19.08.2022 | 10:00

Владимир Уваров: «Киһи үлэтин ис сүрэҕиттэн сөбүлүөхтээх»

Бу сайын үгэспинэн тапталлаах Тааттабар сынньанным. Дьоммун-сэргэбин кытта алтыһан, өйдүүн-санаалыын чэпчээн, ис сүрэхпиттэн сырдаан, күүс-уох ылынан кэллим.
Владимир Уваров:  «Киһи үлэтин ис сүрэҕиттэн сөбүлүөхтээх»
Ааптар: Наталья ПРОТОПОПОВА - Натали
Бөлөххө киир

Сыл ахсын, кэллэҕим аайы Ытык-Күөл үүнэ, сайда, тупса турара киһини үөрдэр. Төһө да сынньалаҥҥа сырыттарбын, суруналыыс быһыытынан интэриэһинэй дьону кытта көрсөн кэпсэтэр, сэһэргэһэр идэлээхпин. Бу сырыыга эдэр урбаанньыт, “RexFood”, “Кимоно” суши-бар салайааччыта Владимир Михайлович Уваровы кытта көрүстүм. Кини бэйэтэ Бүлүү куораттан төрүттээх, Тааттаҕа күтүөт, 2016 сыллаахха манна көһөн кэлэн бэйэтин дьыалатын арыйбыт. Ол курдук, бастаан ас-үөл эйгэтигэр “RexFood” фастфуд, онтон эһиилигэр “Кимоно” суши-бар арыйар. Тыа сирин олохтоохторугар бу саҥа, сонун сүүрээн этэ. Нэһилиэнньэҕэ дьон сакааһынан суһаллык ас-үөл тиэрдэллэрэ, баҕалаахтар суши-барга кэлэн аһыыллара. Бэйэм сыл аайы сылдьаммын, олус астынабын, сынньанабын.

Бу күннэргэ тыа сирин урбаанньыттарын өйүүр уонна сырдатар сыаллаах Владимир Михайловичтыын үлэтин-хамнаһын туһунан кэпсэттим.

– Владимир Михайлович, үтүө күнүнэн! Эн нэһилиэнньэҕэ туһалаах үлэҕин уруккуттан сэргии, сэҥээрэ көрөбүн... Бастатан туран, бэйэҥ тускунан хаһыат ааҕааччыларыгар билиһиннэриэҥ дуо уонна хайдах урбаан эйгэтигэр кэлбитиҥ туһунан сырдата түһэриҥ буоллар...

–  Оҕо эрдэхпиттэн дьиэм иһигэр астыыр этим.  Сүрүннээн итии аһылыктары оҥорорум. Дьиэ кэргэммэр “Улааттахпына асчыт буолуом” диэтэхпинэ, дьахтар үлэтэ диэн соччо ахсарбаттар этэ. Тохсус кылаас кэнниттэн Медико-биологическай кылааска эксээмэн туттаран киирбитим. Онтон Дьокуускайдааҕы Медицинскэй институкка Педиатрия салаатыгар киирбитим. Хомойуох иһин, үөрэхпин ыарырҕатаммын, бастакы куурус кэнниттэн бырахпытым. Салгыы дойдубар Бүлүүгэ хирургия эпэрээссийэлиир палаататыгар санитарынан үлэлээбитим уонна өссө биирдэ БКЭ туттараммын, Медицинскэй колледжка стоматолог идэтигэр киирбитим. Устудьуоннуур сылларбар убайым Дьокуускайга “Суши-барга” үлэлиир этэ. Ол саҕана мин эдьиийдээхпэр олорорум. Ити кэмнэргэ куорат үрдүнэн “Фудзияма” уонна “Сейша” эрэ диэн суши оҥорор эрэстэрээннэр бааллара. Мин, устудьуон киһи буоларым быһыытынан, биллэн турар, харчыга наадыйарым, дьонум да кыра харчы ыыталлара. Онтон Курашов уулуссатыгар “Панда и журавль” диэн эрэстэрээн арыллыбытыгар, онно официанынан үлэҕэ киирбитим. Сушины сатаан астаабат буоламмын, бастакы күннэргэ суши оҥорорго үөрэппиттэрэ. Хайаан да барытын астыахтаах, сатыахтаах буоллаҕым. Дьоппуон куухунатыттан суши, салат, итии аһылыктан удон о.д.а. барытын оҥорорбут. Баҕалаах киһи түргэнник үөрэнэр эбит, кылгас кэм иһигэр барытын сатыыр буоллум, онон соҕотохтуу кытта хаалларар буолбуттара. Күн аайы эбиэт иннинэ үөрэнэрим, онтон эбиэттэн киэһэ түүн 02.00 чааска диэри үлэлиирим. Үлэбин наһаа сөбүлүүр буоламмын, үөрэхпин тэҥҥэ дьүөрэлиирим, барытын ситиһэрим. Ити курдук стоматолог үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрбитим, дипломмун ылбытым. Санаабар, үөрэхпин чэпчэки баҕайытык бүтэрбит курдугум. Эксээмэннэрбин барытын “туйгуннук” туттарбытым. Онтон ити сайын Дьокуускайга “Китагава” эрэстэрээн арыллыбыта. Мин тута онно үлэҕэ киирбитим, биир сыл үлэлээн баран, аны “СитиЛайф” баран үлэлээбитим. Таатта Ытык-Күөлүгэр 2016 сыллаахха көһөн кэлбиппит. 2012 сыллаахха кэргэммин кытта билсибитим, 2014 сыллаахха сыбаайбалаабыппыт, оҕоломмуппут.

