09.06.2022 | 14:00

Василий Харитонов: «Инвестиция диэн пирамида буолбатах»

Василий Харитонов:  «Инвестиция диэн пирамида буолбатах»
Ааптар: Наталья ПРОТОПОПОВА
Бөлөххө киир

Кэлиҥҥи кэмҥэ аныгы дьон, ордук ыччаттар харчыларын туттан, туһанан кэбиспэккэ, үлүннэрэн, үрдүк дохуокка тахсары толкуйдууллар. Харчыттан харчыны оҥорон, сыл аайы улаатыннараллар, үлүннэрэллэр. Ити курдук харчыларын массыына, дьиэ-уот, сыаналаах мал-сал атыылаһалларыгар ууруналлар. Онтон сорохтор кирэдьииттэриттэн босхолоноллорун истэбит. Уопсайынан, маннык үп-харчы, сөпкө уурунуу, улаатыннарыы, үлүннэрии боппуруостарыгар араас аһаҕас үөрэхтэр, куурустар, трениннэр олус элбээтилэр. Мин эмиэ төһө кыалларынан харчыга сыһыаннаах тэрээһиннэри көтүппэт буола сатыыбын, итиэннэ элбэх сүбэлээх-амалаах кинигэлэри ааҕарбын сөбүлүүбүн.

Соторутааҕыта биир эдэр, кэскиллээх урбаанньыты кытта билсибитим уонна кини ыытар үөрэхтэрин олус интэриэһиргээтим. Онтон бу күннэргэ көрсөн интервью ыллым.

Василий Александрович Харитонов Үөһээ Бүлүү Ороһу нэһилиэгиттэн төрүттээх. Оскуоланы Мииринэйинэн, Үөһээ Бүлүүнэн үөрэнэн бүтэрбит. Аҕата идэтинэн геолог эбит, ийэтэ олоҕун тухары оҕо уһуйааныгар иитээччинэн үлэлээбит. Бииргэ төрөөбүт бырааттаах. Василий кыра сылдьан геолог идэтин интэриэһиргиир эбит. Ол курдук, дьиэтин олбуорун мээрэйдээбитэ буола оонньуура, төһө кээмэйдээх буолбутун тэтэрээтигэр бэлиэтэнэрэ, ону таһынан каарта уруһуйдуурун сөбүлүүрэ. Киһи оҕо сылдьан инники идэтин чопчу таайар диэн мээнэҕэ эппэттэр. Уол оскуоланы бүтэрэн баран Саха судаарыстыбаннай университетыгар геолог идэтигэр туттарсан киирбитэ уонна биэс сыл устата күнүскү үөрэххэ үөрэммитэ. Хас сайын аайы иккилии-үстүү ыйга быраактыкаҕа бараллара, бөлөҕүнэн Анаабырынан, Булуҥунан о.д.а. улуустарынан сылдьыбытын сылаастык ахтар. Ол гынан баран геолог идэтэ, бары да билэргит курдук, сезоннай үлэ. Сайыҥҥы кэмҥэ үс, түөрт ый курдук үлэлиигин, онтон кыһыҥҥы кэмҥэ үлэтэ суох буолаҕын. Ол иһин Василий таах олорбокко, бэйэтин араас эйгэҕэ барытыгар холонон көрбүтэ. Биэкэрдээбитэ, ыскылаакка үлэлээбитэ, көмпүүтэргэ олорон, дьоппуон массыыналарын аҕалыынан о.д.а. дьарыктаммыта.

– Василий Александрович, онтон пуондабай ырыынак, аахсыйа, криптовалюта туһунан хаһааҥҥыттан интэриэһиргээн барбыккыный? Барыта хайдах, туохтан саҕаламмытай?

– 2014 сылтан интэриэһиргиир буолбутум. Таксилыы сылдьан “Восточнай Экспресс баан” аттынан ааһан иһэммин дуоллар кууруһа төһө улааппытын, үрдээбитин, төһөҕө ылыахха сөбүн туһунан суруктар тахса туралларын көрөн ааһарым. Онтон сыыйа табаарыспыныын пуондабай ырыынагы интэриэһиргээн бардыбыт. Ити сыл 1 дуоллар 30 солк. буолбута, онтон мин 500 дуоллардаах хаалабын. Аахсыйалары атыылаһыы, сыана үрдээтэҕин аайы атыылааһын туһунан кыралаан өйдөөн барбытым. Салгыы үөрэхпин бүтэрэн баран Бурятияҕа Улан-Удэ куоракка аармыйаҕа сулууспалыы барбытым. Онтон кэлэн баран дьэ пуондабай ырыынагынан дьарыктанан саҕалаабытым. Киэһэ хойут үлэбиттэн кэлэн баран 21.00-22.00 чч. доҕорум Николайдыын мировой экономиканы үөрэтэрбит, ырытарбыт, санаа атастаһарбыт. Мээнэ атыылаһан испэппит, бастаан ымпыгын-чымпыгын үөрэтэбит, сүбэлэһэбит, инникибитин былаанныыбыт. Тоҕо диэтэххэ, аахсыйа сыаната араас, сорох көрдөрүүтэ мөлтөх диэн билэбит буоллаҕа. Манна харчы эрэ өлөрөбүт диэн буолбатах, “копилка” курдук мунньунабыт. Пуондабай ырыынакка үөрэннэххинэ, санааҕар, билбэккин билэр курдуккун, куруук бэйэ-бэйэбитин кытта информация ылсабыт-бэрсэбит.

– Билигин бэйэҥ дьону үөрэтэҕин?

– Интэриэһиргиир дьон биллэриини көрөн эбэтэр бэйэ-бэйэлэриттэн  истиһэн кэлэллэр, үөрэнэллэр. Мин удьуордарбар ийэм да, аҕам да өттүнэн учууталлар бааллар, ол иһин да буолуо, дьону үөрэтэрбин, сүбэлиирбин, ыйан-кэрдэн биэрэрбин сөбүлүүбүн. Үксүн тугу үөрэппиппин, бэйэм билиибин-көрүүбүн үллэстэбин, санаабын атастаһабын.

Биһиэхэ бүтүн хамаанда баар, түмсүүлээхпит. Бары биир өйдөөх-санаалаах, биир сыаллаах-соруктаах үлэлиибит. Үөрэхтэрбитигэр сааска хааччах диэн суох. Устудьуоннар да, биэнсийэлээхтэр да кэлэн үөрэниэхтэрин сөп. Ол курдук, соторутааҕыта 64 саастаах киһи кэлэн истэн, үөрэнэн барбыта. Теорияны, быраактыканы барытын тиэмэлэринэн арааран тэҥҥэ өйдөтөбүт. Манна кэлэр киһи барытыгар, нууччалыы эттэххэ, “с нуля” үөрэнэр. Барытын үчүгэйдик өйдөөтөҕүнэ эрэ инникитин ситиһиилээхтик үлэлиир кыахтаах, баар инструменнары сөпкө туһанар. Онтон үөрэнэн бүттүлэр да арахсабыт диэн буолбатах. Инникитин биһиги сообществобытыгар киирэн, тэҥҥэ үөрэнэн, сайдан, араас үөрэхтэрбитигэр, тэрээһиннэрбитигэр сылдьыан сөп.

– Билигин сорох дьон интэриниэт бизнестэн, “криптовалюта”, “биткоин” диэн тылтан куттаналлар. Эн маны туох дии саныыгын?

– Биткоин, криптовалюта пирамида буолбатах, манна киһи харчытын сүтэрбэт. Киһи үчүгэйдик үөрэнэн баран үлэлээтэҕинэ, кэскиллээх үлэ буоллаҕа. Бэйэм туспунан эттэххэ, мин аан бастаан криптовалютаны 2020 сыллаахха атыыласпытым уонна төһө хамсыырын, улаатарын икки нэдиэлэ күүппүтүм. Арай көрбүтүм, икки төгүл улаатта, бэйэм да соһуйан хааллым! Ол иһин тоҕо итинник түргэнник улаатарын үөрэтэн, чинчийэн барбытым. Бэрэбиэркэлии таарыйа, харчыбын устан көрөр этим, сыана үрдээтэ да, атыылаан кэбиһэҕин. Биткоин туһунан эттэххэ, аан дойду үрдүнэн 21 мөлүйүөнтэн баара-суоҕа 2 мөлүйүөн эрэ хаалла. Ол иһин кини төһөнөн кыччыыр да, сыаната үрдүү турар. 

Түмүккэ

Бу курдук, олохпут сайдан, үп-харчы чааһыгар араас трениннэр, үөрэхтэр, куурустар ыытыллаллара элбээтэ. Харчыны сөпкө туттарга, угарга, үлүннэрэргэ о.д.а. үөрэтэр дьон баара хайҕаллаах дьыала. Ордук ыччат дьон эрдэттэн харчыны сөпкө туттарга үөрэнэллэрэ, аныгы технологиялары, пуондабай ырыынактары баһылыыллара олус үчүгэй. Уурумньулаах эрэ буоллахтарына олохторун үчүгэйдик оҥостоллорун өйдүүллэр. Тус бэйэм маннык түмсүү баарын астына иһиттим, аһаҕас уруоктарыгар сылдьан үөрэнним, элбэҕи биллим, өйдөөтүм

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...