Влада Тимофеева: «Бар дьон сөбүлүүр, өйдүүр чулуу айымньылара кэллилэр»
Бэс ыйын 2 күнүгэр Национальнай художественнай музейга «Сокровища Третьяковской галереи» диэн ураты быыстапка аһыллыбытын истибит буолуохтааххыт. Сорохтор номнуо сырыттаххыт, сорохтор хаһан бараргытын былааннаннаххыт. Чахчы даҕаны, Саха сирин киин куоратыгар нуучча искусствотын чулуу айымньыларын кэлиитэ – кэрэни кэрэхсээччилэргэ күндү бэлэх.
Бүтүн хамаанда үлэтин түмүгэ
Бүгүҥҥү ыалдьыппыт – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай художественнай музейын дириэктэрэ, искусствоведение кандидата, СӨ култууратын туйгуна, Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Влада Тимофеева. Кини өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар анаммыт быыстапка туһунан сиһилии кэпсээтэ.
– Влада Владиславовна, Третьяковскай галереяны кытта кэпсэтии төһө өр, хайдах барбытай? Ол туһунан ааҕааччыларга сырдата түһүөҥ дуо?
– Биһиги бу бырайыак олоххо киирэригэр икки сыл кэриҥэ үлэлээтибит. 2020 сыллаахха балаҕан ыйыгар музейга СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Владимирович Тарасенко култуура тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрин кытта көрсүһүүтэ буолбута. Онно мин федеральнай таһымнаах музейдартан икки бөдөҥ быыстапканы тэрийэр туһунан этии киллэрбитим. Ол мунньахха бу идиэйэни тута өйөөбүттэрэ уонна кэпсэтии үлэтэ саҕаламмыта. Алтынньы ыйга Москванан командировкаҕа баран иһэн, Третьяковскай галерея кылаабынай харайааччыта Татьяна Семеновна Городковаҕа приемҥа суруйтаран киирбитим. Кинини кытта көрсөн, уһуннук кэпсэппиппит. Манна галерея регион аайы быыстапка тэрийбэтин бэлиэтиир тоҕоостоох. Тоҕо диэтэххэ харабылларга, куттал суох буолуутугар, климакка уо.д.а. кэккэ ирдэбиллэрдээхтэр. Третьяковскай галерея салалтатыгар бэлэмнэниэхпит, барыта баар буолуо, Саха сирин бырабыыталыстыбата бэйэтин хонтуруолугар ылар диэн эрэннэрбитим. Онтон галерея өттүттэн бу бырайыакка үлэлэһэр хамаанда тэриллибитэ, салайааччынан кылаабынай харайааччы Татьяна Семеновна Городкова, кураторынан Светлана Леонидовна Копырина анаммыттара. Научнай өттүнэн Татьяна Витальевна Юденкова, тэрийэр боппуруостарынан Александра Маратовна Гусейнова дьарыктаммыттара. Биһиги өттүбүтүттэн эмиэ халыҥ хамаанда үлэлээбитэ.
Саха АССР 100 сылыгар бэлэмнэнии саҕаламмыт буолан, быыстапкабытын бу бэлиэ даатаҕа аныырбыт чуолкай биллэрэ. Манна даҕатан эттэххэ, биһиги музейбыт тэриллэригэр Третьяковскай галерея көмөтө сүҥкэн улахан.
– Итиннэ тохтоон ылыахха, ааҕааччыларбытыгар историяттан кэпсии түһүөххэ. 1928 сыллааҕы сабыытыйаны билбэт дьон бааллара буолуо.
