25.08.2022 | 10:00

Владимир Аммосов: «Мин ситиһиилэрим — хамаанда үлэтин түмүгэ»

Бүгүҥҥү ыалдьыппыт – «Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МХТ дириэктэрэ Владимир Владимирович Аммосов. Кини «Мин – инженербин» техническэй исписэлиистэри сүрүннүүр киин» уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ, СӨ ыччат бэлиитикэтин туйгуна.
Владимир Аммосов:  «Мин ситиһиилэрим — хамаанда үлэтин түмүгэ»
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Владимир Владимирович Аммосов 1983 сыллаахха от ыйын 7 күнүгэр Саха АССР Горнай оройуонун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ.

Үөрэҕэ:
2007 с. – Арассыыйатааҕы И.М. Губкин аатынан ньиэп уонна гаас судаарыстыбаннай университета, идэтэ – «хайа инженерэ»; 
2011 с. – Дьокуускайдааҕы экономика-быраап института, идэтэ – «юриспруденция»;
СӨ «Мин – инженербин» техническэй исписэлиистэри сүрүннүүр киин» уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ; 
 
Үлэтэ:
2007–2009 сс. – "Сургутнефтегаз" ААУо, скважиналары чинчийии оператора;
2009–2010 сс. – "Сахатранснефтегаз" УГРС ААУо, аварийнай-диспетчерскэй сулууспа маастара; 
2010–2015 сс. – "Сахатранснефтегаз" УГРС ААУо, инженер;
2015–2017 с.с. – «Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МХТ салаатын начаалынньыга; 
2017–2018 с.с. – «Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МХТ дириэктэрин солбуйааччы;
2019-2021с.с. – «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа регионнааҕы исполкомун салайааччыта.
08.06.2022с. -  «Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МХТ дириэктэрэ.  

Олоҕо:
СӨ ыччат бэлиитикэтин туйгуна. 
Кэргэннээх, икки оҕолоох.

– Владимир Владимирович, Арассыыйатааҕы И.М. Губкин аатынан ньиэп уонна гаас судаарыстыбаннай университетын «хайа инженерэ» идэлээх үөрэнэн бүтэрбиккин билэбин. Тоҕо инженер идэтин таллыҥ, оҕо сылдьыаххыттан техническэй эйгэҕэ чугас этиҥ дуо?

– Ол саҕана СӨ Каадырдардары бэлэмниир департаменын үлэһиттэрэ оскуолаларга профоориентационнай үлэни ыытар этилэр, итиэннэ киин үрдүк үөрэх кыһаларын бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн бэлэмнииллэрэ уонна эксээмэн туталлара. Биһиэхэ 11 кылааска үөрэнэ сырыттахпытына кэлэн, бастаан сыл аҥаара бэлэмнээбиттэрэ, мин онно туттарсан киирбитим. Оскуола саҕаттан физикаҕа, математикаҕа, химияҕа үчүгэй этим.

Мин санаабар, саха дьоно техническэй идэҕэ айылҕабытынан ордук чугаспыт, ол оннооҕор сыл ыйдарын ааттарыгар көстөр. Онно улахан сабыдыалы олорор тыйыс, ураты усулуобуйабыт оҥорор. Атын омуктары кытта тэҥнээн көрдөххө, саха норуота олоҕун чэпчэтэр сыалтан наар туох эрэ ньыманы арыйа, тобула сатыыр. Инженер идэтэ диэн – кэмигэр ордук туох наадалааҕын бастатан туран оҥоруу, нууччалыы эттэххэ, «расстановка приоритетов». Биһиги өбүгэлэрбит саҕаттан барытын суоттуу-учуоттуу сылдьабыт: төһө оту оттуохтаахпытын, хас сүөһүнү кыстатыахтаахпытын, хаһы туттуохтаахпытын, кыһыны этэҥҥэ туоруур курдук оттукка төһө маһы бэлэмниэхтээхпитин. Итинник техническэй толкуй саха аайы баар.

– «Мин – инженербин» техническэй исписэлиистэри сүрүннүүр киин» уопсастыбаннай тэрилтэ 2014 сыллаахха атырдьах ыйын 7 күнүгэр тэриллиэҕиттэн ыла бэрэссэдээтэлинэн үлэлээтиҥ. Бу киин ким көҕүлээһининэн уонна туох сүрүн сыаллаах тэриллибитэй?

