Виссарион Томскай: «Биэс кассетаттан саҕаламмыта»
Кэлэр кэм дьонугар история кэрэһитэ буолар матырыйааллар И.С. Жараев аатынан СӨ Норуоттарын аудиовизуальнай нэһилиэстибэтин национальнай киинигэр үйэ саас хараллыыга туттарыллаллар.
Киинэ эйгэтигэр биллэр-көстөр салайааччылартан биирдэстэрэ, өрөспүүбүлүкэ ис-тас өттүгэр баар хроника устуудьуйаларыттан Саха сиригэр сыһыаннаах киинэ матырыйаалларын көрдөөн булууга өлбөт-сүппэт өҥөлөөх, бу Киин тэриллиитигэр улахан кылааттаах Виссарион Андреевич Томскайдыын бүгүҥҥү кэпсэтиибит киинэ сайдыытын туһунан буолла.
Виссарион Андреевич Томскай – СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ култууратын уонна искусствотын бочуоттаах үлэһитэ, ССРС кинематографиятын, РСФСР орто анал үөрэхтээһинин туйгуна, Арассыыйа бочуоттаах кинематографиһа, РСФСР, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ, Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо.
– Виссарион Андреевич, киинэ эйгэтигэр бастакы хардыыларгыттан кэпсэтиибитин саҕалыах дуу?
– «Отец солдата» диэн киинэҕэ көстөр «Здесь прошли танки лейтенанта Махарашвили» диэн суруктаах Неман өрүс муостатын өҥөйөн турар уопсай дьиэҕэ олорон үөрэҕим ааспыта. 1964 сыллаахха Калининград уобалаһын Советскай техникумун бүтэрэн, дойдубар Саха сиригэр кэлбитим. Ол кэмҥэ киинэ управлениетын салайааччытынан Иван Спиридонович Жараев үлэлиир эбит этэ. 7-с №-дээх киинэ мэхээнньиктэрин бэлэмниир үөрэх кыһата саҥа тэриллибитигэр маастарынан үлэбин саҕалаабытым. Устудьуоннарга киинэ аппараатынан, пленкаҕа хайдах үлэлиири үөрэппитим.
Бу хайысхаҕа, тэхиньиичэскэй өттүн билэр-көрөр диэтэхтэрэ буолуо, управление техсэбиэтигэр чилиэнинэн талбыттара. Куоракка баар киинэ тэрилтэлэрин оборудованиеларын бэрэбиэркэлиир, тыаларга киинэ көрдөрөр установкалар хайдах үлэлииллэрин, усулуобуйаларын, туох итэҕэстээхтэрин быһаарсар, сүбэлэһэр этибит.
1967 сыллаахха училищеҕа дириэктэри солбуйааччы буолтум. Онтон саҕаламмыта салайааччы быһыытынан үлэм. Саҥа ньымалары баһылааһын, материальнай-тэхиньиичэскэй баазаны бөҕөргөтүү курдук үлэлэргэ ылсыбытым.
1976 сыллаахха Миниистирдэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Прокопьевич Габышев ыҥыран ылан: «Управлениеҕа солбуйааччынан, о.э. кылаабынай инженеринэн ыытаары гынабыт», – диэбитэ миэхэ соһуччу этэ. Үлэлиир училищебар элбэх былааннаах сырыттаҕым. Тутуу боппуруоһугар күүскэ үлэлэһэн, туруорсаммын, Сайсарыга Чехов уулуссатыгар сир ылбытым. Үөрэх, производство да өттүнэн былааннарбын олоххо киллэрэр бигэ санаалааҕым. Бу үлэлэрбин тиһэҕэр тириэрдэр мөккүөннээх буоллаҕым дии.
Кэргэмминиин сүбэлэһэн бараммын, училищебыттан барбаппын диэн түмүккэ кэллим. Онон Габышев «толкуйдан» диэн этиитигэр хоруйум биир тыл буолла: «Барбаппын».
Ол үрдүнэн «син биир кандидатураҕын устубаппын, үөһэ таһаара сатыырбытын эн аккаастанаҕын» диэн мөҕүлүннүм.
– Хайдах буолбут киһигиний? Туохха наадыйаҕын? – диир.