– Ол саҕана «Саха кэскилэ» диэн научнай-чинчийэр уопсастыба Искусство секциятын биир кэмҥэ Былатыан Ойуунускай, онтон Анемподист Софронов-Алампа салайбыттар. Ол курдук, уопсастыбаҕа хартыына галереятын тэрийэр туһунан идиэйэ үөскээбит. Салгыы бырайыага толкуйдаммыт, бырабыыталыстыбаҕа киллэриллибит. Бу кэмҥэ Максим Аммосов Саха сирин производственнай күүстэрин үөрэтэр хамыыһыйаны кытта үлэлээбит. Онтон кини бу бырайыагы олоххо киллэрээри, нуучча классическай айымньыларын Саха сиригэр бэлэх бэрдэрэр курдук Просвещение норуодунай хамыһаарын кытта кэпсэтиини ыыппыт. Ол түмүгэр Третьяковскай галерея барыта 27 айымньыны Саха сиригэр бэлэх биэрбит. Ол 1928 сыллаахха сэтинньи 8 күнүгэр Уобаластааҕы кыраайы үөрэтэр музейга аһыллыбыт хартыына саалатын төрдө буолбут. Онно Третьяковскай галерея өрөспүүбүлүкэҕэ бэлэх биэрбит айымньыларын таһынан, Сибиир уонна Саха сирин худуоһунньуктарын үлэлэрэ (барыта 106 айымньы) киирбит. Иркутскай худуоһунньуга Лебединскэй үгүс үлэни ыыппыт, Уһук Илин худуоһунньуктарыттан хартыыналары хомуйбут. Итиннэ эбии Саха сирин олохтоохторо музейнай айымньылары атыылаһыыга харчыларын сиэртибэлээбиттэр. Маны сэргэ, Иван Попов, Михаил Носов, Петр Романов, Георгий Туралысов курдук ойуулуур-дьүһүннүүр искусствобыт олохтоноругар олук охсубут бастакы идэтийбит худуоһунньуктарбыт үлэлэрэ турбуттар. Ити сабыытыйа Саха сиригэр музей уонна ойуулуур-дьүһүннүүр искусство сайдыытыгар тирэх буолбута.
Ил Дархан тус хонтуруолугар ылбыта
– Саха сирин курдук ыраах сиргэ бачча улуу айымньылары аҕалар кэккэ уустуктардаах, туспа ирдэбиллэрдээх, ону сэргэ, улахан эппиэтинэс буолара чуолкай...
– Былырыын баччаларга Третьяковскай галерея хамаандата Дьокуускай куоракка билсэ-көрсө, усулуобуйабытын көрө кэлэ сылдьыбыта. Ол саҕана куорат аэропордугар балаһаны кэҥэтии өрөмүөнэ ыытылла турара. Биллэн турар, бастаан онтон кыратык дьулайбыттара быһыылаах. Онтон Татьяна Городкова салайааччылаах хамаанда СӨ Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаевтыын көрсүбүтэ. Мунньахха айымньылары аҕалыы-илдьии боппуруоһа турбута, онно Айсен Сергеевич тус хонтуруолугар ыларын эппитэ. Итиэннэ быыстапка ыытыллар кэмэ чопчуламмыта. Дьиҥэр, бастаан муус устар ыйга саҕалыыр санаалаах этибит. Аны туран, айымньылары Нерюнгринан эргийэн аҕалар боппуруос тура сылдьыбыта, ону тута аккаастаабыппыт. Онтон бырабыыталыстыба дьаһалынан искусство айымньыларын тиэйиинэн дьарыктанар «Арт курьер» диэн анал хампаанньаны кытта кэпсэтии ыытыллыбыта. Хас биирдии айымньыны туспа уган, климатическай усулуобуйатын тутуһан аҕалбыттара.
Чахчы, ити суол-иис, тырааныспарынан аҕалыы боппуруоһа уустуктардаах этэ. Ол эрээри, өрөспүүбүлүкэбит салалтата тус хонтуруолугар ылан, барыта санаа хоту табылынна диэн махтанабыт.
Тугу аҕаларбытын өр толкуйдаабыппыт
– Быыстапкаҕа бэлэмнэнэн, саалаларгытын анаан-минээн уларыппыккытын истибиппит...
