07.02.2022 | 12:47

Вера Сивцева: «Хамсаныыны доҕор оҥостон кэллим»

Вера Сивцева:  «Хамсаныыны доҕор оҥостон кэллим»
Ааптар: Маргарита Степанова (Акимова)
Бөлөххө киир

Куйаар ситимэ балысханнык сайдан, сэргэстэһэ олорор дьоммут киһи үөйбэтэх-ахтыбатах эриэккэс дьарыктарын билэн сөҕөбүт. Ол курдук, инстаграм хонуутуттан тымныы уунан этин-хаанын чэбдигирдэр ытык саастаах Вера Лазаревна Сивцева туһунан көрөммүт, бу мааны майгылаах киһилиин сэһэргэһиэхпитин баҕардыбыт.

Сахабыт сириһэр кыраһыабай кырдаллардаах, сытыары сыһыылардаах, киэҥ нэлэмэн алаастардаах, ытык сирдэрдээх, баай историялаах Уус Алдан Дүпсүнүгэр 80 сыл анараа өттүгэр күн сирин көрбүт күндү ыалдьыппытыгар бастакы ыйытыыбыт:

 

– Вера Лазаревна, тымныы уунан куттар дьикти дьарыккын хайдах саҕалаабыккыный? Уонна туох санааттан?

– Оҕолорум кыраларыгар наһаа улаханнык ыалдьыбытым. Туохтан, хайдах ыалдьарбын быраастар быһаарбат этилэр. Наар балыыһаҕа сытарым. Биир күн ороммор сыттахпына, кэргэним "телевизорга уунан кутталларын туһунан көрдөрөллөр" диэтэ. Мин ону хайдах эрэ өйүм-санаан, этим-сииним бүтүннүү ылынан сэргии иһиттим. Сэрэнэн ороммуттан өйөтөн туран, ол биэриини болҕойон көрдүм. Уонна ис-испиттэн наһаа баҕардым. Кэргэммэр баҕабын эппиппэр, төрүт сөбүлээбэтэ. «Тымныы уунан куттан, олох да атаххын тэҥнээри дуо?»- диэн буолла. Ол да буоллар тымныы уунан куттуу төбөбүттэн тахсыбат, сытан эрэн наар ону ыраланабын. Биир күн боруобалыырга сананным. Ити тохсунньу ый этэ. Бастаан суунар сиргэ буочукаттан хомуостаах ууну куттаран, төбөбүн илиттим. Итинник хас да хонук ааста. Хайдах эрэ хараҕым сырдаабытынан, көхсүм кэҥээбитинэн барда. Санаам чэпчээтэ. Ыалдьа сытар киһиэхэ холооно суох аһары үчүгэй туругу биллим. Дьэ онтон кимиэхэ да эппэккэбин сарсыарда түөккэ тураммын,  ким да көрбөтүгэр тымныы уубунан эппин илитэр буоллум. Саас ыам ыйын маҥнайгы күннэригэр таһырдьа тахсан бастакы уунан куттууну саҕалаан барбытым.

– Отон ыла сүүрбэччэ сыл аастаҕа. Ол тухары бу дьарыккын тута сырыттаҕыҥ?

– Аан бастаан саҕалыырбар, икки ый бэйэм үлүбээй куттар этим. Быраабыла эҥин диэни билбэппин, тугу да тутуспаппын. Кэлин билбитим, уунан куттуу бэйэтэ туһунан хамсаныылары эрэйэр уонна быраабылалары ирдиир эбит.

Онтон эбитэ дуу, хайдаҕа дуу, сайынын, төһө да чараас таҥастааҕым иһин, кыратык хаама түстүм, хамсанным даҕаны, тиритэн көлөһүнүм "сарт" түһэ сылдьар буолан хаалбыта.

Сэмээр бу уу куттарым туһунан билэр дьонтон ыйыталаһар буолбутум. Тугу кэпсииллэрин, сүбэлииллэрин барытын хайдах эппиттэринэн тутуспутум.

Онтукайым 12 көрүҥ быраабыла эбит. Саамай сүрүнэ – уунан куттуоҥ иннинэ уонна бүтэн баран булгуччу сэрээккэ оҥоруохтаах эбиккин. Оннук гынар буолтум кэннэ били тиритэрим ааһан хаалбытын бэлиэтии көрбүтүм.

Онтон ыла билигин, кырдьык, сүүрбэттэн тахса сыл дьарык оҥостон кэллим.

– Хас биирдии киһиэхэ буоларын курдук, хантан хааннааххын, кимтэн кииннээххин ыйыталаһыахха. Оҕо саас өйдөбүлэ, үөрэх, үлэ кэмнэрин ахтан ааһыахха эрэ.