Утарылаһан даҕаны туһа суох буолла. Түмүгэр ыам ыйын 1 күнүттэн Саха АССР Миниистирдэрин сэбиэтин бирикээһэ таҕыста. Үөрэх дьылын бүтэрэн, отчуоппун туттаран баран, саҥа үлэм саҕаланна. Онон управление кылаабынай инженеринэн ананным. Эбиэккэ диэри училищебар үлэлиир буоллум. Иван Спиридонович сүбэтинэн эбиэт кэнниттэн саҥа үлэбин кытта билистим.
Саха сиригэр киинэни сайыннарыыга олоҕун анаабыт Иван Спиридонович Жараевтыын сарын-сарыммытыттан өйөнсөн, Сахабыт сиригэр киинэбит сайдыытын тула үтүө сүбэбитин холбоон, бииртэн биир кыайыылар, үрдэллэр үтүө түмүктэрдээх кэлэн испиттэриттэн бүгүҥҥү күҥҥэ олороммун үөрэбин, олоҕум дьоллоох кэмнэринэн ааҕабын.
– 90-с сыллар булкуурдаах, олох-дьаһах сатарыйар кэмнэригэр уруккута ханна да суох төрүт саҥа тэрилтэни саҕалааһын, биллэн турар, ыарахаттардаах буолуохтаах. Бу кэми санаан ааһыахха эрэ, Виссарион Андреевич?
– Туһугар ууга-хаарга киирэр курдук тахсыылаах этэ. Биһиги иннибитигэр: «Киинэбитин хайдах быыһыыбыт?» – диэн боппуруос сытыытык турбута. Барыта халбас харатын курдуга. Барытыгар кулгаах-харах буолар, кэмигэр санааҕын этиммэтэххинэ, сөптөөхтүк туруорсубатаххына, туга да суох хаалыахха эмиэ сөбө.
Сойуус ыһыллыыта буолла. Өрөспүүбүлүкэҕэ уларыйыы-тэлэрийии бөҕө. Бырабыыталыстыбаҕа хамыыһыйа тэрийбиттэрэ. Онно ханнык тэрилтэлэри Саха сиригэр хаалларар, ханныктары Арассыыйаҕа биэрэр эбэтэр букатын сабар туһунан боппуруостар көрүллүбүттэрэ.
Биһиги хайдах эмэ гынан киинэбитин хаалларарга диэн интэриэстээх этибит. Мин ол хамыыһыйаҕа биһиги управлениебытыттан эппиэттээх киһинэн буоллум.
Хамыыһыйаҕа бастаан оройуоннар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэллэрин этиитэ ордук ыйааһыннааҕа. Алпаабыкка бастакынан Алдан турар. Алдантан Ябловскайдыын кэпсэтэн, киинэбит туругар санаатын ыйыппыппар: «Бэйэбитигэр хаалларабыт», – диэбитигэр мин үөрэ түстэҕим дии. «Сөпкө толкуйдуур эбиккин», – диэн хамыыһыйаҕа иккиэн оннук биири этэргэ сүбэлэстибит.
Мунньахпытыгар Алданым Ябловскайа кэлбэтэх. Кини оннугар кэлбит киһитэ: «Киинэни улууска олох ылбаппыт. Өрөспүүбүлүкэҕэ хаалларабыт», – диэтэ. Дьэ, доҕор, ыксал буолла! Мин туран «Оройуоҥҥа хаалларабыт» диэн райсэбиэт бэрэссэдээтэлиниин кэпсэппиппэр олоҕуран тыл эттим. Түмүгэр мөккүөрдээх боппуруостары эбии көрөргө диэн буолла. Сарсыныгар хамыыһыйаҕа Ябловскай бэйэтин этиитин эттэ даҕаны, киинэни өрөспүүбүлүкэҕэ хаалларабыт, оройуоннарга киинэни хаалларбаппыт диэн буолла.
Ол мунньахха Иван Спиридонович: «Киинэни сабар былааннаах эбиккит? Биһиги Саха сирин киинэтин интэриэһин көмүскүүбүт. Оччоҕуна миигин ууратыҥ», – дииригэр кытта тиийдэ.
Дьэ итинник буһуулаах-хатыылаах кэмнэр этилэр.
Управление оҥорон, ол статуһун көмүскээбиппит. Култуура министиэристибэтин иһинэн киирэн үлэлииргэ диэн буолла. Өрөспүүбүлүкэҕэ харчы кырыымчык. Онон урукку курдук үлэлии олорбуппут үп-харчы өттүнэн ыктарыылаах буолан таҕыста даҕаны, кылаабынай сыалбыт – киинэбит хаалла!
Бу иннигэр РСФСР-тан быһаччы үбүлэнэн олорбут тэрилтэ буоллахпыт дии. Дьэ, итинник.
Тоҕус киинэ прокаттыыр отделениелаах этибит. Олорбутун хайдах эмэ гынан хаалларар сыалтан саҥа тэрилтэни тэрийиэххэ диэн буолла. Устаап, бырайыак оҥоһуннубут. Иван Спиридонович – управление начаалынньыгынан, мин ол киинэ-видео холбоһугун генеральнай дириэктэринэн үлэлээтибит. Аны үбүн көмүскээһинигэр смета бөҕө оҥороммут, кэппиэйкэтигэр тиийэ аахсаммыт, ол түмүгэр харчы көрдөрөммүт, дьоннорбутун тутан олорбуппут. Оройуоннарбытыгар үлэ миэстэлэрэ сарбылыннылар да буоллар, аҕыйахтыы киһибит үлэлиирэ.
Оннук 1993 сылга диэри дьоммутун тутан олорбуппут. Оройуоннар харчы көрбөттөр. Саатар прокаттарбытын хаалларар мөккүөннээх этибит. Аны сааһырбыт дьону, хомуньуустары үлэлэлэриттэн, салайар уорганнартан босхолооһун саҕаламмыта. Инньэ гынан миигин эмиэ «миэстэҕин босхолоо» диэбиттэрэ. Онон 1993 сыллаахха дуоһунаспыттан уурайбытым эрээри, киинэ эйгэтигэр хааламмын, «Сахакиинэпрокат» диэни тэрийбиппит. 1995 сыллаахха биэнсийэҕэ тахсыбытым. Кистэл буолбатах, хомуньуус буоламмын миигин уурата сатааччы, туора тутааччы элбэҕэ.
– Киинэҕэ үлэлээбит Бэтэрээннэр сэбиэттэрэ тэриллэн, үйэтитии боппуруоһугар улахан тирэх буолбут эбит. Манна тохтоон ааһыах.
– Иван Спиридоновичтыын онон иккиэн уурайбыппыт. Биһиги, үйэлэрин тухары үлэлээбит киинэбит бэтэрээннэрэ, сир-халлаан икки ардыгар хаалар балаһыанньаттан тахсаммыт, «Совет ветеранов кинематографии» тэриммиппит. Бу уопсастыбаннай тэрилтэбит уон төрүттээччи дьоннооҕо. Бары бэтэрээннэртэн састааптаах этэ.
Тэрилтэбит сыалынан үйэтитии боппуруоһа буолбута. Бэрэссэдээтэлинэн Иван Спиридоновиһы талбыппыт. «Сахафильмҥа» биир хоско биир остуоллаах кэбиниэттэммиппит. Мин солбуйааччынан киирэн, эмиэ иккиэн бииргэ үлэлээбиппит. Туох баар ирдэнэр докумуону оҥороммут, юридическай тэрилтэ буолбуппут. Улахан, кыахтаах тэрилтэлэри спонсордатан, бэтэрээннэрбитин чиэстиир, наҕараадалыыр үлэни ыытарбыт. Иван Спиридонович доруобуйабынан тохтууһубун диэбитигэр бэтэрээннэрим салгыы миигин талбыттара.
1995 сыллаахха М.Е. Николаев уурааҕынан Саха сиригэр «Хотугу форум» диэн тэрээһин буолбута. Бу улахан тэрээһиҥҥэ «Саха сирин туһунан уһуллубут киинэлэр ханна баар буолуохтарай?» диэн боппуруоһу көтөхпүттэригэр, «Сэбиэскэй кэмҥэ Москуба таһыгар Красногорскай киинэархыыбыгар документальнай киинэлэр уонна «Белые столбы» уус-уран киинэлэр архыыптара баара», – диэн эттим. Биһиэхэ кэрэспэдиэнискэй пуун үлэлээбитэ. Онно уһуллубут документальнай киинэлэр бары Красногорскайга буолуохтааҕын туһунан билэр этим. Түмүгэр бэйэбин онно ыытар буоллулар.
– Виссарион Андреевич, дьэ, чахчы, өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр баар хроника устуудьуйаларыгар Саха сиригэр сыһыаннаах киинэ матырыйаалларын көрдөөн булбут уонна аҕалбыт киһи эн. Ол, бука, ылбычча кыаллыбатах уустук үлэ буолуохтаах?
– Ол ыытыллар Форумҥа Саха сирин туһунан кэпсиир документальнай киинэлэрбит наадалаах буоланнар, мин Красногорскай киинэ архыыбыгар командировкаланан, биир нэдиэлэ үлэлээбитим. Уонна олус элбэҕи билэн-көрөн, олус туһалаах билиилэри ылыммытым.
Тиийэммин картотекаларынан үлэлээтим. Сарсыарда бастакынан ааннарын аһарым, киэһэ бүтэһигинэн ааны сабарым. Оччотооҕуга тас дойдуттан кэлэн интэриэһиргээччи элбэх эбит этэ. Кинилэр долларынан төлөһөн ылар буоланнар, олох быһалыы сылдьаллара. Архыып эмиэ үп өттүнэн кыпчыйтаран олорор буолан, утарынан төлөһөр дьоннуун улгумнук үлэлииллэрэ.
Дьэ мин испииһэк бөҕө буоллум. Сүүстэн төһө эмэ тахса киинэни буллум. Ааттара, хаһан, ханна уһуллубуттара барыта баар. Ол сылдьаммын үлэһиттэрдиин билсистим, хайдах-туох үлэлииллэрин сурастым. Оттон миэхэ барыта интэриэһинэй даҕаны буоллаҕа дии.
Сахам сиригэр кэлэн отчуоттаатым. Махтаннылар. Сөхтүлэр. Сөбүлээтилэр. Ол испииһэкпин куоппуйатын бэйэбэр биэрэллэригэр көрдөһөммүн ылбытым. Онон Красногорскайга сырыым үтүө түмүктэрдээх буолбута.
1997 сыллаахха Иркутскайга Илин-Сибиир киинэ устуудьуйатыттан киинэлэри кассетаҕа уһултаран аҕалбытым. Москуба, Ленинград киинэ устуудьуйаларын архыыптарыгар үлэлээбитим.
– Иван Спиридоновичтыын киинэҕит сайдыытыгар өссө саҥа саҕахтары көрөн, хорсун да хардыылары оҥорбут эбиккит.
– Ол испииһэкпитин көрөммүт, Иван Спиридоновичтыын биир санааҕа кэллибит. Бу киинэлэринэн «пуонда» тэриниэххэ диэн. Бу иннигэр Саха сирин туһунан уһуллубут киинэ сурунааллар сүппэтиннэр диэн мунньубут матырыйааллаах этибит. Онно эмиэ олоҕурабыт.
Иван Спиридонович миигин төттөрү бараҥҥын бу киинэлэри кассетаҕа уһултаран кэл диэн буолла. Барарга-кэлэргэ үп-харчы кырыымчык. Суоҕун кэриэтэ. Устуохтаах кассеталарбыт ырыынакка саҥа тахсан эрэллэр. Иван Спиридонович оччотооҕуга киинэ-видео холбоһугун салайааччыта И.И. Готовцевтыын сүбэлэһэннэр, миигин Красногорскайга били булбут киинэлэрбин кассетаҕа уһултара командировкалаатылар. Красногорскай архыыбыгар иккиһин тиийэн баран, Саха сирин туһунан булбут сүүстэн тахса киинэм испииһэгэ кинилэргэ баарыттан, хата, бэйэм соһуйбутум.
Үлэлии кэлбит киһи үлэбин саҕалаатым. Онно сурунаалы барытын устарым наадата суох. Ол бэйэтэ уон мүнүүтэлээх. Мин Саха сирин эрэ туһунан уһуллубут икки-үс мүнүүтэтигэр интэриэстээхпин. Аны төлөбүрүгэр «метраж» диэн, бириэмэтэ диэн эмиэ көрүллэр. Аны кассетаны атыылаһыы бэйэҕиттэн. Москубаҕа анаан бараммын кассеталарбын атыыластым. Хаачыстыбалааҕы. Оччотооҕуга хаачыстыбата суох видеокассета баһаам бөҕө. Киинэ сурунаалтан ханнык кэрчигин уһултарыахтаахпын эрдэттэн көрөн бэлиэтиибин. Онно эмиэ аппаратураҕа туспа уочарат.
Инньэ гынаммын толору биэс кассетаны суруттардым. Аны атыылаһар харчым суох. Эмиэ киинэ-видео холбоһугун көмөтүнэн бастакы биэс видеокассетаны Сахам сиригэр оннук аҕалбытым. Онон барыта биэс видеокассетаттан саҕаламмыта.
– Баҕа санааҥ диэн, элбэх киһи көрдүн, биллин диэн буоллаҕа?
– Тыый! Үөрүү даҕаны үрдэ суоҕа. Элбэх киһи көрдөҕүнэ-иһиттэҕинэ дьэ норуот өйдүө диэн буоллаҕа. Салгыы бу биэс кассетабытынан тугу гынабыт диэн буолла.
Иван Спиридоновичтыын бастаан тэлэбиидэнньэ нөҥүө көрдөрүөххэ диэн сүбэлистибит. Историческай, отутус сыллардаахха уһуллубут, атын даҕаны интэриэһинэй киинэлэр бааллар бөҕө. Тэлэбиидэнньэ салалтата нэдиэлэҕэ биирдэ уон мүнүүтэҕэ быһа эпииргэ тахсарбытыгар быһаарда. Ыытааччым – Нина Иннокентьевна Харитонова. Иккиэн киинэлэрбитин көрдөрө-көрдөрө, ону кэпсээн, күөх экран нөҥүө сахабыт норуотугар аан бастаан бу киинэлэрбитин таһаарбыппыт.
Киһи бөҕөтө интэриэһиргиир буолла. Сэҥээрии улаатта. Инньэ гынан пуондабыт дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэн барда.
Мантан сылтаан аны сайдыы биир кирилиэһигэр үктэнэргэ эмиэ саҥа санаа киирдэ. Иван Спиридоновичтыын, бу пуондаҕа олоҕуран, Сахабыт сиригэр «Кинохранилище» диэни тэрийиэххэ диэн.
– Виссарион Андреевич, эйигин истэ олорон, Саха сирин киинэтин харайар тэрилтэ элбэх даҕаны үрдэлтэн үрдэли дабайыыттан тэриллибитин сөҕөҕүн. Бу манна барытыгар төһөлөөх тулуур, дьулуур ирдэнэрин сэрэйиэххэ эрэ сөп.
– Салгыы бу боппуруоспут бырабыы-талыстыбаҕа көрүллүөн наада дэсиһии буолла. Саха сирин туһунан киинэлэри үйэтитэр тэрилтэ наада диэн. Бастаан Михаил Ефимовичка чугас сылдьар дьоҥҥо тахсаммыт кэпсэтиилэри ыыттыбыт. Санааларын иһиттибит, өйөбүл буолуохтарыгар көрдөстүбүт. Дьэ ол кэннэ М.Е. Николаев аатыгар Киинэ бэтэрээннэрин сэбиэтин аатыттан И.С. Жараев илии баттаан сурук ыыппыппыт. Онно Михаил Ефимович бырабыыталыстыбаҕа аадырыстаан сурукпутугар виза туруорбут этэ.
Биһиги бу уураах аны сметата суох буоллаҕына тахсыа суоҕа диэммит, 300 тыһ. солкуобай суумалаах смета оҥордубут; дириэктэр, кылаабынай инженер штаттарын уонна оборудование киллэрэн туран. Бырайыакпыт барыла Кайдышевка илии баттааһыҥҥа киирдэ диэн буолла.
Муус устар ыйга үс үлэһиттээх саҥа тэрилтэ туһунан уураах баттанна диэн үөрүүлээх сонуну иһиттибит.
Онон Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын ыйааҕынан 1996 сыллаахха муус устар 10 күнүгэр киинэ-видео докумуоннары көрөр-харайар национальнай хранилище тэриллибитэ. Туһунан бэйэтэ үптээх тэрилтэ култуура министиэристибэтигэр бас бэринэрэ.
1997 сыллаахха Саха сирин кинематографиятын туһунан сокуон ылыллыбыта. Бу сокуон Национальнай киинэ-видео хранилище сайдыытыгар үтүө олук буолбута. Балаһыанньатыгар, биһиги, киинэ бэтэрээннэрэ, көҕүлээммит, киинэни көрөр-харайар тэрилтэҕэ ураты статуһу биэрии туһунан араас өрүттээх элбэх кэпсэтиилэри, этиилэри киллэрбиппит. Онон, ураты суолталаах киинэ-видео докумуоннары көрөр-харайар тэрилтэ өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар билиниллэн, билигин «И.С. Жараев аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин аудиовизуальнай историческай матырыйаалларын национальнай киинэ» буолан олороругар быһаччы сыһыаннаах киһи буоларбынан киэн туттабын.
Тэрилтэ сүнньүн буларыгар, Илин Сибиирдээҕи киинэ хроникатын устуудьуйатын, «Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньабыт, улуустардааҕы, оройуоннардааҕы телеустуудьуйалар, ону таһынан үгүс тэрилтэлэр, чааһынай дьон биэрбит матырыйааллара хомуллан, бу тэрилтэ бэйэтин пуондата хаҥыырыгар, өрөспүүбүлүкэ норуоттарын тыыннаах историята буоларыгар Василий Васильевич Пестерев эмиэ элбэхтик сүүрбүтэ-көппүтэ, таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
Ол курдук, Иркутскай куоракка баар Илин Сибиирдээҕи киинэ устуудьуйата таһаарар киинэ сурунаалларыгар Саха сиригэр сыһыаннаах документальнай киинэлэри архыыптан ылан үйэтитиигэ Хотугулуу-Илиҥҥи киинэ сурунааллар кылгас метражтаах киинэлэрэ бастакы матырыйааллар буолбуттара. Маны таһынан Саха сирин историятын көрдөрөр киинэлэр кэрчиктэрэ, Сэбиэскэй былаас маҥнайгы күннэрин көрдөрөр документальнай устуулар бааллар.
– Эн төһө даҕаны бочуоттаах сынньалаҥҥа олордоргун, куруук тэрилтэҥ дьонунуун биир ситимнээххин истэбит. Эдэрдэр үтүө сүбэлэргин билигин даҕаны күннээҕи үлэлэригэр туһана сылдьаллар. Эн көрүүгэр, бу тэрилтэ бүгүҥҥү сүрүн кыһалҕата тугуй?
– Эппиэтэ биир эрэ тыл: дьиэ-уот. Чопчулаан биэрдэххэ, киинэни сөптөөхтүк харайар усулуобуйалаах анал дьиэ. Биһигини кытта үлэлээн ааспыт киһи бу тэрилтэҕэ Чочур Мураан анныгар хранилище тутуллара буоллар, температурнай эрэсиимэ тутуһуллуох этэ диэн турардаах. Саастаах киһи буоларым быһыытынан, ол этии чахчы даҕаны сөптөөх эбит ээ дии саныырым үксээн иһэр.
– Виссарион Андреевич, киинэ историятын кэрэһитэ буолаҥҥын биһиэхэ бүгүн ыалдьыт буолбуккар махтанабыт. Эйигинэн сирэйдээн бука бары бу эйгэҕэ үлэлии-хамсыы сылдьар үлэһиттэри, киинэ бэтэрээннэрин алтынньы 27 күнүгэр буолаары турар Бүтүн Аан дойдутааҕы идэлээх бырааһынньыккытынан эҕэрдэлиибит. Санатан этэр буоллахпытына, бу бырааһынньык 2005 сыллаахха Юнеско Генеральнай конференциятын 33 сессиятыгар ылыныллыбыта. Виссарион Андреевич, эйиэхэ чэгиэн доруобуйаны баҕарабыт.
Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан