22.01.2023 | 15:00

Виктория Маркова: «Көрөөччү туһугар үлэлиибит»

Тохсунньу – сахаларга Таҥха ыйа. Бэйэни иһиллэнэр, киһини толкуйдатар, инникини түстүүр, анаарар ураты кэм.
Виктория Маркова:  «Көрөөччү туһугар үлэлиибит»
Ааптар: Наталья ПРОТОПОПОВА
Бөлөххө киир

Сорох дьон бу кэмҥэ Иччилэргэ, Айыыларга чугас буолаллар, улаханнык күлбэттэр, тыас-уус таһаарбаттар. Таҥха кэмигэр киһи өйө-санаата саҥалыы таҥыллар.

Саҥа дьыл өрөбүллэригэр “Саха” НКИХ бу Таҥха кэмигэр сөптөөх “Кини кимий?” диэн ааттаах бэрт интэриэһинэй биэриини бэлэмнээн таһаарда. Ураты биэрии буолан, үгүс көрөөччү болҕомтотун тарпыта саарбаҕа суох. Уопсайа 5 эпиир тахсыбыта. Биэрии ис хоһооно маннык: Саха сиригэр биллэр дьон хараҥа хоско саһан олороллор, ичээн уонна уйулҕаһыт идэлээх дьон бэйэлэрин ньымаларынан хоско ким олорорун таайыахтаахтар. Биэрии түмүгүнэн хайалара сөпкө этэр эбитий?

Тус бэйэм бу биэриини олус сэҥээрэн көрбүтүм. Киһини ыксатан да ылар, араас толкуйга да түһэрэр этэ. Бу сонун бырайыак хайдах үөскээбитин туһунан биһиги, Таҥха күннэригэр сөп түбэһиннэрэн, “Саха” НКИХ “Кини кимий?” биэриитин эрэдээксийэтигэр ыалдьыттаан, продюсер Виктория Маркованы кытта сэһэргэстибит.

– Виктория, бастатан туран, “Кини кимий?” биэрии хайдах үөскээбитин туһунан билиһиннэр эрэ. Ким идеятай, олоххо хайдах киирбитэй? Туох уустуктары көрүстүгүт?

– Саҥа дьыл кэнниттэн уһун өрөбүллэргэ үгүс дьон дьиэҕэ олорор, тэлэбиисэр көрөр. Ол иһин биһиги көрөөччүлэрбитигэр туох эрэ интэриэһинэй биэриини таһаарар туһунан толкуйдаабыппыт. Арассыыйаҕа “ТВ-3” ханаалга 2013-2018 сыллардаахха “Человек-Невидимка” диэн биэрии баара. Ыытааччыта артыыс Эвелина Бледанс этэ. Биэриигэ хас да эксперт олорор: уйулҕаһыт, криминалист-силиэдэбэтэл, таайар киһи, ойуун (шаман), көрбүөччү уонна хиромант. Кинилэр биэриигэ кэлбит биллэр дьону таайаллар. Бу биэриини биһиги интэриэһиргии көрбүппүт уонна Таҥха саҕана бэйэбитигэр маннык ис хоһоонноох бырайыагы таһаарыахха диэн санааны ылыммыппыт. Эрэдээктэрбит – Сардаана Худагизова,  режиссер – Катерина Азарова. Биэриибит ыытааччыта Карина Семенова буолбута, оттон продюсердар мин уонна Михаил Сергеев этибит. Мин биэрии концепциятын суруйбутум уонна бырайыак сүрүн үбүлээччитин булбутум. Итиэннэ үҥкүү бырайыагар кытта сылдьар буоламмын, экспертэри көрдөөһүнүнэн сүрүннээн Михаил дьарыктаммыта.

Биэс биэриини барытын ахсынньы ыйга икки күн иһигэр устан бүтэрбиппит. Эбиэттэн киэһэ саҕалаан баран киэһэ 22.00, 23.00 чч. диэри устубуппут. Үлэбит саамай уустуга экспертэри булуу этэ. Ол курдук, криминалист идэлээх киһи дьоҥҥо көстүө суохтааҕын билбиппит. Ол иһин итинник идэлээх экспертэн аккаастаммыппыт. Онтон көрбүөччүлэрбитигэр этии киллэрбиппитигэр, эмиэ улахан толкуйга түспүттэрэ. Ким эрэ: “Туох баар көстүбэт күүспүтүн барытын устуудьуйаҕа илдьэ кэллэхпитинэ, сөбүлээбэккит буолуо...”– диэбитэ. Сорохтор “устуудьуйаҕа тиийэн баран таайбатахпытына, инникитин үлэбитигэр охсуулаах, дьон биһиэхэ итэҕэйбэт буолуо” дииллэрэ. Атыттар эпииргэ, дьон, көрөөччү дьүүлүгэр тахсарбытын сөбүлээбэппит, биллиигэ-көстүүгэ, рекламаҕа наадыйбаппыт диэн билиммиттэрэ. Ити курдук элбэх эксперт араас биричиинэнэн аккаастанан испитэ. Хата, ичээн Любовь Петровна Евдокимова сөбүлэспитэ. Ол гынан баран “мин хаһан да дьону көрдөөбөтөҕүм, онон уустук буолуон сөп, көннөрү холонон көрүөм” диэбитэ. Үөрүөхпүт иһин, эпииргэ тахсартан куттаммакка бэркэ кытынна.

Оттон психологтартан Виктория Романовна Макарова тута сөбүлэһэн кэлбитэ. Бастакы күн үс эпиири устубуппут. Экспертэрбит иккиэн олус сылайбыттара. Иккис күҥҥэ дьоммут үөрэнэн быдан түргэнник үлэлээбиттэрэ. Биллэн турар, долгуйуу диэн ханна барыаҕай... баар бөҕө буоллаҕа дии.

Эпииргэ биллэр дьону ыҥырыы эмиэ туһунан уустуктардаах этэ... Ахсынньы ыйга куруук саҥа дьыл сүпсүлгэнэ. Ол да буоллар  ыҥырбыт дьоммут сөбүлэһэн кэлэн кыттыбыттарыттан олус үөрэбит, махтанабыт.

– Биэрии ис хоһоонун сиһилии быһаарыаҥ дуо? Хайдах ааспытай?

– Барыта үс тууртан турар. Экспертэр маннык ыйытыылары быһааран, көстүбэт киһини таайыахтаахтар: 1. Эр киһи дуу, дьахтар дуу? Хас саастааҕый? 2. Бу киһи ханнык эйгэҕэ үлэлии сылдьарый? 3. Кэмбиэргэ 10 хаартыска угуллубут. Бу дьонтон манна хайалара кэлэн олороруй? Биэс эпиир тухары ичээн уонна уйулҕаһыт уларыйбаттар. Биэрии түмүгүнэн ичээн биирдэ да таайбатаҕа, оттон уйулҕаһыт иккитэ таайбыта. Иккиэн биэрии кэмигэр наушник кэтэллэр, онон бэйэ-бэйэлэрин саҥаларын истибэттэр. Музыка холбоон кэбиһэбит.

Ичээн уонна уйулҕаһыт сорудахтарынан көстүбэт ыалдьыттарбыт эрдэттэн психологическай тургутуктарга хоруйдаабыттара, уруһуйдаабыттара, кэтэ эбэтэр тутта сылдьар таҥастарын, малларын аҕалбыттара. Илдьэ кэлбит малларын биэрии иннинэ подноска бэйэлэрэ ууруохтаах этилэр. Арай биир эпиирбитин уһуларбытыгар биир ыалдьыппыт суотабай төлөпүөнүн ичээҥҥэ барар подноска дьүөгэтинэн уурдарбыт, бэйэтэ уурбатах этэ. Ол иһин Любовь Петровнаҕа сыыһа информация барбыт буолуон сөп (ыалдьыт дьүөгэтин туһунан информация). Иккис ыалдьыппыт биир идэлээҕин илдьэ кэлэн, устуудьуйаҕа бииргэ олорбуттара. Ол иһин ичээммитигэр эмиэ ол аргыстаһан кэлбит доҕорун информацията буккууру таһаарбыт буолуон сөп. 

– Көрөөччү төһө сэҥээрдэ быһыылааҕый?

– Дьон бэркэ сэргээбит, астыммыт. Инникитин өссө тахсыан баҕараллар эбит. Олох биир тыынынан көрдүбүт, кыттааччылары кытта тэбис-тэҥҥэ таайса олордубут диэччилэр бааллар. Биэриибит кэнниттэн уопсай рейтини көрөн, дьон болҕомтотун тарпыппыт, интэриэс үөскээбит диэн үөрэбит. Интэриниэт ситимигэр “Ютуб” ханаалга 10 тыһыынчаттан тахса киһи көрбүт. Мин санаабар, баһаам киһи.

 – Виктория, эн продюсергын. Продюсер диэн ким буоларын ааҕааччыларга кэпсээ эрэ. Кини кимий, тугу гынарый, туох эбээһинэстээҕий?

– 2017-2018 сылларга “Саха” НКИХ бэрэсидьиэнэ Иван Михайлович Андросов  хас да киһини продюсер идэтигэр үөрэттэрбитэ. Кинилэр быыстарыгар мин киирэн үөрэммитим. Бэйэм кытай тыла үөрэхтээхпин. Кытайга стажировкаҕа бара сылдьыбытым. 2007 сылтан “Саха” НКИХ үлэлии киирбитим. Билигин продюсер диэммин. Продюсер диэн тэрийээччи. Кини харчы булар, биэрии балаһыанньатын, сметатын оҥорор. Онтон үп-харчы, үбүлээччи көрдүүр. Үбүлээччилэр, тэҥҥэ үлэлэһэр дьон бааллара олус үчүгэй. Аны туран сметабытын оҥорон баран финансистарга көмүскүүбүт. Ол кэнниттэн хамаандабытын туруорабыт. Манна киирэллэр: редактор, режиссер, оператор, көмөлөһөөччүлэр. Биэрии эпииргэ хаһан тахсарын быһаарабыт. Ханнык баҕарар бырайыак, эпиир иннинэ син биир долгуйабыт, оҕобут кэриэтэ төрөтөн, бүөбэйдээн таһаарар буоллахпыт. Аны дьон ылыныа, сөбүлүө дуо диэн туспа долгуйаҕын (күлэр). Дьон, көрөөччү санаата араас. Үлэбин олус сөбүлүүбүн. Бэйэм үһүс оҕобун үс сыл устата көрөн олорон баран ааспыт күһүн дьэ үлэбэр таҕыстым. Син элбэх кэм аастаҕа дии... кыратык тэйэн да ылбыппын. Онон бу кэмҥэ саҥалыы адаптацияны аастым. Бииргэ үлэлиир кэлэктииппин олус сөбүлүүбүн. Бары тэҥҥэ айабыт-тутабыт, идеяларбытын олоххо киллэрэбит, саҥаттан саҥаны толкуйдуубут.

– Бэйэҥ Таҥхаҕа сылдьаҕын, итэҕэйэҕин дуо?

– Саха буоларым быһыытынан айылҕаҕа, айаҥҥа сылдьан хайаан да сирбин арыылаах алаадьынан аһатабын. Онтон Таҥхаҕа сылдьыбаппын, куттанар да курдукпун. Бэйэм ис эйгэбин ыһан кэбиһиэм диэн туттунабын уонна интэриэһиргии да сатаабаппын. Арай оҕо сылдьан кылааһынан мустан бүлүүһэ сүүрдэ сылдьыбыттаахпыт. Бүлүүһэбит сүүрэн, бары соһуйан, долгуйан хаалбыппыт, оттон атаарарга «Ааны арый” уонна “Сап” диэбиттэригэр тиийбиппэр, таһырдьа хаарга ким эрэ хаамара иһиллэргэ дылы гынар этэ... Оо, онно куттанан, тута «ааммын сабан” кэбиспитим (күлэр). Өссө биир түгэни өйдөөн хаалбыппын. Ийэм «сүллүүкүттэр тахсар кэмнэрэ буолла, чуумпутук сылдьыҥ, оонньуургутун хомунуҥ, хомуйбатаххытына кэлэн уоран барыахтара” диэн сэрэтэрэ. Онно наһаа куттанар уонна итэҕэйэр этибит (күлэр). Чэ, кылгастык быһа тардан кэпсээтэххэ, ити курдук. Билигин сылга биирдэ хайаан да таҥара дьиэтигэр сылдьан чүмэчи уурабын, махтанабын, көрдөһөбүн. Оччоҕо сүрэхтиин, дууһалыын чэпчииргэ дылы буолабын.

– Виктория, кэпсэтииҥ иһин махтанабын. Оччоҕо “Кини кимий?” биэрии инникитин көрөөччү дьүүлүгэр өссө тахсыа дуо?

– Билиҥҥитэ биллибэт гынан баран,  биһиги куруук көрөөччүлэр тустарыгар үлэлиибит. Онон, дьон сэҥээрэр, кэтэһэр буоллаҕына, кэлэр саҥа дьыл диэки өссө таһаарыахпытын сөп дии саныыбын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...