Василий Пинигин: «Киһи үлэни сатаабытынан төрөөбөт...»
«Киин куорат» хаһыат бүгүҥҥү ыалдьыта – быйыл олунньу ыйтан Дьокуускай куорат Строительнай уокуругун салайар Василий Егорович Пинигин. Биһиги кэпсэтиибит бэрт сэргэхтик ааста, аҥаардас хобдох отчуокка кубулуйбата. Эдэр салайааччы ыллыктаах этиилэрэ хаһыат балаһатыгар биир-биир тиһиллэн, ситимнэнэн истилэр.
ОДьКХ – махтала суох үлэ
– Василий Егорович, бу иннинэ Хатас дьаһалтатыгар баһылык солбуйааччытынан үлэлээбитиҥ. Куорат биир бөдөҥ уонна элбэх кыһалҕалаах уокуругун салайар хайдах эбитий?
– Манна олунньу 1 күнүгэр ананан кэлбитим, сарсыныгар бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн гражданнары приемнуур күн түбэһэн, үлэм тута олохтоохтору кытта көрсүһүүттэн саҕаламмыта. Саҥа кэлбит киһи нэһилиэнньэ тугунан тыынан олорорун, туох кыһалҕалааҕын билиэн-көрүөн, истиэн наада диэн санаанан салайтарбытым, хара бастакыттан уокурук олохтоохторо олус көхтөөхтөрүн бэлиэтии көрбүтүм. Ол саҕана сорох олохтоохтор толору хааччыллыыта суох дьиэлэригэр уу, канализация ситимин быһа киллэрэн, “самоврезка” боппуруоһа ордук сытыытык тирээн турара. Дьиҥэр, дьиэҕэ оннук табылларын-суоҕун быһаартарыахтаахтар, сатанар түгэнигэр, көҥүл ылыахтаахтар эбит. Ону ким хайдах толкуйдаабытынан оҥорбут – ким септиккэ, ким “Водоканал” линиятыгар холбоммут. Аны туран, салайар хампаанньа дьиэ иһин эрэ көрөр-истэр, оттон таһынааҕыны “Водоканал”, “Теплоэнергия” уонна да атын хааччыйар тэрилтэлэр дьаһайыахтаахтар. Эбиитин дьиэ уопсай бас билиитигэр күрүөлэрэ, тиэргэннэрэ киирбэтэх. Итинник түгэҥҥэ салайар хампаанньа докумуонунан эбии ааҕыы оҥоруон баҕарар да, бырааба суох буолан хаалар. Ити боппуруостан үлэм саҕаламмыта.
– Дьэ, уокурук сүрүн кыһалҕаларыгар киириэххэ.
– Строительнай уокурукка хаарбах туруктаах мас дьиэ элбэҕин бары бэркэ билэҕит. Биир элбэх дьиэни салайар хампаанньабытынан “Юнион” ХЭТ буолар. Бары эп-эдэр, үлэлииргэ баҕалаах уолаттар. Ааҕан көрдөхпүнэ, биир дьиэттэн быһа холоон ыйга муҥутаабыта 16 000 солкуобай харчыны ылаллар. Ол аата 20-25 кв. миэтэрэ иэннээх кыбартыыра быһа холоон салайар хампаанньаҕа ыйга 500 солк. төлүүр (ону таһынан, иэстээх-күүстээх элбэх). Манна тэҥнээһин быһыытынан ыллахха, 28 тыһ. солк. хамнаска муниципальнай дворниктары ыҥырдахпытына, дьон кэлбэт. Ити суума иһигэр хампаанньа дьиэни-уоту сууйуохтаах-сотуохтаах, ититии систиэмэтин, ааннарын, түннүктэрин көрүөхтээх. Онно эбии хаары тиэйии, уу хачайдааһына, туалеттары үлэлэтии... Кыһалҕа элбэх буоллаҕа. Салайар хампаанньа быһа холбоммут (“самоврезка”) дьиэлэр канализацияларын үлэлэтэр кыаҕа суох, ону олохтоохтор өйдөөбөттөр.
Мас дьиэлэр тиэргэннэриттэн хаары тиэйии эмиэ туспа кыһалҕа. Элбэх кыбартыыралаах улахан таас дьиэлэргэ курдук, дьиэ уопсай наадатыгар (общедомовые нужды) харчы ааҕыллыбат, төлөбүр ылыллыбат. Оннук киирэрэ буоллар, итиннэ, этэргэ дылы, төбөбүт ыалдьыа суохтаах, хаары тиэйиини хонтуруоллуохтаах эрэ этибит. Туох да диэбит иһин, ОДьКХ – махтала суох үлэ.
Биһиги уокурукпут сирэ-уота 4-с маҕаһыынтан саҕаланан баран, Дзержинскэй уулуссатынан бара турар. Манна үлэлии кэлэрбэр куорат баһылыгын ОДьКХ боппуруостарыгар солбуйааччы Егор Ефимович Кардашевскай: “Киин өттүгүн эмиэ умнума”, – диэн эппитэ. Биирдэ өйдөөбүтүм, кырдьык, уокурук наар кыһалҕалаах эрэ өттүн көрөн, сорох-сороҕор киин өттүн умнан кэбиһэр эбиппин.
– Хамаандаҕын кытта биир тылы төһө түргэнник буллуҥ? Үлэҕэр туох ирдэбиллээххиний?
– Үлэбэр бу иннинээҕи салайааччым, Хатас баһылыга Евгений Петрович Пермяков биэрбит сүбэтэ-амата көмөлөһөр. Хамаандабын хара маҥнайгыттан сөбүлээбитим. Бары дьыалаларыгар бэриниилээх, идэлэрин баһылаабыт дьон. Киһи сатаабытынан төрөөбөт, үлэлээтэххэ эрэ үөрэнэҕин диэн санааны тутуһабын.
Хаар кыһалҕатыгар түмсүүлээхпит көһүннэ
– Быйыл саас хаһааҥҥытааҕар да халыҥ хаар түстэ, куорат ОДьКХ-та күнүстэри-түүннэри үлэлииргэ күһэллибитэ. Эһиэхэ балаһыанньа хайдах этэй?
– Хаары тиэйии, ириэрии кэмигэр, муус устар 15 күнүттэн ыам ыйын 1 күнүгэр диэри биир да өрөбүлэ суох, суукканы эргиччи үлэлээбиппит. Бастакы күннэргэ солбуйааччым Илья Семеновичтыын сарсыарда 5 чааска диэри сылдьыбыппыт. Иккис нэдиэлэбититтэн дьуһуурустуба тэрийбиппит. Управаҕа олорбокко, чопчу аадырыстарынан кэрийэрбит. Онон боппуруоһу суһаллык быһаарар, иҥнибэккэ, тохтообокко үлэлиир туһугар олохтоохторго суотабай төлөпүөннэрбит нүөмэрдэрин биэрбиппит. Бастаан сайаапкаҕа барытыгар тиэхиньикэни ыытан иһэр этибит. Ол эрээри сороҕор дьиэлэригэр уу киирбэтэх дьон эмиэ суһаллык оборторуҥ диэн ыҥыраллара. Ол иһин кэлин видеоларын ыыттарар буолбуппут. Тоҕо диэтэххэ чахчы ууга барбыт дьоҥҥо түргэнник тиийиэхпитин наада этэ. Биллэн турар, хас биирдии киһи бэйэтин кыһалҕатын быдан күүскэ ылынар. Ол эрээри маннык ыксаллаах быһыыга-майгыга түмсүүлээх буоларбыт, бэйэ-бэйэбитин өйдөһөрбүт хайаан да наада дии саныыбын. Быйыл ОДьКХ министиэристибэтэ, “Водоканал”, “Жилкомсервис”, “Якутдорстрой”, бэл диэтэр, Намтан, Горнайтан, куорат, өрөспүүбүлүкэ туһааннаах тэрилтэлэрэ тиэхиньикэ төһө тиийэринэн, кыах баарынан көмөлөспүттэрин бэлиэтиирбит тоҕоостоох.