– Ити «Саха ыччатын – промышленнаска» бырагыраама салгыыта, И.М. Губкин университетын бүтэрбит уонна үөрэнэ сылдьар дьон, «центровузтар» түмсүүлэрэ этэ. Ол ону өссө киэҥник киллэрэргэ “Мин – инженербин” түмсүү үлэлээбитэ, ньиэп уонна гаас хайысхатынан эрэ буолбакка, олоххо ким ханнык саҥа сүүрээни билэрин, саҥа ньымалары киллэрэрин биир хамсааhын оҥорорго тэриллибитэ. Тугу кыайбатыбыт, туох сүрүн кыһалҕа баарый, туох сорук турарый диэнтэн сиэттэрэн тэрийбиппит. Бастатан туран, каадыр боппуруоһа турар, сүрүн соругунан Саха сирин ыччатын техническэй идэҕэ үөрэтии, промышленнас эйгэтигэр киллэрии, инженер идэтин суолтатын үрдэтии буолар. Атын регионнарга, холобур, соҕуруу, сымнаҕас килиимэттээх сирдэргэ, итинник кыһалҕа биһиэхэ курдук күүскэ турбат. Олохторо биир тэҥник баран иһэр буолан, толкуйдара, мэйиилэрин олоруута атын. Кинилэр, холобура, туризм, экономика, атыы-эргиэн, сервис эйгэтигэр мэйиилэрэ ордук үлэлиир.

Биһиги улаатар кэммитигэр, 90-с сылларга, хайдах эрэ атын идэлэр «муодунай» буолан хаалбыттара. Ону мин куһаҕан диэбэппин буолан баран, аһара баһылаан кэбиспиттэрэ. Ол онно, эппитим курдук, атын омуктар хас эмэ уонунан сылынан урутаан хардыылаан, аан дойду аренатыгар конкуреннаһар кыах кыра этэ. Ол иһин биһиги бастаан илии үлэтин сатыахха, онно төбө үлэтин холбуохха диэн толкуйдаабыппыт. Билигин санаан көрдөххө, бириэмэтин таппыт эбиппит. Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Владимирович Путин инженерияны өрө көтөҕүөххэ наада диэн эппитэ ыраатта. Оттон Саха сиригэр биһиги ити хамсааһыны эрдэлээн саҕалаабыт буоламмыт, арыый да бэлэммит диэхпин баҕарабын. Айти салаата эмиэ ол толкуйунан тахсар. Фантазияҕын үлэлэтэн, сөп алгоритмнары туруоран, туох туох кэнниттэн кэлэрин бүгүннү күҥҥэ баар инструменнарын хомуйан, продукт оҥорон таһаар. Ол онно Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич күүстээх өйөбүл буолан, Саха сирэ инники күөҥҥэ таҕыста.

– Эн Дьокуускай куорат Дууматын III-IV ыҥырыыларын дьокутаатаҕын. Ити хайысханан үлэҥ, ситиһиилэриҥ туһунан кэпсии түс эрэ.

– Дьокутаат тугу ситиспитин, кыайбытын-хоппутун, төһө туһаны аҕалбытын быыбардааччылара эрэ быһаараллар дии саныыбын. Дьон эрэнэрэ-эрэммэтэ быыбар кэмигэр көстөр. Мин Автодорожнай уонна Сайсары быыбардыыр уокуруктарын дьокутаатабын. Бастакы быыбарга куолас биир гыммыт үһүн, иккис быыбарга аҥаарын кэриҥэ миэхэ биэрбиттэрэ. Ону мин сыаналыыбын уонна уопсай бара турар үлэ сыаналанар диэн саныыбын.