– Третьяковскай галерея кэнники сылларга, нууччалыы эттэххэ, «бестселлер» буолар быыстапкалары тэрийэн ыытар. Онно сылдьар туһуттан улахан уочаракка тураҕын. Тоҕо диэтэххэ галерея классическай матырыйаалы дьоҥҥо сатаан тиэрдэр аныгы ньымалары таба туһанар. Онно быыстапка концепцията, экспозиция дизайн-бырайыага сүрүн болҕомтоҕо ылыллар. Галерея сүбэтинэн бу буола турар быыстапка экспозициятын дизайнын Эрик Белоусов диэн биллиилээх дизайнер оҥорбута. Кини Дьокуускайга анаан-минээн кэлэ сылдьыбыта, музей дьиэтин үөрэппитэ. Кэпсэтии, дьүүллэһии кэмигэр бу порталы толкуйдаабыппыт, саала эркиннэрин өҥнөрүн быһаарбыппыт. Бырайыак олоххо киирэригэр музей бүттүүнэ, үгүс киһи үлэлээбитэ.
– Манна кэлэр айымньылары хайдах талбыккытый?
– Третьяковскай галерея норуокка классиканан биллэр. Кырдьык, быыстапка концепциятын, тугу аҕаларбытын өр толкуйдаабыппыт. Холобур, тус бэйэм үйэлэр кирбиилэрин, авангарды олус сөбүлүүбүн. Ол эрээри бар дьон өйдүүр нуучча искусствотын классическай айымньыларын аҕалар ордук диэн түмүккэ кэлбиппит уонна быыстапкабытын «Сокровища Третьяковской галереи» диэн ааттаабыппыт. Манна классическай искусство бастыҥнара, шедеврдэрэ – дьон-сэргэ сөбүлүүр, өйдүүр чулуу айымньылара кэллилэр. Ону сэргэ, быыстапка хас биирдии көрөөччүгэ ойуулуур-дьүһүннүүр искусство эгэлгэтин арыйыаҕа. Ол курдук, мэтириэттэр, пейзажтар, сюжеттаах, тиэмэлээх хартыыналар, историческай ис хоһоонноох үлэлэр бааллар.
Аны туран, биһиги 19-с уонна 20-с үйэтинээҕи искусство кэрдиис кэмнэрин, сабыытыйаларын көрдөрөр соруктаах этибит. Онон быыстапканы көрө кэлбит киһи ити икки үйэҕэ живопись уонна скульптура хайдах сайдыбытын билиэҕэ.
Живопиһы скульптура ситэрэр
Влада Владиславовна экспозиционнай саалаҕа киллэрэн, аан дойду искусствотыгар суон сураҕырбыт, албан аатырбыт чулуу айымньылары көрдөрдө, экскурсия ыытта.
– Саалаҕа киирбит киһи, уобарастаан эттэххэ, Третьяковскай галереяҕа баар буолан хаалар. Экспозиционнай сааланы зоналарга араарбыппыт, эркиннэрин аатырбыт галерея киэннэрин үтүгүннэрэн оҥорбуппут, онно баар өҥнөрү туһаммыппыт: 19-с үйэ бастакы аҥаарын көрдөрөр саалаҕа – от күөҕэ, салгыы бардахха – отон курдук кыһыл, аныгы искусство саалатыгар – халлаан күөҕэ өҥнөрү.
Зоналары хронологияҕа уонна живопись жанрдарыгар олоҕуран араарбыппыт. Холобур, киирээт даҕаны, сүнньүнэн мэтириэттэри, Кипренскэй, Брюллов, Тропинин курдук худуоһунньуктар үлэлэрин көрөҕүт. Утары саалаҕа пейзаж сайдыбыт историятын кэпсиир Айвазовскай, Саврасов, Левитан, Шишкин уо.д.а. чулуу айымньылара тураллар. Быыстапкабыт өссө биир уратытынан живопись айымньыларын сэргэ, скульптураны аҕалбыппыт буолар. Ол экспозицияны ситэрэр, толорор уонна ис хоһоонун байытар. Холобур, пейзаж саалатыгар скульптор Анна Голубкина «Берёзка» диэн үлэтэ баар. Бу айымньы нарын кыыс нөҥүө Русь уобараһын көрдөрөр, Станислав Жуковскай пейзаһын кытта дьүөрэлэһэр.
19-с үйэ иккис аҥаарын сэһэргиир саала биир өттүгэр Пирогов, Короленко, Римский-Корсаков, Чехов уо.д.а. дойдубут чулуу дьонун мэтириэттэрэ тураллар. Итиэннэ Суриков историческай хартыыналарын көрүөххэ сөп – холобур, «Покорение Сибири Ермаком». Третьяковскай галерея бастайааннай экспозициятыттан кэлбит Константин Юон «Купола и ласточки» диэн аатырбыт хартыынатын скульптор Марк Антокольскай летописец уобараһын ойуулаабыт үлэтэ байытар.
Манна даҕатан эттэххэ, быыстапка биир сүрүн уратытынан Третьяковскай галерея бастайааннай экспозициятыттан элбэх айымньы аҕалыллыбыта буолар. Ол аата хрестоматияҕа киирбит классическай үлэлэр диэн судургутук быһаарыахха сөп. Холобур, биһиги музейбытыгар Иван Попов, Петр Романов курдук худуоһунньуктарбыт айымньылара бастайааннай экспозицияҕа киирэллэр, ону хаһан да быыстапкаларга биэрбэппит. Тоҕо диэтэххэ бу – ураты сыаналанар айымньылар. Онон Третьяковскай галерея Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүнэн бастайааннай экспозициятыттан үлэлэрин аҕалбытынан киэн туттабыт. Холобур, Константин Маковскай «Дети, бегущие от грозы», Василий Максимов «Всё в прошлом», Василий Поленов «Московский дворик», Василий Перов «Рыболов» курдук аатырбыт айымньылары көрөөччүлэр билэр буолуохтаахтар.
19-с үйэ иккис аҥаарын кэпсиир саалаҕа искусствоҕа «передвижники» диэн аатынан биллибит худуоһунньуктар сюжеттаах, тиэмэлээх композицияларын сэргиэххит. Бүтэһик саалаҕа үйэлэр кирбиилэрин, сэбиэскэй искусствоны көрдөрөр хартыыналар тураллар. Биһиги музейбытын нуучча уонна Аҕа дойду искусствотын коллекциялара байыталлар, ол эрээри үйэлэр кирбиилэрин ойуулуур үлэлэр суохтарын кэриэтэ. Ону бу саала толорон биэрдэ диэххэ сөп. Манна Вера Мухина «Ветер» скульптурата, Кузьма Петров-Водкин, Роберт Фальк, Наталья Гончарова, Абрам Архипов, Константин Коровин уо.д.а. биллиилээх худуоһунньуктар айымньылара көрөөччү биһирэбилин ылаллар. Бу – үйэлэр кирбиилэрин, нуучча искусствотын сайдыытыгар дьоһун миэстэни ылбыт кэрдиис кэми, «үрүҥ көмүс үйэни» көрдөрөр айымньылар.
Сэбиэскэй искусство зонатыгар норуот таптыыр айымньыта – Фёдор Решетников «Прибыл на каникулы» хартыыната баар. Салгыы Александр Герасимов, Владимир Стожаров уо.д.а. худуоһунньуктар үлэлэрин кэрэхсиэххит. 20-с үйэ иккис аҥаарын «суровый стиль» диэнинэн биллибит хайысха бэрэстэбиитэллэрин айымньылара сааланы киэргэтэллэр. Холобур, Виктор Попков «Шинель отца» хартыыната, Гелий Коржев «Супница и горшки» натюрморта.
Көрөөччүлэргэ табыгастаах усулуобуйа
– Быыстапкаҕа бэлэмнэнэн, улахан научнай үлэни ыыппыппыт. Онон хас биирдии саала туспа аннотациялаах буолла. Ол эбэтэр көрө кэлбит киһи экскурсията суох даҕаны бэйэтэ ааҕан, элбэҕи билиэн сөп. Маны сэргэ, хас биирдии этикеткаҕа айымньы туһунан сиһилии суруллубута.
Музейга инклюзивнай эйгэ табыгастаах усулуобуйата тэриллэрэ хайаан да наада. Доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон сылдьалларыгар харгыс суох буолуохтаах. Соторутааҕыта истибэттэр уопсастыбаларыттан сайаапка киирбитэ. Кинилэргэ бу аннотациялар көмө буолуохтара. Манна даҕатан эттэххэ, биһиги музейбыт бу хайысхаҕа сөптөөх үлэни ыытар.
Кэлбит ыалдьыттарбытыгар быыстапка туһунан босхо флаердары бэчээттээн бэлэмнээбиппит. Ону таһынан, баҕалаахтар альбом-каталог атыылаһыахтарын сөп.
Музей былаана киэҥ
– Быйылгы үбүлүөйдээх сылга өссө ханнык бөдөҥ быыстапкалар тэриллиэхтээхтэрий?
– Билигин Саха АССР 100 сылыгар аналлаах «Территория.Якутск» бэстибээл чэрчитинэн, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин көҕүлээһининэн Москватааҕы аныгы искусство музейын «Человек и его ландшафты» быыстапката буола турар. Бииртэн биир интэриэһинэй 96 айымньы аҕалыллыбыта. Музей бастакы этээһигэр хас да сиринэн сылдьан живопись, скульптура, мультимедийнай искусство үлэлэрин кэлэн көрүөххүтүн сөп. Квест бириинсибинэн оҥоһулунна. Бүтэһик саала эмиэ аныгы тэрилинэн, тээбиринэн хааччылынна. Кафе таһынааҕы саала эмиэ бу быыстапкаҕа анаан тупсарылынна.
Ити курдук, Национальнай художественнай музейга икки бөдөҥ быыстапка тэҥинэн буола турара ордук кэрэхсэбиллээх. Онон көрөөччү нуучча классическай уонна аныгы искусствотын араас хайысхаларын кытта билсиэн сөп.
Бэс ыйын 24 күнүгэр Саха сиригэр Татарстан күннэрин чэрчитинэн «В гостях у татар» диэн Елабужскай музей-заповедник улахан быыстапката аһыллаары турар. 300-тэн тахса айымньыны аҕалыахтаахтар, Татарстан бэрэсидьиэнэ музейга ыалдьыттыы кэлэрин күүтэбит. Быыстапкаҕа живопись, скульптура, декоративно-прикладной, ювелирнай искусство үлэлэрэ көрдөрүллүөхтэрэ. Бэлиэтээн эттэххэ, Татарстан декоративно-прикладной искусствота бэйэтэ туспа уратылаах, онон олус интэриэһинэй буолуо дии саныыбыт.
Арҕааҥҥы искусство галереятыгар сайын Франция искусствотыгар аналлаах быыстапка аһыллыахтаах. Афанасий Осипов аатынан хартыына галереятыгар билигин живописец Афанасий Николаевич Павлов «Баллада о солдате» быыстапката буола турар.
– Влада Владиславовна, түмүккэ «Киин куорат» хаһыат ааҕааччыларыгар тугу этиэҥ этэй?
– Музейга элбэх киһи сылдьар буолбутунан сибээстээн үлэлиир эрэсииммит уларыйда. Бастатан туран, көрөөччүлэр көрдөһүүлэринэн, бу сыл от ыйын 17 күнүгэр диэри өрөбүлэ суох уонна бырааһынньыктарга кытта үлэлиибит. Иккиһинэн, сайыҥҥы эрэсиимҥэ көспүппүтүн иһитиннэрэбит. Сарсыарда 11.00 чаастан киэһэ 19.00 чааска, оттон сэрэдэҕэ күнүс 12.00 чаастан киэһэ 20.00 чааска диэри музей ыалдьыттарга аһаҕас. Ити дьаһалы уоппуската суох үлэлиир дьоҥҥо табыгастаах буоллун диэн ылынныбыт. Онон биһиги быыстапкаларбытыгар быыс-арыт булан сылдьаргытыгар ыҥырабын.