– Тыа сиригэр кэлэн баран маннык ас-үөл эйгэтигэр бизнес арыныам диэн былааннаах этиҥ дуо? Баҕа санааҕын хайдах олоххо киллэрбиккиний?

– Аан бастаан, биллэн турар, харчы мунньуммутум. Бэйэм тоҕо эрэ бурдук аһын астыахпын баҕарарым. Онон манна кэлэммин пиццерия арыйбытым, бастакы сыл кыбартыыраҕа астыырбыт. Ол саҕана тута дьон интэриэһин тарпыппыт, нэһилиэнньэ сэҥээрэн сакаастаан барбыта. 2017 сыллаахха “Кимоно” суши-бар арыйбытым, урбаанньыт быһыытынан регистрацияламмытым, ону таһынан бу билигин олорор “Дабаан” дьиэтин өрөмүөннэнэн киирбиппит. Уратыта диэн, манна дьон аһаан да тахсар, дьиэлэригэр да сакаастыыллар. Онон билигин сүрүн үлэм уонна бизнеһим бу буолар.

– 2016-2017 сылларга тэҥнээтэххэ, үлэҕэр төһө уларыйыы уонна сайдыы бардай? Бастайааннай килийиэннэр баар буоллулар дуо?

– Биллэн турар, хамсааһын, сайдыы баар бөҕө буоллаҕа. Бастатан туран, нэһилиэнньэҕэ ааппытын оҥордубут, билиннибит дии саныыбын. Билигин “Кимоно” диэни үгүс дьон истэн билэр, сакаастыыр уонна эрэнэр. Бэйэм хаачыстыба өттүгэр кытаанахпын, ирдэбиллээхпин. Дьокуускайга улахан эрэстэрээннэргэ улахан оскуоланы ааспытым, ирдэбиллэрэ куруук кытаанах буолара. Холобур, сиргэ тугу да ууруо суохтааххын, барытын сыттыы сылдьыахтааххын, маркировка о.д.а.

– Билигин бэйэҥ кэлэктииптээх киһи буоллаҕыҥ. Үлэһиттэри хайдах талан ыллыҥ?

Аан бастаан Филипп Тимофеев диэн бииргэ үлэлээбит табаарыспын ыҥырбытым. Бэйэтэ Чөркөөх уола. Оччолорго Дьокуускайга үлэлии сылдьар кэмэ этэ. Ол гынан баран мин ыҥырыыбар улгумнук сөбүлэһэн, тута Ытык Күөлгэ көһөн кэлбитэ уонна күн бүгүнүгэр диэри бииргэ үлэлиибит, манна кэлэн өссө ыал буолбута. Ону таһынан хас да үлэһити ылбытым. Билигин устудьуоннар эҥин үлэлииллэр.

– Ас-үөл, общепит эйгэтигэр үлэлииргэ сааска хааччах диэн баар дуо? Уопсайынан хайдах дьон үлэлиэхтэрин сөбүй?

– Биһиги эйгэбитигэр сааска хааччах диэн суох. Араас саастаах дьон кэлэллэр. Саамай сүрүнэ – эппиэтинэстээх уонна түргэн-тарҕан туттунуулаах буолуу. Сорох дьон биһигини туораттан көрөн үчүгэйдик өйдөөбөттөр. Биһиги урут Дьокуускайга үлэлии сылдьан ардыгар бэйэбит аһыырбытын да умнан туран үлэлиирбит. Тоҕо диэтэххэ, сакаас быыстала суох киирэ турар, дьон куруук ыксыыр, барыларын түргэнник аһатыахха наада. Онон дьону аһатан эрэ баран бэйэҥ аһыыргын толкуйдуугун.

– Тыа сиригэр урбаанньыт буолар ыарахан дуо? Эһиги курдук үлэлиир тэрилтэлэр бааллар дуо? Күрэстэһиигэ хайдах сыһыаннаһаҕын?

– Син биир ханна баҕарар целевой аудитория диэн баар буолуохтаах. Бастайааннай килийиэннэр диэннэр куруук бааллар. Биллэн турар, Ытык Күөл үрдүнэн биһиги эрэ буолбатахпыт, хас да биһиги курдук тэрилтэ үлэлиир. Мин кимниин да күрэстэспэппин, куоталаспаппын, бэйэбэр куруук эрэллээхпин диэххэ сөп. Сорох дьон түргэн харчыны сырсар диэн көрөбүн. Дьиҥэр, саамай сүрүнэ, киһи үлэтин ис сүрэҕиттэн сөбүлүөхтээх. Урбаанньыт буолар, биллэн турар, уустуктардаах. Мин кимтэн да өйөбүл кэтэспэккэ бэйэм-бэйэбэр сылдьан үлэлиибин. Холобур, үлэм барыта закуп, документация... барытын көрө-истэ, хонтуруоллуу сылдьыахха наада.

– Инники өттүгэр эбии атын бизнеһи арыныаҥ дуу? Эбэтэр бу эйгэҕэ эрэ үлэлиир былааннааххын?

– Биллэн турар, эдэр киһи буоларым быһыытынан саҥа былааннар бааллар. Кэм-кэрдии, олох бэйэтэ көрдөрөн иһиэҕэ... Ол гынан баран барыта киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах. Кыахтаах буоллахха, хас да бизнеһи, үлэни тэҥҥэ тутуохха сөп. Маннык түгэҥҥэ киһи ыһыллыбакка, сааһыланан үлэлиэхтээх.

– Хас биирдии киһи ситиһиилээхтик үлэлииригэр аттыгар баар чугас киһитэ, тыыла улахан оруолу оонньуур. Эйигин кэргэниҥ өйүүр буоллаҕа.

– Кэргэним мин үлэбин өссө холбоһуохпут инниттэн билэр. Онон куруук өйдүүр, өйүүр, күүс-көмө буолар. Бэйэтэ дерматовенеролог идэлээх. Ону таһынан Ытык Күөлгэ косметологическай кабинеттаах, кэрэ буолуу эйгэтигэр нэһилиэнньэҕэ туһалаах өҥөлөрдөөх. Уоллаах кыыс оҕолоохпут.

– Билигин дьиэ кэргэҥҥэр төһө астыыгыный?

– Бириэмэбиттэн көрөн уонна ордук бырааһынньыктарга астыыбын. Восточнай куухунаны сөбүлүүбүн. 

– Эһиги үлэҕитигэр “сезон” диэн өйдөбүл баар дуо? Ханнык эрэ бырааһынньык ыйдарыгар сакаас элбэх киирэр, ханнык эрэ ыйдарга мөлтүүр диэн?

– Оннук диэн суоҕун кэриэтэ. Сакаас куруук баар. Саҥа дьылга, биллэн турар, элбэх. Сааскы, сайыҥҥы сылаас кэмнэргэ дьон син биир сакаастыыр. Араас походтар, пикниктэр, сөтүөлүү барааччылар, ардыгар аһара итиигэ дьон астаныан баҕарбат түгэннэрэ эмиэ баар. Оччоҕуна дьиэлэригэр бэлэм аһы сакаастыыллар.

– Владимир Михайлович, бүтэһик ыйытыым. Үлэҕин тугун иһин сөбүлүүгүн?

– Асчыт киһи хаһан да аччыктаабат (күлэр). Ас атмосферата, эйгэтэ наһаа үчүгэй. Үлэбин олус сөбүлүүбүн, таптыыбын. Кэлэктииппит олус эйэлээх, бары олус тапсан, биир өйдөөх-санаалаах үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Бу күннэргэ саҥа дьиэҕэ көһөөрү күүстээх өрөмүөн үлэтин ыыта сылдьабыт. Быдан киэҥ саалалаах, толору хааччыллыылаах, аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттиир сир буолуоҕа. Бу дьиэни биһиги 2018 сылтан туттабыт. Быйыл күһүн хайаан да киирэбит. Онон бу күннэтэ үлэбит тэтимнээхтик барар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....