Ааспыт сылга кыһын устата 22 тыһ. куб. миэтэрэ тиэйиллибит эбит буоллаҕына, быйыл аҥаардас саас 23 тыһ. куб. миэтэрэ хаар полигоҥҥа таһаарыллыбыта. Ааспыт сылга 2750 куб. миэтэрэ хаары тиэйиигэ үп көрүллүбүт, оттон быйыл 4224 куб. миэтэрэ хаарга харчы бэриллибит. 2782 куб. миэтэрэ хаары субуотунньуктарынан таһаарбыппыт. Куорат баһылыгын солбуйааччы Егор Кардашевскай сорудаҕынан туһааннаах тэрилтэлэр, салайар хампаанньалар субуотунньуктарга тахсыбыттара. Бастатан туран, намыһах сиргэ турар, саамай ууга барар 18 тиэргэни, ону сэргэ, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэлэрин таһын ылбыппыт. Манна даҕатан эттэххэ, чааһынай дьиэлээхтэр хаары тиэйиигэ ыарахаттары көрсүбүттэрэ, кинилэргэ элбэх көмө оҥоһуллубута. Мин санаабар, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр харчынан буолбакка, эр дьон дьиэ тас үлэтигэр илии күүһүнэн көмөлөһүөхтээхпит.
Дьиҥэр, бэдэрээтчит хантараагынан кыбаартал иһинээҕи суолларынан эрэ барыахтаах этэ. Ол эрээри бэйэтин күүһүнэн, көмөлөһөн 300-тэн тахса куб. миэтэрэ хаары таһаарбыта. Уопсастыбанньыктар, дьокутааттар туора турбатахтара, чахчы норуот туһугар үлэлииллэрин дакаастаабыттара (Барыларын биирдии-биирдии ааттаата, хаһыакка киирбэтэ – Аапт.). Оскуолалар, уһуйааннар тиэргэннэриттэн хаары таһаарыыга күүс-көмө буолбуттара.
Сэрэтии үлэтэ эрдэттэн ыытыллыахтаах
– Былырыын 22 942 куб. миэтэрэ хаар, ардах уута, чалбах оборторуллубут буоллаҕына, быйылгы көрдөрүүбүт (ыам ыйын 18 күнүгэр диэри) үс бүк элбэх – 67 тыһ.куб. миэтэрэ.
Куорат баһылыга Евгений Григорьев, кини солбуйааччыта Егор Кардашевскай намыһах сирдэргэ турар дьиэлэр сыл аайы ууга барар кыһалҕалара күөрэйбэтин курдук, сырыы аайы хачайдаан, оборторон эрэ буолбакка, төрдүттэн быһаарар сонун суоллары тобуларга сорудахтаабыттара. Тоҕо диэтэххэ, олоххо көстөрүнэн, уу биирдэ булбут сирин син биир ыла турар – сир анныттан кэлэр, ардах, хаар уута киирэр. Ол курдук саамай элбэхтик ууга барар 11 аадырыһы бэлиэтээбиппит, олорго уу сүүрэр лотуоктара, турбалара оҥоһуллуохтаах. Холобур, Пионерскай уул. 21, 23 нүөмэрдээх дьиэлэригэр бэс ыйыгар үлэ саҕаланыахтаах. Ардахтаах күннэргэ тиийэн, түмүгүн илэ харахпынан көрүөхтээхпин. Уу халыйан таҕыстаҕына оборторуохтаахпыт диир татым, боппуруоһу быһаарбат, сэрэтии үлэтэ эрдэттэн ыытыллыахтаах.