2013 сыллаахха быыбардаммыт уокурукпар саамай улахан дьиэ Сэргэлээх шоссетын 1/1 нүөмэрэ, саамай үчүгэй улууссабыт ол кэмҥэ Сэргэлээх шоссета, уоннааҕыта барыта массыына түһэр алдьаммыт суоллара этэ. Дьон, баҕар, билигин итини умнубута буолуо, 2013 сыллаах каартаҕа ол барыта баар. Итиннэ уокурукпут хайдах курдук түргэнник уларыйбыта көстөр. Билигин номнуо тоҕус сыл ааста, ити кэм тухары улахан кыбаарталлар баар буоллулар, сайдыы бөҕөтө барда. Саҥа поликлиника туттубут, суоллары саҥардан оҥордубут, икки оскуолабыт – 18-с уонна 25-с – сабыс-саҥа дьиэлэргэ үлэлии тураллар. Ити биир-икки киһи үлэтэ буолбатах, улахан хамаанда үлэтэ. Ол саҕана Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев куорат баһылыгынан олорон үлэлэспитэ. Биһиги ханнык уулуссаҕа суол оҥоһуллуохтааҕын, туох тутуу барыахтааҕын үчүгэйдик хонтуруоллаабыппыт уонна билигин даҕаны барытын көрө-истэ сылдьабыт. Онно Дьокуускай куоракка ураты инженернэй ньымалары туттууну киллэрбиппит. Итиннэ «водоотведениеҕа», куораты саҥа ньымаларынан көҕөрдүүгэ, «Горканалы» ыраастааһыҥҥа улахан үлэни ыыппыппыт. Элбэх ньыманан үлэлээбиппит уонна үлэлиибит. Ити барыта куорат олохтоохторун өйөбүлүнэн Олохтоох дьаһалта уонна дьокутааттар бииргэ үлэлэһиилэрин түмүгэ буолар.

Уокурук олохтоохторун кытта отчуот, бырааһынньыктар кэмнэригэр көрсөбүт, кэпсэтэбит, кыһалҕаларын быһаарабыт. 2013 сыллаахха быыбардааччыларбар биэрбит төлөпүөнүм нүөмэрэ бүгүҥҥү күҥҥэ диэри уларыйа илик. Кыһалҕалаах эбэтэр тугу эрэ сүбэлиир дьоҥҥо күн айыы аһаҕастын.

– «Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» тэрилтэҕэ 2015 сылтан араас дуоһунаска үлэлээтиҥ.  Тэрилтэҥ үлэтин-хамнаһын туһунан ааҕааччыларбытыгар билиһиннэриэххэ.

– 2015 сыллаахха бу тэрилтэ салаатын начаалынньыгынан үлэҕэ киирбитим, онтон 2017 сылга дириэктэри солбуйааччы буолбутум, 2018 сылга барбытым. Быйыл тохсунньу ый бүтэһигэр салайааччынан ананан төттөрү кэллим.

Куораты биир улахан уопсай дьиэ курдук көрдөххө, биһиги тэрилтэбит ол дьиэ ыалларын баайын-дуолун, бас билиитин кэмигэр сууйан-сотон, уотун холбоон, саас көҕөрдөн, ититиини кэмигэр биэрэллэрин хонтуруоллаан көрөр-истэр. Уобарастаан кэпсээтэххэ, итинник сулууспа.

Тэрилтэбит үлэтин хайысхата киэҥ – ууну хачайдыыбыт, суол «ямочнай» өрөмүөнүн оҥоробут, итиинэн хааччыйыыны, куораты көҕөрдүүнү көрөбүт, сырдатыы, «водоотведение», «Горканал» үлэтэ барыта биһигинэн ааһар.

– Эн куораты көҕөрдүүгэ биир көҕүлээччинэн буоларгын билэбит. Ити хайысханан киэҥ хабааннаах үлэ ыытыллар, быйыл «Киин куорат күөх кубога» куонкурус бара турар, уруккулартан туох уратылааҕый?

– Көҕөрдүү үлэтин эмиэ уопсай дьиэнэн холобурдаан эттэххэ, олохтоохтор бары кыттар буоллахтарына эрэ тиэргэн күөҕүнэн чэлгийэр кыахтаах. Ол курдук, куорат көҕөрдүүтэ биир киһи, биир тэрилтэ үлэтэ буолбатах. Ити өттүнэн күүстээх үлэни ыыта сатыыбыт. Бэйэбит көҕөрдүүнү бүддьүөккэ көрөбүт уонна олохтоохтор эмиэ, куорат бары уопсай дьиэбит буоларын өйдөөн, сүрдээҕин кытталлар. Дьиэлэрин, тэрилтэлэрин таһын көҕөрдөллөрүн, үүнээйилэрин көрөллөрүн-истэллэрин курдук мотивация баар буоллун диэн быйыл «Киин куорат күөх кубога» куонкуруһу тэрийдибит. Ити күрэх «Цветущий Якутск» бырагыраама чэрчитинэн ыытыллар. Дьон бэйэтэ олортоҕуна, бэйэтэ көрдөҕүнэ-иһиттэҕинэ, олбуоругар хаһаайын буолар. Ити курдук эмиэ уулуссаҕа тахсан субуотунньуктаатахтарына, куорат хаһаайына буолалларын күүскэ өйдүүллэр. Олохтоохтор мэлдьи уларыйа тураллар, ким эрэ саҥа көһөн кэлэр, ким эрэ, төттөрүтүн, мантан көһөн барар. Куораппыт – уопсай дьиэбит диэн өйдөбүл дьоҥҥо бигэтик киирдин диэммит итинник аахсыйалары ыытабыт. Быйылгы куонкуруска куорат иһинээҕи 220 тэрилтэ, салайар хампаанньалар уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр кытталлар. Урукку куонкурустартан уратыта диэн кыттааччылары наардаатыбыт. Ол курдук, улахан тэрилтэлэр бэйэ-бэйэлэрин кытта күрэхтэһэллэр. 25-тэн 100-кэ диэри үлэһиттээхтэр – орто, 25-кэ тиийбэт үлэһиттээхтэр кыра тэрилтэлэргэ киирдилэр. Оскуолалар уонна уһуйааннар эмиэ тус-туспа күрэхтэһэллэр. Итиэннэ кохияны үүннэрбит тэрилтэлэр диэн бөлөх эмиэ туһунан. Итини таһынан чааһынай дьиэлэр бааллар. Быйылгыттан кохияны үүннэрэргэ улахан болҕомто уурулунна, куорат олохтоохторо урукку сылларга ити үүнээйини сөбүлээбиттэрин биллэрбиттэрэ. Онон быйыл пааркаҕа, тэрилтэлэр аттыларыгар, уопсайынан, куорат устун кохияны  элбэхтик көрүөххэ сөп.  Дьиҥинэн, кохия элбэх көрүүнү-истиини эрэйэр. Үүнээйинэн дьарыктанар тэрилтэлэр, холобур, Ботаническай саад, кохияны хайдах сөпкө көрөр-истэр, харайар туһунан инструкция оҥорон ыыппыттара. Ити сүбэнэн элбэх тэрилтэ туһанна. Сиэмэ бөҕөтүн эрдэттэн ыламмыт, управаларынан түҥэппиппит. Үчүгэйэ диэн ити үүнээйини наһаа үчүгэйдик кырыйыахха, араас быһыылыахха сөп.

Итини таһынан, бу саас 7 тыһыынча маһы олордубуппут, күһүн эмиэ итиччэни олордорго бэлэмнэнэбит. Олордорбутугар урукку сыыһаларбытын учуоттуу сатыыбыт. Ханнык учаастакка ханнык маһы олордубуппутун барытын ааҕабыт, хонтуруоллуубут. Кэлэр сылга тэҥнээн көрүөхпүт, хайа сиргэ ханнык мас үчүгэйдик үүммүтүн, ханна – өлбүтүн.

– Саас халаан уутуттан, сайын улахан ардах кэнниттэн куораппыт ууга устар. Бу ыйга эмиэ оннук хартыына буола сырытта. Ити өттүнэн туох үлэ ыытылларый?

– Куораппыт отой дэхси сиргэ турар диэн бэлиэтээн этиэххэ наада, уу бэйэтэ ханна да барар кыаҕа суох, холобур, хайалаах куораттарга тэҥнээтэххэ. Биһиги, бастатан туран, улахан ууну ханан ыытабыт диэн толкуйдуубут. Онон, холобур, 2013 сылтан 2017 сылга диэри куорат “Горканалы» дэлби ыраастатта (восстановление проточности), ити хайысханан улахан үлэ ыытылынна. Итиннэ биһиги күөллэрбит киирэллэр – Сайсары, Сэргэлээх, Атласовскай, Таалай уонна салгыы Очиченко уулуссатынан Хатыҥ Үрэх диэки бараллар. Бары холбонон сыталлар, сылын аайы Шестаковкаттан ууну киллэрэбит. Ити улахан уу барар сирэ. Итиннэ фильтр нөҥүө ардах, халаан уута киириэхтээх. Ол лотоктар куорат иһигэр баар 400 км суолларга барыларыгар баар буолуохтаахтар, бүгүҥҥү күҥҥэ сир уонна бетон варианнарынан 10%-на эрэ баар. Онно 44 носуос турбанан аҕалан кута турар. Куоракка ардах түстэ даҕаны, носуостарбыт холбонон кэлэллэр, бу носуостар бииргэ үлэлээн, чааска 2,5 мөлүйүөн лиитирэ ууну хачайдыыллар. Ити носуостар холбоммотторо буоллар, дьэ, дьиҥнээхтик ууга барыах этибит. Аны ардах куоракка мэлдьи тэҥҥэ, биир кэмҥэ түспэт. Ханнык эрэ учаастакка курулаччы түһэр, куорат атын өттүгэй отой да түспэт. Куоракка намыһах, уу мунньустар сирдэрэ бааллар, үлэ күүскэ онно барар. Итиэннэ АСМ массыыналардаахпыт. Ардах түһэр кэмигэр кинилэр 10-15 буолан уулуссаҕа дьуһуурустубалыыллар, носуос кыайбат сиригэр элбэх уу мустубут буоллаҕына, баран хачайдыыллар. Управалар бэйэлэрэ бэдэрээтчиктэрдээхтэр, кинилэр эмиэ ууну оботтороллор. Оннук гынаммыт биһиэхэ ардах аайы сүүсчэкэ киһи, отуттан тахса тиэхиньикэ үлэлииллэр. Ити үлэни сылтан сыл ыытабыт. Аныгыскы сылга улахан носуостар ахсааннарын элбэтэр, турбаларын улаатыннарар былааннаахпыт. Дьон бэйэлэрэ да өйдөөн көрөллөрө буолуо, тиһиктээх үлэ түмүгүнэн сорох сирдэргэ уу мунньустубат буолла. Ити носуос уонна турба кээмэйэ уларыйыытыттан эмиэ тутулуктаах. Сылын аайы саҥа суоллар үлэҕэ киирэллэр, кинилэр бары лотоктаахтар, онно носуостары холбоон биэрэбит.  Итиннэ бырайыак оҥоруохпут. Баҕар, аҕыйах сылынан ити өттүнэн тутар-таҥар федеральнай бырагыраама баар буолуоҕа диэн эрэнэбит. Ити элбэх үбү эрэйэр, куорат бэйэтэ кыайан уйуммат бырайыага. Онон биһиги миэстэлэринэн (локально) үлэлиибит. Ити боппуруостар бары үчүгэй үбүлээһинэ, уопсай техническэй докумуона суох быһаарыллаллара ыарахан. Ол иһин бүгүҥҥү күҥҥэ баһылык Евгений Григорьев ол докумуон баар буоларыгар техническэй сүбэни мунньан үлэ ыыта сылдьар.

– Бүгүҥҥү сытыы кыһалҕанан үбүлүөйдээх сылга куорат санитарнай туруга буолар. Ити хайысханан үлэ туһунан.

– Билиҥҥи кэмҥэ, бары көрө-билэ сылдьаргыт курдук, куорат иһигэр үлэ күөстүү оргуйар. Суол бөҕөтө оҥоһуллар, өрөмүөннэнэр, саҥардыллар. Итинник киэҥ далааһыннаах үлэ бүтүөр диэри син-биир бөх-сыыс тахса турар. Киин уулуссаларбыт – Ленин, Чернышевскай, Каландаришвили оҥоһуллан киирдэхтэринэ, олох атын көстүү буолуоҕа. Билигин куорат ортотугар үлэ бара турар, дьон кыратык тулуйуон, өйдүөн наада. Биллэн турар, сылдьарга табыгаһа суох, маны тулуйдахпытына, сүүрбэччэ сыл бары өттүнэн табыгастаахтык олоруохпут. Куорат санитарнай туругун көрөргө тиэхиньикэ ылаттыыбыт. Холобур, уулуссаны харбыыр Скандия массыыналар оннуларыгар Арассыыйаҕа оҥоһуллубут Бродвей диэн тиэхиньикэни аҕаллыбыт, күһүн өссө кэлиэхтэрэ, грейдердэри ыллыбыт. Тиэхиньикэбит элбээтэҕинэ, куораппыт уулуссаларын туруга тупсуоҕа. Барыта үп-харчы көрүллэриттэн тутулуктаах.

Куорат иһиттэн бөҕү таһаарыынан «Экосети» тэрилтэ дьарыктанар. Ааҕааччыларга этиэм этэ, үлэ былаан быһыытынан бара турар, ол эрэн куорат олохтоохторо уонна куорат хаһаайыстыбата биири өйдөспөккө сылдьаллар. Ол курдук, чааһынай секторга бункердары туруорабыт (чэпчэки уйуктаах массыына саҕа контейнердар). Ити кыра бөххө анаммыт контейнердар. Ону саас-күһүн чааһынай дьиэлэр улахан кээмэйдээх бөҕүнэн толорон кэбиһэннэр, кыра бөҕү хомуйар тиэхиньикэ кэлэн кыайбат, холобур, шлакоблок бырахтахтарына. Тиэхиньикэ тулуйбат, сотору-сотору алдьанар. Итинник контейнер бытовой бөҕү быраҕарга аналлаах. Ону ааҕааччылар, бука баһаалыста, өйдүүллэригэр ыҥырабын. Улахан, холобура, тутуу бөҕүн сыбаалкаҕа таһаарыахха наада. Дьон өйдөөтөҕүнэ, сөпкө дьаһаннаҕына, ити боппуруос кыаллыахтыах. Билиҥҥи кэмҥэ бункердар аттыларыгар сыбаалка буолан турар, наһаа элбэх бөдөҥ, ыарахан бөҕү кутаннар. Ону тиэхиньикэ бириэмэтигэр тиэйэн бүтэрбэт.

– Самаан сайыммыт үтүөтэ бүттэ, күһүммүт чугаһаата даҕаны, оттук сезона тиийэн кэлэр. Быйылгы оттук сезонугар бэлэмнэнии хайдах баран иһэрий, туох тутуу, уларытыы барда?

– Оскуолаларбыт хапытаалынай өрөмүөннэнэ тураллар, итилэр кэмигэр киириэхтэрин наада. Оттук сезонугар сүрүн тэрилтэлэрбит бары бэлэмнэнэ сылдьаллар. Сорох салайар хампаанньалар хойутуох курдуктар, бытааннар, олору тэтимирдэн биэрэбит, кинилэри кытта үлэлэһэбит. Оттук сезонун этэҥҥэ саҕалыахпыт диэн эрэнэбит, ол эрэн эрдэттэн улаханнык саҥарбаппын, үлэ бара турар.

– Куорат инники сайдар кэскилин хайдах көрөҕүн, холобур, аны биэс сылынан?

– Билиҥҥи туругунан, куораппыт улаата турар, олохтоохтор ахсааннара сылтан сыл эбиллэн иһэр. Сүрүн кыһалҕабыт – хаарбах туруктаах мас дьиэ элбэх. Биэс сылынан кинилэри барыларын суох гыныахтаахпыт. Кинилэр оннуларыгар саҥа дьиэ бөҕө тутуллан, куораппыт саҥалыы, аныгы көрүҥнэниэҕэ диэн эрэнэбин. Иккиһинэн, Ленин проспегын наһаа үчүгэйдик оҥоро сылдьабыт, итиннэ турар эргэ дьиэлэрбитин эмиэ хайдах эрэ, анал бырагырааманан, саҥардыахпытын наада, этээстэрин наһаа улаатыннарбакка. ОДьКХ өттүттэн көрдөххө, суол анныгар сытар, сир аннынан ааһар коммуникациялар эргэрдилэр, бары 70-с сылларга оҥоһуллубуттара. Онон саахал тахсара элбэх. Биэс сыл иһигэр ону суоллары кытта тэҥҥэ, федеральнай бырагыраамалары туһанан оҥордохпутуна, куораппыт туруга тупсуоҕа, үчүгэй көрүҥнэниэҕэ. Дьон санаата даҕаны уларыйыаҕа дии саныыбын. Киһи үчүгэйгэ түргэнник үөрэнэр, куорат олохтоохторо бу биһиги тапталлаах куораппыт диэн санааларын, сыһыаннарын уларытыахтарын наада. Оччоҕо барыта сатаныаҕа, уопсай дьыалаҕа, куораты тупсарыыга кыттар дьон санаалара да уларыйар дии саныыбын.

– Хаһыаппыт ааҕааччыларыгар баҕа санааҥ?

– Ааҕааччыларга куһаҕан үһүйээннэргэ итэҕэйимэҥ, тарҕатымаҥ диэн сүбэлиэм этэ. Куһаҕаны санаабат буоллаххытына, күҥҥүт даҕаны быдан үчүгэйдик ааһар буолуоҕа, олоххут тупсуоҕа. Доруобуйаҕытын көрүнүҥ, сырдык ыралаах, позитивнай буола сатааҥ уонна «Киин куорат» хаһыаты ааҕыҥ, суруттарыҥ, олус интэриэһинэй, сэргэх хаһыат. Бары этэҥҥэ буолуҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....