09.06.2022 | 19:55

Василий АМЫДАЕВ: “Худуоһунньуктар дьиэтэ суох хаалар кутталлаахпыт”

Василий АМЫДАЕВ: “Худуоһунньуктар дьиэтэ суох хаалар кутталлаахпыт”
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Бүгүн сахаҕа тарбахха баттанар чаҕылхай талаан, сатабыллаах салайааччы Василий Николаевич Амыдаев биһиги кэккэбититтэн олус хомолтолоохтук суох буолбута биир сылын туолар.
Интервью "Киин куорат" хаһыакка 2019 сыллаахха тахсыбыта.

Айар куттаах Амыдаевтар аҕа уустарын биир чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ – Саха өрөспүүбүлүкэтин худуоһунньуктарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Василий Николаевич Амыдаев бу соторутааҕыта норуоттар икки ардыларынааҕы плэнергэ кыттан кэллэ. Ол туһунан кэпсэтэ таарыйа, көҥүл худуоһунньуктар диэн кимнээхтэрин таайа сатаатыбыт...

МОНГОЛЛАР ИСКУССТВОЛАРЫН САЙЫННАРАЛЛАР

– Монголияҕа буолбут норуоттар икки ардыларынааҕы плэнергэ худуоһунньук-живописецтары кытта баран кэллибит. Норуодунай худуоһунньук Гаврил Гаврильевич Петров, СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ Федот Гаврильевич Макаров, СӨ култууратын туйгуна Иннокентий Иннокентьевич Корякин кыттан кэллилэр. Монголия худуоһунньуктарын кытта истиэп абылыыр айылҕатыгар, сэдэх кэрэ көстүүлээх сирдэргэ плэнердээтибит.

Маннык тэрээһиннэр биһиэхэ элбэҕи биэрэллэр. Бастатан туран, биир санаалаах, айар-тутар эйгэ дьонун кытта билсэбит, ыкса алтыһабыт. Иккиһинэн, уопут атастаһабыт уонна, биллэн турар, норуоттар икки ардыларынааҕы сибээстэри олохтуубут. Бу быйыл үһүс барыыбыт буолла. Былырыын эмиэ быыстапка тэрийбиппит, быйыл Улан Батор киин болуоссатыгар турар Best Art Gallery галереяҕа үлэлэрбитин туруордубут.

Монголлар киэннэрэ тэрээһиннэрэ, үлэлэрин торума барыта үрдүк таһымнаах, хаачыстыбалаах буолар. Биһиги монгол омук төрүт дьарыгын, олоҕун укулаатын көрдөрөр туристическай базаҕа дьиэлэнэн олордубут. Дьиҥнээх юртаҕа хонон-өрөөн, тэбиэннэри, як оҕустары иитэллэрин көрөн-истэн, туристарга анаан национальнай таҥастаах, омук төрүт дьарыгынан олорор дьон быыһыгар сырыттыбыт.

Биһиэхэ тэҥнээтэххэ, Монголия айар үлэһиттэригэр кыахтара элбэх, атын дойдулары кытта сибээстэрэ сайдыылаах. Дойдуларын таһыгар тахсар кыахтара улахан. Англия тылын иккис төрөөбүт тылларын курдук кэпсэтэллэр. Нууччалыы тылы урукку Сэбиэскэй кэм саҕанааҕы көлүөнэ илдьэ сылдьар, эдэрдэрэ бары сайдыылаах судаарыстыбалар диэки хайыһар эбит. Искусстволарыгар истиэптэрин, айылҕаларын тиэмэтин илдьэ сылдьаллар. Уруккуга тирэҕирэн, аныгы сайдыыны кытта тэҥҥэ хаамсаллар.

– Ороскуоккутун хайдах уйуннугут?

– Айаммыт ороскуотун култуура министиэристибэтэ уйунна. Сыллата граннарга кыттабыт, онон өйөх оҥостобут. Дьиҥэ, Худуоһунньуктар сойуустара диэн хантан да анаан-минээн үбүнэн-харчынан өйөммөт тэрилтэ. Сойууспутугар  125 айар үлэһит баар: живописецтар, графиктар, скульптордар уонна да атыттар. Үксүлэрэ үрдүк үөрэҕи баһылаабыт маастардар. Санкт-Петербург, Красноярскай, Владивосток, Москва куораттарга баар аатырбыт художественнай институттар выпускниктара. Сүрүн идэлэринэн устудьуоннары үөрэтэллэр эбэтэр ханна эмэ атын сиргэ үлэлииллэр. Оттон айар үлэлэринэн айахтарын ииттэллэрэ уустук соҕус. Худуоһунньук диэн хамнаһа суох үлэһит.

МАСТАРЫСКЫАЙДАРБЫТ ДЬИЭЛЭРЭ СУУЛЛААРЫ ТУРАР

– Саамай сүрүн кыһалҕаҕыт – дьиэ-уот боппуруоһа буоларын билэбин...

– Бу олох-туһунан суруллуон сөптөөх сытыы кыһалҕабыт. Сойууспут билиҥҥи саамай сытыы кыһалҕата буолбут барыбытын долгутар уонна санаарҕатар төрүөппүт – мастарыскыайдарбыт туруктара буолар. Билигин Ленин проспегын 42-гэр баар хаарбах туруктаах дьиэҕэ мастарыскыайдарбытын үлэлэтэбит. Бу дьиэ мээрийэ бас билиитигэр турар. Хаһан баҕарар самнан түһүөн сөп. Кыахпыт баарынан өрөмүөннүү сатыыбыт, оччоттон баччаҕа диэри олус эргэ дьиэни тупсаран уһун тыынныырга кыһаллан кэллибит. Уу-хаар барыта курдаттыы түһэ турар буолла. Бу дьиэбит официальнайдык  “хаарбах туруктаах” быһыытынан билиниллибитэ эрээри, билиҥҥитэ туох да быһаарылла илик.  Дьаһалтаҕа сурук суруйталаабыппыт...

Биир дьиэбит “Дом художника” диэн ааттанан Лермонтов уулуссатыгар турар. Хаһааҥҥыта эрэ сатаан дьаһаммакка, сойууспут балансатыгар баар дьиэни өрөспүүбүлүкэҕэ биэрбиттэр. Онон Национальнай художественнай музейы кытта аҥаардаһан олоробут.

Худуоһунньуктар сир-халлаан икки ардыгар туран хаалар кыахтаахпыт. Мастарыскыай ирдэбилигэр мээнэ дьиэ эппиэттээбэт, маныаха “ноото” элбэх. Холобурдаан эттэххэ, худуоһунньук эбэтэр скульптор үлэлиир сиригэр күн уота үчүгэйдик тыгыахтаах, ол аата улахан түннүктэр наадалар; хартыыналары харайарга туһунан салгын температурата олохтонуохтаах... Аахтахха онтон да атын ураты ирдэбил элбэх буоллаҕа. Биһиги сойууспутугар Мархаҕа дуу, куорат хайа эмэ кытыытыгар дуу, туох да инфраструктурата суох сиргэ дьиэ көҥдөйүн биэрдэхтэринэ эмиэ соччото суох – хантан да үбүлэммэт буоламмыт онтубутун сатаан өрөмүөннээн киирэр да кыахпыт суох буолуоҕа. Аны туран, худуоһунньуктарыҥ диэн үксүлэрэ ытык саастаах кырдьаҕастар, дьиэбит турар сирэ кинилэргэ табыгастаах буолуон наада буоллаҕа.

ХУДУОҺУННЬУК – ОРОСКУОТТААХ ИДЭ

– Эдэр көлүөнэ бу идэҕэ кэлиитэ хайдаҕый?

– Худуоһунньуктары бэлэмниир база Саха сиригэр куһаҕана суох. Ол уруккуттан биллэр чахчы. Ааттаах-суоллаах, уопуттаах, туспа буочардаах худуоһунньуктарбыт үксүлэрэ преподавателлэр. Ыччаты уһуйар дьонноохпут дии саныыбын.

Дьокуускайдааҕы художественнай училище, АГИКИ-га баар живопись уонна графика салаата сыл аайы оҕолору таһаарар. Кинилэртэн аҕыйаҕа эрэ идэтийбит худуоһунньук буолар. Үгүстэрэ художественнай оскуолаларга учууталлыы бараллар, эбэтэр туһунан бэйэлэрэ дизайнер буолаллар.

Талааннаах киһи наһаа элбэх. Ол эрэн таба тайанан бэйэтин суолун булар үлэһит биһиги эйгэбитигэр аҕыйах. Ону ааһан олус ороскуотаах идэ. Үлэлэргин атыыласпаттар. Урут, холобур, музейдар худуоһунньуктар, скульптордар үлэлэрин атыылаһан ылан, пуондаларын хаҥатар эбит буоллахтарына, оннук көстүү билигин олох симэлийэн турар. “Харчыбыт суох” диэнтэн атын хоруйу истибэппит. Идэтийбит терминологияҕа ол нууччалыы “закуп работ” дэнэр. Оннук үлэ кэмигэр барбыт буолан билигин эһиги художественнай галереяҕа, музейдарга сылдьаҕыт. Дьаалхааннаах 90-устарга ол үлэ тохтотуллубут. Худуоһунньук үлэтэ, хартыыната дуу, скульптурата дуу, сыл аайы сыаннаһа үрдээн иһэр. Хомойуох иһин, кэмигэр сөпкө сыаналаммакка хаалара баар суол.

Былыр меценаттар бааллара, хартыыналары ылан бэйэлэрин коллекцияларыгар тутан баран, кэлин судаарыстыбаҕа биэрбиттэрэ. Ол курдук Третьяковскай галерея үөскээбитэ. Билиҥҥи үйэ баайдара, кыахтаах дьоно, улахан тэрилтэлэр оннук меценаттааһынынан дьарыктаналлара буоллар, норуоттарыгар төһөлөөх улахан өҥөнү оҥоруо этилэрий?

Ол да буоллар биһиги сыл устата элбэх быыстапкалары тэрийэбит. Атын регионнарга буолар тэрээһиннэргэ хото кыттабыт.

– Билиҥҥи инники күөҥҥэ сылдьар маастардар кэккэлэригэр кимнээҕи киллэриэҥ этэй?

– Хаһан баҕарар буоларын курдук, хайннык баҕарар эйгэҕэ күөн туттар дьонноохпут. Олор таһымнаһыгар талаһабыт, холобур оҥостобут.  Михаил Старостин бу соторутааҕыта Арассыыйа үтүөлээх худуоһунньуга буолла, Дьулустаан Бойтунов, Марианна Лукина, Туйаара Шапошникова, Артур Васильев, Эдуард Васильев, Семен Прокопьев, Мария Рахлеева, искусствовед Зинаида Иванова-Унарова о.д.а. ааттарын ааттаталыам этэ.

Ыччат искусствоҕа интэриэһэ уҕараата дии санаабаппын. Төттөрүтүн интэриэһиргиир, быыстапкаларга сылдьар буолла диибин. 

Биһиги дойдубутугар үгүс улустарга оҕо художественнай оскуолалара үлэлииллэр. Уруккуттан үлэлээбит тэтимнэрин ыһыктыбакка, ыһыллан-тоҕуллан хаалбакка үүнэр көлүөнэни сырдыкка угуйа тураллара кэрэхсэбиллээх. Кинилэргэ эмиэ туспа өйөбүл наада.

БИҺИГИ КӨҤҮЛ ДЬОММУТ

– Худуоһунньуктар диэн судаарыстабаттан өйөбүлэ суох көҥүл дьоммут. Ол иһин үп-харчы өттүгэр ыктарарбыт элбэх. Ол эрэн айар киһи ис туругар бу улаханнык сабыдыаллыа суохтаах. Култуура туһунан сокуон олоххо киирэрин күүтэбит. Ыраах сытар буоламмыт таһымнаах да дьоммут бөдөҥ быыстапкаларга барар кыахтара суох буолан хаалааччы. Ол, биллэн турар, хомолтолоох...

Биир эрэ Арассыыйа художествотын академиятын чилиэн-корреспондена Артур Дмитриевич Васильев баар. Урут үһүөлэр этэ, билигин биир эрэ. Инник үрдүк таһым, аат-суол мээнэҕэ бэриллибэт. Быстыбакка үлэлиэххэ, айыахха, быыстапкаларга бэйэҕин биллэриэххин наада.

Бэйэбит күүспүтүнэн быйыл Новокузнецкайга ыытыллыбыт “Форма” регионнар икки ардыларынааҕы быыстапкаҕа 20-чэ ааптар үлэтэ көрдөрүллүбүтэ. Красноярскайга “Образ совеременника” диэн Арассыыйа художестволарын академиятын Сибиирдээҕи салаатын быыстапкатыгар 11 ааптар кыттыбыта.

Биһиги худуоһунньуктарбыт үлэлэригэр атыттар тугу сыаналыылларый?

– Омук быһыытанан уратыбытын. Ону таһынан, омугуттан, олорор сириттэн тутулуга суох киһи аймах уопсай сыаннастарын, тулхадыйбат өйдөбүллэрин булан көрөллөр, үрдүктүк сыаналыыллар.

– Худуоһунньуктар сойуустарыгар киирэргэ туох нааданый?

– Биһиги сойууспутугар киирэргэ худуоһунньуктар анал идэни баһылаабыт, институту бүтэрбит буолуохтаахтар; өрөспүүбүлүкэтээҕи, зональнай, Арассыыйатааҕы быыстапкаларга кыттыбыт, ону туоһулуур дипломнаах, сертификаттаах буолаллара ирдэнэр; худуоһунньук уопсай таһымын, маастарыстыбатын эмиэ сыаналыыбыт;  3 сойуус чилиэнин мэктиэ суруга наада. Манна бэйэбитигэр көрөн баран, салҕыы Москваҕа ыытабыт, онно бэйэтэ 20-чэ киһилэх хамыыһыйа сүүмэрдиир. Онон биһиги сойууспутугар киирэр уустуктардаах соҕус. Быйыл икки саҥа киһи киирдэ.

АМЫДАЕВТАР ДИНАСТИЯЛАРЫН БЫЫСТАПКАТА БУОЛУОҔА

– Эн скульптор буоларгар туох сабыдыаллаабытай?

– Мин бэйэм маннааҕы Художественнай училищеҕа декоративнай-прикладной салааны  бүтэрбитим. Салҕыы Красноярскайдааҕы художественнай институкка үөрэммитим. 2017 сыллаахтан Худуоһунньуктар сойуустарыгар бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлиибин, ол иннинэ 10-ча сыл бырабылыанньа чилиэнэ этим.

Аҕабын, Саха өрөспүүбүүкэтин норуодунай худуоһунньугун, Николай Амыдаевы саха дьоно билэр буолуохтаахтар. Мин худуоһунньук дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтүм. Төрүт Дьокуускай олохтооҕобун. Аҕам Үөһээ Бүлүү улууһун Ботулуутуттан төрүттээх. Ийэм Прасковья Семеновна төрдө Ньурба, үйэтин тухары повардаабыта. Уонна худуоһунньук кэргэнэ буолар бэйэтэ туспа ыарахан “идэ” буолуохтаах дии саныыбын. Кини аҕабар сүбэһит, доҕор, соратник этэ. Дьиэбитигэр күн аайы кэриэтэ хоноһолоох буоларбыт, аатырбыт худуоһунньуктар ыалдьыттыыллара. Ону көрө сылдьан да буолуо, айылҕаттан бэриллибит талаан да таайдаҕа буолуо, бэйэм муосчут буолбутум.

Аны билигин балтым оҕолоро биһиги туйахпытын хатаран эрэллэр. Кыыс Красноярскайдааҕы художественнай институту бутэрдэ, уол онно скульптор буолаары уһуйулла сылдьар. Быйыл үһүс кыыс АГИКИ-га живописка Туйаара Ефимовна Шапошниковаҕа үөрэнэ киирдэ. Ким даҕаны кинилэр идэлэрин таллалларыгар сабыдыаллыы сатаабатахпыт. Бэйэлэрин айылҕаларынан бардылар. Күтүөппүт МЧС салаатыгар үлэлиир эрээри, худуоһунньук, муосчут, эмиэ талаанын сайыннарбыт киһи. Бэйэтин кэмигэр аҕабыттан элбэххэ үөрэммитэ, миигиттэн да сүбэлэппитэ. Эмиэ Худуоһунньуктар сойуустарын чилиэнэ буолбута.

Бу дьыл ахсынньытыгар Амыдаевтар династияларын быыстапкатын тэрийэбит. Аҕабыт үлэлэрэ, миэннэрэ , көтүөтүм уонна оҕолор киэннэрэ баар буолуохтара. Бар дьоммутун ыҥырабыт.

2020 сылга биһиэхэ төрүттэммит “Азия оҕолоро” спортивнай оонньуулар Монголияҕа ыыттыллыахтаахтар. Эһиил Байкалга плэнердээн, Монголияҕа тиийэ бэйэбит массыыналарбытынан барар санаалаанныбыт. Онон Худуоһунньуктар сойуустара инникигэ былааммыт элбэх.

Василий Амыдаев тус архыыбыттан:

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...