолуохтаах үөрүйэх эбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...