– Мин оҕо сааһым Уус Алдан Бээрийэтигэр ааспыта. Төрөппүт ийэм барахсан үһүс оҕотун оҕолонон баран, тымныйан суох буолбута. Онон аҕабыт иккиһин ыал буолан, маачаха ийэҕэ иитиллибиппит. Онон буолуо, бука, оҕо эрдэхпиттэн бэйэбин көрүнэ-бэринэ улааппытым. Уон икки сааспыттан үлэҕэ эриллэн, уон алтабыттан оҕо уһуйааныгар үлэбин саҕалаабытым. Өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээн баран, биэнсийэҕэ тахсыбытым. Биирдэ да табах диэни тарпакка, арыгы диэни испэккэ олохпун олорон кэллим. Чөл олоҕу тутуспутум бачча сааспар диэри чэгиэн сылдьарбар оруоллаах дии саныыбын.

– Кыыс оҕо аналынан орто дойдуга кэлэн оҕо-уруу тэниппит дьоллооххун. Оҕолоргун кэпсии түһүүй.

– Ыал буоламмын икки оҕоломмутум. Кыыстаах уоллаахпыт. Билигин бэйэлэрэ эбээ, эһээ буолан олороллор. Уолбут Дьокуускайга олохсуйда, икки оҕолоох, биир сиэннээх эһээ. Кыыспыт Найахыга ыал буолла. Үс оҕо ийэтэ, сэттэ сиэн эбэтэ. Онон ийэ, эбэ, хос эбэ быһыытынан ыраахтан да олорон кинилэр үтүө сонуннарын, этэҥҥэ олохторун истэ, билсэ олоробун.

– Вера Лазаревна, оттон хос сиэниҥ бүтүн Арассыыйа үрдүнэн куонкуруска кыттыбыт дии.

– Оннук. Ити уолум сиэнэ Сашенькабыт. Миэхэ хос сиэн кыысчаан буоллаҕа. Эбээ сиэринэн ыраахтан олорон үөрэ эрэ истэбин буоллаҕа дии. Кыыспыт «Мини Мисс” диэн күрэххэ кыттар диэбиттэрин соһуйа истибитим. Уонна оттон сиэнчээммэр ситиһиини баҕардаҕым. Олоҕу таптыыр, кэрэни кэрэхсиир, доруобай, дьоһун киһи буола улаатарыгар туохтан да баҕарабын. Тиийдэхпинэ иннибэр-кэннибэр түһэ сылдьан "эбээ да эбээ" диэн чаҕаарарын санаатахпына, сүрэҕим сылаанньыйар.

– Вера Лазаревна, төһө да сааһырдаргын, дьиэҥ-уотуҥ түбүгүн тута сылдьарыҥ эриэккэс. Күннээҕи түбүгүҥ, дьарыгыҥ туһунан кэпсии түс эрэ.

– Аата эрэ дьиэҕэ олоробун, ардыгар күн бокуойа суох курдук буолан ылабын. Аа-дьуо сылдьаммын иһиппин сууйабын, билигин даҕаны таҥаспын бэйэм суунабын. Күн аайы быыс булан сэрээккэ оҥорорго кыһаллабын. Кыһын эппин дьиэ иһигэр тымныы уубунан илиттэбин. Күннээҕи дьарыкпар сылдьаммын араадьыйабын арахсыспат аргыс оҥостобун. Сонун, ырыа истэн аралдьыйабын.

– Арай туох эмэ биричиинэнэн уу куттубатаххына, этиҥ-сииниҥ биллэрэр дуо?

– Төрүт оннук баар буолар эбит. Хайдах эрэ сэниэтэ суох буолан хаалабын. Ааһа баран, искиттэн саҥаҥ тахсыбакка дылы буолар.

– Кэлиҥҥи кэмҥэ доруобуйа саамай күндү баайбыт буолла. Эн санааҕар, киһи хайдах көрүнэн доруобай буоларый?

– Бэйэм билбиппиттэн эттэхпинэ, күн аайы сэрээккэ оҥоруохха наада эбит. Киһиэхэ саамай күүс, сэниэ биэрээччи – хамсаныы. Кэнники биэс-алта сылга күннээҕи сэрээккэбэр эбии скандинавскай хаамыынан утумнаахтык дьарыктанабын. Кыһын тымныы буоллун, сайын куйаас буоллун, илиибиттэн араарбакка хаамар этим. Бу кэнники харахпынан бадьыыһыран, аттыбар киһилээх хаамабын.

Улахан, маҥнайгы сиэним Улям бодьуустаһар. Аттыбар сиэн кыыһым баар буолан, күннээҕи дьарыкпын бырахпат дьоллоох киһибин дэнэбин. Бу манныгы этэн эрдэхтэрэ, кыраһыабайдык кырдьыҥ диэн.

– Оччоҕуна, дьэ эрэ,  кыраһыабайдык кырдьыы туһунан сэһэргэһиэх.

– Наар хамсана сырыттаххына, эт-сиин, өй-санаа маннык турукка аҕалар быһыылаах. Олохсуйан хаалан эрдэҕэ.

Биһиги, саастаах дьон, эдэрбит курдук кыайарбыт аччаатар аччаан истэҕэ дии. Ол гынан баран бэйэбитин көрүнэр, кыһалҕабытын толорунар буоллахпытына, онно эбии тус дьарыктаах буоллахпытына, олоххо тардыһыы күүһүрэн, чахчы да кыраһыабайдык кырдьыы сааска үктэнэбит дии саныыбын.

– Вера Лазаревна, эйигин кытта сэһэргэһэ олорон киһи бэйэтигэр элбэҕи иҥэринэр, саҥа санааларынан саҕыллар эбит. Бу эппиттэргинэн эрэ муҥурдаммакка, өссө атын дьарыктарыҥ киһини сөхтөрөллөр.

– Үйэлээх сааһым тухары хамсаныыны доҕор оҥостон кэлбит эбиппин дии саныыбын. Ол барыта доруобуйаны чөлүгэр түһэриигэ туһуланнаҕа буолуо, бука.

– Дьэ оччоҕуна атын дьарыктарбытын арыйан кэпсиэххэ эрэ.

– Чэ, биир дьарыгым – йога. Бу дьарык киһиттэн элбэҕи ирдиир. Бастатан туран, дьиссипилиинэ, күүс, булгуруйбат кытаанах санаа. Сүрэҕэлдьээбэккэ, быраҕан кэбиспэккэ, симиттибэккэ, инниҥ хоту дьүккүтэн иһэр дьарык. Аһыгар тиийэ көрүнэҕин. Мин эт аһылыгы эдэрбиттэн ылымматах буоламмын, йоганан дьарыктанарбар барсар. Үксүн рис аһылык тутуһуллар.

Тааска хаамабын. Киһи атаҕын тилэҕэр баар туочукалары массаастаан, чөл буоларга өссө биир көмө. Аны туран “Танец живота” диэн "короннай" үҥкүүлээхпин. Чэ, маннык киһи хамсана сырыттаҕына, табаҕы, арыгыны  ылымматаҕына, уһуннук чөл туруктаах, доруобай буолар диэн эдэр дьоммор этэр кыахтаахпын.

– Чэгиэн буоларга аһылык эмиэ сүҥкэн суолталаах дииллэр. Аһылыкка тохтуу түстэххэ, бэйэҥ тус холобургунан чөл олоҕу тарҕата сылдьар эбээ күннээҕи аһылыгыҥ туһунан кэпсээ эрэ.

– Киһи күннээҕи аһылыга чахчы да доруобуйаҕа биир быһаарар оруоллаах буоллаҕа. Чэ, мин оттон сарсыарда тураат икки чааскы сылаас ууну иһэбин. Онтон сэрээккэлээн бараммын дьэ сарсыардааҥҥы аһылыгым саҕаланар. Ордук үрүҥ аһылыгы ордоробун. Күөрчэх, суорат солбуһуннаран сарсыарда аайы көтүппэппин. Күнүс фрукта сиибин. Оттон уонна саха ыалын сиэринэн сахалыы бэйэ оҥорбут лапсалаах мииммит, эриллибит эттэн оҥоһуллубут пельмен курдук астары ордук сөбүлээн сиибин. Хас аһыам иннинэ сылаас ууну иһэрбин умнубаппын.

– Дьыл ханнык кэмин ордук сөбүлүүгүн?

– Сахабыт сирин айылҕата барыта да кэрэ, туспа уратылардаах буоллаҕа. Мин сайын ыһыах кэмигэр оһуохай кэмин ордук күүтэр курдукпун. Оһуохай этэргэ ким да үөрэппэтэҕэ эрээри, ис-испиттэн тыллар тахсаннар, оһуохай тылын этэрбиттэн эмиэ дуоһуйууну ылабын. Ол эрэн саамай сөбүлүүрүм – дьэ, үҥкүү. Үҥкүүлүүрбүн туохтан да ордоробун. Бу эмиэ хамсаныы биир уустук, эриэккэс көрүҥэ буоллаҕа.

– Өбүгэлэрбититтэн хаалбыт биир муударай өйдөбүл – үтүө үтүөнэн эргийэр диэн баар. Манна тугу этиэҥ этэй?

– Өркөн өйдөөх өбүгэлэрбит муударай этиилэрэ олох уот харахха ээ. Кыыһым кыра сылдьан биир доҕордоһор дьүөгэ оҕолоох этэ. Ол тулаайах кыыһы бэйэбитигэр сыһыаран, көрөн-истэн, биэс сыл бэйэбитигэр олордубуппут. Онтубутун наһаа үчүгэйдик санаан, кыыс билигин махтанара, иһирэхтик ахтара сүрдээх күндү. Оттон бу буоллаҕа дии, үтүө сыһыан уон оччонон бэйэҕэр эргиллэрэ. Миэхэ ийэтин кэриэтэ истиҥ, сылаас сыһыана, күндү ыалдьыт оҥосторо тугунан да кэмнэммэт күндү.

– Вера Лазаревна, 23 сыл тымныы уунан куттууну, уонча сыл йоганан дьарыгы, скандинавскай хаамыыны күннээҕи дьарык оҥостон, сыал-сорук туруорунан, ытык сааскар чэгиэнник-чэбдиктик, чэпчэкитик олороргуттан үөрэбит, сөҕөбүт, киэн туттабыт, холобур ылабыт.

Маннык ураты киһини кытта алтыһан, үтүө саргылаах сүбэлэри ылан,  махтал маанытын тиэрдэбит. Чэгиэн буол!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...