Бырайыак хайаан да олоххо киириэҕэ
– Хаарбах туруктаах дьиэлэртэн олохтоохтору көһөрүү – биир улахан баҕа санаабыт. Дьиэ-уот тутуутугар хаһааҥҥытааҕар да үгүс үлэ ыытылла турарын бэлиэтиэх тустаахпын. “Туох барыта үһүстээх” дииллэринии, быйыл 17-с кыбаарталга хамсааһын тахсан эрэр, онно сотору “Спортивнай” дьоҕус оройуону тутуу саҕаланыаҕа. Бу түөлбэ арыыланан, сайдыбакка хаалбыта кистэл буолбатах. Манна даҕатан эттэххэ, норуокка наар 17-с кыбаартал эрэ диэн биллэр, дьиҥэр, итиннэ 2-с (б, в, г), 4-с (а, б), 17-с кыбаартал, “Строительнай” ырыынак уҥа өттө эмиэ киирэллэр. Үлэни сүрүннээччи – Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотека агентствота. Судаарыстыбаннай тэрилтэ, онон бырайыак олоххо хайаан да киириэҕэ диэн бүк эрэллээхпин. Үс социальнай эбийиэк – оскуола, уһуйаан, спорт саалата баар буолуоҕа. Тутуу сиригэр түбэһэр дьиэлэр (25 аадырыс) быйыл көһөрүллүөхтээхтэр. Хата, үгүстэр докумуоннарын сып-сап хомуйан, Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларын департаменыгар номнуо биэрбиттэр.
Дьиҥэр, хаарбах туруктаах дьиэ Саха сиригэр эрэ элбэх буолбатах. 2019 сыллаахха диэри олохтоохтор бэйэлэрин харчыларынан экспертиза оҥорторон, дьиэлэрин хаарбах туруктааҕынан билиннэрэллэрэ. Онтон куорат көмөлөһөр буолуоҕуттан улахан хамсааһын саҕаламмыта. Холобур, билиҥҥи туругунан Строительнай уокурукка 200-тэн тахса хаарбах дьиэ баарыттан түөрдэ эрэ саахалланар туруктааҕынан билиниллэ илик. Ону даҕаны олохтоохтор бэйэлэрэ буолуммакка. 2017 сыл ахсынньы ыйыгар диэри хаарбах туруктааҕынан билиниллибит дьиэлэр көһөрүү биэс сылыгар киирбиттэрэ. 2025 сылга түмүктэниэхтээх бырагыраама урутаан иһэрэ – үчүгэй көрдөрүү.
Билигин уочараты быһа түһэн көһө сатыыр дьон баара кистэл буолбатах. Миитиннээн, хаһыат нөҥүө айдааны таһааран. Сиэр быһыытынан, толкуйдаан да көрдөххө, 2017 сылга диэри бэйэлэрэ сүүрэн-көтөн, сыралаһан, харчы төлүү-төлүү бырагыраамаҕа киирбит дьон тоҕо кэннигэр тэбиллиэхтээхтэрий?
Уокурукпутугар – улахан болҕомто
– Тиэргэннэри тупсарыыга бүддьүөккэ үгүс үп көрүллэр. Итиннэ Строительнай уокурукка улахан болҕомто ууруллар буолла диэн эбэн этиэхпин баҕарабын. “Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн” бырагыраамаҕа хапсыбатах тиэргэннэр тупсарыллар кыахтаннылар. Биһиги уокурукпут 40-ча сайаапканы биэрбититтэн аҥаара киирбит. Билигин чопчу испииһэги тута иликпит.
Дзержинскэй уул., 45/1 киэҥ-куоҥ тиэргэн баар, ону хайаан да киллэриэхпит диэн сүбэлэспиппит. Былырыын Рыдзинскай уул. турар дьоҕус оройуон (18 нүөмэрдээх дьиэлэр) тиэргэннэрэ “Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн” бырагырааманан тупсарыллыбыттара, биир эрэ аадырыс арыыланан хаалбыта, быйыл ону хайаан да киллэрэргэ сыал-сорук туруоруммуппут.
– Кэпсэтиибит саҕаланыытыгар уокурук олохтоохторо көхтөөхтөрүн бэлиэтээбитиҥ. Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраамаҕа (ППМИ) төһө кытынныгыт?
– Быйыл “Лучик” уһуйаан уонна Оҕо (эрдэҕэс оҕо) киинэ кыттан кыайдылар. Уһуйаан “Уверенные родители – счастливые дети” диэн бырайыагынан күрүөтүн аныгылыы тупсаҕай уонна бөҕө-таҕа гына уларытыахтаах. Оҕо (эрдэҕэс оҕо) киинэ “Территория “Я –патриот” диэн бырайыагын чорботон бэлиэтиибин (Дизайн-куодун көрдөрдө – Аапт.), олус бэркэ толкуйдаабыттар. Күһүн үөрэх дьыла саҕаланыар диэри олоххо киириэ диэн эрэллээхпит.
Бэйэбит эрэ холобурбутунан
– Дьон тутуу бөҕүн мээнэ тоҕоро, көҥүлэ суох сыбаалка элбии турара – куорат биир сытыы кыһалҕата, эһиги уокуруккутугар лаппа сыһыаннаах. Бу туһунан санааҥ.
– Итиннэ муниципальнай хантараактаахпыт, билигин 700 куб. миэтэрэ эрэ хаалла. Бу кыһалҕа быһаарыллара дьонтон, култуурабытыттан быһаччы тутулуктаах дии саныыбын. Түбэһиэх сиргэ бөхтөрүн быраҕа турдахтарына, айылҕаҕа буортуну оҥороллорун билиммэт буоллахтарына, кыаллара саарбах. Итини сэргэ, дьон сакааһынан бөх тоҕор тэрилтэлэр тыаҕа таһааран сүөкүүллэрэ, полигоҥҥа тиийэн харчы төлөөмөөрү, санитарнай туочукаларга аҕалан тоҕоллоро – олоххо баар көстүү. Бөх реформата саҕаланыан, “Якутскэкосети” региональнай оператор тэриллиэн иннинэ ити кыһалҕа ордук сытыытык турара. Онно холоотоххо, кэнники кэмҥэ үлэ сааһыланан, тупсан иһэр, дьон өйө-санаата да уларыйда диэн көрөбүн. Итиннэ үүнэр көлүөнэбитигэр бэйэбит эрэ холобур буолар кыахтаахпыт диэн этиэхпин баҕарабын. Холобур, бэйэм оҕолорбун субуотунньуктарга хайаан да сырытыннарабын. Аныгы оҕолор бөҕү арааран, наардаан мунньар, туттарар экологияҕа туһалааҕын кыра саастарыттан билэллэр, өйдүүллэр.
Судаарыстыба ыстарааптыыр эрэ үлэни ыытар диэн саҥара сырыттаххына, биллэн турар, оҕолоруҥ эмиэ оннук өйдөөх-санаалаах улааталлара чуолкай. Ол эбэтэр биэрэрин, утары уунарын билбэт, наар ылар эрэ аакка сылдьар бэйэмсэх көлүөнэни иитэн таһаарар куттал баар.
Мээнэ киһи тулуйбат
– Василий Егорович, кириитикэни хайдах ылынаҕын?
– Дьон санаата биир буолбата чахчы. Төһө да үлэлээ, кириитикэлиир киһи син биир көстөр. Строительнай уокурук нэһилиэнньэтин ахсаана – 58 401 киһи. Онтон уона айдааны таһаарар. Саҥарбат буоллахтарына, ол аата эн үлэлээбэт эбиккин, ким да эйигин көрбөт-истибэт дии саныыбын.
Дьаһалтаҕа “үрдүк хамнас өлөрүөм этэ” диэн санаалаах кэлбит киһи уһаабат. Чахчы баҕалаах уонна “куораппар, нэһилиэкпэр туһаны аҕалыам” диэн өйдөөх-санаалаах эрэ киһи тулуйан үлэлиир. Холобур, мин исписэлиистэрим баара-суоҕа 38-40 тыһ.солк. хамнаска күнүстэри-түүннэри сүүрэллэр. Бары дьиэлэрин-уоттарын, дьиэ кэргэттэрин умнан туран үлэлиир дьон. ОДьКХ боппуруостарыгар солбуйааччым Илья Семенович Борисов (бу иннинэ тупсарыы үлэтигэр исписэлиис) үлэтин бүтэрдэҕинэ биирдэ дьиэлиир. Ити хайысхаҕа түбүк хаһан да бүппэт. Уопсайынан, дьон-сэргэ бүддьүөккэ көрүллүбүт үбүнэн үлэлиирбитин өйдүөхтээх.
– Сороҕор ыытыллар да үлэни өйдөөн көрбөт, баары сыаналаабат курдукпут...
– Оннук, харахпыт үөрэнэн хаалар буоллаҕа. Куоракка өр сылдьыбатах дьон Дьокуускай уларыйбыт, тупсубут диэн соһуйарын, сөҕөрүн-махтайарын элбэхтик истэбин. Кэнники сылларга “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыагынан үгүс үлэ ыытылынна, суол-иис лаппа тубуста. Бу иннинэ аҕыйах сыллааҕыта куорат киин уулуссаларын суоллара оллур-боллур буоланнар, массыына да ааһара ыарахаттардааҕа. Онно тэҥнээтэххэ, билигин сайдыы, уларыйыы кэмэ суох барар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит инники күөҥҥэ турар Арассыыйа регионнарын ахсааныгар киирэрэ мээнэҕэ буолбатах.
Сыл аайы көҕөрдүү үлэтигэр уокурук 11 уһуйаана, 6 оскуолата бары көхтөөхтүк кытталлар. Бу сайын былаан быһыытынан 185 500 сибэкки, 500 мас олордуллуохтаах. Быйыл Дьокуускай куорат Үөрэххэ управлениета көҕүлээн, оскуолалар, уһуйааннар арассаадаларын бэйэлэрэ үүннэрбиттэрэ.
Кэнники кэмҥэ куорат көҕөрбүтүн бэлиэтии көрөр киһи үгүс буолуохтаах. Итиннэ Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа элбэх үлэни ыытар. Биллэн турар, ирбэт тоҥ үрдүгэр, тыйыс айылҕалаах сиргэ олорор буоламмыт, кэккэ ыарахаттары көрсөбүт. Ол эрээри туһааннаах тэрилтэлэр агрономнары, анал үөрэхтээх, идэтийбит дьон сүбэлэринэн, араас ньымалары туһанан, куораты көҕөрдүүгэ сонун суоллары тобуларга кыһаллаллар.
– Инники былааҥҥытын сэгэтэ түһүөҥ дуо?
– Дьиҥэр, үөрэ-көтө үллэстэр үлэбит үгүс. Инники былааммытын ыһа-тоҕо кэпсиэхпин баҕарабын да, кэлин кураанах эрэннэрии буолан хаалбатын курдук, олоххо киирдэҕинэ, табылыннаҕына биирдэ дьон билэрэ ордук дии саныыбын. Сороҕор үгүс сыранан, элбэх кэпсэтиинэн, туруорсуунан ситиспиппитин дьон истибэккэ да хаалаллар. Биллэн турар, ол хомолтолоох. Ол эрээри үлэбит түмүгүн бэйэбит билэр буоллахпыт.
– Василий Егорович, аһаҕас кэпсэтииҥ иһин махтанабын. Бүппэт түбүктээх, сыралаах үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабын.