16.06.2022 | 17:00

Виктория Азизова: «Бизнес атаҕар турара бэйэҕиттэн тутулуктаах»

Виктория Азизова:  «Бизнес атаҕар турара бэйэҕиттэн тутулуктаах»
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Билигин Саха сиригэр урбаан эйгэтэ тэтимнээхтик сайдар. Сыллата саҥа сүүрээннэр, саҥа кыахтар киирэн иһэллэр. Урукку урбаанньыттар сүрүннээн Саха сиригэр эрэ үлэлиир буоллахтарына, билигин Арассыыйа таһымыгар, омук сирдэригэр кытта таҕыстылар. 
Бүгүн мин эһиэхэ эдэр предприниматель Виктория Азизованы билиһиннэриэхпин баҕарабын.

Оҕо сааһыттан урбаан эйгэтин сэргиирэ

Вика Аммаҕа төрөөбүт гынан баран, Алдан улууһун Хатыстыыр нэһилиэгэр улааппыт. Атыы-эргиэн эйгэтин аҕыс сааһыттан интэриэһиргиир буолбут, оччолорго хаан-уруу аймаҕа коммерциянан дьарыктанара, Кытайтан табаар аҕалара. Кырачаан Вика кини үлэтигэр олус ымсыырара уонна кини атыыта барарыгар көмөлөһөн, илии-атах буолара, табаардарын сааһылыыра. Көмөлөстөҕүнэ, аймаҕа кыыска кыратык хамнас төлүүрэ, онтон Вика наһаа үөрэрэ. Быыһыгар бэйэтэ нэһилиэк олохтоохторугар таҥас-сап атыылыыра, лотерея оонньоторо.

Ити курдук Вика олох кыратыттан урбаан эйгэтин сэҥээрэ улааппыта. Арай сокуоннай сааһын сиппэккэ сылдьан киһи үөйбэтэх-ахтыбатах түбэлтэтигэр түбэспитэ. Оскуолаҕа үрдүкү кылааска сылдьан соһуччу хат буолан, 16 сааһыгар ийэ буолбута, кыыстаммыта. Онтон 2009 сыллаахха 17 саастааҕар таһынааҕы ыалын уолугар кэргэн тахсан, эмиэ кыыстаммыта. Аҕыс сыл бииргэ олорон баран, кэлин арахсаллар. Кэлин өссө кэргэн тахсан оҕолонор. Ити курдук Вика бастакы сирэй көрсөн кэпсэтиибитигэр олоҕун олус аһаҕастык кэпсээбитин истэ олорон, кыраттан иҥнэн-толлон турбат күүстээх санаалаах, элбэх идеялаах, дириҥ толкуйдаах, ырааҕы ырыҥалаан көрөр киһи быһыытынан хайгыы көрбүттээхпин.

Урбаан эйгэтигэр туох барыта кыраттан саҕаланар уонна ситиһии чэпчэкитик кэлбэт. Ол курдук, Вика өссө оҕо күүтэ сылдьан күн аайы шаурма оҥорон атыылаан саҕалыыр. Сыыйа улуус киинигэр Алдаҥҥа көһөн киирэн, “Ньээньэ уонна дьиэ, кыбартыыра убуорката” диэн өҥөнү толкуйдаан үлэлиир, быыһыгар тэрилтэҕэ муоста сууйар. Кыыс өҥөтүн олохтоохтор сэргииллэр, дьиэлэрин, тэрилтэлэрин сууйтараллар, оҕолорун көрдөрөллөр. Салгыы аны торт, капкейк, бообус астаан барар... Таба этиттэн кытай бэлимиэннэрин оҥорон атыылыыр. Аны туран, Вика наһаа аһыныгас сүрэхтээх эбит. Төһө да үлэ үөһүгэр сырыттар, бэйэтин баҕатынан Аһымал пуонда арынан, кыаммат, түгэммэт ыалларга көмөлөһөр. Дьон биллэриини көрөн, таҥас-сап, ас-үөл аҕалан туттараллар, ону барытын ыаллары кэрийэн тарҕатар. Оччолорго көмө ылбыттар кыыска күн бүгүнүгэр диэри махтаналлар эбит.

Вика биир ураты хаачыстыбата – биир сиргэ тэпсэҥниирин сөбүлээбэт. Аны, үс оҕотун кыбыммытынан, Дьокуускайга көһөр. “Куоракка кэлэрбэр биир куул хортуоскалаах этим” диэн күлэн мичилийэр. Бастаан биир ый Өктөмҥө олорор, онтон Дьокуускайга кэлэн “Солнечная Туймаада” диэн маҕаһыыҥҥа атыыһытынан киирэр. Үлэтэ сүрдээх уустук этэ. Сарсыарда 5.00 туран, суукканан үлэлиирэ. Ол кэннэ гостиницаҕа администраторынан үлэҕэ киирэр. Үчүгэйэ диэн, гостиница салалтата киниэхэ олороругар босхо хос уларсар. Ый аайы куортамҥа харчы кутар олус ыарахан буоллаҕа. Бу кэмҥэ кыыс аны хаатыҥка атыытынан дьарыктанан саҕалыыр. “Столичнай” ырыынактан баран боростуой хаатыҥкалары атыылаһан, наһаа үчүгэйдик оҕуруонан киэргэтэн атыылыыр. Интэриниэккэ биэрэр рекламатын көрөн, киһи бөҕө хаатыҥка ылар. 2017 сыллаахха Вика Дьокуускайга Сайсары оройуонугар 1 хостоох хааччыллыыта суох кыбартыыра куортамнаһар. Ыйдааҕы төлөбүрэ – 15 тыһ.солк. Ол саҕана хамнаһа 25 тыһ.солк. уонна оҕо босуобуйата. Куруук үүнэргэ, сайдарга баҕалаах кыыс хамнаһыттан 5 тыһ. солк уурунан, кыламан оҥорорго үөрэтэр кууруска суруйтарар. Баара-суоҕа биир күннээх үөрэххэ үөрэнэн баран, саҥа эйгэҕэ күүстээхтик киирэр. Нэдиэлэҕэ үстүү сакаас ылан, кыра да буоллар эбии дохуоттанан, үөрүүтэ үксүүр. Сыыйа дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэн, килийиэннэрэ элбээн бараллар. «Дьон бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн, бастайааннай килийиэннэр диэн баар буолбуттара”, — диэн урукку кэмин санаан мичилийэн ылар.

– Вика, эйигин кытта кэпсэтэ олорон, санааҥ күүһүттэн сөхтүм, испэр хайгыы санаатым... Куруук саҥаттан саҥа суолу көрдүүгүн, үүнэҕин, сайдаҕын. Сорох дьон кыраттан да санаалара түһэн, тохтоон хаалаллар эбээт...

– Саамай сүрүнэ, киһи бэйэтин иннигэр сыал-сорук туруорунуохтаах дии саныыбын. Дьэ оччоҕо санаабыккын барытын ситиһэҕин. Кыламан оҥоруунан муҥурдаммакка, аны перманентнай хаас оҥоруутугар үөрэммитим. Биллэн турар, үлэҥ хаачыстыбалаах буолуон баҕарар буоллаххына, үчүгэй матырыйааллаах буолуохтааххын. Бастаан саҕалыырбар харчым тиийбэт этэ... онуоха ииппит аҕабыттан 20 тыһ. солк. иэстээн, үлэбин саҕалаабытым. Кыламан, хаас, уос – барытын оҥорор буолбутум. Тута харчы киллэринэн, иэспин төннөрө оҕустум, бэйэбэр да дохуот киирэн барда (күлэр). Аны туран, Ньурбаҕа олорор дьүөгэбэр тиийэн, өҥөбүн тыа дьонугар оҥордум. Хаас, кыламан оҥорторууга киһи бөҕө суруйтаран соһутта. Ити курдук, Дьокуускайга эрэ буолбакка, кыралаан улуустарынан айанныыр буолбутум. Ол быыһыгар “Твори добро” диэн аһымал пуондабын тохтоппокко үлэлэтэрим. Бу кэмҥэ миигин суруналыыстар бэлиэтии көрөн, “Саха” НКИХ-гар “Город женщин” биэриигэ ыалдьыт быһыытынан ыҥырбыттара. Хайдах эрэ ис-испиттэн табыллан кыттыбытым, миэхэ тыыннаах сибэкки бэлэхтээбиттэрэ.

– Вика, үлэҕэр саамай ордороруҥ тугуй? Тугун иһин сөбүлүүгүнүй? Урбаанньыт буолар ыарахан дуо?

– Мин харчы эрэ туһуттан буолбакка, чахчы үлэбин сөбүлүүр киһибин. Ону таһынан, биир сиргэ тохтоон турбакка, куруук үөрэнэбин, сайдабын. Холобур, кэмиттэн-кэмигэр квалификациябын үрдэтэбин. Ааспыт сыл күһүнүгэр Москваҕа аатырбыт визажист Гоар Авитесоҥҥа баран үөрэммитим. Өссө бу кыһын Москваҕа олорон үлэлээтим. Бэйэм интэриниэт-маҕаһыын арынан, дьон наадыйар таҥаһын-сабын атыылаатым, сакаастары Саха сиригэр ыыта сырыттым. Өссө Киргизияттан кэлэр табаардары дойдубар Алдаҥҥа ыытабын, дьон сакааһын толоробун. Манан муҥурдаммакка, баҕалаах дьону интэриниэт-маҕаһыын арынарга, Москва поставщиктарын кытта үлэлииргэ үөрэтэбин, бастакы саҕалааһыннарыгар сүбэлээн-амалаан биэрэбин. Оччоҕо дьон үөрэнэн, үүтүн-хайаҕаһын билэн, салгыы бэйэлэрэ дьарыктаналлар, үлэлээх-дьарыктаах буолаллар. Бэйэм өссө Москваҕа “Вайлдберис” интэриниэт-маҕаһыын кууруһугар үөрэммитим. Урбаанньыт буолар, биллэн турар, чэпчэкитэ суох. Хайдах дохуоттанарыҥ, ситиһиилэнэриҥ барыта бэйэҕиттэн эрэ тутулуктаах. Тус бэйэм ким да көмөтө суох кыраттан саҕалаан, бэйэм үлэлээн ылбыт харчыбын уган, бизнеспин сайыннарбытым. Билигин өйүм-санаам наһаа уларыйда. Урбаанньыт куруук иннин диэки баран иһиэхтээх, кэскиллээх былааннары оҥостуохтаах. Бизнескэ сыһыаннаах кинигэлэри ааҕыахтаах.

– Дьэ, чахчы да, маладьыас кыыскын. Оттон, үлэҕиттэн быыс-арыт буллаххына, хайдах уонна ханна сынньанаргын сөбүлүүгүнүй?

– Мин үс оҕо ийэтэбин. Өрөбүллэрбэр оҕолорбун кытта киинэҕэ, кафеҕа, сайын пааркаҕа сылдьарбытын сөбүлүүбүт. Билигин олоҕум күөгэйэр күнүгэр сылдьабын, онон налыйбакка күүскэ үлэлиир, сайдар былааннаахпын. Инники өттүгэр үчүгэй пассивнай дохуоттаах буолуохпун, аан дойдуну кэрийиэхпин, оҕолорбун атахтарыгар туруоруохпун, барыларын дьиэлиэхпин баҕарабын. Мин билигин үлэбинэн дьоллоох киһибин. Саамай сүрүнэ, киһи үлэтин таптыахтаах.

 

Хаартыскаларга: Виктория Азизова 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...